УМНУЛЛУБУТ КӨЛҮӨНЭ: Эн эбээҥ шахтер кыыс буола сылдьыбатаҕа дуо?

16.08.2020
Бөлөххө киир:

Баржа соһуулаах борохуот Бүлүү өрүс эрэһэ долгуннарын быһыта охсон эрдинэн биллиргэтэр. Кыргыттар кэрэ-чуор куоластара, эдэр саас, дьоллоох олох, инники кэскил туhунан ырыалара улуу тумуhахтарга охсуллан, ыраахха диэри дьиэрэйэрэ.

edersaas.ru, Николай Крылов

Ньурбаттан, Yөhээ Бүлүүттэн 17-18 саастаах кыргыттары ыга симинэн кэлбит борохуот Бүлүү кыргыттарын уулаах баржаҕа тиэммитэ. Уу аллараа тэлгэммит далаһалары таһымнаан быччаҥныыра, оҕолор ол иhин малларын сыыһын долбуур оҥостон уурбуттара. Сэрии, аас-туор, аччык олох, кыаммат-түгэммэт буолуу бу эдэркээн оҕолор таҥастарыгар-саптарыгар. туттунууларыгар-хаптыныыларыгар барытыгар көстөрө. Бэрт соторутааҕыта бу суолунан кинилэр убайдара уоттаах сэрии толоонугар уодаһыннаах өстөөҕү кытта хабыр кыргыһыыга барбыттара. Аны бу кинилэри бэбиэскэлээн ылан, хомуйан иһэллэр. Ханна-туохха тиэрдэллэрэ биллибэт. Үлэ фронугар хомуйабыт диэбиттэрэ. Сураҕа, Тиксиигэ илдьэр курдуктар үhү.

Ол эрээри эдэр саас — хahан баҕарар эдэр саас. Кыргыттар ырыа аргыстаах айаннаан испиттэрэ.

Дьэ, ити курдук, аас-туор олохтоох, өлүү-сүтүү аргыстаах, үөрэх сырдыгыттан маппыт, тулаайах хаалан көмүскэтэрэ суох буолан үүрүүгэ барбыт, аллараттан өксүөн үргүйэр баржаҕа олорон сүүрүк устун, олох долгунун устун мээнэ айаннаан иhэр көлүөнэ этэ бу…

Оччолорго хас күннээх түүн айаннаабыттарын билбэттэр, арай биир сарсыарда борокуоттара Сангаар диэн бөһүөлэк аттыгар тохтообут этэ, сотору буолан баран ол бөһүөлэктэн кэлбит дьон: «Тиксиигэ барбаккыт, манна биһиэхэ үлэлиигит», — диэбиттэрэ.

Сангаарга дьоһуннаах улахан бириһиэн бараахтарга олохсуппуттара. Хас биирдии бири­hиэн ­«дьиэҕэ» сүүсчэкэлии кыыс олорбута, Байыаннай балаһыанньа бэрээдэгинэн тус-туспа ха­­маандаларга араарбыттара уонна эмиэ хамаанда, бирикээс быһыытынан илдьэ сылдьаллара. Маҥнай утаа таас чоҕу баржаларга куруустааһыҥҥа үлэлэппиттэрэ. Оо, баржалар киэҥнэрин-куоҥнарын ­эриэхсит! Тачкаҕа тиэйэн тириэрдэр чоҕуҥ муораҕа хааппыла курдук буолан хаалара. Аны куппут чоххун баржа обургу маҕалайыгар күрдьэҕинэн тарҕатарыҥ ирдэнэр. Онтуҥ быылын, ыараханын! Итинник үлэ сарсыарда ­аҕыстан киэһэ аҕыска диэри. Эйигин солбуйар түүҥҥү смена кыргыттара кэлиэхтэригэр диэри.

«Выписка из приказа N 201 по Сангарскому рудоуправлению г.Г.У. ГУСМП от 20 июня 1944 г.

