Бу түбэлтэ урут оҕо эрдэхпинэ буолбута. Ааспыт үйэ 70-80-с сылларын ыпсыытыгар.
Биһиги Хомустаах диэн сайылыкка олорбуппут. Ол саҕанааҕы сайылыкка киһи толору буолара: ыанньыксыттар, бостууктар, арыы сыаҕын үлэһиттэрэ, ол быыһыгар отчуттар, ньирэй көрөр оҕолор, кырдьаҕастар, оҕо-уруу… Мин эбэм ааҕы кытта сопхуос уопсайыгар бэрт кыракый муннугу хаһаайыннаан олоробут. Ол уопсайбыт тобус-толору киһи. Кып-кыракый уопсай дьиэҕэ 7-8 ыал син хайдах эрэ батан, дьукаахтаһан олорбуппут.
Мин бу быһылаан дьоруойдарын чопчу көрбүппүн билигин өйдөөбөппүн… Уончалаах эрэ оҕо этим. Бэйэм көрбүппүн тэҥэ, кэлин дьон кэпсээбитэ барыта холбонон-илбэнэн, килиэйдэнэн, биир кэлим хартыына курдук буолан хаалбыт. Бэйэм барытын илэ көрбүт курдук саныыбын.
Сайын үгэннээн турдаҕына, сайылыкпытыгар Баай Бааска диэн сүөһү биригэдьиирэ атынан дибдитэн кэллэ. Атын ыаллыы сайылыктартан үүт ыамын таабылын оҥорон буолуо. Эдэрси, 30-ча саастаах, харса-хабыра суох тыллаах, дэбдэҥ, мэник-тэник киһи. Тугун иһин «Баай» диэн хос ааттаммытын билбэппин, туох да баайа хааламматах киһи этэ. Бука, дорҕоон дьүөрэтигэр эрэ бэриллибит хос аат буолуохтаах. Күнүс Баайбыт биһиги уопсайбытыгар олорон эмээхситтэри кытта чэйдээтэ эҥин быһыылаах. Кыра холуочук курдук өйдүүбүн. Бэрт дьалаана суох тугу эрэ саҥара, этэ-тыына олорорун өйдүүбүн. Ол саҕана арыгы баҕас дэлэй, бэл, биһиги сайылыкпыт дэҥҥэ аһыллар, бөһүөлэктэн атыыһыт эрэ кэллэҕинэ үлэлиир ампаар-маҕаһыыныгар кытта кыһыл арыгы, буокка толору буолара.
Эбиэт кэннэ Баай Бааскабыт сайылыкпыт «сарыыссатыгар» ыанньыксыт Балбаарыскаҕа иҥээҥнии сатаабыт. Киэһээҥҥи ыам саҕана Бааскабыт Балбаарыска титиигэр тиийэн тугу эрэ көмөлөспүтэ буолан суксуруспут, сүөһү үүрсүбүтэ, солууру, иһити-хомуоһу сууйсубута, дьаһайсыбыта буола сылдьыбыт. Онтон ким да соһуйбатах, саамай дьэтигэр сылдьар, сытыы-хотуу, сырыылаах Балбаарыскаҕа эдэр дьон мэлдьи да иҥээҥнээччилэр. Бу сылдьан, Баай Бааскабыт титиик хайа эрэ хараҥа муннугар Балбаарысканы хам баттаан эйэргэһээри, тутуһаары-хабыһаары гыммыт. Кыыс кыйахаммыт. Түмүгэр, биригэдьиир уол «хараҕа баһыллан» хаалбыт. Тип-тилигирэс, күүһүн үгэнигэр сылдьар тэтиэнэх кыыс күүскэ охсубут буолуохтаах.
Бааска хараҕын саба туттубутунан, маатыралаабытынан кэлэн, биһиги уопсай дьиэбит иннигэр күлүккэ бааллан турбут атын быатын бэрт тыастаахтык ньылбырыта тыытан ылаат, үрдүгэр түһэн, бөһүөлэктиир суол устун бурҕата турбутун кэнниттэн көрөн хаалбыппыт. «Туох буоллаҕай?» – диэн соһуйан ыйыталаһыы эҥин баара быһыылааҕа.
