«Үтүө дьулуур» сылыгар сырдыгы, үйэлээҕи саҕар биир саҥа уопсастыбаннай тэрилтэ эбилиннэ.
«Үрүҥ көмүс волонтер» диэн ааттаах уопсастыбаннай хамсааһын өрөспүүбүлүкэҕэ «тыас таһааран», коммерческайа суох тэрилтэ буолан, улуустарга баар сааһырбыт дьону актыыбынай олоххо көҕүлүөҕэ. Билигин батсаапка быһааралларын курдук, 30-40 саастаахтар ыччаттар дэнэр эбит буоллахтарына 60-70 саастаах дьон аны кырдьаҕас дьон дэммэккэ, орто саастаахтарынан ааҕыллар буоллулар. Ол ону олох да көрдөрөр. Дэлэҕэ, биэнсийэ сааһын үрдэтэн биэриэхтэрэ дуо? Аныгы үйэҕэ киһи «ис үҥкүүтүн» («танец живота») үҥкүүлээн тэйэ сылдьар, 60-тан лаппа ааспыт «Үһүс көлүөнэ»оскуолатын «үөрэнээччитин» хайдах да саастаах киһи диэбэккин. Оттон аҕыйах хонуктааҕыта Эмиэрикэҕэ тиийэн 71 саастаах эр киһи пауэрлифтиҥҥэ күрэстэһэн, кыайан кэлбитин батсаапка көрөн сөхпүппүт. Онон бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор уопсастыбанньыктар: «Биһиги сааһырдыбыт диэн быар куустан олорорбут сатаммат, аттыбытыгар баар кыаммат кырдьаҕастарга, соҕотох дьоҥҥо, биир дойдулаахтарбытыгар көмөлөһөр кыахтаахпыт«, — диэн санаанан салайтаран, сэтинньи 15 күнүгэр кэмпириэнсийэ тэрийдилэр. «Үрүҥ көмүс волонтердар дууһаларынан эдэрдэр» тэрээһиҥҥэ өрөспүүбүлүкэ 5 улууһуттан 82 бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор волонтер кэлэн кыттыыны ылла, дойдуларыгар ыытар үлэ уопутун атастастылар.
«Волонтер сааһыттан тутулуга суох үтүө санаанан салайтаран сылдьар киһи. «Үрүҥ көмүс волонтердар» хамсааһыннарыгар киирбит түмсүүлэр дьоҥҥо туһалаах үгүс социальнай бырайыактары олоххо киллэриэхтэрэ диэн эрэнэбит. Биллэн турар, бу уопсастыбаннай хамсааһын былаас уорганнарын норуоту кытта ыкса сибээстиир төһүү күүһүнэн буолара саарбаҕа суох, — диэн бэлиэтээтэ кэмпириэнсийэни аһарыгар СӨ Ыччат дьыалаларыгар уонна социальнай коммуникацияларга миниистири солбуйааччы Руслан Платонов.
— Бу тэриллибит уопсастыбаннай хамсааһын курдук гражданскай институттар көрүҥнэрэ Арассыыйа бары регионнарыгар тахсыылаахтык үлэлииллэр. Биһиги «Үрүҥ көмүс волонтердар» хамсааһыны ыытарга көҕүлээн, Ыччат министиэристибэтин граныгар кыттан кыайбыппыт. Хамсааһыҥҥа 50-тан үөһээ саастаах дьон кытталлар. Өрөспүүбүлүкэҕэ социальнай хайысхалаах үлэни бу дьон көҕүлээн ыытыахтара, — диэн бэлиэтиир СӨ Дьахталлар уопсастыбанннай тэрилтэлэрин Сойууһун бэрэссэдээтэлэ Анжелика Андреева.
Кэмпириэнсийэҕэ 20-тэн тахса киһи санаатын этиннэ. Ол курдук, Горнай улууһун Солоҕон нэһилиэгиттэн кэлбит Анна Дормидонтова нэһилиэгэр саастаах дьон ханнык түмсүүлэри тэринэн, тугунан дьарыктаналларынан, биир дойдулаахтарыгар тугунан көмөлөһөллөрүн кэпсээтэ.