Прибывших по мобилизации из Вилюйского, Верхневилюйского районов грузчиков Тикси для работы в Сангарское рудоуправление зачислить временно, до отправки Тикси, с 24 июня 1944 года в погрузцех грузчиками с оплатой по 1 разряду грузчика.

12 Каратаева Акулина Андреевна…

Начальник Сангарского

рудо-управления (Пилюгин)».

Бу докумуону Сангаарга олороp А.A.Каратаеваны көрсөн журналист, «Бэлэм буол» («Кэскил») хаһыат үлэһитэ Н.С.Дмитриев булбута уонна атын да шахтер кыргыттар эмиэ бу бирикээһинэн Сангаар шахтатыгар үлэҕэ ылыллыбыт буолуохтаахтар диэн түмүккэ кэлбитэ.

Хаһыатчыт, дьон үлэлиир араас эйгэтин кытта билсиһээри, ханна-ханна тиийбэтэҕэ-түгэммэтэҕэ баарай. Элбэх сыаҕы, хо­­чуолунайы, сыырастаах хотоннору кэрийдэхпит аҕай дии. Ол гынан баран, Сангаар шахтатыгар — аллараа абааһы дойдутун курдук сиргэ, икки төгүл түһэ сылдьан, манна 800 миэтэрэлээх сир анныгар сүүстэригэр эрэ илдьэ сылдьар банаардарынан сирдэтинэн үлэлиир шахтердар курдук ыарахан үлэлээх дьону көрсө иликпин өйдөөбүтүм. Ити өрүү сыырастаах, газтаах, быыллаах шахтаҕа киирэргэр ыраас ис таҥас, сылаас баата сон, анал ыстаан, саппыкы кэтэрдэллэр. Үлэлээн тахсыбытыҥ кэннэ сылаас уулаах душтар, ыраас соттордор бэлэм буолар эбиттэр. Суун- тараан, сылааҕын таһаар.

Оттон оччолорго?..

ТОБУКТУУ СЫЛДЬАН ҮЛЭЛИИЛЛЭРЭ

Чох куруустааһына бүппү­түгэр, күһүн сир тоҥмутун кэнниттэн кыргыттары шахталарга тарҕаппыттара. Сотолорун ортотунан тымныы ууну кэһэ сылдьан хойгуонан таас чоҕу тоҕута сынньан вагонеткаларга тиэйэллэрэ yонна онтуларын үөһэ үтүрүйэн тahaaраллара. Тирээбил туруора-туруора,

таас чох араҥатыгар холлорооннору хаһаллара. Холлорооннор үрүттэриттэн эмиэ өрүү уу саккырыы турара. Шахтаҕа бahаар буолбатын диэн туох эрэ сыттаах бороһуoгу куталлара, онон быыл, сыт-сымар, тыынар да салгын суох курдук буолара.

Кыараҕас таас чох холлороонун устун өрүү ыттыы, тобуктуу сылдьан үлэлиир дьон улук буола сылайан, нэһиилэ шахтаттан тахсаллара. Шахтаҕа түһэр, тахсар сиргэ Люба Ламберг диэн кыыс үлэлиирэ. Кинини «Машинист кыыс» диэн аттыыллара. Биирдэ шахта иһигэр баһаар буолбутугар. Люба эрэйдээх барыларын шахтаттан таһаартаан быыһaaбыта. Евдокия Степанова чох көйө сырыттаҕына биирдэ төбөлөөх баҕайы чох атаҕын тобулу түһэн кэбиспитин хас да хонукка эмтээн баран, төттөрү шахтаҕа ыыппыттара. Таас чоҕу рельсэ устун сүүрэр лиискэ кутар этилэр (вагонетка дуу, конвейер дуу буолуо). Федора Иванова халтарыйан охтон, ол лиис үрдүгэр таас чоҕу кытта барсан хаалбыт. “Ууга түһэрим дуу, баржаҕа таас чоххо баттатар ­буоллум дуу” диэн ытыы-ытыы мөхсө истэҕинэ, таас чоҕу кытта барсар бөҕү-сыыһы ыраастыыр дьоннор харбаан ылан быыһаабыттара. Шахта сууллан, умайан дьон өллөҕүнэ, кыргыттар эрэйдээхтэр бэйэлэрэ көмөр эбиттэр. Бастакы нүөмэрдээх шахта сууллубутугар, Бүлүүттэн тиийбит кыргыттар таска сылдьар буолан тыын­наах хаалбыттар.

