ХИФУ эпидемияны утары тэрээһиннэргэ кыттар волонтердарга 20-с нүөмэрдээх уопсайы көрүөҕэ. Манна куоракка мэдиссиинискэй тэрилтэлэргэ көмөлөһөр ХИФУ устудьуоннара олоруохтара.
edersaas.ru
Бастатан туран, бу мэдиссиинискэй институт устудьуоннара буолаллар. Ол эрээри, атын салааҕа үөрэнэр устудьуоннар эмиэ волонтердууллар. “Көмөҕө кэлбит эдэр дьон билигин чугас дьонун кытта дьиэлэригэр олороллор. Биһиги баҕа өттүнэн көмөлөһөр дьону өйүөхтээхпит уонна кинилэр дьиэ кэргэттэригэр куттал суох буолуутун олохтуохтаахпыт”, — диэн ХИФУ мэдиссиинискэй институтун дириэктэрэ Николай Гоголев эттэ.
Ректор Анатолий Николаев иһитиннэрибитинэн, 20-с уопсайга олорор эпидемияны утары үлэҕэ кыттыбат устудьуоннары атын куорпустарга көһөртүөхтэрэ. “Университет, биллэн турар, уопсайга миэстэ көрүү туһунан эбэһээтэлистибэтин дуогабарын толорор. Биһиги билигин, аан дойдуга барытыгар курдук, бары кыахпытын коронавирус тарҕаныытын тохтотууга ыытыахтаахпытн уонна волонтердарга төһө кыалларынан усулуобуйа олохтуохтаахпыт. 20-с уопсайга олорор дьон өйдүүллэригэр эрэнэбин”, — диэн бэлиэтээтэ.
ХИФУ пресс-сулууспата.