— Биһиги улууспутугар волонтердар хамсааһыннара олус күүскэ сайдан турар. Маҥаны нэһилиэгэр эр дьон бэйэлэрэ мас кэрдэн, тутуу матырыйаалын оҥорон, соҕотох инбэлиит ийэҕэ босхо дьиэ тутан биэрбиттэрэ. Биһиги нэһилиэкпитигэр дьахталлар хас да түмсүүлэрэ үлэлиир. Ол курдук, бүгүн улахан трибунаттан «Иэйии», «Дьөһөгөй бэлэҕэ», Көлүкэчээн», Чараҥ», «Намылҕаннар» түмсүүлэрин ситиһиилээх үлэлэрин холобурдуохпун баҕарабын.
Нэһилиэкпит баһаарга былдьана сыспытыгар эр дьоммут онно баран үлэлиир кэмнэригэр, нэһилиэк дьахталлара бары турунан, хас да хонугу быһа өйүө астарын астаан бары туруммуппут. Нэһилиэкпит кулуубугар 80 тыһ. солк. суумалаах үҥкүү бөлөхтөрүн көстүүмнэрин босхо тигэн биэрбиппит. Бу үбүлээһин уустук кэмигэр кулууппутун биһиги бэйэбит өйөөбөтөхпүтүнэ ким өйүөй? — диэн санаатын үллэһиннэ Солоҕон нэһилиэгин дьахталларын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Анна Дормидонтова.
Нам улууһуттан сылдьар Клавдия Сивцева кэмпириэнсийэҕэ бэртээхэй этиилэри киллэрдэ:
— «Үрүҥ көмүс волонтер» үлэтин хас биирдии нэһилиэк баһылыга өйүүрүн ситиһиэххэ. Нэһилиэккэ, бастатан туран, баһылык уопсастыбанньыгы өйүөхтээх. Волонтер туруорсуутун болҕомтоҕо ылан, сүрүннүүр үлэни тэрийиэхтээх. Онон хас биирдии нэһилиэккэ волотердары кытта үлэни баһылыкка сүктэрэргэ. Оччоҕо икки өттүттэн бэйэ-бэйэни өйөһүү күүскэ барыаҕа. Баһылыкка да өйөбүл наадата чахчы. Оттон волонтер — сүдү күүс!
Волонтердар түмсүүлэрэ бэйэтэ үптээх буолуон наада. Ону хантан ылабыт уонна туохха туттабыт? Кэлиҥҥи кэмҥэ халаантан, баһаартан эмсэҕэлээһин, дьон эмискэ ыалдьара баар суол. Онно бастакы суһал көмөнү оҥоро охсорго бэйэ үптээҕэ, утары уунардааҕа ордук. Биһиги үппүтүн аахсыйалары ыытан, кэнсиэрдэри оҥорон булабыт. Кыахтаах тэрилтэлэргэ сылдьан, кинилэр тугунан көмөлөһүөхтэрин сөбүн кэпсэтиэххэ сөп.
Волонтердар түмсүүлэрэ олорор сириттэн тутулуга суох, «Суһал линиялаах» («Горячая линия») буолаллара наада. Тоҕо? Аттыларыгар көмөлөһөр дьоно суох соҕотох олорор киһи көмөҕө наадыйар түгэнэ үгүс. Кыра оҕолоох эдэр ыаллар да көмөҕө наадыйахтарын сөп. Кылгас кэмҥэ наадаҕа баралларыгар оҕо көрсөн көмөлөһөргө көрдөһүөхтэрин сөп. Кыаммат кырдьаҕастар эмп көрдөөн дуу, маҕаһыыҥҥа ыытан дуу көмөлөһүннэрэхтэрин сөп. Ити курдук араас түбэлтэ үгүс буоллаҕа.
