Арыгы обургу хаҋдахтаах да киһини иэдээҥҥэ иҥнэри иэҕэр, алдьархайга ааҥныыр, үлүгэргэ үтэйэр.
Сороҕор тойонтон умнаһыкка диэри биир хардыы.
«Уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар» диир буоллахтарына, арыгыттан тэптэрэн, аттан таҥнары хоҋуостанаҕын.
Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Тэрэппиин эмиэ киһи киэптэнэн ойох, оҕо тапталын билэн олорбута. Тойон кириэһилэтигэр да олорбуттаах.
«Киһи тыла — ох» диэн мээнэҕэ эппэтэхтэр. Кини туһунан биир кыра үҥсүү киирбитэ. Кириэһилэттэн таҥнары дапсыйан түһэрбиттэрэ. Арыгы истэҕинэ эрэ аймаммыт санаата дьайҕарара. Кэргэнэ эмиэ олохторо эмискэ, мөкү өттүнэн иҥнэри эргийбитигэр нэһиилэ биир сыл тулуйбута. Оҕолорун кыбыммытынан доҋдулаабыта. Тэрэппиин куоракка киирэн үлэлээбитэ буолан сөрүөҥнээбитэ да, хамнаһа куортамыгар, айаҕар арыгытыгар эрэ барара. Тутуу биригээдэтигэр үлэлээбитэ. Биир бэйэтин курдук дьону аҕалан үлэлэтэллэр. Дьиэни улахан аҥаарын туппуттарын кэннэ, соруйан арыгы иһэрдэллэр, абаанса оҕото биэрэллэр. Биир-икки күн хойутаан кэллэхтэринэ үүртэлээн кэбиһэллэр. Онтон эмиэ атын «кыайталыыр» дьоннорун үлэлэтэллэр.
Тэрэппиин урут дьону бэйэтэ көбүөлүүр эбит буоллаҕына, билигин «күөх оту тосту үктээбэт».
Өрөлөстө да эттээх миэстэтин ибили тэбиэлээн биэрэллэр.
Тэрэппиин урут бэйэтэ тэрилтэ үбүн сиэбит буолан, дьон кэмэлдьитин билэр. Кытта кырдьар кыдьыга өтөн, маҕаһыынтан ону-маны сырбатан ылан, «убаҋдарыгар» хаста да киирэн таҕыста.
Кинини ол «гостиницаларыгар» хоннороот, саҕатыттан уулуссаҕа анньаллар. Билигин эбии таҥнары түһэн «киһи кэпсэппэт, ыт үрбэт» буолан сылдьар. Үлэҕэ да ылбаттар. Устунан умнаһыкка кубулуйда. Таҥас-сап дьаабыланан, кир-хох, ымынах буолбут этин тарбанан курдурхата ыскаамыйаҕа сытар.
Дьон кинини ыттааҕар куһаҕаннык көрөн ааһар. Сорохтор сытыттан сиргэнэн, муннуларын саба тутталлар. Бу олохтон быыһанар суол биир эрэ. Ол — бэйэҕэ тиийинии. Үөһээ этээскэ тахсан балконтан ыстаммыта. Кини дьолугар дуу, соругар дуу аллараа этээстэр таҥас ыйыыр быаларыгар түһээт, балконнарыгар иҥнэн хаалбыта. Балкоҥҥа өҥөйөн табахтыы турбут үскэл киһи көхсүгэр кэлэн сымнаҕастык түспүтэ. Хата, ол киһи бэйэтэ киниттэн соһуйан өлө сыспыта. Кыратык мөҕө түһэн баран таһырдьа саҕатыттан анньыбыттара. Массыына анныгар эмиэ ыстаммыттаах. Омук массыыната туормастаан хачыгыраппыта. Кэлбит уоҕугар киһини күөнүнэн тоҕо көппүтэ. Тэрэппиин улаханнык эчэҋбэтэр да быара доргуйан, тыынын нэһиилэ ылбыта.
«Муҥ саатар өлүү да ылбат» диэн суҥхара санаабыта.
Массыыналаах киһи Тэрэппииҥҥэ харчы куду аспыта.
