Улуу Зыкиналыын

Ааптар: 
23.12.2016
Бөлөххө киир:
Зыкина тус бэйэтэ илии баттаабыт хаартыската.

Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ В.Е.Романова олоҕун биир умнуллубат күндү кэрчигинэн нуучча улуу ырыаһыта, Социалистическай Үлэ Дьоруойа, Ленинскэй бириэмийэ лауреата, ССРС норуодунай ырыаһыта Людмила Зыкинаны кытары сирэй көрсүбүт дьоллоох.

Хаҥаласка кэнсиэрт

Кэпсэтэн-ипсэтэн, дьиэтигэр-уотугар ыалдьыттаабыт түгэнин ааҕар.  1988 с. сайын Саха сиригэр нуучча литературатын уонна искусствотын күннэригэри элбэх суруйааччы, артыыс, музыкант, художник кэлбитэ. Хас да хайысханан арахсан, оройуоннарынан сылдьыбыттара. Биһиэхэ Зыкина айар бөлөҕө кэлбитэ. Көрсүһүү сиэрэ-туома Хаҥалас Дьокуускай куораты кытары быысаһар сиригэр толоруллубута. Ыалдьыттары оройуон салайааччылара туустаах килиэбинэн уонна чороонноох кымыһынан айах туппуттара, мин салайар «Эркээни эдэр сааһа» ансамблым оҕолоро «Эҕэрдэ үҥкүүтүн» толорбуттара. Киэһэ култуура дьиэтигэр улахан кэнсиэрт буолбута. Киирии тылыгар Людмила Георгиевна Саха сирин, кини ыалдьытымсах дьонун сөбүлээбитин уонна эдэр үҥкүүһүттэри биһирээбитин эппитэ. Ону истэн, оҕолорбун бэлиэтии көрбүт диэн үөрэ санаабытым. Кэргэнэ Виктор Гридин аккордиоҥҥа доҕуһуоллаан, хас да ырыаны ыллаабыта. «Россия ийэтэ» диэн сүрэхтэммит улуу Людмила Зыкина илэ бэйэтинэн кэлэн ыллыы-туойа турара улахан сабыытыйа этэ. Кэнсиэрт бүтүүтүгэр партия райкомун I сэкиритээрэ М.И.Варламова оройуон олохтоохторун аатыттан махтаммыта. Түмүгэр Людмила Георгиевнаҕа «Орджоникидзе оройуонун Бочуоттаах олохтооҕун» аата иҥэриллэрин туһунан эппитэ уонна «кэнсиэркэ кэтиллэр сахалыы таҥаһы тиктэрэн тиксэриэхпит» – диэбитэ. Ону истэн туран: «Ол таҥас тиктэриитин миэхэ соруйар буолуохтаахтар, хата, размерын билиэххэ баар эбит», — дии санаабытым, ансамблым оҕолоругар таҥас-сап тиктэрээри оччолооҕу сүүрдэҕим-көттөҕүм дии. Биэчэр кэнниттэн салайааччылар ыалдьыттары остолобуойга илдьиэхтээхтэр. Саалаттан тахсан, баралларын көрүдүөргэ кэтэһэн, Зыкина аттыбынан ааһан истэҕинэ сэргэстэһэ түһэн ыйыта оҕустум:
– Простите Людмила Георгиевна, у вас какой размер, если будем шить национальный костюм?
56-ой, а вы швея да? – диэт, эбии тугу эрэ этиэхчэ мин диэки хайыһан истэҕинэ, тохтоон хааллым. Дьонум салгыы бара турдулар. Бииргэ хаамсан иһэн көрдөхпүнэ, уҥуоҕунан нууччаҕа үрдүгэ суох, миигиттэн эрэ өгдөс эрээри лаппа халыҥ эбит.

