Аҕыйах ахсааннаах оҕолордоох оскуолалар дьылҕалара билиҥҥи кэм тирээн турар боппуруоһунан буолаллара бу күннэргэ эмиэ санатылынна.
edersaas.ru
СӨ Бырабыыталыстыбатын Бэрэсээдээтэлэ Владимир Солодов суруналыыстары кытта көрсөн, суолталаах боппуруоһу быһаарыыга туох үлэ барарын билиһиннэрдэ.
Кэм ирдэбилэ – тэрилтэлэри холбооһун
Өрөспүүбүлүкэ нэһлиэктэригэр социальнай инфраструктураны сайыннарар туһуттан социальнай хайысхалаах өҥөнү оҥорор тэрилтэлэри биир юридическэй сирэй оҥорор сорук турар. Премьер-миниистир Владимир Солодов бу туһунан сиһилии маннык быһаарда:
— Хас биирдии киһи, ханна олороруттан тутулуга суох, үөрэхтээһин, доруобуйа харыстабылын, култуура, спорт өҥөлөрүн тэҥник туһаныахтаах. Бу соругу биһиги социальнай тэрилтэлэри көдьүүстээхтик үлэлэттэхпитинэ эрэ ситиһиэхпит. Холобур, үгүс нэһилиэнньэлээх пууннарга икки оҕо саада, биир оскуола баар. Биһиги оҕо ити социальнай тэрилтэлэрин оннугар хаалларыахпыт. Ол эрээри биир нэһилиэккэ үс тус-туспа буолбакка, биир юридическэй сирэй сирэй буолуон наада. Ол эбэтэр ити социальнай тэрилтэлэри хааччыйыыга биир салайааччы кииннэммит ирдэбили толоруоҕа. Оттон ас-үөл хааччыллыытын тус-туспа тэрилтэ буолбакка, биир остолобуой ити үс тэрилтэҕэ тэрийиэҕэ.
Бу сорук ситиһиллэр сыала тугуй? Ол эбэтэр бу күннэргэ улуустарга баһылыктар уонна дьокутааттар ырытыыларыгар маннык боппуруостары быһаарыы, ааҕыы-суоттааһын бара турар:
- биир тэрилтэ дьиэтигэр элбэх өҥөнү оҥорор хас да социальнай тэрилтэни кииннээһин коммунальнай ороскуоту лаппа аччатыаҕа;
- ороскуоттан ордубут үп өҥөнү оҥоруу хаачыстыбатыгар дьайыаҕа: хапытаалынай өрөмүөҥҥэ, аныгы ирдэбилгэ эппиэттиир тэрилинэн хааччыллыыга.
Суруналыыстары кытта көрсүһүүгэ кыттыыны ылбыт «Нерюнгри оройуона» МТ баһылыга Виктор Станиловскай бу быһаарыыны бигэргэттэ:
— Муниципалитет салалтата Серебрянай Бор бөһүөлэгин холобуругар ааҕан-суоттаан баран, оскуоланы уонна оҕо саадын биир юридическэй тэрилтэ оҥордоххо, үбүлээһини көдьүүстээхтик туһаныы биллэ тупсууһу диэн санааҕа кэллибит.
Оттон «Уус Алдан улууһа» МТ баһылыга Алексей Федотов улууска анал хамыыһыйа тэриллэн үлэлээн, бары оскуолалар статустарын олохтоохтук ырытыы барбытын, бу күннэргэ муниципалитет дьаһалтата бырабыыталыстыба иннигэр былааннаах көмүскээһини ааспытын иһитиннэрдэ.
Эмискэ уларыта тутуу барыа суоҕа
Өрөспүүбүлүкэ бырабыыталыстыбата бу күннэргэ хас биирдии улуус дьаһалтатын кытта былааннаахтык үлэлиир. Соиальнай тэрилтэлэри уларыта тутуу үчүгэй суоллаах-иистээх оройуоннартан саҕаланыаҕа. Ол эбэтэр сорох ыаллыы нэһилиэктэргэ кылаастары сүһүөхтэринэн кыччатыахтара. Ол эбэтэр үрдүкү кылаас үөрэнээччилэрин киин оскуолаларга көһөрүөхтэрэ. Маныаха, биллэн турар, бүтэһиктээх быһаарыыны төрөппүттэр бэйэлэрэ ылыахтара.
Улуустарга быһаарыылаах кэм
Бүддьүөтү оннунан хаалларан туран, үөрэх хаачыстыбатын үрдэтии – үөрэхтээһин эйгэтигэр уларыта тутуу сүрүн соруга. Бу күннэргэ балаҕан ыйын 1 күнүгэр диэри улуустарга муниципалитеттар салалталара социальнай тэрилтэлэр сайдыыларын былааннарын оҥороллор. Бу оҥоһуллубут былаан оройуоннарга 2020 сыл балаҕан ыйын 1 күнүттэн олоххо киириэҕэ. Онон социальнай эйгэ тэрилтэлэрин сайдар кэскиллэригэр туһаайыллыбыт быһаарыы биир төгүрүк сыл иһигэр ырытыллан, дьүүллэһиллэн, ааҕыллан-суоттаныллан түмүктэниэхтээх.
Мунньахха кыттыбыт суруналыыстар туһааннаах кэккэ министиэристибэлэри кытта бу боппуруоска эмиэ көрсүөхтэрин баҕаралларын, педагогтар идэлэрин үрдэтии, нэһилиэктэри кытта туох чопчу үлэ ыытылларын ыйыталастылар, санааларын атастастылар.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: ааптар түһэриитэ.