Ульяна ВИНОКУРОВА: «Уустук кэмтэн дьоһуннук тахсыахха»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Бу күннэргэ уһун өрөбүллэр өссө биир ый уһаан биэрдилэр. Онон бу түгэнтэн сорох үөрэр, сорох санаата түһэр.

edersaas.ru

Cоциологическай наука доктора Ульяна Винокуроваттан бу күннэргэ тугунан дьарыктанарын, хайдах күннээҕи бириэмэтин атаарарын ыйыталастым.

Бастатан туран, «тоҕо биһигини дьиэҕэ олортулар?» диэн ыйытык үөскүүр. Швецияҕа, Соҕуруу Кореяҕа, АХШ-га, онтон да атын сайдыылаах судаарыстыбаларга туох да буолбатаҕын курдук. Бопсуу суох. Финнэр хайыһардаан, хаарга оонньоон, сааскы тот салгынынан чэбдигирэ тыыналлар. Онон Арассыыйаҕа таһырдьа тахсыбат гына кытаанах эрэсиими киллэрбиттэрэ, аһара түһүүлээх дуу саныыбын. Дьиҥинэн ыллахха, оччо айыылаах куттал суоһаабат. Вирус да аһара күүстээх буолбатах. Онон холкутуйуохха, киэҥ көҕүстэниэххэ, уһун санааланыахха. Бу түгэнтэн туһалааҕын була сатыахха. Өбүгэлэр кэриэстэрин курдук, алдьархайтан ас тахсар. Дьэ, туох аһа тахсарын хас биирдии киһи бэйэтэ быһаарар. Үгүс  киһи дьоҥҥо туох эрэ туһалааҕы оҥорорго ылыстылар. Кинилэр үтүө дьыалалара уон оччонон эргиллэрэ чахчы.

Биллэн турар, дьиэҕэ дьохсойон олоруу эрэбил бюджет хамнаһын ылар киһиэхэ туһа бөҕө буоллаҕа дии. Мин дьэ аспираннарым диссертацияларын хорута олоробун. Күн-хонук биллибэккэ ааһар. Онон астыныы бөҕө.
Ол гынан баран, нэһилиэнньэ үгүс өттө мөлтөх, кыараҕас дьиэлээх-уоттаах, тиийиммэт-түгэммэт, кирэдьииккэ кулут буолан олорорун умнар эмиэ сатаммат. Ити дьон дьиэҕэ уһуннук хаайтаран олорор усулуобуйалара суох. Били эбиитин биир сиргэ тэп диэбит курдук, нэһилиэнньэ үгүс араҥата тэптэрэр суолга киирдэҕинэ көҥүлэ. Балтараа ыйы быһа үлэтэ уонна хамнаһа суох олоруу — тустаахтарга олус ыарахан суол. Бу дьон хаһан өрүттэллэрэ биллибэт. Онон оннук дьону өйүүр күүстээх улахан дьаһаллар ылыллыахтарын наада. 

Устудьуоннар дьиэлэриттэн олорон, үөрүүнэн интэриниэт нөҥүө үөрэххэ киирдилэр. Ол эмиэ туһа. Ол эрээри уһун өрөбүллэргэ Уһук хоту сиргэ, Арктика улуустарыгар дойдуларыгар барбыт устудьуоннар сырыы-айан, интэриниэт суох сиригэр хайдах үөрэнэллэрин өйүм хоппот. 10-16% эрэ бэлэмнээх олорон, дистанционнай үөрэхтээһиҥҥэ көһүөх диэтэххэ, уустук.

Кэлиҥҥи кэмҥэ хас киһи анаалыһа ханна барбытын, хас оберватор аһыллыбытын туһунан эрэ биир халыып иһитиннэрии оннугар, итинник үөскээбит балаһыанньаттан тахсан, туох суол  тобуллубутун туһунан сонуну күүтэбит. Наар биир ис хоһоонноох иһитиннэриилэртэн сылайдыбыт. 

Коронавирус туһунан истээт, бастакы куттал суоһаан, арыый да холкутуйдубут. Онон үөскээбит балаһыанньаттан туһалаах өттүн ситиһэ сатыахха. Бу тургутууттан бары чөл туруктаах, санаабыт, майгыбыт өссө сайдан,  уустук кэмтэн дьоһуннук тахсыахха. Самныбат сахалар буоларбытын умнумуохха!

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — интэриниэттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0