Улуус баһылыктара төлөпүөнү ылан испэттэр

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

«Талбан» биэриигэ дьон ыйытыытыгар улуус баһылыктара хоруйдууллара үтүө үгэс буолла.

edersaas.ru

Ол эрээри, үгүс баһылык төлөпүөнүн ылбакка эрэйдиир. Биэрии устата ыытааччы Олег Колесов-Талбан бэркэ дьаныһан туран баһылыгы булар. Дьиҥэр, бу батсаап үйэтигэр киһи түргэнник сибээскэ тахсыах курдук. Онон баһылыктар бу тыҥааһыннаах кэмҥэ «Талбан» биэриигэ болҕомтону ууран көрөллөрө буоллар диэн санаа үөскүүр. Дьон ыйытар боппуруостарыгар тута хоруйу биэрэр гына. Оттон көрөөччү ыйытар боппуруоһа олус сытыы, быһаарыыны эрэйэр. Ол курдук,  Абый улууһун Уолбут нэһилиэгин олохтооҕо эрийдэ. Кини нэһилиэккэ аптека суоҕун, ыалдьар түбэлтэҕэ эмтэнэр уустугун эттэ. Суол суох буолан, кырдьык, балаһыанньа бу нэһилиэккэ уустугуруон сөп эбит. Ыытааччы, бэлиэтээбитим курдук,  Абый улууһун баһылыга Станислав Цюхцинскайга хаста да эрийэн, нэһиилэ тиийдэ.  Станислав Янович бэлиэтииринэн, Уолбукка аптека суох эрээри, эмп саппааһа баар эбит. Баһылык Абыйга уонна Сыаганнаахха быраастар суохтарын кэпсээтэ. Станислав Цюхцинскай бу боппуруоска Доруобуйа харыстабылын министиэристибэтин кытта үлэлэһэ сылдьалларын бэлиэтээн эттэ.  Баһылык иһитиннэрбитинэн, Абый улууһугар, этэҥҥэ, «ковидынан» ыалдьар киһи суох эбит.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0