Улуустар түһүлгэлэрэ сайылык олоҕун санаталлар (ХААРТЫСКАЛАР УОННА ВИДЕОЛАР)
Быйылгы Туймаада ыһыаҕа Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар ананан ыытылынна.
Онон Ил Дархан, куорат мээрин түһүлгэлэриттэн саҕалаан, улуустарынан уонна тэрилтэлэринэн хаһааҥҥытааҕар да тутуу барбыт. Кэрэхсэбиллээҕэ баар, ханна да тиий — сахалыы тыын. Киэһэ сөрүүкээбитин уонна дьон үксэ тарҕаспытын кэннэ түһүлгэлэри кэрийдим уонна иллэҥ кэмҥэ ким тугунан дьарыктанар, туох сонун сүүрээн киһи хараҕар быраҕыллар эбитий диэн чуумпуга анаан сыал-сорук туруоран, хаартыскаҕа үйэтиттим. Дьэ, онон хаартысканан уонна видеонан түһүлгэ биир күннээҕи олоҕун билсиэх дуу.
Уулуссалар бары сахалыы ааттаммыттар. «Уйгулаах», «Ньургуһуннаах» диэн ааттаах уулуссалар устун хаама сылдьан, биллэн турар, сырдыкка, кэрэҕэ тардыһарыҥ күүһүрэр.
Бэрт элбэх улуус, тэрилтэ түһүлгэтин кэрэхсии көрдүм. Ол онтон Нам улууһа быйылгы ыһыахха олохтоохтук бэлэмнэммитин бэлиэтээтим.
Кэрэхсэбиллээҕэ баар, тутуу барыта биир өҥнөөх кыраасканан сотуллубута — көстүүтэ үчүгэйэ бөҕө. Мас өҥнөөх буолан, хайдах эрэ өбүгэ кэмин санатарга дылы. Намнар чаҕылхай Махсыымнарын — М.К. Аммосов төрөөбүтэ 125 сылыгар анаан быйылгы сылы Максим Аммосов сылынан биллэрбиттэрин бу түһүлгэлэриттэн да биллэр. Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар түһүлгэлэрин анаан саҥардыбыттар.
Бэрт дьоҕус сиргэ элбэх тутуу турар: ураһа диэн, сэргэ диэн, аһыыр беседка диэн.
Аһыыр сирдэрин бэркэ оҥостубуттарын хайгыы көрдүм. Тэлгэһэни тилийэ тэнийбит аһыыр беседкаҕа элбэх киһи батар гына оҥорбуттар. Улахан улуус диэх курдук. Хайдахтаах да сыралҕан күн, дохсун ардах ыһыах дьонун мэһэйдээбэт. Намнар түһүлгэлэриттэн хараҕым сымнаан араҕыстым.
Бу маннык кэрэ көстүүлээх дьоҕус ураһа хахха, хоту улуустар түһүлгэлэригэр баар. Араҕас кырааска сайыны түстүүр буолан, өҥө киэһэ хараҥаҕа кытта сырдаан көстөр.
Аһыыр сирдэрин хахханан бүөлүүр улуустар олохтоохтук тэринэллэр эбит. Саха балаҕана моһуоннаах тутуу үгүс.
Саха ыалын санатар балаҕан ыһыах түһүлгэтин киэргэтэр аҕай. Онон киһи бу маннык балаҕаннары көрдөҕүнэ, сахатын тыынын ыларга дылы…
Оттон бу балаҕаны тула өттүттэн уотунан киэргэппиттэрэ — бэртээхэй аныгы көстүү!
Бу маннык көлүнэр аттарын симээн, ууларын, таһаҕастарын таһар дьон эмиэ баар эбит. Бэртээхэй толкуй, доҕоор.
Хас да сиргэ маннык илии суунар тэриллэри оҥорон туруорбуттарын сэргии көрдүм.
Онон күнү быһа илиини сууна сылдьарга бэртээхэй усулуобуйа тэриллибит.
Суумкаларгын, араас тутуургун таһа сылдьыбакка, маннык дьоҕус дьиэҕэ кэлэн туттаран баран, холкутук сылдьыаххын син.
Балаакканан сытар дьон суорҕан эрэ быраҕан баран, сиргэ сыппакка, маннык дьаһанан кэлэн хонон, сынньанан бараллар эбит.
Аҕыйах ахсааннаах норуоттар түһүлгэлэригэр ыччаттар, оҕолор киэһэ мээчиктээн аралдьыйалларын көрдүм.
Кинилэр утары — күөлгэ сөтүө, сынньалаҥ бөҕө. Оҕолор быыһааччылар (массыына, эрэһиинэ тыы) харахтарын далыгар сылдьаллар. Барыта холку, нуһараҥ, хайдах эрэ саха сайылыкка олоҕун санатар.
Бу мин түһүлгэлэр киэһээҥҥи олохторуттан холобурдаан кэпсээтим.
Оттон сарсыардааҥҥыны уонна күнүскүнү холобурдаатахха, туспа сэһэн. Холобура, Өймөкөөн дойдулаахтарын салайааччылара Анна Атастырова уонна Светлана Винокурова түһүлэгэлэригэр биир дойдулаахтарын Өймөкөөн убаһатын этинэн күндүлээри, сибиэһэйдии буһаран күннэрин саҕалаабыттара.
Күнүс «Биир Ньыгыл Арассыыйа» баартыйа түһүлгэтин чуор куоластаах оһуохайдьыта дьону түмэн, бэркэ оһуохайдата сылдьарыгар түбэстим.
Оттон Эбээн Бытантай улууһун түһүлгэтигэр дойдуларын туһунан ырыаҕа хотугулуу хамнаныы куонкуруһа буола турарын көрөн, сэргээн аастым.
… Ити курдук, Туймаада ыһыаҕар улуустар түһүлгэлэригэр киһи кэрэхсии көрөрө үгүс. Манна туспа олох, тыын, ураты санаа, көстүү, төрөөбүт дойдунан киэн тутуу кыыма саҕыллар түөлбэтэ буоларын, бу хаартысканан дьүһүйүүм туоһулуур.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат.
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ уонна видеоҕа устуута.