Умсугуйа, уйадыйа аахтым

17.06.2020
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ «Бичик» кинигэ кыһатыгар элбэх кинигэ бэчээттэнэн күн сирин көрдө. Онон, үгүс киһи аан дойдуну аймаабыт хамсык кэмигэр дьиэҕэ олорон, саҥа кинигэлэри утаппыттыы ааҕар, аахпыт кинигэтин туһунан санааларын социальнай ситимнэринэн, онлайн-сибээстэринэн үллэстэр.

edersaas.ru

Суруйааччы Василий Гоголев-Уйулҕан “Туоһахта уонна Лэкиэс” диэн сонун хайысхалаах кинигэтин бастакынан аахпыттартан биирдэстэрэ, бэйиэт, суруйааччы Наталья Михалева-Сайа умсугуйан аахпыт сэһэнин туһунан санаатын үллэһиннэ.

– Кэнники кэмҥэ саха суруйааччылара Аҕа дойду сэриитин уус-ураннык сырдатыыга үгүстүк эргиллэр буоллулар. Сыллар ааһан истэхтэрин аайы, саха кыттыбыт улуу сэриитин ис хоһооно уран сурукпутун байытар уолбат ойбон буолан, саҥаттан саҥа айымньылары үөскэтэ туруо диэн эрэнэбин.

Мин Хабаровскай куоракка биир институкка үөрэммит үөлээннээҕим, худуоһунньук уонна хореограф идэлээх, кэлин СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, саха тылын, литературатын магистра буолбут Баһылай Гоголев-Уйулҕан хаайтарыы кэмигэр «Бичик» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыт «Туоһахта уонна Лэкиэс» диэн сэһэнин бэлэхтээтэ.

Сэһэн бастакы түһүмэҕэ отуттан тахса тыһыынча сыллааҕы, икки атах өссө киһи буола илигинээҕи таас үйэ кэмин ойуулааһынтан, ол кэмҥэ буолан ааспыт биир дуолан хапсыһыыттан саҕаланар. Бу быһылааҥҥа кэпсэнэр атыыр сылгы уонна бөрөҕө маарынныыр аарыма кыыл  сэмнэхтэрэ үйэлэри уҥуордаан кэлэн, аныгы учуонайдар илиилэригэр киирэн үөрэтиллэр. Сылгы сэмнэҕэ билиҥҥи саха миинэр миҥэтиттэн туох да атына суоҕа бигэргэнэн, ааптар саха сылгыта үөскээбит силиһин-мутугун түҥ үйэлэргэ тиэрдэн дириҥэтэр, киниэхэ саха уран тылынан халбаҥнаабат мэҥэ таас туруорар.
Сэһэн саҕаламмытын курдук, бииртэн биир умсулҕаннаах түһүмэхтэринэн салҕанан, ааҕааччыны тардан илдьэ бара турар. Онно сылгы өйүн-санаатын, иэйиитин ааптар бу тыынар тыыннаах иһигэр киирэн сылдьар курдук итэҕэтиилээхтик ойуулуура, сатаан тиэрдэрэ Джек Лондон «Белый клык» сэһэнигэр бэйэтэ бөрө буолан олорон суруйбутун санатар. Билигин куорат таас дьиэтигэр олорор, сылгы туһунан, кини сиэллээҕиттэн-кутуруктааҕыттан атын улахан өйдөбүлэ суох саха,  Уйулҕан Дьөһөгөй оҕотун туһунан суруйуутуттан былыргы сылгыһыт хаана уһуктан, түөрт түөрэм туйахтаах доҕордоммут тэҥэ сананыа. Кини Лэкиэс уол саҥа төрөөбүт кулунчук бастакы хардыыларын сирэйдиин-харахтыын мичээрэ сырдаан туран көрүөҕүттэн кулунчук убаһа, соноҕос, атыыр, миинэр миҥэ буолар бары кэмнэригэр тэҥҥэ сылдьыа.