* * *
Сарсыныгар эбитэ дуу… Сайылыкпытыгар «Баай Баасканы аара суолга суол оҥорооччу нууччалар кырбаан өлөрбүттэр үһү!» диэн сурах тигинээн кэлбитэ. Кэлин билбиппит, ким да кинини кырбаабатах. Бааска бөһүөлэккэ тиийэрэ аҕыйах килэмиэтир хаалбытын кэннэ, аара суолга быһыт оҥоро сылдьар нууччалар бульдозердара ойуур иһиттэн өрө бааҕынаабытынан тахсан кэлбититтэн сиргэнэн, ата бырахпыт. Бааска суол оҥхойугар табыгаһа суохтук охтон, тута сүнньүн тосту түһэн кэбиһээхтээбит. Ону суолу тутааччылар тыраахтарынан тиэйэн бөһүөлэккэ илдьибиттэр. Ол кэннэ, били хараҕар көҥөрүүлээҕин иһин, «кырбаан өлөрбүттэр» диэн сурахтар тарҕаммыттар эбит. Кимнээх эрэ биһиги сайылыкпытыттан силиэстийэҕэ ыҥырыллан барар эҥин быһыылаахтара.
* * *
Бааскабыт өлбүтүн иккис дуу, үһүс дуу күнүгэр уопсай дьиэбитигэр улахан аймалҕан, соһуйуу-өмүрүү, уолуйуу буолла.
Түүн үөһэ Дьэбдьиэй диэн кырдьаҕас эмээхсин хоһуттан наадатыгар тахсан иһэн, хараҥа көрүдүөргэ ким эрэ барыҥныы-күлүҥнүү сылдьарын көрөн соһуйуу бөҕөнү соһуйбут.
– Бабат-татат! Бу киммит манна хараҥаны харахтанна? Кимҥиний, тугу гына сылдьаҕыный!
– Ээ, бу суумкабын көрдүү сылдьабын, умнан хаалларан кэбиспиппин. Отчуоттуохтаах этим…
– Күтүр өстөөх, эйиэнэ буолан баран кэм буолуо, киһини куттаатыҥ… – диэн баран эмээхсин таһырдьа тахсыбыт.
Төннөн киирэригэр киһитэ хайыы-үйэ суох буолбут.
Сарсыарда туран Дьэбдьиэй «түүн уопсайбыт көрүдүөрүгэр Баай Бааска кэлэн суумкатын көрдүү сылдьар этэ» диэн кэпсээбитигэр, сайылыкпыт тигээйи уйатын тоҕо тарпыт курдук буолбута. Кимнээх эрэ абааһы илэ хаама сылдьар уопсай дьиэтиттэн куттанан, атын ыаллыы турар дьиэлэргэ көһөн күккүрээбиттэрэ. Дьэбдьиэй эмээхсин ол Бааска өлбүтүн эрдэ төһө эмэ истибит эрээри, уутугар аҥаарыйа сылдьар буолан, аахайбакка хаалбыт. Сарсыарда туран баран биирдэ өйдөөн «бабат» диэбит. «Ол да иһин, сирэйэ-хараҕа барыаран куһаҕана бэрдэ, моонньун бэрт куһаҕаннык сөрүөччү тутта сылдьар этэ» диэбит сураҕа иһиллибитэ.
Дьиктитэ диэн, ол «ыалдьыттаан бардаҕын» сарсыардатыгар, аан таһынааҕы тоһоҕоҕо эргэ таҥастары кытта Баай Бааска умна барбыт полевой суумката ыйанан турарын булбуттар этэ. Балбаараттан кыйахаммыт омунугар буолан, умнан ылбакка барбыт эбит. Ол суумкатын, бука, бөһүөлэккэ тута тиэртэхтэрэ буолуо.
Батсаап «Арай биирдэ» бөлөҕүттэн. Ааптар арпагыраапыйата уларыйбата.