Тэрэппиин бу билигин хайаттан ыстанаары турар. Ханнык хайаҕа кэлбитин билбэт. Үрдүк хайа чыпчаалыттан билигин таҥнары хойуостуо. Аллараа кырыылаах таастар чоройоллор.
Үрэх чүөмпэтэ кинини ыҥырардыы дьигиһийэ, чөҥөрүйэ устан бирилии сытар. Бүттэ. Тэрэппиин тиһэх мүнүүтэтэ. Олорбут олоҕо хараҕар элэҥнээн көстөр. Кылгас кэмҥэ кэргэниниин, биир уол оҕотунуун дьоллоохтук да олорбут.
Барыта бэйэтин буруйуттан. Арыгы испэккэ атын да үлэни булан эбэтэр сир уларыппыта буоллар хайдах этэй?!
Дьэ, кини эрэ атаҕастаммыт аатыран амырыын аһы аргыс оҥостубута манныкка тиэртэ. Билигин кини өллөҕүнэ даҕаны ким да ирдэспэт. Биир даҕаны киһи кинини аһынан биир таммах харах уутун ыган таһаарыа суоҕа. Көмүс да уҥуоҕа көтөҕүллүбэккэ суор, тураах аһылыга буолар буолла. Бэл, суордар хараҕын оҥоору хаһан ыстанарын кэтэһэр курдуктар.
— Смотри, этот бомж с горы собирается прыгать. Че то долго думает. Давай помоги ему, — ханна эрэ нуучча уолаттара күлэр саҥаларын кытта Тэрэппиин ыскамыайкаттан ыарыылаахтык оҕунна. Нуучча эдэр уолаттара түҥнэри анньан түһэрэн баран күлэ тураллар эбит. Тэрэппиин түүлэ илэ буолбатаҕыттан хомойдо. Төбөтө ыаҕастаах уу курдук дьалкыҥныыр. Тыла чороччу хаппыт. Фонтаҥҥа тиийэн аҋаҕар уу чырылатан истэ. Автовокзал диэки саллаҥнаата. Онно даҕаны «территория хаһаайыттара» сороҕор көҥөнөллөр. Биир үөлээннээҕэ илбирийэ-салбырыйа сылдьарын далбаатаан ыҥырда.
Күлэн ыртайа сылдьар курдук сирэйдээх киһи, нырылыйан кэллэ. Былыр уон сэттис үйэҕэ баайдарга хамначчыттыыр маннык таҥастаах киһини көрүөххэ сөбө эбитэ дуу. Холто буолбут ыстааннаах, лабыай буолбут булууһа дуомнаах. Туох эрэ улаханнык бултуйбут киһилии бакыатын арыйан көрдөрөр. Иһит быһаҕаһа — техиниичэскэй испиир, одьукулуон уонна буулка аҥара килиэп, биир бааҥка кэнсиэрбэ. Маннык булумньу кинилэргэ ый, күн ыһыаҕар тэҥнээх. Күө-дьаа буоллулар. Бүөм сири булан олорон «абырахтаннылар». Өссө биир умнаһыт кинилэргэ кыттыста.
Кинилэр кэпсэтиилэрэ, сонуннара диэн — ким тугу булбута, биллибэккэ ыраастык уорбутун туһунан. Туһугар эмиэ туспа «саарыстыба». Атын эйгэҕэ сылдьар курдуктар.
Амырыын атастартан биирдэстэрэ, ыарахан кэпсээннээх киһи буолан биэрдэ.
Биир ханнык эрэ киһи өлбүтүгэр кинини илдьэн иин хаһарга көмөлөһүннэрбиттэр. Таһаарар күннэригэр тугу эмэ «дук» гынаайахтар дуу диэн онно тиийбит.
Бокуонньук хоруобар сыаналаах төлөпүөнү укпуттарын көрбүт. Уонна түүн тиийэн ону төттөрү хаһан, хостоон ылбыт.
— Ол төлөпүөнүҥ баар дуо? – Тэрэппииннээх тэҥҥэ ыйыттылар. Баҕар, ону ирдээн полиция кэлиэ диэбиттии эргим-ургум көрдүлэр.
— Суох, атыылаабытым да, ону билэн дьыалаланным. Төннөрбүтүм.