Туоһахта арҕаа сэрии аартыгар бастакы хомуурга түбэһэн барбыт иччитэ Лэкиэс суолунан, 45 тыһыынча талыы сылгы иһигэр киирсэн, эмиэ сэрии ата буолар дьылҕаны билиэ. Сэриигэ барбыт бу саха сылгыларын туһунан урукку өттүгэр уус-уран айымньы буолбатаҕын иһин, сиһилии суруллубут ыстатыйа баара дуу? Сэһэн аатын нууччалыыга тылбааһа “Боевой конь” диэн буолбут.

Уйулҕан сэһэнигэр киллэрэр түгэннэригэр дьоһуннаахтык сыһыаннаһан, элбэх документальнай бичиги хаһыспыта көстөр. Сүрүн дьоруойдар Лэкиэс уонна Туоһахта суолларыгар көрсө түһэр дьоннор, түбэлтэлэр, кыргыһыы көстүүлэрэ бары кырдьыктаах түгэннэргэ олоҕурбут буоланнар, итэҕэтэллэр. Ол эрэн, “Лэкиэс уонна Туоһахта” – документальнай сэһэн буолбатах. Кини уус-уран суруйуу ирдэбиллэринэн суруллубут, ааптар бэйэтин айылҕаттан дьоҕурунан айыллан тахсыбыт түгэннэр сэһэни күүһүрдэн, киэргэтэн биэрэллэр. Хайдах эрэ киһи итэҕэйиэ да суох түгэннэрэ кэмигэр уонна сөпкө киирэн биэрэн иһэллэрэ сөхтөрөр, айымньыны ааҕыллымтыа гынар.

Сэһэҥҥэ киирии тылы тыл-өс билимин дуоктара Варвара Окорокова суруйбут. Баһылай “санааҕын суруйаар эрэ” диэн көрдөспүтүн ылынаммын, бастакы киирэн кэлбит санааларбын бу ааҕааччы быһыытынан эттим. Ыксаан быһылаах, ардыгар ситэ чочуллубатах сирдэр бааллар эрээри, ааҕааччы ону наһаа баалыа суоҕа, оттон тыл үөрэхтээхтэрэ тутуһуохтарын сөп. Онон, умсугуйа, уйадыйа саҥа кинигэни аахтым диэн туран, барыгытын саха аныгы уран суругун бэлиэ айымньыта тахсыбытынан эҕэрдэлиибин, ааптарга махталбын тириэрдэбин.

ЫСПЫРААПКА:

Василий Иннокентьевич ГОГОЛЕВ-УЙУЛҔАН:

1956 сыллаахха алтынньы 8 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас Балыктааҕар күн сирин көрбүтэ. Балыктаах оскуолатын 1975 сыллаахха бүтэрэн, 1979 сыллаахха Намнааҕы художественнай педагогическай училищены, 1985 сыллаахха Хабаровскайдааҕы Култуура институтун үөрэнэн бүтэрбитэ.

1996 сыллаахха Үөһээ Бүлүүгэ маҥнайгы хоһооннорун хомуурунньуга бэчээттэммитэ. 2000 сыллаахха “Суор тиһэх кыланыыта” диэн видео-детектив сценарийын суруйан, режиссердаан уус-уран киинэни устубута.

2013 сыллаахха “Көһөрүллүү”, “Хоһуун таас” сэһэннэрэ бэчээттэммитэ.

Василий Гоголев – СӨ үөрэҕириитин уонна СӨ култууратын туйгуна, СӨ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, СӨ ИДьМ “Бочуот знага” түөскэ кэтиллэр бэлиэ кавалера.

Билигин Дьокуускай куорат 33 №-дээх орто оскуолатыгар уруһуй, технология учууталынан үлэлиир. Оһохчут, тутааччы идэтин дэгиттэр баһылаабыт талааннаах киһи. 

Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0