Университет устудьуоннара ыраахтан олорон үөрэниилэрэ уһаата

Ааптар: 
25.03.2020
Бөлөххө киир:

М.К.Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет устудьуоннара ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэниилэрэ уһаата. Туһааннаах бирикээскэ ректор Анатолий Николаев бүгүн илии баттаата.  

edersaas.ru

Санатан эттэххэ, коронавируһунан сибээстээн, ХИФУ устудьуоннара кулун тутар 17 күнүттэн икки нэдиэлэ устата ыраахтан олорон (дистанционно) үөрэниигэ көспүттэрэ. Бүгүн ректор Анатолий Николаев ыраахтан олорон үөрэнии муус устар 19 күнүгэр диэри уһуурун туһунан туһааннаах бирикээскэ илии баттаата.

Людмила ПОПОВА, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0