Бэлэх таҥаһы тиктэрии

Сэрэйбитим курдук буолла, биир үтүө күн култуура отделын сэбиэдиссэйэ Х.П.Горохов оройуоннааҕы култуура дьиэтин дириэктэрэ Р.С.Диодоровалыын олордохпутуна: «Зыкинаҕа көстүүм тигиллэр буолла, хайаҕыт ылсар?» – диэн ыйыппытыгар, Раиса Семеновна: «Василиса Егоровна ылсыһар ини», — диэбитигэр сөбүлэстим. ССКП райкомун I сэкиритээрэ М.И.Варламоваҕа тахсан икки эскизтэн биирин талан, бииргэ да биэскэ да тиктэрэр синэ биир диэн үҥкүүһүттэрбэр таарыччы көстүүм тиктэрэргэ көҥүл ыллым.
Мохсоҕоллоох бөһүөлэгэр оччолорго ОРС диэн баар. Онно ССКП обкомуттан суруктаах тиийэн, Зыкинаҕа оройуон сахалыы таҥас оҥортороругар матырыйаал наадатын эттим. «Үчүгэй матырыйаал суох, кэтэһэ түс», — диэн баран, өр буолбатылар, соҥҥо хараҥа дьүһүннээх, бэйэтиттэн хабыллаҕас сэбирдэх ойуулаах пан бархаты, ырбаахыга маҥан люрекстаах хараҥа өҥнөөх омук солкотун биэрдилэр. Ону уонна сон саҕатыгар, кытыытыгар анаан биэс хара саһыл тириитин ылбыппын илдьэ Дьокуускайга «Люкс» ательеҕа көтөн түстүм. Наадабын быһаарбыппар, толуу көрүҥнээх, саас ортолоох саха дьахтара маастарга тиксэрдилэр. Ол сүрдээх мындыр иистэнньэҥ эбит этэ.
Тэлэбиисэринэн көрдөхпүнэ, Зыкина уҥуоҕунан мин саҕа уонна модьу-таҕа быһыылааҕа. Онон, таҥаһын уһунун бэйэбэр кэмниэм итиэннэ киэҥ соҕус гына тигиэм, — диэбитин күн бүгүҥҥэ диэри сөҕө саныыбын.
Илин кэбиһэри уонна бөҕөҕү «Сардаана» фабрикаҕа сакаастаабытым. Эмиэ үчүгэй мельхиор суоҕунан кэтэһиннэрбиттэрэ. Хата, ол сирбит матырыйаалларынан үҥкүүһүттэрбэр аҕыс куру, аҕыс илин кэбиһэри, бастыҥаны, бөҕөҕү оҥорторбутум билигин да туһаныллар.
Таҥас да, симэх да сэтинньи бүтүүтэ бэлэм буолбуттара. Райкомнар бастаан Х.П.Горохов кууруска барыахтааҕынан ыытыахпыт диэбиттэрэ да, бэйэм барыахпын баҕарабын, таарыйа оҕобун көрсөн кэлиэм диэбиппэр, утарбатахтара. Оччолорго кыыһым Ньургуйаана Москватааҕы култуура институтугар үөрэнэрэ. Онон, ахсынньы саҥатыгар Саха АССР култууратын миниистирэ С.Е.Николаеваны кытары аргыстаһан Москвалаабытым. Ити билигин эрэ кэпсииргэ судургу, оччолорго киһи илистэр түбүгэ этэ, аны эппиэтинэһэ да сүрдээх. Оройуон чиэһэ, өрөспүүбүлүкэ аата-суола.

