Улуустарга, нэһилиэктэргэ булт уопсастыбаларын сөргүтэргэ уолдьаста
Күннээҕи олохпутугар-дьаһахпытыгар элбэх уларытыы киирдэ. Үөһэттэн кииннээн дьаһайыы дириҥник олохсуйда. Дьону итэҕэйбэт буолуу түмүгэр бары эйгэҕэ хонтуруоллааһын аһара күүһүрдэ. Барытын федеральнай уонна эрэгийиэннээҕи судаарыстыба былааһын уорганнара дьаһайар буоллулар. Инньэ гынан, олохтоох салайыныы уорганнара бэйэлэрин сирдэригэр-уоттарыгар бултааһыны-балыктааһыны тэрийэллэрэ-дьаһайаллара бохсулунна.
edersaas.ru
Олохтоох былаастан былдьааһын содула
Сэбиэскэй былаас саҕана даҕаны бултааһыҥҥа, балыктааһыҥҥа сокуоннар, быраабылалар баар этилэр. Олохтоммут сокуонунан бултааһыны, балыктааһыны тэрийии, хонтуруоллааһын бүтүннүү олохтоох былааска – сэбиэттэргэ уонна булт уопсастыбаларыгар сүктэриллэрэ. Онон дьон сирдэрин-уоттарын үллэстэн, эйэ-дэмнээхтик бултаан-алтаан олорбуттара.
Билигин өрөспүүбүлүкэҕэ булт боппуруостарынан Экология министиэристибэтин иһинэн Булт хаһаайыстыбатын управлениета дьарыктанар. Кус-хаас, мас көтөрүн булдугар көҥүлү, туйахтаах кыылга, эһэҕэ лицензияны биэриини ити министиэристибэ улуустардааҕы кэмитиэттэрэ тэрийэллэр. Онон олохтоох дьон көҥүлү, лицензияны ылаллара ыараан иһэр. Федеральнай сокуоҥҥа сигэнэн, муниципальнай дьаһалталары чугаһаппаттар. Оттон улуус аайы баар булт уопсастыбалара эстибиттэрэ ыраатта.
Ол төрүөтэ биллэр: урут улуус бултанар сиригэр лицензияны булт уопсастыбата биэрэрэ уонна дьаһайара. Онтон “булт сирин туһанааччылар” диэн ааттаан, хаһаайыстыбаларга, биирдиилээн дьон холбоһуктарыгар (түмсүүлэригэр) түҥэтэн бараннар, ордубут “общедоступнай” дэнэр сирдэргэ куска-хааска, мас көтөрүгэр көҥүлү уонна туйахтаах кыылга лицензияны булт хаһаайыстыбатын управлениета дьаһайар буолла.
Көҥүлэ суох бултуурга күһэйэр сокуон
Быйыл кус булдугар көҥүл ылаары, сарсыарда 9 чааска экология кэмитиэтигэр тиийбиппин МФЦ-га сайабылыанньа биэрэҕин диэн төттөрү ыыттылар. Онно тиийбитим, уочарат бөҕө буолан, үһүс кэлиибэр киэһэ 6 чаас ааһыыта сайабылыанньабын дьэ биэрдим. Аны уведомление кэлэрин кэтэһэн, иккистээн барыахтаахпын. Былааннанар болдьоҕо икки нэдиэлэ диэтилэр эрээри, “кэлэр нэдиэлэҕэ бэлэм буолуон сөп” диэн үөртүлэр.
Санаан көрүҥ. Улуус киинигэр олорор киһи маннык кэтэһэр-манаһар буоллахпына, уһук нэһилиэк олохтооҕо сыччах сайабылыанньа суруйарыгар кэлэ-бара таксига 8 мөһөөҕү, онтон биллэрии туттаҕына айаныгар иккистээн эмиэ биир оччону ороскуотуран туран ыларыгар тиийэр. Ол аата куспут көҥүлэ 650 солкуобайынан муҥурдаммат, 2250 солкуобайга тиийэ хабааттар. Маны таһынан тыа киһитэ от үлэтин ыксаллаах кэмигэр икки күнүн сүтэрэрин эбэн кэбиһиҥ. Сокуон оҥорор тойоттор тыа сирин дьонун кыһалҕатын билбэттэрэ, табыгастаах усулуобуйаны тэрийэргэ кыһамматтара мантан көстөр дии саныыбын. Билиҥҥи кэмҥэ туох баар дьыала — пааспар ылыыттан саҕалаан сир боппуруоһугар тиийэ — барыта МФЦ эрэ нөҥүө оҥоһуллар. Күнү-күннүктээн халыҥ уочаракка турдаххына эрэ тугу эмит ситиһэҕин. Ол түмүгэр хайа баҕарар улуус кииниттэн ыраах олорор дьон саллан кэлбэккэлэр, көҥүлэ суох бултуурга, ол эбэтэр браконьердуурга, күһэллэллэр.
Тыа дьонугар итэҕэйиэххэ, тирэҕириэххэ
Дьиҥэр, ааспыт олохпут уопутун туһаннахха, ити суруйар кыһалҕабын судургутук быһаарар суол баар. Булт уопсастыбатын салаата урут нэһилиэк ахсын баара, булчуттары-балыксыттары түмэн, сүрдээх тэрээһиннээхтик үлэлииллэрэ. Нэһилиэктэрдээҕи уопсастыбалар бэйэлэрин сирдэригэр-уоттарыгар ким кэлэрин-барарын, тугу бултаабытын ааҕа билэллэрэ уонна сөптөөхтүк ирдииллэрэ.
Улуустар, нэһилиэктэр таһымнарыгар булт уопсастыбаларын сөргүтэргэ уолдьаста дии саныыбын. “Общедоступнай” бултаныллар сирдэри булт уопсастыбаларыгар сыһыаран, бултааһыны-балыктааһыны тэрийиини, хонтуруоллааһыны кинилэргэ сүктэриэххэ. Бу үлэни миэстэтигэр туһааннаах нэһилиэктэр дьаһалталара сүрүннээтиннэр. Олохтоох дьон ким ханна бултуурун, балыктыырын, ким көҥүлэ суох сылдьарын, туораттан ким кэлбитин барытын көрөллөр-билэллэр. Сокуон дьон туһугар үлэлиэхтээх итиэннэ дьоҥҥо тирэҕириэхтээх. Салалта уонна уопсастыба икки өттүттэн маннык өйдөһөн-өйөһөн үлэлээтэхтэринэ, айылҕабыт кыылыгар-сүөлүгэр харыстабыллаах сыһыан олохтоноро чуолкай. Манан сиэттэрэн, чопчу этиилэрдээхпин.
Бастатан, ыыраахтаах туйахтаах кыылларга лицензияны булт уопсастыбатын нөҥүө олохтоох дьаһалта нэһилиэгин дьонугар түҥэттин. Кэлиҥҥи сылларга улуус киинигэр сэрэбиэйдэһии ыытылларыгар ыраах тыаҕа олорор дьиҥнээх булчуттар иһитиннэрии-биллэрии мөлтөҕүттэн кыайан кыттыбакка хаалаллар, кэллэхтэринэ даҕаны, ол тиксэр дуу, тиксибэт дуу билиэттэригэр ороскуотураллар, хаарыан күннэрин-дьылларын халтайга сүтэрэллэр.
Иккиһинэн, кыылы бултааһын болдьоҕо халбаҥныы сылдьарын лицензия биэрэргэ “сэтинньи 15 күнүгэр диэри” диэн чопчу болдьоон олохтуохха. Ардай аһыылаахтары сонордоһор аатыран кыһыны быһа массыынанан сүүрдэ сылдьан тайахтыыр-туртастыыр “бөрөһүттэр” баар буолбуттара ыраатта. Үптээх-харчылаах, үчүгэй сэбилэниилээх, кимтэн да толлубат баай дьон итинник быһыыланаллар. Нэһилиэк олохтоохторуттан биригээдэ тэрийэн бөрөлөтөр тоҕо кыаллыа суоҕай. Маннык дьаһаннахха, булт иниспиэктэрдэрэ тыаҕа сылдьар дьону бэрэбиэркэлииллэригэр даҕаны табыгастаах буолара саарбаҕа суох.
Алексей КАРМАНОВ,
Амма сэлиэнньэтин олохтооҕо.
Эрэдээксийэттэн: сарсын, тохсунньу 25 күнүгэр, сарсыарда 11 чаастан Амма сэлиэнньэтигэр өрөспүүбүлүкэтээҕи булчуттар уонна балыксыттар уопсастыбаларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ Закира Иванова кыттыылаах Амма улууһугар булт уопсастыбатын сөргүтэр туһунан улуус булчуттарын мунньаҕа буолар. Ол түмүгүн билиһиннэриэхпит.
Хаартыскаҕа: Дьокуускай куоракка ыыраахтаах туйахтаах кыыл лицензиятыгар уочарат айдааннаахтык ааһааччы…
Василий НИКИФОРОВ.