Быйыл сайын өҥүрүк куйааска Евразия ураты тыыннаах муусуката биһиги сүрэхпитин «сөрүүкэттэ», дууһабытын өрүкүттэ. edersaas.ru
Тоһоҕолоон эттэххэ, от ыйыгар «Сэргэлээх уоттара» Култуура киинигэр «Улуу солко суолунан» («Великий шелковый путь») Евразия муусукатын этно-бэстибээлэ көрөөччүлэр уостарыттан билигин да түспэккэ сылдьар.
Дьокуускайга биир эрэ күн, биирдэ эрэ буолбут олус сонун уонна өрө күүрүүлээх кэнсиэркэ «Даэн» (Япония) уонна «Тэтим» (Саха сирэ) барабаанньыттар бөлөхтөрө, Непал, Япония, Монголия флейтистэрэ (ол иһигэр, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, «саха монгола» Балдорж Хуухэ) кытыннылар. Азия норуоттарын мусукааннарын түмэр аналлаах, Саха сиригэр аан бастаан ыытыллыбыт бэстибээл Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа Герман Хатылаев 55 сааһыгар анаммыта икки бүк долгутуулаах.
«Улуу солко суолунан» бэстибээл сыл аайы атын-атын дойдуга ыытыллар. Маннык бэстибээлгэ казахтар, киргизтэр, уйгурдар уо.д.а. төрүт дорҕооннорун, инструменнарын илдьэ сылдьар Азия омуктара мустан, муусука алыптаах эйгэтин үөскэтэллэр.
Ахсыс бэстибээл Саха сиригэр ыытыллан, куорат олохтоохторугар уонна ыалдьыттарыгар умнуллубат түгэннэри бэлэхтээбитигэр, саарбаҕа суох, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Клавдия уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ норуодунай артыыһа Герман Хатылаевтарга махтанабыт. Кинилэр саха омук барабаанын сайыннараары эрдэттэн дьарыктана сылдьар дьоппуоннарга тиийэн, хайдах оонньуулларын көрөн бииргэ үлэлэспиттэрэ, бииргэ кэнсиэртиир буолбуттара.
Кэнсиэри Евразия кулуубун президенэ, «Улуу солко суолунан» бэстибээллэри тэрийээччи Оно Рио Сан нууччалыы саҥаран иилээн-саҕалаан ыытта. Кини Саха сиригэр аан бастаан 35 сыл анараа өттүгэр кэлэ сылдьыбыт. Ыалдьыппыт Хатылаевтар ураты талааннарын сөҕөрүн, бүгүрү үлэһит дьон буолалларын астына бэлиэтээтэ. СӨ Култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ уонна Дьокуускай куорат култуураҕа управлениета күүс-көмө буолбуттарыгар махтанна.
Биллэн турар, ыраах олорорбутунан уонна кириисис тыына биллэн, элбэх ыалдьыты ыҥырар кыах суоҕа. Кэлбит 18 муусукаан бары эдэр дьон. Эдэр көлүөнэ дьон барабааҥҥа тэтимнээхтик оонньуулларын көрө олорон, бу былыргы искусство сүтэн-симэлийэн хаалыа суоҕар, өбүгэлэрбит үгэстэрэ, төрүт дорҕоонноро өссө туругуран туруоҕар бигэ эрэнэҕин.
Барабаан – ийэ сүрэҕин тыаһа
Дьоппуон омук этэринэн, улахан барабааннар тыастарын оҕо аан бастаан ийэтин иһигэр сылдьан истэр. Ол тыас – ийэ сүрэҕин тыаһа.
Дьоппуон эдэркээн барабаанньыттара норуоттарын матыыптарын уонна ырыаларын дьиҥ сүрэхтэринэн аһаралларын көрөөччү итэҕэйэр, ылынар. Барабааннарын тыаһа тэтимирэн истэҕин аайы оонньооччулар ураты турукка киирэн истилэр. Тэтимнээх тыас ханна эрэ иһийэн ыла-ыла, эмискэ бу ньиргийэн кэлэр. Ол да буоллар, ньиргиэрдээх тыаска флейта, цимбал уо.д.а. инструменнар нарын-намчы тыастара сүтэн-симэлийэн хаалбаттар. Күөрэйэр күннээх Япония муусуката хас биирдии киһи дууһатыгар саһа сылдьар кылын таарыйар. Оҕолор ис туруктара барыта сирэйдэригэр сурулла сылдьар, ып-ырааһынан көрөр харахтара ардыгар мэниктээн да ылаллар. Онон, туох эрэ дьээбэлээҕи, көрүдьүөстээҕи кэпсиир муусука буоларын кинилэр тутталларыттан-хапталларыттан, сирэйдэрин-харахтарын олоруутуттан, тэтимнэриттэн эмиэ тута сэрэйэҕин. Барабааннарын иннилэригэр уктан баран, сценаны биир гына сүүрэ сылдьан оонньууллар. Төрүт дорҕооннорун эрэ буолбакка, төһө кыалларынан оонньуу араас тиэхиньикэтин баһылыырга кыһаллаллара уонна баһылаабыттара көстөр.