Даачатыгар ыалдьыттаппыта

Москваҕа Саха бэрэстэбиитэлистибэтин салайааччы Г.И.Игнатьевы көрсөн Светлана Ефимовна мин кэлбит сыалбын-сорукпут этэн, көрсөр күнү болдьоспута. Көрсүһүү ахсынньы 8 күнүгэр күнүс 3 чааска буолбута. Мин оҕобун илдьэ бэрэстэбиитэлистибэ дьиэтигэр тиийбиппэр, Людмила Зыкина кэргэнин уонна бэйэтэ салайар «Россия» филармониятын дириэктэрэ дьахтары кытары кэлэн олороллоро. Залга Гаврил Иннокентьевич дьоро киэһэ тэриллибит сыалын этэн баран, тылы миэхэ биэрдэ. Төһө да долгуйдарбын аҕыйах тылынан быһайын Людмила Георгиевна айар бөлөҕүн илдьэ Покровскайга сылдьыбытын кэпсээн, бары үтүөнү баҕарабыт диэн баран дойдум бэлэҕин туттардым. Ону махтанан, үөрэ-көтө ылан, сэргэ хоско тахсан, кэтэн күлүмүрдээн киирдэ эбээт! Барыта анаабыт курдук – соно олус үчүгэйдик олорор, саҕата да саҕа, симэҕэ да симэх! Бэйэтэ да сөхпүттүү дириэктэригэр:
– Видишь, без примерки как шьют?! — диэбитин кулгааҕым уһугунан истэн хааллым. Эмиэ махтанан, сүрдээх үчүгэй тылы-өһү этэн баран: – Барыгытын рестораҥҥа ыҥырабын, бардыбыт! – диэтэ. Гаврил Иннокентьевич үлэ күнэ диэн аккаастаабытыгар: — Оччотугар субуотаҕа даачабар дьаарбатабын, бачча чааска бэлэм олорооруҥ. Василиса Егоровна, вас с дочерью жду.
Эппит кэмигэр микроавтобуһунан бэйэтэ кэлэн илдьэ барбыта. Оҕом кэмчиэрийэн хаалбыта уонна ону билиҥҥэ диэри кэмсинэр. Даачата куорат таһыгар турар икки этээстээх, бэрт үчүгэй оҥоһуулаах мас дьиэ, билиҥҥи өйдөбүлүнэн коттедж эбит. Батыһыннара сылдьан, дьиэтин-уотун көрдөрбүтэ. Аллара бар уонна хортуоппуйу, оҕуруот аһын уурар сир, үөһэ баанньык, сауна, дьоҕус бассейн, душ уонна хас да хос бааллар. Утуйар хоһо килэйэн-халайан сүрдээх, ороно куба түүтүн курдук мап-маҥан, туох эрэ күндү таҥас сабыылаах. Биир хоско кэнсиэртиир таҥаһа, көстүүмнэрэ ыйанан тураллар. Саалатыгар араас сувенир бөҕөтө, ол иһигэр бэйэтин мэтириэтэ ойуулаах сылабаар уо.д.а. Нуучча ыалдьытымсах үгэһинэн, баанньыктатта. Бастаан эр дьон сууннулар, онтон миигин кытары бэйэтэ биир дьахтардыын киирдэ. Тылланан туран көхсүбүн анньан биэрдэ. Баанньык кэнниттэн паарданар уонна бассейҥа чомполонор, онтон душтанар эбиккин. Мин хаһан оннукка далбардаммытым баарай? Букатын ырайга сылдьар курдук сананным.
Людмила Георгиевна сүрдээх көнө-судургу майгылаах, киһини бэйэтигэр тардар, дьүһүннүүн кэрэ киһи эбит. Миэхэ суруктаан-бичиктээн хаартыскатын бэлэхтээтэ. «Сахалыы таҥаспын кэтэммин, биир эмит саха ырыаһытын кытары ыллыам этэ, — диэн баҕатын эттэ. Оҕом Москваҕа үөрэнэрин истэн, туох эмит наада түгэнигэр билсэр буолаар, билигин бэл, косметиканы булар уустук диэтэ. Ону аанын сабан таҕыстым да, бүттэҕим дии. Саха артыыһын кытары ыллыыр баҕатын: «Туох кыахтаах, сололоох-билэлээх буоламмын, улахан дьону тиксиһиннэрэр бырааптаах үһүбүнүй?» — диэн кэнэнсийэн, ханна да быктарбатым. Эгэ, билсэр, сатаатар, сылга биирдэ аккырыыкка ыытар өй кэлиэ дуо? Таҥаһын тикпит маастары, «Силуэт» иистэнньэҥин, көрсүбэтэхпиттэн эмиэ кэмсинэбин. Үлэтин өйдүү-саныы сылдьарын курдук, Зыкина сонун кэтэн сэгэйэн турар хаартыскатын тиксэриэх хаалбыт.

