Умнуллубат, чаҕылхай салайааччыбыт

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ Афанасий Сивцев төрөөбүтэ 90 сылыгар

ЧУРАПЧЫГА НОРУОДУНАЙ ТЫЙААТЫР АҺЫЛЛАРЫН СИТИСПИТЭ

1970 сыллаахха күһүн култуура салаатын иниспиэктэринэн ананан, төрөөбүт улууспар үлэлии кэлбитим. Сэбиэдиссэйинэн  Афанасий Алексеевич Сивцев үлэлии олороро.

Кумааҕыларбын  тэлгэтэн,  туохтан ылсыһарбын  толкуйдуу олордохпуна, 40-чалаах, көстүүмнээх, хаалтыстаах, дьып-дьап курдук,  чэнчис көрүҥнээх, орто уҥуохтаах киһи  чөм-чөм үктэнэн киирэн кэлбитэ уонна мин утары турар остуолун  тирээпкэнэн кичэйэн сотон баран, үлэлиир миэстэтигэр олорбута. Ол  курдук, биһиги бастакы көрсүһүүбүт өйбөр хатанан хаалбыт.

Кини ис-иһиттэн ыраас, чэнчис туттунуулаах киһи этэ. Күн аайы оннук остуолун, тулатын быылын көрөн-истэн, сотон-ыраастаан баран олорор үгэстээҕэ. Киниэхэ наадыйан киирэр, көрсүһэр киһи өрүү элбэх буолара. Сүрдээх дөбөҥнүк өйдөспүппүт. Боростуойа уонна киһини итэҕэйэрэ, үлэлииргэ сорудаҕы биэрэн баран,  тыа нэһилиэктэрин  кэрийэ, үрдүкү тэрилтэлэр сорудахтарын толоро, баран хаалара. Онон уоппуска кэнниттэн үлэҕэ киирэр үлэһиттэри, биитэр уурайааччылары бирикээстэрин таһаарарым уонна ханнык кулууптарга туох кыһалҕа баарын учуоттаан сурунан, Афанасий Алексеевич кэлэригэр муспут сонуннарбын бэлэмнээн тоһуйарым. Улуус култууратын тэрилтэлэрин күннээҕи кыһалҕалара олус элбэҕэ, бииртэн биир уустук боппуруостар үөскээн-күөрэйэн,  тахса тураллара.

1969 сыллаахха Афанасий Алексеевич биир сүрүн үлэтинэн Чурапчыга норуодунай тыйаатыры тэрийии соруга буолбут эбит. Кини Тааттаҕа норуодунай тыйаатыр  тэриллибитин  наһаа сөҕөн-махтайан, биһиэхэ эмиэ тэриллиэхтээх диэн  күүскэ дьарыгырбыт кэмэ эбит. РДК дириэктэрэ Екатерина Еремеевнаны ыҥыран, театральнай куруһуокка дьону тардыы хайдах баран иһэрин, кими режиссерунан үлэлэтэ ыҥырыахха сөбүн туһунан кэпсэтии, сүбэлэһии буолара. Бахсыларга  үрдүк үөрэхтээх режиссер күтүөт   баарын истэн,    И.И. Кандинскайы булан, тылыгар киллэрэ охсон,  биир үтүө күн Иван Иванович үлэлии тиийэн кэлбитэ.

Туох эмэ саҥа соругу ылынна даҕаны, собуоттаммыт курдук,  ол баҕа санаата туоларыгар тигинэччи үлэлиирэ. Ханнык баҕарар киһини тылыгар түргэнник киллэрэрэ, бэйэтин идиэйэтин, дьону күөртээн уматан, тэбис тэҥҥэ үлэлэһэр турукка киллэртээн кэбиһэр ураты дьоҕурдааҕа. Саҥа тэриллэн иһэр тыйаатырыгар худуоһунньугунан анал худуоһунньук үөрэхтээх С.Н. Семенов анаммыта. Режиссерунан анаммыт И.И.Кандинскай  сөп буола-буола киирэн дорҕоонноох куолаһынан кыракый хос иһин толорон кэбиһэрэ. Афанасий Алексеевичтыын саҥа тэриллэр норуодунай тыйаатырга ким аатын иҥэрэри сүбэлэһэллэрэ. Тыйаатыр хара ааныттан ааттаах буолуохтаах диэн Иван Иванович олус турунан туран,  САССР, РСФСР  норуодунай артыыһа П.М.Решетников аатын иҥэрэри туруорсара. Норуодунай тыйаатыр бастакы быыһын аһарга Суорун Омоллоон “Төлөн Ньукуус” дырааматын туруорарга  быһаарыммыттар этэ. Оруолларынан оонньуур дьону хомуйуу, ол кэмнээҕи таҥаһы-сабы ыаллартан уларсыы, кыаллар өттүн тиктэрии, харчы-үп булунан декорациятын бэлэмнээһин үлэлэригэр  дириэктэр Е.Е.Дьячковская субу-субу култуура отделыгар кэлэн, араас кыһалҕаларын кэпсээн, туруорсан, үлэлэрин сырдатан барара. Дьэ ол курдук түбүгүрэн, үлэлээн, Афанасий Алексеевич Култуура министиэристибэтигэр туруорсан, Чурапчыга Норуодунай тыйаатыр аһылларын ситиспитэ.

СУОРУН ОМОЛЛООҤҤО ЧӨРКӨӨХ МУСУОЙУН ТЭРИЙЭРИГЭР КӨМӨЛӨСПҮТЭ

           Ол саҕана аны сөп буола-буола Суорун Омоллоон Чурапчыга кэлэр буолбута… Кэлин  билбитим, Чөркөөххө мусуой тэрийээри түбүгүрэ сылдьар  сыллара эбит. Онно Чурапчыттан былыргы тутуу дьиэлэри, миэлиҥсэни, араас былыргы иһити-хомуоһу хомуйсар кыһалҕалаах кэлэр эбит. Афанасий Алексеевич Суорун Омоллоон кэллэ да,  түргэн үлүгэрдик суксуруһан, ол наадалары көрдүү, туруорса нэһилиэктэргэ баран хаалаллара.  Онон Чөркөөх мусуойа тутулларыгар, атын улуус диэбэккэ, төтөлө суох көмөлөспүт -өйөөбүт биир өҥөлөөх киһинэн оччолорго Чурапчыга Култуура отделын сэбиэдиссэйинэн үлэлии олорор А.А. Сивцев буолар. Онтон сылтаан кинилэр доҕордоспуттара. Афанасий Алексеевичтаах дьиэлэригэр Суорун Омоллоон үгүстүк ыалдьыттаабыт, сылдьыбыт  киһи. Аны “Төлөн Ньукуус” дыраамата турарыгар кэлэн икки төгүллээн эрэпэтииссийэбитигэр сылдьан, сүбэлээн-амалаан турардаах.

РСФСР уонна САССР норуодунай артыыһа П.М.Решетников аатынан Чурапчытааҕы Норуодунай тыйаатыр 1970 сыллаахха кулун тутарга бигэргэнэн, үөрүүлээх биэчэр тэриллибитэ. “Төлөн Ньукуус” дыраама турбута: Бу айымньынан Дьокуускай тэлэбиидэнньэтигэр А.Федоров режиссердааһынынан уһуллан турабыт.

         ОРОЙУОН УРАН ТАРБАХТААХТАРЫН, УУСТАРЫН ТҮМПҮТЭ

Култуура сайдыытыгар иккис улахан үлэтинэн оройуоҥҥа уран тарбахтаах иистэнньэҥнэри, уустары түмэн, саха төрүт үгэстэрин сөргүтүүгэ сүҥкэннээх хамсааһыны тэрийэн барбыта. Норуот былыргы үгэстэригэр эргиллиигэ саҥа кэрдиис кэминэн 1966 сыл биллэриллибит. Сэбиэскэй былаас 50 сылыгар анаан, уус-уран оҥоһуктарга куонкурус ыытыллыбыт. Манна Чурапчы маастардара Саха сиригэр бүтүннүүтүгэр үтүө холобур буолбуттар.

К.А.Макаров-Эҥсии 1969 сыллаахха Чурапчытааҕы Олох-дьаһах комбинатын иһинэн тэриллибит ювелирнай сыахха дьоҕурдаах ыччаттары түмэн, көмүстэн дьахталлар сахалыы киэргэллэрин — ытарҕаны, биһилэҕи оҥорууга уһуйан, үөрэтэн киирэн барбыта. “Эҥсии оҥорбут илин-кэлин кэбиһэрдэрэ, ытарҕалара Москва, Ленинград куораттар мусуойдарыгар саха норуотун мындыр уус-уран оҥоһуктарын туоһута буоланнар, улуу омуктар сыанабылларыгар турбуттара”, — диэн уус, норуот маастара Ст.Дьячковскай култуура кинигэтигэр ахтыы суруйан үйэтиппитэ.

1968 сыллаахха бэс ыйыгар Дьокуускай куоракка уус-уран оҥоһуктар маастардарын үлэлэрин өрөспүүбүлүкэтээҕи бастакы көрүү-быыстапкалара уонна сүлүөттэрэ буолбута. Онно Чурапчы маастардара 180-ча чулуу оҥоһугунан кыттан, өрөспүүбүлүкэҕэ эрэллээхтик бастаан, чороон-кубогы илдьэ кэлбиттэрэ. Ол курдук, күрэхтэһии  11 көрүҥүттэн 10-гар кыттан, 9-гар бастаабыттара. 11 киһи лауреат үрдүк аатын ылбыта.

Ити кэнниттэн А.А.Сивцев көҕүлээһининэн райсовет исполкомугар аналлаах боппуруос киирэн, уус-уран оҥоһуктарга, сувенирдарга Норуот талааннаахтарын оройуоннааҕы уопсастыбата тэриллибитэ. Бэрэссэдээтэлинэн оччолорго кыраайы үөрэтэр мусуой научнай үлэһитэ, талааннаах иистэнньэҥ, туосчут Ф.Г.Пудова талыллыбыта. Уопсастыба хас да хайысханан 60 чилиэннэммитэ. Федора Григорьевна — араас таһымнаах үгүс быыстапкалар лауреаттара. Кини үлэлэрэ Сойууска эрэ буолбакка, Прага, Мюнхен, Токио курдук аан дойду бөдөҥ куораттарыгар  көрдөрүүгэ турбуттара.

1972 сыллаахха Саха    АССР 50 сылын туолар өрөгөйдөөх үбүлүөйүнэн А.А.Сивцевка “Саха АССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ” аат иҥэриллибитэ.

             САХА НАЦИОНАЛЬНАЙ МУЗЫКАЛЬНАЙ ИНСТРУМЕННАРЫН БАСТАКЫНАН ОҤОТТОРБУТА

 Ити сыл, ССРС тэриллибитэ 50 сылынан, уус-уран самодеятельноска 1-кы фольклор фестивала ыытыллыбыта. Онон сибээстээн Афанасий Алексеевич турунан туран аны саха национальнай музыкальнай  инструменнарын оҥотторбута. Ол курдук дьаҕа, дьөлөкөй күпсүүр, сэргэ кырыымпалар, табыктар, хомус, таҥсыыр инструменнардаах этэ. Култуура министиэристибэтин кэпсэтэн,  миниистир Д.Д. Климентов уонна Норуот айымньытын дьиэтин дириэктэрэ Николай Дьяконов дьаһайыыларынан, А.И. Чахов, П.И. Деляев Чурапчыга командировкаланан кэлэн, дьоҕурдаах дьону түмэн, бу сэдэх инструменнары бэлэмнээбиттэрэ. Ол курдук удаҕаттар дүҥүрдэрин П. П. Андреев, кыралаах улахан күпсүүрдэри М.В. Максимов, биһилэхтээх хомуһу С.И. Поисеев, сэргэ кырыымпаны уонна таҥсыыры Петр Иннокентьевич Деляев оҥорбуттара. Ити курдук, Улуу уус Александр Чахов ыйан-кэрдэн биэрэн, Константин Макаров-Эҥсии, Афанасий Седалищев уонна Семен Поисеев биир ый устата 30 хомуһу  ураннык оҥорбуттара. Онон, Чурапчы дьахталларын 30 киһилээх хомусчуттарын ансаамбыла өрөспүүбүлүкэтээҕи фольклор фестивалыгар аан бастакынан кыттыбыта.

Бары сэдэх инструменнар А.И. Чахов сүбэтинэн-аматынан оҥоһуллубуттара диэтибит. Оттон туттар матырыйаалларын маһын, силимин, тириилэрин, струналарын А.А. Сивцев эҥкилэ суох хааччыйтарбыта. “Ыйтан ордук биир күн өрөбүлэ суох сүрдээх көхтөөхтүк үлэлээбиттэрэ. Петр Иннокентьевич олус мындыра бэрт буолан, наар быһаҕынан, күөбүлүнэн уонна устурууһунан туттар этэ”— диэн ахтыбыт А.И.Чахов. Дьэ, ити курдук айымньылаахтык үлэлээн, чурапчылар Саха национальнай оркестрынан фольклор  фестивалыгар кыттан, дьон-норуот истиҥ биһирэбилин, махталын ылбыттара.

ӨССӨ БИИР КӨҔҮЛЭЭҺИНЭ — ДУХОВОЙ ОРКЕСТР

            Афанасий Алексеевич өссө биир көҕүлээбит, тэрийсибит үтүө дьыалатынан улууска духовой оркестр баар буолуутугар музыкальнай оскуоланы кытта ыкса сибээстээхтик үлэлээһинэ буолбута. Ити сыллартан кынат үүннэринэн, А.П.Гоголев салайар музыкальнай оскуолатын айар кэлэктиибэ, уһун сылларга духовой уонна национальнай инструменнар  оркестрдарынан фестивалларга, улахан норуот бырааһынньыктарыгар кыттыыны үгэскэ кубулуппута. А.А.Сивцев, туохха эмэ куонкурус биллэрдэллэр эрэ, мэктиэтигэр утуйар уутун умнан туран үлэни тэрийэрэ. Оннук дьулуурдааҕа.

САССР култууратын үтүөлээх үлэһитэ А.А.Сивцев култуура отделын иниспиэктэринэн уонна сэбиэдиссэйинэн  уопсайа 13 сыл үлэлээбитэ.

1973 сыллаахха кинини атын үлэҕэ анаабыттара. Ол баран, Хатылыга сэбиэттээн олорон, Суорун Омоллоон “Ньургун Боотур” либреттотын-олоҥхону оройуоннааҕы фестивальга анаан сценаҕа туруоруута — Хатылы кулуубун историятыгар  саҥа сүүрээни киллэриинэн сыаналаммыта. Туйаарыма Куону Т.Алексеева, Кыыс Кыскыйдааны Е.Баина, Ньургун Боотуру И. Дорогунов, Үрүҥ Уоланы И.Говоров, Уот Уһутаакыны М.Дьячковскай, Сорук Боллуру А.Попов, Хатан Тэмиэрийэни Д.Терютин, Айыы Умсууру Р. Сивцева, Саха Саарын Тойону — М.Хоютанов, Сабыйа Баай Хотуну — Е.Протодьяконова оонньообуттара.

Сопхуос боростуой үлэһиттэрэ уонна интеллигенция оруолларын бэрт чаҕылхайдык толороннор, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылыахтарын ылбыттара. Ол туруорууну көрбүт дьоҥҥо айымньы сүрэхтэригэр, өйдөрүгэр-санааларыгар сүппэттик сөҥмүтэ. Афанасий Алексеевич олус кыһаллан, декорацияларын барытын уруһуйдатан оҥотторбут этэ.

Сайын оройуоннааҕы Култуура дьиэтин “Саһарҕа” агитбиригээдэтин ыҥыран, “Биттики” сайылыкка Ыанньыксыттар күннэрин киэҥ далааһыннаахтык тэрийэн, ыытан турар. Улуус киэн туттар ырыаһыттара Елена Иванова, Феврония Готовцева, Ольга Протопопова-Кочкина, Николай Саввин, мелодист Егор Кампеев курдук күүстээх састаабынан сылдьыбыппыт.

САХА СИРИН КИИНЭТИН ИСТОРИЯТЫГАР КИИРБИППИТ

           1983 сыл ахсынньытыттан киинэ тэрилтэтин дириэктэринэн, 1991 сылтан Култуура управлениетын иһинэн кинофикация отделын сэбиэдиссэйинэн, 2001 сылтан “Киновидеотех-киин” дириэктэринэн  олоҕун тиһэх күннэригэр диэри 20-тэн тахса сыл үтүө суобастаахтык, айымньылаахтык үлэлээбитэ. Кини  улуус киинэтин үлэһиттэрин түмпүтэ. Киинэлэр харчы киллэриитин былаанын куруук аһары толорон, оройуон соцкуоталаһыытыгар бастыҥнар ахсааннарыгар  сылдьаллара. Киноустановкалар материальнай-техническэй баазанан толору хааччыллыбыттара. Киномеханиктар бары анал үөрэхтэммиттэрэ, исписэлиис быһыытынан категориялара үрдээбитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ куруутун миэстэлэһэллэрэ. Ол курдук, чурапчылар сыллааҕы үлэ түмүктэринэн Бүтүн Арассыыйатааҕы куоталаһыыга – 4, өрөспүүбүлүкэҕэ 6, оройуоҥҥа 5 төгүл бастаабыттара. Өрөспүүбүлүкэҕэ үс сыл субуруччу бастакы миэстэни ылан, Көһөрүллэ сылдьар Кыһыл Знамяны үйэ-саас тухары хаалларары ситиспиттэрэ. Ити түбэлтэ Саха сиригэр соҕотох — Знамя САССР Министрдэрин Сэбиэтин, Профсоюзтар уобаластааҕы Сэбиэттэрин ааттарыттан туттарыллара.