Куул ыстааннаах, куул сонноох, бириһиэн сотолоох мас уллуҥнаах саппыкылаах кыргыттар тоҥон-хатан да муҥнаналлара. Таҥастара дэлби илийэн, бэйэлэрэ өрүү салгына суох сиргэ дэлби тиритэн, шахтаттан тахсан бараактарыгар сүүрэн тиийиэхтэригэр диэри муус кыаһаан буолаллара.

Кыайыы күнүн кинилэр хаһан да умнуохтара суоҕа. Хайа буола кутуллубут таас чох үрдүгэр тахсан туран миитиннээбиттэрэ. Бу өһөгөйдөөх өстөөх үлтүрүйбүт өрөгөйө этэ! Бу хараҥаттан, сир анныттан тахсарга эрэл санаа кыыма этэ! Бу дьоҥҥо-сэргэҕэ, төрөөбүт дойдуга тыыннаах төннөр дьылҕа арыллыыта этэ! Бу син биир фроҥҥа, инники кирбиигэ сылдьыбыт дьон өрөгөйө этэ! Кинилэр кыайыыны аҕалбыттара!

“Шахтаҕа үлэлээбитим туһунан кумааҕы оҕото биэрбиттэрэ да, ханна гыммыппын билбэппин. Оччолорго ханна үлэлээтиҥ, тугу гынныҥ диэн ким да туоһуласпат этэ». “Сангаартан бүтэн кэлэрбитигэр миэхэ үлэлээбиппэр бэлиэ кумааҕы биэрбиттэрэ. Ол кумааҕыбын горпо кадрын отделыгар туттарбытым баара да, ону сүтэрэн кэбиспиттэр. Онон билигин сэрии кэмигэр шахтаҕа үлэлээбиппин туоһулуур докумуонум суох», дэһээхтииллэр билигин…

Дьэ ити курдук. Сэрии кэмигэр фроҥҥа ыҥырыллан бэбиэскэ тутан, үлэҕэ холобура суох хорсун быһыытын көрдөрбүт, эмиэ кыа­йыы туһугар доруобуйаларын сиэртибэлээбит уонна саамай күндүттэн күндүлэрин — олохторун биэрбит бу көлүөнэ билигин умнуллан хаалла…

ШАХТЕР КЫРГЫТТАРЫ КИМ ДА САНААБАТАҔА

Мин Сангаардааҕы шахта, Кэбээйи оройуонун да салалтатыттан, урут хомсомуол райкомун үлэһиттэриттэн бу дьон дьылҕаларын туоһулаһан көрдүм да, ким да, тугу да билбэт. Шахта үбүлүөйэ бөҕө аастаҕа, арай шахтер кыргыттары ким да санаан аһарбатаҕа…

… Кинилэри Бүлүү куоратын Г.И.Чиряев аатынан оскуолатын И.С.Семенов аатынан этэрээтин пионердара булбуттара. Учууталлара Павлина Даниловна Иванова биир сборга билигин эбээ буолбут шахтер- кыргыттары ыҥыран, оҕолору кытта көрүһүннэрбитэ. Ити кэнниттэн оҕолор биир суруктарыгар маннык строкалары ааҕыахха сөп: “Эбэлэр хомолтолорун истэн баран, биһиги олус диэн долгуйдубут. Кинилэр Кыайыы 30, 40 сылларын бэлиэтиир үөрүүлээх түгэннэргэ биирдэ да ахтыллыбатахтар. Оннооҕор, Кыайыы күнүгэр буолар демонстрацияларга сэрии, үлэ бэтэрээннэрин кытта тэҥҥэ хаамсыбатахтар. Бу түгэни санаан баран, дьоммут тоҕо эрэ харааһыннылар, ыраас былааттарынан ылан харахтарын уутун сотуннулар. Биһиги, оҕолор, эмиэ олус долгуйдубут…».

Оҕолор эрэйдээхтэр долгуйар эрэ кыах­таахтар. Биһиги, улахан дьон, оттон тугу гынабыт? Кырдьык, ити биэс-алта сыллааҕыта биһиги да тугу да гынар, тобулар кыахпыт суох этэ. Билигин атын кэм үүннэ. Биһиги сувереннай өрөспүүбүлүкэбит бырабыыталыстыбата, бэрэсидьиэнэ он­нооҕор буолуох дьыалалары туруорсар, ситиһэр. Хоту көһөрүллүбүт Чурапчы дьонугар, искусство, культура деятеллэригэр көмө оҥордубут. Аны бу умнуллубут, ол эрээри өссө да тыыннаах үлэ фронун бэрэстэбиитэллэрэ өрөспүүбүлүкэ бары оро­йуоннарыгар ырыынак кыһарҕаныгар ыктаран олорор көлүөнэтигэр көмөтө оҥоруоҕуҥ. Кинилэр биһиги аттыбытыгар, олох чугас сэмэйдик олороллор эбээт. Кинилэри булуоҕуҥ. Уобаластааҕы байыаннай комиссариатынан учуокка ылларан, дьон билиниитигэр үлэ фронун кыттыылаахтарын быһыытынан биллэриэххэ. Олохтоох салалта, общественнай тэрилтэлэр болҕомтолоругар ылыахха. Наада буолар көмөнү, өйөбүлү оҥоруохха, ыччаты иитиигэ киэҥник туһаныахха. Бу көлүөнэ дьоно аҕыйах ахсааннаах хааллаҕа… Онон Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбата сөптөөх чэпчэтиилэри ылынары быһаарыа эбитэ буолуо.

Дьиҥэр, бу боппуруоска “Якутуголь” курдук кыахтаах хампаанньа, бэйэтин бэтэрээннэрин быһыытынан билинэн, кэккэ чэпчэтиилэри оҥорор кыахтаах эбээт.

Оттон мин ааҕааччыларбар бу сүппүт көлүөнэ дьонун көрдүөҕүҥ, күүс-көмө буолуоҕуҥ, кинилэр тустарыгар сылаас тылла этиэҕиҥ диэн ыҥырабын.

Николай КРЫЛОВ,

биһиги бэйэбит корр.

«Саха сирэ» хаһыат 1992 сыл

кулун тутар 27 күнэ.

АХТЫЫЛАРТАН

«…Бүлүү улууһун Кыадаҥда нэһилиэгэр дьадаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтүм. Атахпар тураат холкуос чилиэнэ буолбутум. Бастакы бириэмэҕэ атынан, оҕуһунан пиэрмэҕэ от тиэйэрим. Кэлин ыанньыксыттаабытым. 1938 сыллаахха комсомолга киирбитим, нөҥүө сылыгар нэһилиэкпэр депутатынан талыллыбытым. “Ударник”, “Стахановец” ааттарын чиэстээхтик сүкпүтүм. Сэрии кэмигэр сарсыарда күн тахсыаҕыттан. Киэһээ күн киириэр диэри, төһө да аччыктаабыппыт, сылайбыппыт үрдүнэн үлэлиирбит. Ийэм уонна балтым хоргуйан өлбүттэрэ. 1944 сыллаахха миигин Сангаар таас чоҕун хостооһунугар ыыппыттара”.

(Евдокимова Анна Егоровна ахтыытыттан).