— Хайдах биллилэр?
— Бэйэм даҕаны сим хаартатын ылбакка сэрээттээн холбуу сылдьыбытым. Холуочукпар тэптэрэн, Аня диэҥҥэ баттаатым. Мин кэргэним аата эмиэ Ааныс диэн этэ.
— Бырастыы, Аня, бырастыы гын миигин. Мин буруҋдаахпын арахсыбыппытыгар, — диибин.
Чүөчэм ый-хай бөҕөтүн түһэрдэ.
— Чэ, олус айманыма, биирдэ эмэ көннөхпүнэ көстөн ааһар буолуом, – диибин.
— Эн күн сириттэн күрэммитиҥ этэ дии, – диэн дьахтарым айманан бобуллаҥныыр.
— Суох, өлө иликпин, тыыннаахтыы көмөөрү гынныҥ дии, — дьэ уонна бу акаары ханнык төлөпүөнүнэн кэпсэтэ олорорбун саҥа өҋдөнөн бабат диэтим.
— Онтон?
— Булан ылан үчүгэй аҕайдык сүнньүбүн доргутан биэрдилэр. Ол дьахтар соһуйан, өмүрэн уҥан түспүт үһү, – диэн амырыын атас кэпсээнин түмүктээтэ.
Бу умнаһыт дьон эмиэ хаһан эрэ ийэттэн төрөөтөхтөрө. Ийэ барахсан оҕом улаатан киһи-хара буолан чэчирии саҋдыа, кэрэҕэ талаһыа диэн ымманыйа таптаатаҕа. Суох. Олох очурдаах суоллара иэгэйэр икки атахтааҕы араастаан эрийэллэр-мускуйаллар.
Байбыт наар байар, дьадайбыт умнаһыкка тиийэ түһэр.
Бу үөннээхтик мичээрдиир, имнэнэр, ыҥыра угуйар соҕотох арыгы буруйа дуо? Суох! Бу тустаах киһи бэйэтин кыайа туттумматыттан, мөлтөҕүттэн. Сороҕор иһиэ да суохха төрүөт буолар.
Ким эрэ таптала сатамматаҕыттан, чугас киһитин сүтэрбититтэн сылтаан иһиэн сөп. Санаатын дьайҕардан, кыһалҕатын аҕыйах кэмҥэ умна түһэн ылаары. Ким эрэ бырааһынньыкка бэһиэлэй, ким эрэ таптыырын этэригэр харса суох буолаары иһэр.
Онон арыгы иһэр араастаах. Тэрэппиин бастаан таптыыр кыыһын кытта билсээри арыгы диэни амсайбыта. Бастакы таптала сытыы-хотуу кыысчаан Настя саҥаран-иҥэрэн, уолу хаадьылаан кэриэтэ кэпсэтэрэ. Уол кыбыстан сирэйэ дьэс кытаран тугу этиэхтээҕин да умнара. Онтон биирдэ биэчэргэ уолаттар сүбэлэринэн, кыратык иһэн тиийэн баран Настятынаан күлэ-сала кэпсэтэрэ. Кыыһа да ону утарбат курдуга. Онтон уол акаарытыгар, арыгы диэн киһи санаатын кынаттыыр, кэмчиэрийбэт оҥорор, үчүгэй утах курдук санаабыта. Арыгы содула кини олоҕун кэрэгэй кэскиллиэ диэн билээхтээбэт буоллаҕа.
Бастакы таптала Настя атын сиргэ дьонун кытта көспүтэ. Киниттэн истиҥ иэйиилээх суруктар кэлэллэрэ. Онтон Трошка уол үрдүк үөрэххэ үөрэнэ сылдьан арахсыбыт кэргэнин — Раятын кытта билсибитэ. Настя суругар эппиэттээбэт буолбута.
Онтон ыла олоҕо дьэ маннык иэҕиллэн таҕыста.
Дойдутун дьонун көрсүөн кыбыстан, саһа сылдьар.
Билигин кини ыт да кэлэйэн үрбэт киһитэ буолан сылдьар. Маннык боҕуу буола сылдьыаҕынааҕар, бу олохтон барыан саныыр. Бүгүн амырыын атастарынаан эмиэ онно-манна суксуруҥнастылар. Өрүскэ киирэн сууннулар. Хата, кытылтан мыыла тооромоһун булан хортуоска олордуохха сөп буолбут эттэрин аалынан кикирийдилэр. Дьэ, киһилии киэптэрэ арыый бэттэх кэллэ. Тэрэппиин дьүһүнэ сахаҕа сэнэх көрүҥнээх эбит. Ийэтиттэн бэриһиннэрбит ыраас маҥан субалаах, кылдьыылаах харахтаах, аҕатыттан ылбыт саар тэгил уҥуохтаах эбит.
— Дьэ доҕоттор, мин Өлүөнэ эбэм киэҥ дуолугар, дириҥ далайыгар барыам, – Тэрэппиин атастарын тургутардыы көрөр.
— Анараа дойдуга үсүһүн төхтүрүйэн көрөөрү гынаҕын дуо? Һэ-һэ-һэ. Ууга ыстаннаххына охранниктар син-биир төттөрү хостуохтара, таарыйа биһигини хаарыйыахтара, — атастара аһыныахтааҕар, хата, бэйэлэрин тириилэрин харыстыыллар.
— Мин ол оҥочоҕо им-дьим олорон устуом. Эһиги дьону аралдьытаарыҥ, – Тэрэппиин сирэйэ-хараҕа турбут.
— Хайыаххыный? Баран көрөөхтүүр буоллаҕыҥ. Дьокуускаҋ куорат биир умнаһытынан көҕүрүө буоллаҕа, — дэһэ-дэһэ атастара оонньуу-көр курдук атаардылар.
Тэрэппиин оҥочонон устан иһэр. Тоҕо эрэ бастакы тапталын Настяны уонна уолун эрэ саныыр.
Иккиһин төрүүрэ буоллар, олоҕун саҥаттан оҥостон көрүө этэ. Тойон буолан тойтоҥолоон боростуой дьону сэниир сэттээҕин биллэ. Билигин барытын биллэ. Биллэ, дьоҥҥо үтүөнү оҥорор хаһан баҕар үтүөнэн эргийэрин. Биллэ, Үрүҥ Аар Тойон барытын көрө-истэ олорорун. Оҥорбут аньыытыгар билигин кини балык аһылыга буолуоҕа. Өлүөнэ өрүс мэлдьэспиттии устан мэндээрэ сытыаҕа.
Тэрэппиин оҥочоттон ууга ыстанан кэбистэ. Өрүс дириҥ далайыгар баран эрэрэ. Онтон ханна эрэ ыраах дьон саҥата иһиллэргэ дылыта. Аны, Настя саҥата ханна эрэ айманар.
Төһө өр оннук сүтэ түһэн ылбыта буолла. Өҋдөнөн кэлбитэ, балаатаҕа сытар эбит. Тулата барыта мап-маҥан. Оронугар көрдөҕүнэ, арай, аттыгар Настя олорор.
— Хайа, өйдөннүҥ дуо? – Настя үөрбүттүү ыйытар.
— Настя, бу түүл дии. Оннук дуо? — Тэрэппиин өйдөөбөккө хардары ыйытта.
— Тоҕо түүл буолуой. Илэ эбээт.
Тэрэппиин куойкаҕа олоро биэрдэ.
— Таҥастарым? – уонна бэйэтэ кыбыһынна, туох аанньа таҥастаахха дылы. Настя диэки өҋдөөбөтөхтүү көрбүтүгэр, биирэ быһааран кэпсээтэ. Кини уола доҕорунаан мотуорунан балыктыы сылдьан, киһи ууга түспүтүн хостообуттар. Бастакы көмөнү оҥоро сатаабыттар. Ийэтигэр эрийбитэ массыынанан тиийбит. Балыыһаҕа илдьибиттэр. Онтон сарсыныгар бу көрсө кэлэн олорор эбит. Урукку кэргэнин таҥаһын аҕалбыт.
— Дьэ кэпсээ, Трофим, хайдах ууга киирдиҥ? Балыктыы сылдьыбытыҥ дуо?
— Хм-мм, балыктыы сылдьыбытым, – дииригэр эрэ тиийдэ.
— Хайдах мотуора суох оҥочонон итиччэ ыраах кэллиҥ?
— Куорпуһум баар дуо? – дьон куорпуһун уоран баран «куорпуһум» диэннээх.
— Баар. Уолаттар талахха сыабынан хатаабыттара. Билигин туох санаалааххын?
— Салгыы устуом, – Тэрэппиин кыбыстар, саатар диэни умнубута ырааппыт да буоллар, акаары киһи курдук кэпсэтэ олороруттан син саата быһыытыйда. Оннук чуубустуба диэн дуомнара ордубутун биллэ. Ол аата, киһи сиэрин сүтэрэ илик эбит. Маҥнай Настятын көрсүбүтүттэн үөрбүтэ, билигин кэмсинэ олорор. Син-биир киниэхэ барар сирэ баҕана үүтэ буоллаҕа. Настя кэргэннэнэн, урууланан ырааттаҕа.
— Тугу эрэ кистиигин ээ, Трофим. Кырдьыгынан кэпсээ, туох дьылҕаланныҥ? Эйигин ханнык эрэ тэрилтэ салайааччыта буолбут диэни истибитим.
— Ол уһун остуоруйа, Настя. Билигин турар бэйэм — бу. Бэл, бу кэппит таҥаһым эйиэнэ.
— Хайа дойдуга бааргыный? Кэргэниҥ, оҕолоруҥ күүттэхтэрэ дии. Айаныҥ төлөбүрүн мин иэһээн эриэм, кэнники ыытыаҥ буоллаҕа дии.
Настяны саас ылбат эбит. Өссө төлөһүйбүт, тупсубут. Урут киниэхэ «эйигиттэн оҕо күүтэбин» диэн суруйбутун, Раяҕа иирэ сылдьар буолан аахайбатаҕа.
Билигин, дьиҥэр, мөҕүөн да сөптөөҕө. Кини буоллаҕына, өссө көмөлөһөөрү олорор.
— Турар бэйэм бу. Кэргэним уолбун кыбыммытынан арахсан барбыта. Тууй сиэ, аһыннараары гыммыттыы лэбэйдээн хааллахпыный. Баран салгыы «айанныам» этэ.
Чэ, сарсын таһаардахтарына кэпсэтиэхпит, быһаарыахпыт, – Настя мунчаарбыттыы көрөөт, тахсан барда.
Быраастар хантан сылдьарын, пааспарын эҥин ыйыттылар. Барыта ууга былдьаммыт аатырда.
Киһи буолан сири бааһырда сылдьар ааттаах да, саатар пааспара суох. Ханнык полиция отделыгар сытарын бэйэтэ да умнубут. Бас билэрэ диэн – быта.
Ол «баайдара» да таҥаһын кытта өрүскэ бардахтара.
Киһи бүдүрүйэрэ диэн түргэн да эбит. Кириэһилэҕэ тойон буолан тиэрэ түһэн, дьону үөһэнэн көрөн олорбута баара. Билигин ол дьоно кинини киһинэн ааҕаллара биллибэт. Үчүгэй булчут ыт, хата, кинитээҕэр сыаналаах ини. Билигин хаарыаны, урукку оннугар түһэрэ эбитэ буоллар… Дьоҥҥо туох эмэ үтүөнү оҥорон буруйун сабыныа этэ. Чиэһинэйдик сыһыаннаһыа этэ.
Былыргы өбүгэлэрэ этэллэринии «барар сирэ баҕана үүтэ, кэлэр сирэ кэлии үүтэ» буолан сылдьар. Барыахха. Салгыы «айанныахха», төннүбэттии…
Настя кэлэ илигинэ барыахха. Кини кэлэн эмиэ аһыммыттыы уулааҕынан-хаардааҕынан көрүө. Мантан күрүөххэ. Тэрэппиин аһаҕас түннүгүнэн элэс гынна.
Настя бастакы тапталын өр да күүппүтэ. Киниттэн ыарахан буолбутун билбитэ.
