Университекка туттарсар абитуриеннар тугу учуоттууллара ирдэнэрий?
Бэс ыйын 20 күнүттэн М.К. Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет докумуону тутан саҕалаабыта. Бүгүҥҥү күннээҕи туругунан 615 сайабылыанньа киирбит.
Төһө даҕаны биир кэлим эксээмэн (ЕГЭ) саҕалана илигин иһин, эрдэһит абитуриеннар докумуоннарын номнуо туттара тураллар. Бэс ыйын 23 күнүнээҕи туругунан, уопсайа, 615 сайабылыанньаны тутар хамыыһыйа ылбыт.
Абитуриеннартан “личнэй кэбиниэккэ” сыһыаннаах үгүс ыйытыы киирэр. Сорохтор “ошибка диир”, атыттар “докумуоммутун ылбат” дииллэр, о.д.а. боппуруостар бааллар. ХИФУ тутар хамыыһыйатыттан туоһуласпыппытыгар маннык төрүөттэр баар буолуохтарын сөп диэн быһаардылар:
- Булгуччу ирдэнэр “поляны” толорботохтор
- Биир докумуон 5 Мбайтан улахана суох буолуохтаах
- Докумуону ситэ укпатахтар (до конца не загрузили)
- Эргэ Windows XP буоллаҕына табыллымыан сөп. Windows 7 систиэмэттэн саҕалаан ылар.
- Ханнык баҕарар браузертан киирэн ыытыахха сөп. Телефонтан ордук. Хаартыскаҕа түһэрэн баран тута ыытыахтарын сөп.
Өскөтүн үөрэххэ туттарсааччы докумуонун ситэ ыыппатах түгэнигэр, тутар хамыыһыйа комментарийга “ситэрэн эбэтэр толорон биэриҥ” диэн суруйар. Абитуриент кэмиттэн-кэмигэр киирэн көрүөхтээх. “Заявление отправлено”, “Заявление принято” эбэтэр “заявление отказано” диэн тус (личнэй) кэбиниэккэ ыйыллар. “Заявление отказано” диэн ыйыллыбыт түгэнигэр, абитуриент тутар хамыыһыйаны кытта сибээстэһиэхтээх.
Хотугулуу-Илиҥҥи федеральнай университет орто анал үөрэҕэр (СПО) туттарсааччылар докумуоннарын тустаах кэллиэстэр электроннай почталарыгар эбэтэр абитуриент “личнэй кэбиниэтин” нөҥүө ыытыахтарын сөп.
Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru