Улуус улуус уратылаах оһуохайын сэҥээрдибит

24.03.2022
Бөлөххө киир:

Кулун тутар 20 күнүгэр Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт ыччат оһуохайын түһүлгэтиттэн бэйэм туох толкуйдаах кэлбиппин суруйуохпун баҕардым.

Эдэр ыччаттарга аналлаах оһуохай күрэҕэ буоларын истэн, бэлэмнэнэн, ох курдук оҥостон, кэтэһэн-кэтэһэн, дьэ, икки оһуохайдьыты, биир кынаттыыр кыыһы бэлэмнээн Дьокуускай куоракка кэлбиппит. Урукку өттүгэр Тааттаҕа оһуохай элбэхтик ыытыллыбат буолан, оһуохайы барытын видеоҕа уонна хаартыскаҕа устар гына оҥостубуппут. Ол устубуппутун барытын оҕолору оһуохайга уһуйарбытыгар туттар баҕалаахпыт.
Маннык улахан күрэххэ хаһан да кытта илик буолан, оҕолорбут олус долгуйдулар. Батсаап үйэтигэр хас биирдии улахан нэһилиэк дьоно-сэргэтэ кэтэһэ, сэргии олордо. Биһиги туох ханнык буола турарын тута биллэрэ, хаартысканан, видеонан кэпсии олордубут. «Арчы дьиэтигэр» оһуохай ыытылла турар кэмигэр Алгыс хоһугар Култуура духуобунай кииниттэн анаан-минээн кэлэн таатталыы оһуохайы устан бардылар.
Оһуохайы толорорго оҕолорбут барахсаттар оһуохай ис тутулун барытын тутуһан, кыахтара төһө тиийэринэн кытыннылар. Ол түмүгэр Александра Зыкова «Хомоҕой тыллаах этээччи» аатын ылла. Онтон Лариса Попова Үһүс үрдэлгэ тиксэн, үөрүүтэ улаатта. Кынат буолбут кыыһым тэрийээччи Антонина Алеексеева-Күн Күлүмэ сакаастаан оҥорторбут үрүҥ көмүс харысхалын ылан: «Таах кэлбэтэх эбиппин, өйдүү-саныы сылдьар гына сырыттым. Эһиилгиттэн бэлэмнэнэн аны оһуохайга кыттар эбиппин», — диэн үөрэн-көтөн кэллэ. Өссө биир үчүгэйэ диэн биһиги нэһилиэк оҕото Роман Иванов Мэҥэ Хаҥаластан кэлэн оһуохайга кыттан, Иккис үрдэл буолан, барыбытын үөртэ.
Оҕолор икки төгүл босхо аһылыгынан күндүлэтэннэр, махталлара улахан. Тэрээһин бэркэ табыллыбыт, итиччэ элбэх кыттааччыны аттаран, арааран, биир күн иһигэр истэн бүтэрии — мээнэ дьыала буолбатах.
Мин оҕолорум аатырбыт оһуохайдьыттардаах Сунтаар, Ньурба, Үөһээ Бүлүү, Бүлүү оҕолорун илэ чахчы көрөн-истэн, тэҥҥэ хаамсан, оһуохайдаан санаалара биир харыс үрдээн, үөрэн-көтөн кэллилэр.
«Оһуохай» түмсүү маны иилэ хабан ылан, сыл аайы ыытара буоллар, оһуохай сайдыытыгар улахан күүс көмө буолуо эбит. Аны туран, бүтэһигэр оҕолорго аналлаах маастар-кылаас буолбута наһаа үчүгэй. Сахаайта Мойтохонова бэркэ ыытта. Мин Таатта оһуохайын көрдөрбүппүн сөбүлээтилэр. Ити курдук, улуус улуус тус туһунан оһуохайын көрдөрөр киһи Сахабыт сирин киэҥ устуоруйалаах, кэрэ хамсаныылардаах, ураты дьикти кэрэ мелодиялардаах оһуохайа сайдыа, күүһүрүө эбит. Бу күрэхтэһиигэ оҕолор бары бүлүүлүү таттаран оһуохайдаатылар, ол иһин ити суруйдум.
Аны таҥас-сап туһунан эттэххэ, бары да бэркэ таҥныбыттар. Уолаттар барытын тутустулар диэн көрдүм. Оттон орох кыргыттар баттахтарын ыһан, былаат бааммакка, бастыҥа кэппэккэ киирдилэр. Эбэтэр харысхал кэтэн киирбиттэрэ буоллар дии саныыбын.
Оһуохай этиитин туһунан эттэххэ, дьэ чахчы, оһуохай сайдан иһэрэ көстөр. Бары да олус кыһалыннылар. Кыайыылааҕы быһаарар ыарахан этэ. Биир бэйэм аһара астынным. Бүтэһигэр тута хоһуйууга үгүстэр бэлэмнэрэ, таһымнара да үчүгэй эбит, биир-икки оҕо эрэ кыайбата дии санаатым. Онон, оһуохайга тута хоһуйуу да сайдар кыахтаах эбит.
Саха сирин ыччаттарыгар аналлаах оһуохай түһүлгэтин үрдүк таһымнаахтык тэрийэн ыыппыт Антонина Саввична Алексееваҕа улахан махтал.

«Саха сирэ», edersaas.ru саайтка анаан Афанасий ПОПОВ, СӨ оһуохайын үтүөлээх этээччитэ, Таатта.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0