Умнуллубут сурук

Ааптар:  Ираида КОРКИНА-ЧУГДААР КЫЫС.
17.09.2023
Бөлөххө киир:
Хаартыска: PxHere

Биирдэ, ыам ыйын ылааҥы күнүгэр дьүөгэ кыыспынаан ньургуһуннары көрө таҕыстым. Халдьаайыттан саҕалаан, алаадьылыы төгүрүк алааһы биир гына көбүөр курдук сап-саһархай маҥнайгы сибэккилэрбит үүммүттэр. Биһиги бачча кэрэни көрөөт, сүргэбит көтөҕүллэн, оҕолуу күллүбүт-үөрдүбүт уонна аныгы дьон сиэринэн төлөпүөммүтүн хостоон, арааһынайдаан туттан-хаптан хаартыскаҕа түстүбүт.

Дьэ, ити курдук ньургуһуннар быыстарыгар «романтикалыы» сырыттахпытына, аллара, куула чараҥыттан кимнээх эрэ олус улаханнык кэпсэтэр саҥалара иһилиннэ. Өйдөөн-дьүүллээн билбиппит, олохтоох арыгыһыттар Зоялаах сылдьаллар эбит.

*  *  *

Мин хаһан эрэ Зоя дьонун кытта ыаллыы олорбуттааҕым. Оскуолаҕа алын кылааска үөрэнэ сырыттахпына, кини үрдүкү кылааска баар этэ, харахтаах эрэ хайгыы көрөр кэрэ куота быһыытынан аатырара. Олбуорун таһыгар матаһыыкыл­лаах уолаттар кэлэн, тыаһаан-­ууһаан, иһиирэн ааһаллара, хаста даҕаны ханнык эрэ уоланныын бу чараҥ диэки сиэттиспитинэн хаамса сылдьалларын оонньуу сылдьан көрбүттээҕим. Оччолорго, 90-с сыллар ортолоро буолан, эдэр ыччат өйө-санаата олох чыҥха атына эбитэ дуу, элбэх буолан мустан, арыгылыыр, табахтыыр быһыылаах этилэр. Ыраахтан табахтарын уота кылама көстөрүн, күлүктэрэ сүөдэҥнэһэллэрин, кыыс-уол гына арахсан тугу эрэ оонньуулларын, мэниктииллэрин көрөрүм. Испэр хайдах эрэ улаата охсон, кинилэр хампаанньаларыгар киирбит киһи дии саныырым.

Ол кэминээҕи ыччаттар билигин үрүө-тараа араас сиринэн тарҕанан олороллор быһыылаах. Ким ханна барбытын билбит суох, сорохтор сайын ахсын биирдэ-иккитэ көстөн ааһаллар. Оттон бу Зоя үөрэнэ сылдьан, ийэтэ ыалдьан, дьиэһиттээри, дьонугар көмө буолаары эбитэ дуу, хайдах дуу, эргиллэн кэлбитин туһунан истибитим. Онтон ылата, бу дэриэбинэттэн кини ырааппата быһыылаах. Ол сыл ийэтэ бараах­таан, онтон аҕата арыгыга ылларан, олохторун отуора күөдэл-хаһаа курдук ыһыллыбыта бадахтаах.

Мин улахан кылааска тахсыыбар, субу ньургуһуннаах хонууга доҕотторбун кытта оонньуу сырыттахпытына, арай Зоя холуочук сылдьарыгар түбэспиттээҕим. Туохтан эрэ уу хаар баспыт сирэйдээх этэ. Испэр хайдах эрэ аһына санаабытым. Ол эрээри, дьүөгэ кыргыттарым кинини сиилииллэриттэн ураты тугу да билбэттэр этэ, туой кини ким­ниин эрэ көссүүлэспит, туой кимиэхэ эрэ ойох буолан баран, арахсыбыт, онтон бу дьоно өлбүттэрин кэннэ арыгыһыт буолбутун туһунан ырытан тахсаллара. Мин кини олоҕун үрдүттэн эрэ көрөн билэр буолан, улаханнык туох даҕаны диэбэт этим эрээри, күлсэллэри кытта күлэн эрэ кэбиһээччим…

…Бүгүн дьүөгэм чугастааҕы куула чараҥар арыгыһыт Зоялаах мустубуттарын сөбүлээминэ: “Чэ, мантан барыах”, – диэтэ.