Тиһэх көрсүһүү

Үһүс көрсүһүүм 2006 сыллаахха күһүн этэ. Италияттан кэлэн иһэн, «Хаҥалас улууһун Бочуоттаах олохтооҕо» бэлиэни туттарбытым. Култууратын үтүөлээх үлэһитэ Анна Зверевалыын иккиэ этибит. Филармониятын дириэктэрин кытары кэпсэтэн, болдьоммут күнүгэр эппит аадырыстарыгар, дьону көрсөр офистара быһыылааҕа, барбыппыт. Тиийэрбитин кытары биир эдэр киһи сирдээн аан хоһу аһардан, киэҥ кабинекка киллэрбитэ. Людмила Георгиевна миигин көрөөт биллэ, кириэһилэтиттэн туран, илии тутуһан көрүстэ. Сааһыран, ньамньырыы быһыытыйбыт эрээри, улаханнык хотторботох.
– Саха сиригэр сылдьыбытым ыраатта, — диэтэ. Туох уларыйыы тахсыбытын, өрөспүүбүлүкэбит төһө сайдыбытын ыйытта.
Мин төһө кыайарбынан кэпсии сатаатым. Оройуоммут урукку төрүт атын ылан, «Хаҥалас улууһа» диэн буолбутун быһаардым, улуус бочуоттаах олохтооҕун бэлиэтин, фарфор чороону туттардым, Анна сибэкки дьөрбөтүн биэрдэ. Арахсарбытыгар Людмила Георгиевна бүлүүһэлээх чааскы, ырыалардаах диискэ уонна буклет бэлэхтээбитэ.
2009 сыл бэс ыйын 10 күнүгэр 80 сааһын туолар үбүлүөйдээх кэнсиэрдин тэлэбиисэринэн көрбүтүм. Биллэ мөлтөөбүт этэ, икки өттүттэн өйөтөн тахсан ыллаабыта. Сүүрбэччэ хонугунан «өллө» диэбиттэрин истэн, курутуйбутум. Эдэр эрдэхтэн сүгүрүйбүт, илэ бэйэтин үстэ көрсөн кэпсэтэн, чугастык саныы сылдьыбыт киһиҥ, Аан дойдуга биллибит сүдү ырыаһыт олохтон барара — сүтүк.
Кэлин тэлэбиисэринэн да, Интернеккэ да нэһилиэстибэтигэр, баайын-дуолун үллэстиигэ сыһыаннаан араас кэпсэнэрин хомойо, кэлэйэ истэбин. Дьылҕа диэн сүрдээх даҕаны. Били коттеһыгар да, кэлин офиһыгар да көрбүппүнэн өйдөөтөхпүнэ, баай кэллиэксийэлээх быһыылааҕа. Итиэннэ норуот бэйэтин улуу ырыаһытыгар тапталын-ытыктабылын бэлиэтэ балачча буолуохтаах. «Ону барытын түмэн, үөрэппит, ырыаҕа уһуйбут ыччаттара Людмила Зыкина музейын оҥордулар», – диэн сонуну истиэхпин баҕарабын уонна истиэм диэн эрэнэ саныыбын. Хата, бу кэлин филармониятыгар дириэктэрдээбит, «доченька» диир дьахтара «Дом Зыкиной» диэни тэрийэн эрэрин истэн үөрдүм.

Зыкина тус бэйэтэ илии баттаабыт хаартыската.

Раиса СИБИРЯКОВА.
ВИДЕО:

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0