«Улуус олоҕо»: Холобурга сылдьар суоппар Элгээйигэ олорор

Бөлөххө киир:

Билигин ханна да сырыттахха, сорох дьон тыа хаһаайыстыбата эстибитин-быстыбытын, үөһээттэн туох да өйөбүл суоҕун туһунан этэр.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Оттон быйыл тэриллибитэ 60 сылын бэлиэтиэхтээх «Элгээйи» сопхуос бастыҥ механизатора, тырахтарыыс-суоппара Борис Иннокентьевич Габышев ыраас санаата, тыла-өһө оҥорор дьыалатын кытта дьүөрэлэһэрин киниэхэ сылдьан биһирээтибит.

Борис Габышев, төһө да 70 сааһын аастар, сопхуоска үлэлээбит кэмнэригэр ылбыт үөрүйэҕинэн билигин даҕаны тыа хаһаайыстыбатыттан илиитин араарбакка сылдьар. Күн бүгүн икки тыраахтырдаах, арендаҕа сылдьар 50-ча сирдээх, 27 сүөһү-төбөнү тутан олорор, ол иһигэр 9 ыанньыктаах. Ордубут отун нэһилиэнньэҕэ атыылыыр. Холобур, быйыл 13 кэбиһиитин «Кириэстээх» кэпэрэтиипкэ батарбыт. Бэйэтин сылгыларын, ынахтарын отучча отунан кыстатар. “Уопсайынан, бэйэм тиэхиньикэлээх буоламмын, сайын аайы оттуу сатыыбын”, — диэн кэпсиир кини.

Элгээйи сирэ-уота кыараҕас буолан уонна оттуур сирдэрэ куруук ууга баран, сүөһү ахсаана кэнники сылларга биллэрдик аҕыйаата. Маннык уустук кэмнэргэ Габышевтар санааларын түһэрбэккэ, нэһилиэктэринэн кэрийэ сылдьан оттоон, хороҕор муостаахтарын ахсаанын энчирэппэтэхтэрэ. Бу кэмҥэ судаарыстыба үүтү туттарыы иһин сыананы эбэн эмиэ туруктаах соҕус усулуобуйаны олохтообута. Дьон күүскэ үүтү туттарыынан дьарыктанан барбыта.

Сопхуос ыһыллыбытын кэннэ паай ылан, бэйэм тиэхиньикэбин атыылаһан, сирдэнэн, тыа хаһаайыстыбатыгар сүөһү иитиитинэн дьарыктанан кэллим. Угут Күөл диэн ытык сир уутун түһэриигэ үлэлэһэ сылдьабын. Бэлэмнэниллибит сир арендаҕа түҥэтиллиэхтээх. Оччотугар, былаан быһыытынан, сүөһү ахсаана Элгээйигэ биллэ эбиллиэхтээх”, — диэн кырдьаҕас хаһаайыстыбанньык санаатын үллэстэр.

Сайын аймахтар, оҕолор, сиэннэр кэлэннэр, уонтан тахса буолан оттууллар. Борис Иннокентьевичка оҕо лааҕырын тэрий дииллэр да, докумуона кыайтара илик буолан, тохтуу сылдьар. Дьиҥэр, уопуттаах наставник оҕону кыра сааһыттан үлэҕэ үөрэтэрэ олус туһалаах уонна суолталаах буолара биллэр.

Улахан дохуот киллэрэр атын үлэҕэ соччо сылдьыбаппын. Ол да буоллар, нэһилиэк туругурарын, сайдарын туһугар дьркутаатынан талбыттара. Субуотунньуктарга, түмсүүлэргэ дьоммун-сэргэбин кытта тэбис-тэҥҥэ сылдьабын. Биир да уопсастыбаннай үлэттэн туора туран хаалбаппын. Быйыл сопхуос 60 сыла бэлиэтэниэхтээх. Онно күүрээннээх үлэ барыа, элбэхтик кыттыһарым буолуо диэн былааннаах олоробун”, – диэн кэпсээтэ Элгээйи ытык киһитэ Борис Иннокентьевич.

Үлэһит киһи тыраахтарыгар олордо да, кырдьаҕастарга, тэрилтэлэргэ от-мас тиэйэн көмөлөһө сылдьарын биир дойдулаахтара үгүстүк көрөллөр. «Ыччаттарбытыгар үтүө холобуру көрдөрө сылдьар үлэһит киһини үрдүктүк сыаналыыбыт», – диэн киэн тутта кэпсииллэр биир дойдулаахтара.

х х х

Хоро сэлиэнньэтигэр күн сирин көрбүт Борис Иннокентьевич Габышев оҕо эрдэҕиттэн олус үлэһитинэн биллэр. Оскуола кэмнэригэр бастакы Бочуотунай грамотатын ылбыта. «Оччолорго оскуола оҕотугар Бочуотунай грамотаны туттарыы бэрт сэдэх буолара. Арааһа итинник грамотаны ылбыт оҕо соҕотох мин эрэ быһыылаах этим», – диэн оскуолатааҕы сылларын истиҥник ахтар.

Оскуоланы бүтэрэн баран, үлэтин 1964 сылтан Күндэйэҕэ сопхуос оробуочайынан саҕалаабыта. Кэлин механизатор идэтин ылан, суоппардаан Саха сирин үгүс улуустарын кэрийбитэ, пятилетка кыайыылааҕын, өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнүн ааттарын ылбыта.

Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Мария Васильева түһэриилэрэ (СИА).

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0