Волонтердар үлэлиир көрүҥнэрэ олус элбэх. Холобура, соторутааҕыта Сунтаарга Партизан түөлбэҕэ олохтоохтор кыаммат соҕотох дьахтарга дьиэтин өрөмүөннээн биэрбиттэрэ. Ньурба биир нэһилиэгэр дьокутааттар баһылыктарын кытта кырдьаҕас дьоҥҥо мастарын хайытан биэрбиттэрэ. Ол ону хантан билэбитий? Ыытыллар үлэни кэмиттэн кэмигэр сырдатан иһииттэн. Волонтердар көҕүлээһиннэрин хото сырдатан, биһигини, волонтердары, сонунтан сонун сүүрээннэри тобуларга, саҥаттан саҥа бырайыактары толкуйдуурга көҕүлүүллэр, — диэн Клавдия Сивцева санаатын тиэртэ.
Өрөспүүбүлүкэҕэ тиийэ үтүө баҕа санаатынан волонтер быһыытынан араас уопсастыбаннай үлэни санаатыттан сылдьан эрэ оҥорор Антон Васильев Көһө сылдьар «Үтүө санаа чороонун» хоту улуустарынан ыытарга этии киллэрбитин усуйааналар: «Биһиги ыытыахпыт,», — диэн сөбүлэстилэр.
Социальнай боппуруостары быһаарсыыга үлэлэһэр, Дьокуускай куорат Дууматын дьокутаата Наталья Пахомова улуустарга тэриллибит «Үһүс көлүөнэ оскуолаларын» үлэлэрин сырдатта уонна бу саҥа тэриллэр «Үрүҥ көмүс волонтер» хамсааһын дьону түмэр тэрилтэ буоллун диэн алҕаата. Кини: улуус аайы «Үһүс көлүөнэ оскуолаларын» аһан үлэлэтэр соругу туруоруу туһунан этиитин тэрээһин кыттааччылара сөбүлүү иһиттилэр.
7 улууһу түмэр «Эйгэ» уопсастыбанньыктар түмсүүлэрин салайааччыта Валентина Васильева өрөспүүбүлүкэ улуустарын волонтердарын түмэр тэрилтэ баар буолбутун биһирээбитин биллэрдэ уонна бу саҥа тэриллэр НКО тула түмсэргэ ыҥырда.
Хаҥалас улууһун Тиит Арыы нэһилиэгин дьахталларын сэбиэтин салайааччыта Маргарита Кузьмина бэлиэтииринэн, өрөспүүбүлүкэ саастаах волонтердарын биир сүрүннүүр тэрилтэ баара ордук. Онон кини «Үрүҥ көмүс волонтер» НКО саамай кэмигэр тэрилиннэ диэн санаатын бу курдук үллэстэр:
— Билигин үбүлээһин тиийбэтиттэн штаты сарбыйыы күүскэ баран, билигин да олох үөһүгэр сылдьар дьон үлэтэ суох бэйэлэрэ туран хаалаллара үгүс. Ол оннук дьон бэйэлэрин кыахтарын, сатабылларын волонтердар кэккэлэригэр киирэн сайыннарыахтарын, уопсастыбаҕа салгыы туһалыахтарын сөп.
Саҥа тэриллибит «Үрүҥ көмүс волонтердар» хамсааһыннара коммерческайа суох тэрилтэ быһыытынан регистрацияланан, бэйэтэ туспа тэрилтэ буолуоҕа. Уопсастыбаннай тэрилтэ бэрэссэдээтэлинэн уопсай куоластааһынынан социальнай хааччыйыыны тэрийиигэ методическай киин исписэлииһэ Ксения Белолюбская талылынна. Кэмпириэнсийэ кыттыылаахтара«Үрүҥ көмүс волонтердар» хамсааһыннарын көҕүлүүр сэбиэти таллылар.
Саҥа тэриллибит уопсастыбаннай тэрилтэ үлэтэ силистэнэн-мутуктанан иһэригэр баҕарабыт!
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыскаҕа ааптар түһэриитэ.