Японияҕа олохсуйан олорор непаллар муусукалара арыый намчы. Бэйэтин дойдутугар 20 тыһыынчаҕа тиийэ киһи аһаҕас халлаан анныгар тыыммакка да туран истэр муусукааннарын көрөр-истэр дьоллоннубут. Непаллар матыыптарыгар муора алыптаах тыаһа, чыычаах дьирибинэс ырыата, долгун оонньуура уо.д.а. кэрэ көстүүлэр дуорааннара иһиллэллэр. Хатылаевтар Японияҕа непаллары кытары эмиэ уонтан тахса сылы быһа бииргэ сылдьан гастроллаабыттар, ыллаабыттар-туойбуттар. Онон Непал муусуканнарын Хатылаевтар үөрэппит, харахтарын далыгар улааппыт оҕолоро диэтэххэ, омун буолбата буолуо.
Биһиги «Тэтимнэрбит» барабааннарын тыаһа, оонньуур маастарыстыбалара ыалдьыттартан хаалсыбатын астына, киэн тутта көрдүбүт. Оҕолорбут уонча сыл устата сыл аайы Японияҕа баран дьарыктанан, онно хаста да кэнсиэртээн элбэххэ үөрэммиттэрэ биллэр. Саха дүпсүүрүн, улахан бараабааннарын тыаһыгар хараххын симэн ыллаххына, дьөһөгөй туйаҕын, хомус, ойуун дүҥүрэ уо.д.а. истэҕин. Оттон кэрэчээн солистка Айталина Батахова кырыымпатыгар норуот ырыаларын матыыба тыллыын-өстүүн иһиллэргэ дылы.
Кэнсиэр бүтэһигэр Клавдия уонна Герман Хатылаевтар Бүөтүр Тобуруокап тылларыгар, Владимир Заболоцкай матыыбыгар толорбут таптал туһунан ырыаларын омуктар бэйэлэрин инструменнарынан доҕуһуоллаатылар. Иһийэн олорон истибит көрөөччүлэр ырыа бүтээтин кытары ытыстарын тыаһа хабылла түстэ. Онуоха Клавдия: «Биһиги бастаан атын омуктар бу ырыабытын тоҕо өйдүүллэрий, сөбүлүүллэрий диэн интэриэһиргиир этибит. Онтон өйдөөбүппүт – таптал диэн истиҥ иэйии омугуттан тутулуга суох киһиэхэ барытыгар биир. Бары таптыыбыт, бары таптатабыт. Доҕуһуол биһиги олохпутугар сүҥкэн суолталаах. Биһиги төһөнөн төрүт дорҕооммутун, өбүгэлэрбит тыыннарын илдьэ сылдьабыт да, омук быһыытынан хаһан да сүтүөхпүт суоҕа. Онон «ырыа баарын тухары саха баар» диэн тураммыт Алампа тылларыгар, Людмила Пустелякова матыыбыгар «Ырыа таҥарата» диэн ырыабытынан эҕэрдэлиибит, – диэн туран өссө биир сахалыы айымньы бэстибээл бары кыттааччыларын толорууларыгар ылланна.
Ити курдук, тыыннаах дорҕоон ураты дьоро киэһэтэ барабааннар, флейта, струналаах инструменнар, таҥсыыр, кырыымпа, кылыһах силбэспит синтез-муусукатынан, оһуохайынан түмүктэннэ.
Муусука норуоттары сомоҕолуур
Аан дойду омуктара бары муусука нөҥүө кэпсэтэллэр, өйдөһөллөр. Биһиэхэ маарынныыр омуктары кытары элбэхтик алтыспыт, биир санаанан үлэлии сылдьар Хатылаевтар инникитин духуобунай муусукаҕа көһөр былааннаахтар. “Төрүт дорҕоон” айар киин – оскуола аһар баҕалаахтар. Ону сэргэ быйылгыттан барабааҥҥа оонньуурга оҕолору эрэ буолбакка, орто уонна улахан саастаах дьону дьарыктаан эрэллэр. Хатылаевтар барабаан оҕо өйө-санаата сайдарыгар көмөлөһөрүн, ис туруга ыһыллыбыт буоллаҕына, ону тэҥнээн биэрэрин бэлиэтииллэр.
Клавдия уонна Герман Хатылаевтар төрүт дорҕооннору сөргүтүүгэ олус элбэх үлэни ыыталлар. Биэс сыл устата дьаныардаахтык үлэлээн, чинчийэр үлэни ыытан, былырыын «Төрүт дорҕоон» кинигэни таһааран, саха норуотугар тугунан да сыаналаммат күндү бэлэҕи оҥорбуттара. Кэлэр сылга «Тэтим» бөлөх тэриллибитэ уон сыла буолуохтаах. Уон сыллаах үбүлүөйгэ «Тэтим» оҕолоругар анаан кинигэ таһаарарга үлэлии сылдьаллар.
Хатылаевтар саха норуотун муусукатын, духуобунай уонна материальнай култууратын харыстааһыҥҥа уонна сөргүтүүгэ улахан кылааттарын иһин, Герман Хатылаев быйыл «Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай артыыһа» үрдүк ааты сүкпүтэ барыбыт сүргэтин көтөҕөр.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru
Роман Попов хаартыскаҕа түһэриилэрэ