«Алаас» кинигэ кыһатыгар «Саха сирин үтүөкэн дьоно» сериянан Никита Васильевич Матвеев туһунан «Дьон туһугар анаммыт олох» кинигэ күн сирин көрдө.
edersaas.ru
«Хас биирдии киһиэхэ доруобуйа тугунан да кэмнэммэт. Дьол — Олох — Таптал. Сахалыы сандалы үс бөҕө, тирэх атахтарыныы, бу үс өйдөбүл быстыспат ситимнээхтэр. Кинигэ дьоруойа Никита Васильевич Матвеев дьон туһугар, эмчит идэтигэр өйүн-сүрэҕин биэрэн үлэлээбит, сүүһүнэн киһиэхэ олохторун уһаппыт үрүҥ халааттаах Аанньал буолан, тус олоҕор ситиһии көтөллөнөн, үрдүккэ күөрэйбит киһи киһитэ, кэрэмэһэ, олоххо төгүрүччү өттүнэн холобурга сылдьар хоһуун үлэһит” диэн кинигэ аннотациятыгар суруллубуту ааҕаат, Саха сирин үтүөкэн дьонуттан биирдэстэрэ ким буоларын сэрэйэҕин. Кини, Никита Матвеев – хирург, судмедэксперт, эндоскопист-быраас, Бүлүү балыыһатын Өрөгөйүн ырыатын ааптара.
Кинигэҕэ өрөспүүбүлүкэ уонна улуус салайааччыларын, үрүҥ халааттаах аанньаллар, доҕотторун, уопсастыбаннай үлэҕэ бииргэ буспут-хаппыт биир санаалаахтарын уо.д.а. ахтыылара киирбиттэр. Бииргэ төрөөбүттэрин, дьиэ кэргэнин, оҕолорун, сиэннэрин аттыларыгар сылдьар күндү киһилэрин туһунан истиҥник сэһэргээһиннэрэ кини чахчы да дьоллоох киһи буоларын кэрэһэлииллэр. Биир түһүмэххэ “Биирдэ буолар олоххо олоруохха сэргэхтик, дьону кытта дьоллоохтук” диэн этиллэринии, Никита Матвеев куруук дьон ортотугар олорор дьоллоох киһи. Ону сэргэ, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарын суруналыыстара кини туһунан тиһигин быспакка сырдаппыттара үрүҥ халааттаах аанньал суруналыыстар харахтарын далыгар сылдьыбытын туоһулуур.
Ааҕааччы быһыытынан кинигэ биир уратытын — олус халыҥын уонна элбэх хаартыскалааҕын астына бэлиэтиэм этэ. Хас матырыйаал аайы таҥыллан киирбит хаартыскалар дьоруой тус олоҕун эрэ буолбакка, үлэлээбит эйгэтин, дойдутун устуоруйатын барытын ситэрэн-хоторон биэрэллэр. Уопсайынан, бу кинигэнэн Бүлүү улууһун бүттүүн устуоруйатын, чуолаан доруобуйа харыстабылын, үөрэтиэххэ, чинчийиэххэ сөп. Онуоха библиографическай ыйынньыкка бэчээккэ тахсыбыт ыстатыйалара, кини туһунан бэчээттэммит матырыйааллар киирбиттэрэ туһалаах буолара саарбаҕа суох. Бүлүү улууһун баһылыга Сергей Винокуров бэлиэтээн эппитинии, Никита Васильевич курдук дьоннор бэйэлэрин дойдуларын устуоруйатын оҥороллор уонна үүнэр көлүөнэҕэ үтүө холобур буола тураллар.
Никита Васильевич олоҕун анаабыт идэтэ утумнааччылардаах буолбута үөрдэр. Ол курдук, кини кэргэнэ Роза Игнатьевна – фтизиатр, педиатр-быраас. Уола Василий – тиис бырааһа, кийиитэ Мария – мэдиссиинискэй сиэстэрэ. Сиэннэрэ: Даша – стоматолог-ортодонт, Роза – Мэдиссиинэ Национальнай киинин эпэрээссийэҕэ сиэстэрэтэ, Никита – ХИФУ мэдиссиинискэй институтун устудьуона.
Дьоруой 80 сааһыгар анаммыт «Дьон туһугар анаммыт олох» чахчы дьоһуннаах таһаарыыны СӨ үөрэҕин үтүөлээх үлэһитэ, педагогика наукатын хандьыдаата, Бүлүү, Нам улуустарын бочуоттаах олохтооҕо Ульяна Кондакова хомуйан, таҥан, эрэдээксийэлээбит. Тэхиньиичэскэй үлэтин СӨ үөрэҕириитин бочуоттаах бэтэрээнэ С.П.Николаева оҥорбут.
ЫСПЫРААПКА:
Никита Васильевич МАТВЕЕВ:
РФ, САССР үтүөлээх бырааһа, Тылгыны нэһилиэгин, Бүлүү куоратын, Бүлүү улууһун Ытык киһитэ, Бүлүү улууһун, СӨ, РФ бочуоттаах бэтэрээнэ, Бүлүү оройуоннааҕы сэбиэтин дьокутаата, САССР ХII ыҥырыылаах Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаата, СӨ “Ытык Аҕа” бэлиэтин хаһаайына, Арассыыйа Суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ.
Надежда ЕГОРОВА, “Cаха сирэ”, edersaas.ru
Ааптар хаартыскалара.