Уоһах алаадьыта (Кэпсээн)

Ааптар:  Захар Никитин
07.12.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: Photo by form PxHere

Бүгүн ыйдаҥалаах киэһэ буолан, Бааска банаара суох суолун сырдатынан дьиэлээн иһэр. Кэлин хочуолунайыгар уу дэлби тэстэр буолан, бу кыһыннары төһө да тымныы буоллар, маннык саппыкылаах сырытта.

От тиэйбит суоллара килэрийбитигэр кыра оҕо курдук, ким да көрбөтүгэр хатыыскалаан ылар. Оҕолоро көрөллөрө буоллар төһө эрэ күлэллэр. Бочуоха Бааска буолбута да син быданнаата ээ, сааһа да ыраатан эрэр, түөрт уон аҕыһа, быйыл оскуоланы бүтэрбиттэрэ номнуо отут сыла. Сарсын доҕоро Родик куораттан кэлиэхтээх. Дьэ, мааны киһини хайдах көрсөн, үс күн хоннорон-сынньатан ыытабыт диэн ойоҕунаан Саргылыын толкуйга түспүттэрэ быданнаата. Дьиэ-уот кыараҕаһа, тымныыта, уута-хаара суоҕа куорат мааны киһитигэр накаас буолуо ээ. Итинник арааһы саныы-саныы Бааска дьиэтин диэки түргэн-түргэнник үктээн хочугурайа турда.

Родик…Родион оҕо сааһын доҕоро… Уу тэстибэт доҕордуулар, ини-бии курдук куруук бииргэ сылдьаллара, оскуолаҕа оннооҕор «Моҕотой уонна Оҕотой» диэн хос ааттыыллара… Родик ийэлээх аҕата иһэр буоланнар үксүгэр Бочуохалаахха хоноро. Бочуоха, Басек, Бааска ийэтэ Таанньа Родигы олус таптыыра, аһынара. Уолаттар оҕо эрдэхтэриттэн билиигэ олус тардыһыылаахтара, күнү күннүктээн бибилэтиэкэҕэ олороллоро. Ол онно уларсыллыбат сурунааллартан, хаһыаттартан аан дойду сонунун билэллэрэ. Мөккүөрдэрэ да ол тула буолара, ханнык материк ханна сытара, онно хас дойду киирэрэ, ханнык пааматынньыктар бааллара, олор хас миэтэрэ уһуннаахтара, ханнык дойдуну ким аан маҥнай арыйбыта… Ити курдук, бэрт дьээбэ кэпсээннээх, били, этэргэ дылы, кыра өйдөөх киһи кыттыспат дьоно этилэр. Ийэлэрин Таанньаны хаайан олорон, түүн хойукка диэри «города и реки» оонньууллара. Улаатталлар эрэ иккиэн тутуспутунан аан дойдуну кэрийэ, Америка аатырбыт көҥүлү уруйдуур пааматынньыгын таһыгар хаартыскаҕа хайаан да түһүөхтээхтэрин ыралыыллара.

Ону баара…

Онус кылааска киирэр күһүннэригэр Родик ийэлээх аҕата үгээрдээн олохтон туораабыттара… Онон, Родигы ырааҕынан эдьиийэ, улуус киинигэр көһөрөн илдьэ барбыта. Барахсан ытыы-ытыы кэлэн Бааска ийэтиттэн, Таанньаттан, «Миигин иитэ ыл» диэн төһөлөөх көрдөстө этэй? Хаһан билбит эдьиийигэр көһөн барыан отой баҕарбатаҕа. Бааска ийэтин доруобуйата мөлтөх буолан, уолу хаалларбатахтара, оннук харах уулаах оройуон киинигэр көһөн барбыта. Бааска Родик барбытын кэннэ ахтан моруу буолбута, тэҥҥэ кэпсэтэр, оонньуур киһитэ суох буолбута. Аат эрэ харата оскуолатын бүтэрбитэ. Аны ийэтэ ыалдьан суорҕан- тэллэх киһитэ буолбута. Онон, оскуолатын бүтэрээт, үөрэх туһунан санаабакка эрэ хотоҥҥо нуормаһытынан, от тиэйээччинэн үлэлии киирбитэ.Үлэлии-үлэлии ийэтин көрөрө, сууйара-тарыыра. Ийэтэ Таанньа туох эрэ куһаҕан ыарыылаах быһыылааҕа, Бааскаттан кистииллэрэ, балыыһаҕа ханнык эмэтик сытыара-сытыара таһаара тураллара.

Ийэтэ балыыһаҕа киирбит кэмигэр арыый да сынньана түһэрэ. Хотоҥҥо «кыһыл муннукка» эбиэккэ хайаан да итии ас аһаталлара. Пуобар Дуунньа Баасканы аһынан куруук ас ордугуттан истикилээҥкэлэргэ кутан бэрсэн ыытара. Биир күн эбиэккэ Пуобар Дуунньа, ыанньыксыттар сирэйдэрэ-харахтара дэлби турбут, остуолга кыһыл арыгы туруоруллубут, ыаллыы дэриэбинэттэн үөрэҕин саҥа бүтэрэн, ыанньыксыттаан эрэр Саргы диэн кыыһы, биир биэс тыла суох суорумньулаан киирэн бардылар. Бааска соһуйан хаалла, кини да уора-көстө сөбүлүү көрө сылдьыбыта ээ, кыратык кыһыл испит киһи быһыытынан: — Саргы сөбүлэһэр буоллаҕына, сөбүлэһэбин, — диэн эппитин кулгааҕа эрэ истэн хаалла.

— Оттон Саргы, эн хайыыгын? -диэн ферма сэбиэдиссэйэ бэрт улаханнык ыйытан доргутта. Саргы чочумча соҕус туран баран «сөбүлэһэбин» диэн этээтин кытары ыанньыксыт дьахталлар өрө уһуутаһан хаһыыра түстүлэр, биир кэм тимир куруускалар күөрэҥнэстилэр, «горько, горько, горько!» диэн үөгүлээтилэр. Аны бар дьон ортотугар уураһан киирэн бардылар. Инньэ гынан, ол күн Саргы Бааскаҕа хоно барыста.

Сарсыҥҥытыгар ийэтэ балыыһаттан тахсан үөрүүтүттэн ытаата, өйүүҥҥүтүгэр сельсовекка ыал буолуу туһунан туоһу суругу туттулар. Ити курдук Бааска ыал буолбутун бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалбыта. Хата, Саргы бэрт көрсүө, сэмэй, ыраас кыыс түбэһэн, түөрт оҕону бэлэхтээн ньир-бааччы олороллор. Улахан уоллара номнуо үлэһит, кыыстара устудьуон, икки кыра оскуола дьоно. Ийэлэрэ Таанньа ыал буолбуттарын бэһис сылыгар бу олохтон бэрт ыраастык тутуллан бараахтаабыта. Оттон Родик сыл баһыгар-атаҕар биирдэ эмэ сурук, аккырыыкка ыытара, соҕуруу үөрэнэрэ, эмиэ да үөрэҕин, куоратын уларытара, үүрүллэн кэлбит сураҕа иһиллэрэ, онтон эмиэ да барбыт диэн буолара. Ким эрэ үөрэммэт, үлэлиир диэн мөккүһэрэ. Оскуолаларын бүтэрбиттэрэ уон биэс сылыгар кэлэ сылдьыбыта, уолаттар онно көрсөн арыгы эрэ утахтаммыттара, онон, чуолаан ким тугу гынарын, ханна тиийбитин да өйдөспөккө хаалбыттара.

Арай бу күһүн кустуу бараары сырыттаҕына билбэт нүөмэрэ эрийдэ. Ылбыта — бэркэ билэр куолаһа Родик үөрбүт саҥата иһилиннэ: «Бочуоха, дорообо, доҕорум оҕото! Дойдубар эргиллэн кэлбитим, манна баар биисинэспин атаҕар туруора. Дьиэ тутуннум, саҥа ойохтоннум, баар-суох доҕорбун уонна кэргэҥҥин… аата ким этэй? Ээ, во, во, Саргылананы дьиэм малааһынагар уонна кыракый уруубар ыҥырабын, кылааһым оҕолоруттан эйигин эрэ ыҥырдым. Бочуоха, эйигиттэн ураты доҕорум кимим да суох, киирээр, аадырыһын ватсаптыам», — диэт төлөпүөн арахсан хаалла. Бааска дөйбүт курдук өр тура түһэн баран олорунан кэбистэ, олус да ахтыбыт истиҥ куолаһа, оҕо сааһын дьоллоох кэмин кэрэһитэ. Эйигиттэн ураты биир да доҕорум суох диир дуу, кырдьык Бааскаҕа Родиктан истиҥ эмиэ биир да доҕоро суох эбит ээ, Родик олус да чугаскын ол эрэн, наһаа да ырааххын, эн тускунан мин тугу да билбэт эбиппин, тугу даҕаны…

Субуота күн эрдэ туран Бааска куораттаабыта. Куорат мааны ыалыгар барар киһини дьиэнэн бары таҥыннарбыттара, атыыһыт Ааса табаарын барытын кэриэтэ төттөрү-таары таспыттара, бүтэр уһугар уола банкетыгар кэппит көстүүмүн кэтэн барбыта. Бааска үйэтигэр көстүүм кэппэтэх киһи тыына-быара дэлби ыгылынна, аны биир үксүн бытыгын хоруйан кэбиһэннэр, сыгынньах курдук сананна, олох бэйэтэ-бэйэтин атыҥырыы истэ. Саатар бу таксига олорбут дьон кинини эрэ көрөр курдуктар. Кыыһа салгын ачыкыта биэрбитин да сатаан кэппэтэ, одьукулуонунан дэлби ыспыттарыттан сүрэҕэ өлөхсүйдэ.

Миллионник хайс сабыс-саҥа үс этээстээх таас дьиэ үрдүк олбуорун иннигэр туормастаан хачыгыратта. Бааска атын сиргэ кэллибит ээ диэн саарбаҕалыы- саарбаҕалыы түстэ. Түһээт, табаҕын уматтан табаахтаата, олбуору хайдах аһан киирэрин саныы турдаҕына биир эдэр уол тахсан малааһыҥҥа кэллигит дуо диэн туоһулаһан дьиэҕэ ыҥырда. Дьиэҕэ киирбитигэр доҕоро Родик үөрэ-көтө көрүстэ, ойоҕун билиһиннэрбитэ, олох оҕо, Бааска кыыһын кытары саастыы курдук, сап-саһархайынан көрбүт бааһынай кыыс. Родик нууччалаан- сахалаан дьиэтин кэрийэн көрдөрдө, Бааска тылыттан матан батыһа эрэ сырытта. Кини маннык дьиэлэр соҕуруу уонна киинэлэргэ эрэ бааллара буолуо дии саныыра. Баанньык, сауна, бассейн, спорт саалата барыта баар, аҥардас утуйар хосторо Бааскалаах дьиэлэрин саҕа быһыылаах. Киэһэ малааһын саҕаламмытыгар, били, олох киинэҕэ курдук музыканнар, официаннар, сурунаалтан, телевизортан тахсан кэлбит курдук мап-мааны ыалдьыттар. Хата, сөбүлээн истэр ырыаһыта Байбалы илэ көрөн Бааска олус үөрдэ. Байбал да Баасканы уруккаттан билэр киһитин курдук кэпсэппитэ сүрэҕин ортотунан киирдэ. Оннооҕор мух-мах бара-бара тыл этэн баран, ырыатын Байбалтан көрдөспүтүгэр Байбал үөрүүнү кытта ыллаабытын ыалдьыттар ытыс тыаһынан көрүстүлэр. Родик хоно хаал диэн көрдөһө сатаабытын эдьиийим кэтэһэр диэн албыннаан, куорат уон сэттис түөлбэтигэр биир хостоох мас дьиэҕэ, өр көрбөтөх эдьиийигэр, ийэтин балтыгар бэрт үчүгэйдик ирэ-хоро кэпсэтэн, муостаҕа тэлгээбит матарааһын үрдүгэр дуоһуйа утуйан турбута.

Бааска дьиэтигэр эргиллэн кэлэн санаата-оноото тосту уларыйбыта. Аны кини Родиктыын «моҕотойдоох оҕотой» буолбатахтарын дьэҥкэтик өйдөөбүтэ. Итинник баай-талым олох баар эбит дуу, диэн хараҕа аһыллыбыт курдук буолбута, тугу эрэ билиэ суохтааҕын билбит курдук, өссө бэйэтин буруйдаах, дьонтон итэҕэстээх курдук санаммыта.

