Нам улууһугар ыытылла турар «Үтүө санаа» аахсыйаҕа дьахталлар уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ көхтөөх кыттыыны ыллылар.
edersaas.ru
Нам улууһун дьахталларын сэбиэтин салайааччыта Ирина Находкина бу курдук кэпсиир:
— «Күн киһитэ көмүскэс, Айыы киһитэ аһыныгас» диэн бэргэн этиинэн салайтаран, Нам улууһун дьахталларын уопсастыбаннай тэрилтэлэрэ: улуустааҕы дьахтар сэбиэтэ, Арассыыйа ийэлэрэ, «Дьүөгэлэр» пуорум, хаалыктаах хаамыы уопсастыбата түмсэн, улууспут баһылыгын социальнай боппуруоска солбуйааччы Мария Игнатьева көҕүлээһининэн уустук кэмҥэ көмөҕө наадыйар элбэх оҕолоох, үлэтэ суох, аҥардас ийэлэргэ уонна аҕаларга харчынан, аһынан, бытовой химия сириэстибэлэринэн көмөлөстүбүт.
Өйөбүлүнэн туһаммыт ыалларбыт бары олус үөрэн, «харахпыт сырдаатаҕыан…» дэһэллэр. Улуустааҕы дьахтар сэбиэтин актыбыыһа Любовь Маркова бэйэтин массыынатынан тиэйэ сылдьан, күүс -көмө буолан, үгүс ыалы хаптыбыт. Биһиэхэ өйөбүл буолбут дьоммутугар, уопсастыбанньык дьахталларга барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Коронавирус дьаҥа өрө туран, дьиэҕэ олорор эрэһиими тутуһан олорор биир дойдулаахтарыгар, намнар араас хайысхалаах аһымал аахссыйаларын тэрийэллэрэ — хайҕаллаах суол.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru