Улуустарга көмөлөһөн, Мухтуйа бааһынайдара тиэхиньикэ ылыннылар

Ааптар: 
04.03.2020
Бөлөххө киир:

Ленскэй улууһун дьаһалтата ааспыт 2019 сылга олохтоох бүддьүөттэн үп көрөн, үүт харчытын лаппа үрдэппитин уонна ыанар ынахха субсидия көрбүтүн туһунан биһиги суруйан турабыт.

edersaas.ru

Улуус манан эрэ муҥурдамматах: бааһынай хаһаайыстыбалар үлэ тиэхиньикэтин атыылаһалларыгар анаан 13 мөлүйүөн солкуобайы көрбүт. Ол туһунан Ленскэйтэн Анна Кожевникова маннык суруйар: “Тыа хаһаайыстыбатын үлэтин тэрийэргэ тимир көлө төһүү күүс буолар. Итини учуоттаан, улуус дьаһалтата былырыын бааһынай хаһаайыстыбалар сири таҥастыыр тиэхиньикэни атыылаһалларыгар 80 %-наах субсидияны көрбүтэ. Бу сыалга барыта 13 мөл. солк. тыырыллан, 12 хаһаайыстыба үлэ тиэхиньикэтин атыыласта. Үгүстэр “МТЗ-82” тыраахтары итиэннэ онно холбонор сиэйэлкэлэри, оту охсор, мунньар тэриллэри ылыннылар, онуоха 1 мөл. 320 тыһ. солк. субсидиянан туһаннылар.
Хамра олохтооҕо Регина Серкина кэргэнин, Сергей Морозовы, кытары биирдэм тэрилтэ тэринэн, 23 гектарга хортуоппуйу, 1,5 гектарга оҕуруот аһын үүннэрэллэр. Дьаһалта биэрбит харчытынан “МТЗ-82” тыраахтары атыылаһаннар, ааспыт өттүгэр туох да көмөнөн туһамматах дьон үөрүүлэрэ сүҥкэн.

Ол эрээри, маннык көмөҕө баҕалаах барыта тиксибэтэ. Тоҕо диэтэххэ, субсидия сабыылаах тэрилтэлэргэ (детсадка, оскуолаҕа, балыыһаҕа, кырдьаҕастар дьиэлэригэр) хортуоппуйу уонна оҕуруот аһын чэпчэтиилээх сыананан батарар дуогабардаах бааһынай хаһаайыстыбаларга бэриллибитэ.
– Күһүн ырыынакка хортуоппуй киилэтэ 35 солкуобай буоллаҕына, субсидия ылар хаһаайыстыбалар сабыылаах тэрилтэлэргэ 20 солк. биэриэхтээхтэр диэн ирдэбил олохтоммута, онно улуус уон көстөн ыраах сиргэ тиэйэр-таһар түбэлтэҕэ 5 солк. эбии көрбүтэ, — диир тыа хаһаайыстыбатын улуустааҕы управлениетын сүрүн исписэлииһэ Светлана Тарасова. – Холобур, Регина Серкина хаһаайыстыбата өр сыллартан «Солнышко», «Сказка», «Теремок» уонна «Чебурашка» детсадтары хортуоппуйунан, оҕуруот аһынан хааччыйар.

– Улахан кыамталаах тыраахтар сири таҥастыырга, саас ыһыыга, күһүн хомуурга көмөтө туохха тэҥнэһий? – диир Нүүйэ нэһилиэгин эдэр бааһынайа Олег Неткачев. – Үлэлии-хамсыы сылдьар дьоҥҥо олус наадалаах көмө. Мин 2012 с. үлэбин саҕалыырбар өрөспүүбүлүкэ субсидиятын, 260 тыһ. солк. туһаммытым, оттон улууһум тиэхиньикэни атыылаһыы ороскуотун толуйууга 1,3 мөлүйүөнү көрөн, “Бөлөрүүс” тыраахтары атыыластым. Онон, улууһум салалтатыгар махталым улахан.
Биирдиилээн бааһынайдары таһынан, маннык көмө «Батамайдааҕы» ХЭТ уонна «Аартык» кэпэрэтиип курдук бөдөҥ хаһаайыстыбаларга эмиэ бэрилиннэ. Өҥ буордаах Мухтуйа сирин бааһынайдара бу дьоһун көмөҕө тирэҕирэннэр, ыһыыларын кэҥэтэн, сибиэһэй үүтүнэн уонна оҕуруот аһынан улууһу хааччыйар кыахтаахтар. Оннук сыалы туруорунан таһаарыылаахтык үлэлиэххэ эрэ наада.

Ленскэйтэн Анна Кожевникова, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0