«Биһиги аҕыс бииргэ төрөөбүттэр этибит. Билигин мин соҕотох эрэ хааллым. Ийэлээх, аҕабыт сэрии саҕаланыытыгар өлбүттэрэ. Ас-таҥас суох буолан, кыра да ыарыы киирдэ эрэ дьоммут өлөн иһээхтиир эбиттэр. Оччолорго холкуоска үлэлээн аһыыр кыһалҕатыттан үөрэхпин быраҕан кэбиспитим. Сэрии саҕана үлэһит илии тиийбэт этэ, оҕо-дьахтар хааламмыт, үгүстэр үөрэхтэн маппыппыт. 1943 сыл сааһыгар олохтоох сэбиэккэ ыҥыран ылан, “Бүлүүгэ байыаннай үөрэххэ бараҕын” диэн ыыппыттара. Икки ый үөрэнэн кэлбитим кэннэ, аны үлэ фронугар бараҕын диэн бэбиэскэ туттарбыттара”.

(Петрова Варвара Ильинична ахтыытыттан).

“Ийэм олох кырабар, аҕам сэрии саҕана өлбүттэрэ. Бииргэ төрөөбүттэр сэттиэ этибит да, бары эдэр саастарыгар ыалдьан өлбүттэрэ. Холкуоска үлэлии сырыттахпына байыаннай үөрэххэ киллэрбиттэрэ. Нэһилиэк аайыттан биирдии кыыһы ылаллара. Онно бинтиэпкэни хомуйарга, ыһарга, түргэнник таҥнарга, сыыларга, сүүрэргэ эҥин үөрэтэллэрэ. Сыал ытарбыт. Өрүскэ уу ылбыт маһын биэрэккэ таһан сордонорбут. Наһаа бөдөҥ бэрэбинэлэри кытыыга состорон таһаартарар этилэр. Ол саҕана кыргыттары сэриигэ ыыппыттара буоллар, сэрии хонуутугар барыам эбитэ буолуо… ”

(Семенова Мария Николаевна ахтыытыттан).

«… Биир дьүөгэбит кэргэнэ Сэмэн Иванов диэн киһи армияҕа барбыта. Кини арбаҕаһын, таба тыһа этэрбэһин пиэрмэ дьахталлара уларсан кэтэн оппутун-маспытын тиэйэр этибит…»

(Каратаева Акулина Андреевна ахтыытыттан).

ТҮМҮККЭ

Бүгүн өйдөөн көрдөххө бу бырабыыталыстыба хаһыатыгар тахсыбыт суруйуум тахсыбыта оруобуна 28 сыл буолбут эбит… Оччолорго эрэдээксийэ аатыттан Якутуголь салалтатыгар, былаас уорганнарыгар ыстатыйа сүнньүнэн суруктары ыыппыппын өйдүүбүн да эппиэт сурук, туох эмит сэҥээрии оҕото да кэлбэтэҕэ. «Якутуголь» бэйэтин дьылҕата уларыйан эрэр, Сангаар шахтатын сабан эрэр кэмнэрэ буолбута. Арай, ити пионердар суруйууларын учуоттаан, Бүлүү улууһун дьаһалтатын оччотооҕу баһылыга Михайлов Юрий Антонович улууһугар өссө да тыыннаах олорор эбээлэр барахсаттары мунньан, дьаһалта дьиэтигэр бэртээхэй чиэстээһини тэрийэн үөрдэн-көтүтэн ыыталаабыта.

Улуу Кыайыы күнэ, Кыайыы сыла өрүү да өрөгөй уонна курутуйуу тэҥ аргыстаах буолара өйдөнөр… Ити, чахчы да, СҮППҮТ КӨЛҮӨНЭ үтүө өйдөбүлүн тилиннэрэр аныгы дьон көстүөхтэрэ диэн эрэл санаабын сүтэрбэтэх буолан бу курус суруйуубун түмүктүүбүн.

Николай КРЫЛОВ,

суруналыыс, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ,

СӨ судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0