Иккиэн саҥата-иҥэтэ суох, кинилэр олорор чараҥнарын кыйа ааһан истибит, оттон эмискэ субу чугас курдук Зоя көөҕүнэс куолаһа иһиллибитигэр, биһигини истиэхтэрэ диэбиттии, тохтоотубут.

– Көрүүй, наһаа астык хоп-хойуу ньургуһуннар, балары хаартыскаҕа түһэриэххэ, бээ, маннык, онтон маннык… – дии-дии аны дьүөгэм чугас соҕус арыгылыы олорор дьон баарыгар кыһаллыбаттыы, хойуутук үүммүт ньургуһуннары сыылла сылдьан хаартыскаҕа түһэрэн саҕалаата.

Мин кинини кэтэһэ таарыйа, сиргэ олордум уонна Зоялааҕы ­ыраахтан одуулуу, күлүктэрэ мастар быыстарынан баадаҥныырын көрө, саҥаларын дуорааннарын болҕо­йон истэ олордум. Санаабар, бэл, кинилэр аттыларыгар тиийэн хаалбыкка дылы буоллум…

*  *  *

– Дьэ доҕоттоор, мин бүгүн уһуннук саҥарарбын-иҥэрэрбин, тыл этэрбин, этинэрбин көҥүллээҥ!

Күн уота быһыта сиэбит сирэйдээх, барбатах балык миинин курдук өлбөөркөй харахтаах, арыгыга ылларбыт куурбут-хаппыт дьүһүннээх Зоя бииргэ «аҺыы-сии» олорор «атастарыгар» тыл этээри ойон турда. Кини илиитигэр дьэҥкир аһыы утахтаах курууска кылбайар.

Таһырдьа күһүҥҥү сөрүүн салгын илгийэр, үрдүк халлааҥҥа күрүҥ былыттар күнү хаххалыы усталлар… оттон бу манна мустубут дьон төрдүө буолан аһаҕас халлаан анныгар Зоя төрөөбүт күнүнэн түмсэн олороллор эбит. Дьиҥинэн, аата эрэ оннук. Кинилэри барыларын арыгы холбуур, дэриэбинэҕэ биллэр-көстөр иһээччи аатын сүкпүттэрэ быданнаата. Куруутун бу курдук ким эрэ «үөрүүтүн» туһугар мунньусталлар.

Зоя, дьиҥинэн, бэйэ бодотун тардынан, бэйэтин көрүнэн, аһыы утахтан букатыннаахтык арахсара буол­лар син бэттэх кэлиэ эбит. Кини, бука, олох араас очурдарыгар оҕус­таран, уйан дууһата уустук кэмнэри уйбакка, сымыйа «атаһы-доҕору» кытта булсан, дьылҕата сыыртан таҥнары саккыраан эрэр, бадаҕа…

Ол ньургуһуннаах хонууга кини холуочук сылдьарын аан бастакыбын көрбүтүм харахпар куруутун аалыҥныыр. Баҕар, ол кэмҥэ кини өйүн-санаатын ууран, киһи-хара буолар туһугар турууласпыта, туох да иһин санаатын ууран туран, кыһаллыбыта буоллар дуу, билигин манна олоруо эбитэ дуу…

Кэлиҥҥи сылларга кини оскуо­лаҕа учууталлыырыттан үүрүллэн, атын тэрилтэҕэ көрдөһөн-­ааттаһан муоста сууйааччынан үлэлии киирбитэ. Онтукатыттан даҕаны хаста даҕаны хойутаан, көтүтэн, холдьоҕулла сыспыттааҕын туһунан кэпсээбиттэрэ… ол аата, син олоҕун-дьаһаҕын үчүгэй өттүгэр көннөрүнэ сатаахтыыра буолуо дуу?.. Ити курдук үгүһү-арааһы төбөбөр күөрчэхтии эргитэ олорон, салгыы чуор кулгаах буолан, болҕойон иһиттим.