Онон, Саха сирин киинэтин историятыгар киирбиппит. Уопсайынан, Афанасий Алексеевич кыайыыга ураты дьулуурдаах этэ, дьонуттан эмиэ оннук үлэлииллэрин ирдиирэ. Тылын-өһүн дьоҥҥо тиэрдэр, ылыннарар салайааччы этэ. Дьон санаатын табара.

1991 сылтан олох тутула уларыйан, ырыынак сыһыаннаһыыта киирбитэ. Тэрилтэни, үлэһиттэри оннунан хаалларар туһугар сыралаһар уустук кэмнэр үөскээбиттэрэ. Ити кэмҥэ А.А.Сивцев күүскэ үлэлэһэн, 1 кинотеатры, 22 киновидеоустановканы, 1 видеокассеталары прокаттыыр пууну үлэлэппитэ, 40 үлэһити тутан олорбута.

Биир саамай өйдөбүллээх сырыыбытынан, Афанасий Алексеевич биһигини көҕүлээн, 11 киһилээх кэнсиэртиир бөлөх тэринэн, 1989 сыллаахха тохсунньу торулуур тымныытыгар кини бэйэтэ эдэр сааһыгар үлэлээбит-хамсаабыт Верхоянскай оройуонугар гастроллаабыппыт буолар. 11 күн устата Баатаҕайга, Верхоянскайга, Табалаах-Сайдыы-Оһохтоох-Барылас-Боруулаах-Сартаҥ-Арыылаах-Адыаччы

нэһилиэктэринэн ситиһиилээхтик кэнсиэртээбиппит. Онно Дьааҥы дьонугар, Афанасий Алексеевич хайдах үлэлээн-хамсаан, билигин тугу айа-тута сылдьарын киэҥник сырдатан, олохтоохтору кытта кэнсиэр иннигэр ирэ-хоро кэпсэтэн, хас нэһилиэк аайы истиҥ-иһирэх көрсүһүүлэри тэрийэн, биһиги эмиэ кини далбар остуолларыгар олорсон, олус үчүгэйдик, таһаарыылаахтык сылдьан кэлбиппит.

Афанасий Розатынаан олорор дьиэлэрэ сүрдээх тупсаҕай, иһигэр киирдэххэ бэйэтэ мусуой курдук, былыргы чорооннор, күн талбыта саха мас иһиттэрэ кэчигирээн турар миэстэлээхтэрэ. Тэлгэһэлэрэ уурбут-туппут курдук ыраас, киэҥ-куоҥ көстүүлээҕэ. Сахалыы балаҕаннаахтара. Розалия оҕуруотун аһа эрдэ ситэрэ. Кып-кытарчы буспут помидордары, оҕурсулары үргээн киллэрэн, чэйдэтэр үгэстээхтэрэ. Астара-үөллэрэ дэлэччи-хоточчу буолара. Роза мин кэргэмминээн Валерийдыын иккиэн Сунтаар Бордоҥуттан төрүттээхтэрэ, онон, “быраатым” диэн Розалия истиҥник сыһыаннаһара, кэллэхпитинэ олус үөрэрэ. Оччолорго  оҕолоро үөрэх дьонноро этилэр.

2004 сыллаахха “Тыа сирин култуурата: Чурапчы улууһа” диэн култуура историятын үйэтитиигэ бастакы кинигэм күн сирин көрбүтэ.  Онно Афанасий Алексеевич үлэтин туһунан киэҥник сырдатан, ахтыы суруйан биэртэ. Ыараханнык ыалдьан олордоҕуна кинигэ бастакы ааҕыыта кэлбитигэр,  дьиэтигэр баран, санаатын көтөҕөөрү, бэйэтин ахтыытын көрдөрбүтүм.

Биһиги киниттэн култуураны салайар үлэ араас эридьиэстэрин быһаарыыга, дьону кытта сыһыаҥҥа, бэйэ үлэтигэр бэриниилээх буолууга, бэйэ төрүт култууратын өрө тутууга,  оччотооҕу көлүөнэ дьон, элбэххэ үөрэммиппит.

Култуураҕа, киинэ үлэтигэр Афанасий Алексеевич Сивцев  биир саамай умнуллубат, ураты суоллаах-иистээх  бастыҥ салайааччыбыт этэ диэн ис сүрэхтэн сүгүрүйэбин, махтанабын.

             Мария ГЕРАСИМОВА,

 ССРС култууратын туйгуна, РСФСР култууратын үтүөлээх үлэһитэ, 

Чурапчы, Хайахсыт нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо,

СӨ  Судаарыстыбаннай Мунньаҕын (Ил Түмэн) суруналыыстыкаҕа А.П.Илларионов аатынан бириэмийэтин лауреата. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0