Бүгүн «Сахамедиа» иһитиннэрэр-биллэрэр холдинг сэттэ бырайыагыттан биирэ — «Улуус олоҕо» биир сылын туолла. edersaas.ru
Былырыын баччаларга үлэтин хайысхатын саҥа торумнаабыт буоллаҕына, биир сыл иһигэр «Улуус олоҕо» бырайыак бэйэтэ туспа буочарданан, суолланан-иистэнэн бэйэтин ааҕааччытын бигэтик булла. Бүгүҥҥү күҥҥэ тыа сиригэр «Сахамедиа» холдинг суруналыыстара кэтэһиилээх ыалдьыттарынан буоллулар.
— «Улуус олоҕо» бырайыак биир сыл устата 9 улууһу хапта. Үлэбит сүрүн соруга — өрөспүүбүлүкэ 35 оройуонун барытын сырдатыы. Бырайыак «Оройуоннар пааспардара» салаатыгар нууччалыы уонна сахалыы тылынан 30-ча очерк, кэпсээн, интервью, ыстатыйа, репортаж киирэр. Бырайыак «Барыбыт кыһалҕабыт» диэн түһүмэҕэр суруналыыстар олох сытыы тиэмэтин ырытан, медиа-кииҥҥэ «төгүрүк остуоллары» ыыталлар. Маны таһынан, СИА сайтыгар, «Якутия» уонна «Саха Сирэ» хаһыаттарга улуустартан ыйга 300-чэкэ сонун бэчээттэнэр. Биир сыл устата биһиги суруналыыстарбыт Амма, Үөһээ Бүлүү, Горнай, Нам, Сунтаар, Татта, Уус Алдан, Хаҥалас, Бүлүү улуустарын нэһилиэктэрин социальнай-экэнэмиичэскэй сайдыыларын билиһиннэрдилэр, — диэн санаатын үллэстэр бырайыак салайааччыта Полина Николаева.
«Улуус олоҕо» бырайыак биир сыллаах үлэтин «Сахамедиа» холдинг генеральнай дириэктэрэ Кирилл Алексеев үрдүктүк сыаналаата:
— Ил Дархан тыа сирин олоҕун-дьаһаҕын, сайдар саҕахтарын сырдатар туһунан сорудаҕын холдинг бу бырайыак нөҥүө толорор. Улуустар бүгүҥҥү күннээҕи түбүктэрэ, кэскиллээх былааннара олоххо киириитин биһиги суруналыыстарбыт миэстэтигэр сылдьан, дьону кытта сирэй кэпсэтэн, хаартыскаҕа түһэрэн, видеоҕа устан олус хаачыстыбалаах матырыйааллары бэлэмнээн таһаараллар. Эһиил бу бырайыак сүнньүнэн улуустар хаһыаттарын сайта үлэлиэҕэ. Онон «Улуус олоҕо» бырайыак сонунтан сонун тиэмэни көрдүүр, саҥаттан саҥа саҕаҕы арыйар, — диэн туран, бырайыак салайааччытыгар Полина Николаеваҕа Махтал суругу туттарда.
«Сахамедиа» холдинг салалтатыттан Вера Арбыкина, Оксана Ноева, Павел Ермолаев бырайыак салайааччытыгар Полина Николаеваҕа өссө үрдүк тахсыылаах үлэни баҕаран туран, «Улуус олоҕо» граннарга, куонкурустарга кыттарыгар баҕа санааларын эттилэр.
— «Улуус олоҕо» бырайыакка кыттыым миэхэ икки бүк үөрүүлээх уонна эппиэтинэстээх кэм этэ. Ол, арааһа, мин бэйэм төрөөбүт улууспун сырдатыыбын кытта ыкса сибээстээҕиттэн буолуо. Дьонум-сэргэм, биир дойдулаахтарым тугунан тыыналларын, туох сонуннаахтарын бүтүн өрөспүүбүлүкэҕэ сырдатыым — суруналыыс быһыытынан улахан табыллыым этэ, — диэн кэпсиир «Улуус олоҕо» бырайыак атаҕар туруутун кэмигэр улуустарга сырыыга биир бастакынан кыттыбыт, Сунтаар улууһуттан төрүттээх уопуттаах суруналыыс Надежда Егорова.
«Улуус олоҕо» бырайыагы бастакынан өйөөбүт суруналыыстар дьоро күн тордун амсайа олорон:
— Бу бырайыак «Сахамедиа» суруналыыстарын биир тыыннаата, кэлэктииппитин түмтэ. Өссө да өрөспүүбүлүкэ улуустарын бары муннуктарыгар командировкаларга сылдьарга, тыа сирин олоҕун, үлэһит дьонун сырдатарга өрүү бэлэммит, — диэн санааларын тиэртилэр.
— Бүгүҥҥүҥ курдук айаныҥ суола аһылла турдун, тыа сиригэр өрүү күүтүүлээх ыалдьытынан буол, суруналыыстарыҥ бөрүөтэ сытыырхайан истин, «Улуус олоҕо»! — диэн алгыспытын тиэртэхпит буоллун!
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Ааптар хаартыскаҕа түһэриитэ.