Зоя көөҕүнэс куолаһынан салгыы кэпсиирэ иһиллэр: «Доҕотторум, мин куруук бу курдук буолбатах этим ээ… дьиҥинэн, биһиги да дьоммут буоллаҕа дии… ити ыччат балтылар (биһигини этэр быһыылаах) олох кэрэтин көрөн, бу ньургуһуннаах алааһы биир гына хаамсан, туохтан эрэ олус үөрэ-көтө сылдьаллара бу үчүгэйиэн… эчи үчүгэйдэрин балтылар! Оттон биһиги… Эһиги мин олохпун, тус устуору­йабын билэҕит. Ол туһунан эһиэхэ, доҕотторбор төһөлөөх ытанан, суланан кэпсээн аҕай биэрбитим буолла… баҕар, мин мөлтөх хараактырдааҕым буолуо, баҕар, мин күүстээх санаата суоҕум буолуо… чэ, ити хааллын… Доҕоттоор, мин бүгүн дьэ өйдөнөн, сууллаары турар бокуонньук дьонум дьиэлэригэр киирэн, эргэ ыскааптарыттан киһи син кэ­­тиэн сөптөөх таҥастарын-саптарын көрдөөтүм, эргэ-урба да буоллар син сэнэх ырбаахылары, «тирээпкэлэри» булаттаатым… онтон салгыы оҕо, эдэр саастарым күлүктэрин, быыллыйбыт хаартыскалары булан көрдүм… Хаарыаныы, оҕо сааспар төннүбүт киһии, бу бэлтэллэн, хараҕым чаҕылыйан, бу дьоллоохпун көрүө этигит. Онтон, альбомум быыһыгар, хаартыска кэннигэр кыбыппыт бэйэм бэйэбэр анаан, сүүрбэ сыл анараа өттүгэр суруйбут сурукпун булан ыллым… Мин ол сурукпун бу илдьэ кэллим», – диэтэ Зоя бөтө бэрдэрэн уонна куруускатын хантатаат, сирэйин бүрүнэн маккыраччы ытаан барда.

– Хайа Зоя, туох буоллуҥ?! – Баанньа диэн «доҕоро» муодарҕаата.

– Үлэҕиттэн үүрүллээри гыммытыҥ эбитэ буоллар киһи өссө син өйдүө этэ, оттон бу эмиэ ону-маны санаан… эчи, ытыа суохтан ытаан, ыл, уоскуй, – аттытыгар олорор эдэрчи дьүһүннээх Дора илиитинэн сапсыйан кэбистэ.

– Аҕал эрэ суруккун, туох айы­лаах суруга эбитэ буолла… Мин ааҕан иһитиннэрэбин дуо? – «доҕотторуттан» саамай аҕам саастаахтара Лүөҥкэ Зоя суругун илиитигэр ылла.

– Чэ, аах-аах, хата, эн курдук араа­дьыйаҕа да баран үлэ­лиэн сөптөөх «баархатнай» куоластаах киһи аахтын, көҥүллүүбүн… – Зоя титирэстээбит куолаһынан саҥарда, хараҕын уутун соттон баран хаппыт килиэбинэн сайраны ньиккэйдэ, онтон куруускатыгар арыгыны кутунна.

Лүөҥкэ табааҕын уматынна уонна эргэрэн саһарбыт суругу иннигэр тутта, уоһун-тииһин оҥоһунна уонна күөмэйин оҥостон доргуччу ааҕан саҕалаата: «Бэйэм бэ­­йэбэр суругум… Бу суругу аны уонча сылынан хостоон булан ааҕыах­таахпын. Мин бүгүн уон аҕыс сааспын туоллум. Наһаа даҕаны үчүгэ-ээй. Дьэ, дьоммуттан туспа баран, үрдүк үөрэхтэнэн, олохпун оҥостор киһи буоллум. Инники олохпор былааннарым: быраас үөрэҕэр киирэбин, үчүгэйдик бүтэрэн улуус киинигэр бырааһынан ананабын. Салгыы таптыыр уолбар Коляҕа хайаан даҕаны кэргэн тахсабын. Ол кэнниттэн улахан дьиэ туттабыт. Икки кыыс уонна икки уол оҕолонобут. Сылын аайы уоппускабытыгар ыраах соҕуруу дойдуга сынньанан кэлэбит. Бу олохпор анаммыт былааннарым хайаан даҕаны туолуох­таахтар. Ол иһин бу суругу аны уон сылынан хостоон ааҕыахтаахпын. Чэ, аны уон сылынан көрсүөххэ диэри, Зоя…»
Сурук ааҕыллан бүппүтүн кэннэ чочумча чуумпу буолла. Сөрүүн тыал Зоя кыырыктыйан эрэр биир сүүмэх баттаҕынан көҥүл оонньоото. Дьахтар биир сири дөйүөрэн хаалбыттыы көрөн олордо, туолбатах ыраас ыра санаатын курдук харах уута «мөл» гынна.