Онтон биир саастаах коммерсан киһиэхэ кэргэн тахсыбыта. Трофимтан уол оҕоломмута. Ол кэннэ кэргэниттэн кыыстаммыта. Кэргэнэ, Савелий, биир эдэр кыыска иирэн барбыта. Алимент төлөөмөөрү дьиэтин-уотун хаалларбыта. Киирэн-тахсан сытыы киһи биир сиргэ таба олорбото биллэр. Ол курдук, тыаһа-ууһа суох арахсыбыттара. Кэргэниттэн арахсыбыта сыл буолбутун кэннэ, бастакы тапталын дьиктитик көрүстэ.
— Мама, кэлэ оҕус. Манна биир киһини буллубут, өрүскэ. Өлөөрү гынна, – диэн уола эппитигэр омук массыынатыгар олорон өрүс диэки сыыйылыннарбыта.
Тиийэн көрбүтүн итэҕэйбэтэҕэ. Кини бастакы таптала — Трошка сытара. Уолаттар илиитин-атаҕын «хачайдыыллара”. Настя ыксаллаах түгэҥҥэ ууга түспүт киһи үрдүгэр түһэн бастакы көмөнү оҥорбута. Уоһугар уоһун даҕайан салгын, тыын киллэрбитэ уонна массыыналарыгар тиэйэн балыыһаҕа илдьэ охсубуттара.
Уолугар, ити кини аҕата буоларын этэ илик.
Уола Олег 18 саастаах.
Трофим туох буолан ууга түспүтүн Анастасия Романовна билиэн баҕарар. Бэйэтэ кэпсээбэт, кэтэмэҕэйдиир.
Бүгүн кинини балыыһаҕа көрсө барыахтаах. Тоҕо эрэ долгуйар. Бастакы тапталын булбута уонна дойдутугар атаарыахтаах. «Турар бэйэм бу» диир даҕаны, дьоно сүтүктээн көрдөөн эрдэхтэрэ.
— Олег, эһиги били дьээдьэни буларгытыгар балыктыыр тэрилэ баара дуо?
— Суох. Куорпуска туох да суох этэ. Ити киһи, арааһа, бэйэтигэр тиийинэ сатаабыт быһыылаах.
— Ол аата?.. Тоҕо инньэ диэтиҥ?
— Настаа, быраһаай, миигин ыытыҥ, син-биир өлөбүн, эҥин диэн балыыһа5а тугу эрэ үлүгүнэйэр этэ.
Ханнык Настаатын эппитэ буолла. Уола эппитигэр ийэтэ санаа баттыгар түстэ. Кэргэнэ эмиэ Настаа диэн буолуо дуо? Урут Трошка кинини итинник ыҥырааччы. Ама… өйүгэр кэлбэккэ сытан, миигин куоласпыттан билбитэ буолуо дуо? Оччоҕо, олоҕор табыллыбакка итинник түмүккэ кэллэҕэ… Аны билигин балыыһаттан күрүөҕэ, – Настаа итини санаан куйахата күүрдэ. Ойон турда.
— Олег, массыына күлүүһэ ханна баарый?
— Бу баар, – уола ийэтэ ыксаабыт дьүһүнүн сөхпүттүү көрдө.
— Ханна бардыҥ?
— Бэҕэһээҥҥи дьээдьэни баран көрсүөм. Хайдаҕа буолла.
— Билэр киһиҥ дуо?
— Билэбин, Олег, билэбин, – Настаа балыыһаҕа тиийдэ.
Ыарыһахтара күрээбитин эттилэр. Настаа куһаҕаны санаан этэ тымныйан ылла.
Өрүскэ элээрдэн тиийдэ. Трофим талахха хатанан турар оҥочо сыабын тааһынан охсон алдьаппыт. Араҕаары турар. Настаа саҥарбакка баран эрэр киһини көрөн, хараҕын уута субуруйар. Трофим корпуһун кытыы тардаат, чугаһаан кэллэ.
— Настаа, уолгар уонна бэйэҕэр махтал.
— Трофим, эн ханна бараары гынныҥ? Эйигин мин дойдугар атаарыахтаах этим дии.
