Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө улуустарга тарбахтарыгар талааннаах дьон араас оҥоһуктары оҥорон, дьон дьүүлүгэр таһааран эрэллэр.
edersaas.ru
Ол курдук, тимир уустара таҥмыт тааҥкаларын Кыайыы болуоссаттарыгар туруордулар. Оттон иистэнньэҥнэр араас көбүөрдэри, олбохтору тигэн бүтэрдилэр.
«Эдэр саас» саайт уопсастыбаннай кэрэспэдьиэнэАнастасия Максимова иһитиннэрбитинэн, Горнай улууһун Маҥаны нэһилиэгин уран тарбахтаах Далбар хотуна Лариса Попова «Тыыннаахтар умнуллубат сыллара» диэн дириҥ ис хоһоонноох улахан паннону тигэн бүтэрдэ. Лариса Николаевна бу паннотун олунньу ыйтан саҕалаан, Улуу Кыайыы күнүн иннинэ түмүктээтэ.
Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas .
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1