– Абабын даа, туолан испит баҕа санаам суругун эрдэ булбутум буоллар! Оччоҕо, онтукайбынан сирдэтэн олохпун олоро сатыам, санаабыппын ситиһэ сатыам эбит дуу?! Бу сурукпун уон сыл анараа өттүгэр хостоон көрүөхтээх этим! Суруллубута эһиилги сылыгар умна оҕуспуппун, абабын! Хор, оннук бэ­­йэлээх бэйэм баҕа санаабар, бэйэ­бэр сурукпар дьалаҕай сыһыаннаммыппын!.. барытыгар бэйэм эрэ буруйдаахпын… сурукпун бэйэтин буо­­луохтааҕар ис хоһоонун даҕаны умнубуппар бэйэм эрэ муҥнаах буруйдаахпын… аны кэлэн диэххэ… Коля эҥин диэхтээбиппин. Ол абаа­һы уола атын кыыһы ойох ылбыта дии! Сымыйа тапталга убаммыта буоламмын, оҕолонуом диэбиппин, ол оҕом барахсан миигиттэн аны эргиллибэттии «куотаахтаабыта», ол кэмҥэ дьонум барахсаттар миигин букатынныы хаалларан бараахтаабыттара, билигин миигин өйүүр, өйдөөбүтэ буолар дьон эһиги эрэ бааргыт…

– Зоя бу курдук ытыыр-кыыһырар икки ардынан кыланыытын туораттан, арааһа, итирэн эрэр киһи кураанах дойҕоҕун курдук истиэ эбиппит…
Оттон мин кини кыланыытын бу бүгүн кэлэн, өйдөөн иһиттим уонна хайдах эрэ испэр аһына санаатым.

– Чэ, барыах эрэ, ити дьон аны ытаһан-соҥоһон, куоластара улаатан эрэр!

Зоялаах ити курдук аһаабыттарын аанньа, хаһан даҕаны биһиэхэ да, атын да дьоҥҥо мэһэйдээбэттэринэн маладьыастар дии… мин эн ньургуһуннары хаартыскаҕа түһэрэр кэмҥэр Зоя кэпсиириттэн элбэҕи да биллим ээ…

– Эчи чуор кулгаахтааххыный. Арай мин иһиттэхпинэ, кус-хаас саҥата, сымыйа ытаһыы, өрө баран ордьооттоһуу курдук.

Кыыһым син биир тугу даҕаны өйдөөбөтө. Оннукпут ээ биһиги дьон бары, ким эрэ истэр, дьон кыһалҕатын чугастык ылынар, ким эрэ олох даҕаны өйдүө суоҕа эбэтэр истибэтэҕэ буолуоҕа…

…Сааскы күн киэһэрэн эрэрэ, итирик дьон саҥалара, ырыалара-тойуктара хойукка диэри иһиллибитэ… Халлааҥҥа хараҥа былыт тахсыбыта, сөрүүн тыал түспүтэ. Онно эрэ кыһаллыбат «аһыы» олорор дьон өссө даҕаны элбэҕи кэпсэппиттэрэ, муунтуйбут харахтара умуллан, уостан, тымныйан эрэр халлааҥҥа даҕаны кыһаллыбат курдуктара, кинилэри, бука, ити сымыйа «итии утах» ириэрдэҕэ, уоскуппута аатыран, куустаҕа.

Оттон туора быраҕыллан сытар Зоя эдэр сааһын суругун сөрүүн тыал халлааҥҥа көтүтэн таһаарбыта уонна бу сиртэн ханна эрэ ыраах ыраатыннарбыта, харах далыттан куоттарбыта…

+1
14
+1
0
+1
0
+1
0
+1
4
+1
1
+1
4