— Ханнааҕы дойдубар?.. Мин дойдум суох. Кэргэним, оҕом суох. Арахсан барбыттара. Сөп буоллаҕа дии. Арыгыһыт киһилиин ким олоруой? Барытыгар бэйэм буруйдаахпын.
— Онон хайаары гынаҕын? Эн бу манан айаннаан ханна тиийэҕин? – Настаа ытыырын кыатана сатыыр. Туох санаалааҕын сэрэйэн билэн турар.
— Быраһаай, Настаа, ханна барарбын бэйэм быһаарыам. Эн дьиэлээриий, дьон көрүөҕэ. Кэргэниҥ иһиттэҕинэ сөбүлүүрэ биллибэт, – Трофим оҥочотугар киирдэ.
— Кэргэним арахсан, биһигини быраҕан барбыта, – Настаа ыксаан, баҕар тохтуо дии санаан эттэ.
— Чэ, бары үчүгэйи кытта. Этэҥҥэ буолуҥ, – Трофим кытылтан анньынна. Настаа кырыска олорон ытаан санна дьигиҥнээтэ. Эмискэ төбөтүн көтөҕөн, тэйэн эрэр киһиэхэ үөгүлээтэ.
— Трошка, кэлиий, төннүүй. Саатар бэйэҥ уолгар баран махтаныый, бэйэҥ эт киниэхэ, – бүтэһик куоһурун тутунна.
Трофим ону истэн улаханнык соһуйда уонна төттөрү устан кэллэ.
— Настаа, туох диэтиҥ?
—Эйигин быыһаабыт Олег — эн уолуҥ. Хайдах билбэккин, эн курдук дии, — уонна хараҕын уутун сотто-сотто төлөпүөнүгэр уолун хаартыскатын көрдөрдө. Трофим көрбүтүн итэҕэйбэтэ.
Олег оруобуна анараа кэргэнигэр баар уола Артем курдук эбит. Ол уола билигин эмиэ улаатан бачча буоллаҕа.
Трофим саҥата суох Настааны кууһан суһуоҕун имэрийдэ. Дьахтар онуоха дьэ эр ылан мөҥүтүннэ.
— Эн биһигини иккиһин быраҕаттаан бараары гынаҕын дуо? – киһитин түөскэ охсуолаата. Биирдэһэ буруйданан, кууһан ылан ахтылҕаннаахтык дэлби уураамахтаан ылла. Ыган кэлбит хараҕын уутун туора хаһыҋда. Баран куорпуһун тардан таһааран талахха баайда.
Маны барытын уоллара Олег талах быыһыттан көрө -истэ турбута уонна бэлисипиэтигэр олорон, суол устун тэбэ турда. Ийэлээх, аҕата массыынанан ситэн аастылар.
—Олег ити сылдьар дии, — аҕата эндэппэккэ биллэ.
— Арааһа, истэн турбут быһыылаах.
— Бэрт дии … баары тугу кистиэхпитий – дэһэн күө-дьаа буолан айанныы турдулар. Олег далбаатыы хаалла.
Трофим Николаевич билигин биир кыанар, атаҕар турбут тэрилтэ салайааччыта.
Бастакы тапталын Настааны, уолун Олегы көрсөн үөрүүтэ муҥура суох. Үрдүк үөрэхтээх исписэлиис буолан, үлэҕэ дөбөҥнүк ылбыттара. Биллэн турар, Настаа өҥөтө улахан. Урукку, хойукку характарыыстыкататын соччо билэ иликтэр уонна элбэх эрэйи ааспыт буолан, хара ааныттан үчүгэйдик үлэлээбитэ.
«Амырыын атаһыттан» — арыгыттан атырдьах салаатыныы арахсыбыта. Эмтэммитэ. Биллэр-көстөр саха эмчитэ күөх моҕойун ылан бырахпыта. Ол кэннэ истэҕинэ, тылыгар харан өлүөн сөп үһү. Итинник диэн сүрдээн, кэптээн кэпсииллэр. Онто да суох үс төгүл өлө сыспыта. Ону санаан билигин сонньуйар. Этэ тымныйан ылар. Арай, итиннэ уола аах түбэһэ кэлбэтэх буоллуннар. Эбэтэр Настаа тылыгар киллэрэн кэпсэппэтэх буоллун. Билигин өлүөн баҕарбат. Олоххо тардыһыы күүстээх. Арыгыттан тэмтэрийэн, аад айаҕар таҥнары курулаан иһэн, сап саҕаттан иҥнэн хаалбыта. Билигин оннук, үтүөҕэ төттөрү түргэнник тахсан эрэр. Кыра-хара дьоҥҥо өйөбүл буолан, махтал тылын истэртэн үчүгэй суох ини. Арай, Настаатын быраҕан барбыт эрэ, аны эдэр ойоҕуттан үүрүллэн төттөрү кэлэ сатыыр эбит. Ону биирдэһэ, хата, чугаһатан бэрт.