Дьэ, ити курдук арааһы саныы-саныы Бааска хоочугуруйан дьиэтигэр чугаһаан олбуорун аттыгар сүүнэ улахан маҥан массыына турарын көрөн, Родик кэлбитин көрөн эмиэ да үөрэ, эмиэ да долгуйа аанын арыйбыта, дьиэ сыта алаадьы сытынан саба биэрдэ. Родик кыра уолу кытта сиргэ сытан эрэ сир каартатын уруһуйдаан баран ханнык материк ханна баарын мөккүһэллэр эбит. Кэргэнэ Саргы ас бөҕө астаабыт. Киэһэ аһылыкка үөрэ-көтө аһаатылар, Родик кэһиититтэн оҕолор үөрүү бөҕө.

» Чэ, уолаттар олоро түһүҥ, биһиги утуйа киирдибит, Родион Петрович бу дьыбааҥҥа бэлэмнээтим,»- диэт, Саргы оҕолорун хамаандалаан, хосторугар киирэн чуумпуран утуйан хааллылар. Родиктаах Бочуоха уруккуларын- хойуккуларын санаһан ытаһан да ыллылар, күлэн быара да суох буола сырыттылар. Родик туран эрэ тыл эттэ: » Бочуоха, Басек, Бааска, доҕорум оҕото, эн олус дьоллоох киһигин! Төрөөбүт дойдугар олороҕун, таптыыр ойохтооххун, оҕолордооххун, санаатаххына бултуугун, нус-хас сылдьаҕын… оттон мин оҕо-уруу суох, ити үһүс ойоҕум, эмиэ сотору барара буолуо, чэ, бардын… ити дьиэ-уот, массыына, баай-дуол барыта иэс, залог, албын-сымыйа. Наадалаах доҕоттор-атастар, барыта — албын, күдээринэ күүрээн…куруук харчы, үлэ эккирэтиһиитэ… сылайдым, доҕоруом, маннык олохтон… Сарсын эмиэ уларыйыам, Бочуоха уларыйыам, эмиэ күлүөм-үөрүөм дьоллоох киһи оруолун оонньуом, дьоллоох киһи оруолун оонньуом…»

Бочуоха тугу гыныан билбэккэ, өссө арыгы иһэбит дуу, сөп буолан утуйарбыт дуу диэн толкуйдуу-толкуйдуу оһоҕор өһөн эрэр чохтору бытарыта олорбута…

Сарсыныгар туран кылааһынан көрсүбүттэрэ, ол тухары Родик төлөпүөнүттэн арахсыбатаҕа, ханна эрэ туох эрэ кыһылҕаламмыта, тендерэ дуу, сакааһа дуу табыллыбакка суһаллык куораттаабыта. Бааска да сылайан эрдэ дьиэлээбитэ. Дьиэтигэр киирбитэ кэргэнэ Саргы эргэ таҥастары көтүрэн үтүлүк, кээнчэ тигэ олороро. Уоннаах кыыһа, мурунун бүөтэ, кырачаана, Бааска ийэтин аатын ылбыт күөрэгэйэ Танюшата алаадьы астыы турарара. Аҕата соһуйбут хараҕын көрөн Танюша: «Паапаа, бүгүн уоһах алаадьыта сиибит, Туоһахта игирэ ньирэйдэммит»,- диэн хараҕа көстүбэт буола үөрэн турара. Уоһах алаадьыта… Туоһахта төрөөбүт… алаадьы сыттаах мин дьиэм… дьонум-сэргэм этэҥҥэлэр…сотору өссө сиэттэр кэлиэхтэрэ… кырдьык, доҕорум Родик этэрин курдук, мин дьоллоох да киһи эбиппин! Бааска иистэнэ олорор кэргэнин, тапталлааҕын Саргыны кэтэҕиттэн сэрэнэн-сэрэнэн сыллаан ылбыта…

+1
21
+1
1
+1
2
+1
0
+1
2
+1
1
+1
3