Уһук хотугу улуус киин бөһүөлэгэр уон икки кыбартыыралах мас дьиэ иккис этээһигэр олорбуппут. Саҥа тутуу буолан, ыаллыылар соччо билсибэт этибит эрээри бэрт иллээх-эйэлээх этибит. Кинилэр ортолоругар уруккута биллиилээх тустуук, хапсаҕайдьыт Михаил Малардыров дьиэ кэргэнэ, Черемкиннар, Гилевтар, Чикачевтар уонна да атыттар бааллара.
Ахсынньы ортотун эргин түүн үөһэ ааһыыта кэргэним күүскэ тардыалаан уһугуннарда уонна долгуйбут куолаһынан эттэ:
– Умайан эрэбит, баһаар!
Ойон туран сулбу-халбы таҥнаат, ааммын аһан көрбүтүм, көрүдүөр утарынааҕы эркини уот сиэн күлүбүрэтэн эрэр эбит. Мин ваннабар ыстанан тиийдим да, кыраан анныгар биэдэрэ ортотунан уу баарын таһааран саба ыстым. Ыалым киһи эмиэ уу таһааран кутта, салгыы атыттар кэлэннэр, уоппут иннин ыларга дылы гынныбыт. Ити икки ардыгар авиапорт баһаарынай салаатын байыастара дьиэбит сарайыгар көөбүл былаастаах буорга кумааҕы уонна бөх чөмөхтөммүтүгэр уот умайа сытарын булан, сабыта үктээн умулуннардылар. Онтон милииссийэ уонна баһаарынай сулууспа үлэһиттэрэ кэлэн, туох буолбутун көрдүлэр-иһиттилэр. Сарайга мин эмиэ тахсыстым. Баһаарынай чаас хамандыыра «Знание-сила» сурунаал умайбыт аҥаарын аҕалан көрдөрөн баран:
– Манан кулуһун отто сатаабыттар, — диэтэ.
Сурунаалы суруттарбыт киһи аата, аадырыһа баара буолаарай диэн ылан эргим-ургум тутан көрдүм да, туох да суох. Арай, сурунаал тас илииһин элээмэтигэр «3/4» диэн күөх өҥнөөх уруучуканан суруллубут сыыппаралар эрэ бааллар. Ону дакаастабыл мал быһыытынан туһаныллыа диэн боротокуолга тистим.
Бу араллаан кэнниттэн дьиэҕэ олорор ыаллар түүн аайы дьуһуурустубалыырга сүбэлэстибит. Дьиэбитин умата сатаабыт киһини булбатыбыт, онон, аны уматыахтара суоҕа диэн ким да мэктиэлээбэт. Ол саҕана хантан билиэхпитий, уотунан оонньооччу аттыбытыгар сылдьарын? Михаил Малардыров улахан овчарка ытын түүн көрүдүөргэ баайбыта киирбит-тахсыбыт дьону барытын үрэн, аны утуппакка сордоото. Онон, төттөрү киллэрилиннэ.
Биһиги дьуһуурунайдыыр түүммүтүгэр кэргэмминээн солбуһан утуйар буоллубут. Мин сороҕор түүн үөһэ таһырдьа тахсан, дьиэни эргийэн чуҥнаан көрөбүн. Итинник уонча хонук ааста. Киэһэ аайы үлэм кэнниттэн ыалларбын кэрийэн, ким туох сонуннааҕын ыйыталаһабын. Ол тухары туох да биллибэт.
Биир киэһэ элбэх оҕолоох ыалбыт эмээхсиҥҥэ киирэ сырыттым. Эмээхсин дьиэтигэр соҕотоҕо, кыра уола, сүүрбэтиттэн эрэ тахсыбыт ыччат, аймахтарыгар тахсан баран киирэ илик эбит. Арай, саалаҕа кинигэ ыскаабыгар аҕыйах кинигэ уонна сурунаал баарыгар харахпын хатаатым. Сурунааллар олох эргэлэр, «Октябрь» уонна «Москва» диэннэр. Ким суруйтарбытын билээри сурунааллар иннилэрин-кэннилэрин көрө сатаатым да, бастаан тугу да булбатым. Онтон арай, электричество уотун сырдыгар араастаан иҥнэри-таҥнары туппуппар, икки хас сурунаал ааттарыгар «3/4» диэн суруллубута киһи хараҕа үчүгэйдик араарар гына, чуолкайдык көһүннэ. Оттон утары туттахха, мэлийэн хаалар, туораттан эрэ көстөр. Соһуйбуппун эмээхсиҥҥэ биллэрбэтим. Остуолга кэлэн, сурунааллары ким суруйтарбытын ыйыталаспыппар, хас да сыллааҕыта атын сиргэ көһөн барбыт ыаллар хаалларбыттара диэтэ. Ол ыал аҕата улаханнык ыалдьан, дьиэтигэр сытар буолбутугар, аймахтара сурунаал суруйтаран, усулуобуйа тэрийэ сатаабыттар.
Дьиэбэр киирээт, милииссийэ силиэдэбэтэлэ ыстаарсай лейтенант Будякка эрийэн булумньубун кэпсээтим уонна силиэстийэни хайдах ыытыахха сөбүн сүбэлээтим. Бу иннигэр дьиэбит умайа сыспытыгар холуобунай дьыала тэриллэн баран, уорбаланааччы көстүбэккэ, арыллар кыаҕа суоҕунан ааҕыллан сыппыта. Туоһу быһыытынан ыйытыллыбыт буоста үлэһитэ «Знание-сила» сурунаалы ким суруттарарын туһунан чопчу тугу да эппэтэҕэ, ол эрээри сурунаал таһыгар баар сыыппаралары чахчы кини суруйбутун билиммитэ. Бөһүөлэк үрдүнэн «3/4» сыыппараҕа сөп түбэһэр үс эрэ уопсай дьиэ баара. Олорго олорор дьонтон хайалара да бу сурунаалы суруйтарбата биллибитэ. Биир учуутал дьахтар:
– Аны миигин дьиэни уоттаата диэн уорбалыыргыт итэҕэс дуо? – диэн силиэдэбэтэлгэ төттөрү хатыллыбыта.
Кэлин сурунаалы бу дьахтар ыалдьар быраата суруттарбыта уонна кэлин көһөрүгэр билэр ыалыгар хаалларбыта быһаарыллыбыта. Онон, «3/4» сыыппара суруллубут сурунаалларын булуу муҥурдаммыт силиэстийэни хамсатарга дьоһун хардыы этэ. Чаас аҥаара ааһа да илигинэ силиэдэбэтэл уонна холуобунай ирдэбил ыстаарсай иниспиэктэрэ хас да туоһу дьонноох кэлэннэр, сурунааллары ылан барбыттара. Аҕыйах хонон баран мин сылы түмүктүүр кэллиэгийэҕэ ыҥырыллан Дьокуускайдаабытым. Ол иннинэ дьыала сүнньэ биллэн туох силиэстийэлиир-процессуальнай дьайыылары оҥорору сүбэлээн барбытым.
Эмээхсин уола дьиэни соруйан уоттуу сатаабытын билиммитэ. Кини ол күн дьон малын уоран түбэспит. Эппиэккэ тардыллан эрэриттэн санаата оонньоон арыгы испит уонна прокурор (ол эбэтэр мин) олорор дьиэбин, төһө да итиннэ кини бэйэлээх бэйэтин төрөппүт ийэтэ олордор, уматарга санаммыт.
Силиэстийэ кэмигэр силиэдэбэтэл били сурунааллары Дьокуускайга буочары быһаарар экспертизаҕа ыытан, «3/4» сыыппаралар чахчы баалларын уонна олор биир киһи (буоста таһааччы) буочарынан суруллубуттарын дакаастаабыта. Били сурунааллары суруттарбыт итиэннэ көһөллөрүгэр уорбаланааччы дьиэтигэр хаалларан барбыт дьону ыйытарга көрдөһөн атын улуус ИДьО-тыгар ыыппыт сурукпут хардата эмиэ кэлбитэ.
Суут буруйдааҕы үс сылга уурбута. Куттал ааһан, холкутуйан үөһэ тыыммыппыт, түүҥҥү дьуһуурустубаны тохтоппуппут. Бу дьыала туһунан кэлин «Социалистическая Якутия» хаһыат кэрэспэдьиэнэ Л.Николаев «Поджог» диэн ыстатыйаны таһааттарбыта.
Виталий Слепцов, Нерюнгри, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru сайтыгар анаан.