Трофимҥа саанар сурахтааҕа. Араас куһаҕанын, умнаһыттаабытын билэн, холуннара сатаабыт сурахтааҕа.
— Трофим Николаевич биһиэхэ биир үтүө үлэһиппит. Ону-маны хостуу сатаама. Ким эдэригэр бүдүрүйэн ылбатаҕа баарай, — диэн көмүскэспиттэр.
Бу бүгүн массыынанан куоракка командировкаҕа кэллэ. Арай, тохтобул аттыгар, били кинини куорпуһунан атаарбыт амырыын атаһа турар эбит. Трофим туормастаан хачыгыратта. Уруккута эбитэ буоллар, хата, бомж аайы тохтоон бэрт. Билбэтэх буолан ааһа туруо этэ. Олох киһини арааска үөрэтэр, мускуйар. Кини умнаһыт олоҕун этинэн-хаанынан билбитэ.
Чугаһаан кэлбитигэр, амырыын атаһа хараҕын муҥунан көрдө, сэҥийэтигэр абына-табына ньуолах бытыга соһуйан эппэт кэлэҕэй буолбутугар эйэҥэлиир эрэ.
—Ха, ха… Бу эн, эн, ө-өө.
— Кэбис доҕор, бу да киһи. Өлбөтөҕүм ээ, – Трофим киһитин саннын таптайбахтыыр. Анарааҥҥыта дьэ өй ылан, күө-дьаа буолла. Иккиэн ыскаамыйаҕа олорон кэпсэтэллэр. Ааһар дьон мааны киһини кытта илбиркэй таҥастаах умнаһыты сүөлүргээбиттии көрөллөр.
Трофим били киһи уҥуоҕуттан төлөпүөн хостообут киһини сураста. Ол атаһа куһаҕаннык өлөөхтөөбүт. Бэйдиэ барбыт ыттары, куоскалары өлөрөн сиир идэлээҕэ. Ону күһүн ииччигэн ыттар итирик сырыттаҕына бэйэтин сиэбиттэр. Трофим киһитигэр харчы биэрдэ. Биир эмэ үлэ көһүннэҕинэ кэлэн ылыах буолла.
Массыынатыгар олорон баран иһэн сиэркилэнэн көрбүтэ, умнаһыкка «отморозоктар» чугаһаатылар. Тохтоон сэмээр кэннин хайыһан көрөн олордо. Умнаһыты охсуолаан, тардыалаан бардылар. Арааһа, кини харчы биэрбитин көрбүттэр. Ону былдьыы сатыыллар. Урут кинини итинник «муннуларыгар уоһахтара куура илик» бэдиктэр төһөлөөх атаҕастаабыттарай. Трофимҥа аба-сата уота күөдьүйдэ.
Бэстилиэтин ылаат, уолаттарга ыстанна. Уолаттар куоттулар. Эрэһиинэ ботуруонунан ытыалаата. Уолаттар көп эттэрэ аһыйан, тохтоон былдьаабыт харчыларын төттөрү биэрдилэр. Амырыын атаһын атын сиргэ илдьэн түһэрдэ.
Кэпсээммит саҕаланыытыгар этиллибитин курдук, «уол оҕо биир күн ат өрөҕөтүгэр, биир күн ат уорҕатыгар» диэн этэллэринии, Трофим «аттан ыарыылаахтык охтубута». Оттон билигин төттөрү тарбачыһан тахсан орто дойду олоҕор оттомноохтук олоруста.
Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска интернеттэн туһанылынна.