Улуу Кыайыы сылыгар — Булчут пааматынньыга

Ааптар: 
23.08.2020
Бөлөххө киир:

Улуу Кыайыы 75 үбүлүөйдээх сылыгар улуустарга араас тутууну ыыттылар, пааматынньыктары оҥорон туруордулар, искибиэрдэри саҥартылар.

edersaas.ru

Ол эрээри маннык интэриэһинэй, дириҥ ис хоһоонноох пааматынныгы биир соҕотох киһи Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылыгар анаабыта, киһи болҕомтотун тардар. Тымныы полюһунан аан дойдуга аатырбыт Өймөкөөн нэһилиэгин олохтооҕо Семен Сивцев-Өймөкөөн Сэмэнэ төрөөбүт дойдутун булчуттарыгар анаан бары аймахтарын түмэн, пааматынньык оҥордо. Өймөкөөн Сэмэниниин кэпсэтиибит — бу пааматынньык туһунан.

Өймөкөөн булчуттарыгар

— Пааматынньык тоҕо чуолаан булчукка ананна?

— Аҕа дойду Улуу сэриитин саҕана Өймөкөөн дьонун сэргэтин хоргуйууттан быыһаабыт Өймөкөөн булчуттарыгар уонна куобахха аналлаах махтал Мэҥэ бэлиэтин Баһыккалар уонна Тооһой аҕа ууһун аймах дьоно көмөлөөн оҥордубут.

— Куобахха дуо?

— Оҕо эрдэхпиттэн сэрии сылларыгар куобах мэнээгэ өймөкөөннөрү хоргуйууттан быыһаабыта диэн ийэм кэпсээнин истэ улаатан, Куобахха аналлаах Мэҥэ бэлиэ туруорар санаа өссө 90-с сылларга киирбитэ. Сэрии ыар кэмин саҕана аҕам улахан эдьиийэ Маайа «оҕо сылдьан эһээбит тыаттан кэллэ даҕаны, бултаабыт куобаҕын ыалларынан үллэрэн оҕолоругар туттара-туттара тарҕатар этэ. Биһиги, кыра дьон, оннук элбэх ыалга сүүрэкэлиир этибит» диэн кэпсээбитэ. Ол кэпсээн өйбүттэн арахсан биэрбэтэҕэ. Куобах Мэҥэ бэлиэҕэ Булчут уобараһын эбэн киллэрэр диэн санаа үөскээбитэ. Өр сылларга иитиэхтии сылдьыбыт санаабын, анаан эрдэттэн болдьообут курдук, Улуу Кыайыы 75 сылыгар ситэри ситэрэн олоххо киллэрдим. Оҥоһукпут уопсай аата “Махтал Мэҥэ Бэлиэтэ“ диэн. Ол бэлиэ турар сиригэр «Махтал бэлиэтэ» диэн искибиэр оҥоруохпут.  Хара Тумул нэһилиэгэр оччотооҕу “Кыһыл Сиэктэр“ холхуос ыһыах ыспыт сиригэр Тырыбынаҕа туруоҕа.

Сиэмэнтэн – пааматынньык

— Итинник дьоҕус пааматынньык туох матырыйаалынан оҥоһулунна?

— Сиэмэни буккуйан, бетон оҥорон, онтон чочуйан Булчут уобараһын айбытым. Тимиринэн иһэрдэн араамалаабытым. Талаҕы тимиртэн таптайан оҥордум. Булчут киһи тыаҕа сылдьан, үксүгэр сууллубут маска, төҥүргэскэ эбэтэр сылбахха сынньана олорооччу. Төҥүргэстэн үүнэн тахсыбыт Талах бэлиэтэ — туох барыта үүнэн чэчирии тылларыгар тирэнэр тирэхтээх, төрдүлээх, төрүттээх буолар диэн ис хоһоонноох. Ити төҥүргэстэн үүнэн тахсыбыт талах анныгар уйалаах чыычаах сымыыт баттыы сытар. Сымыыт баттыыр чыычаах — олох салҕаныыта. Онон Айылҕаттан айдарыылаах олох тыыннаах кэпсэлэ – бу пааматынньык ис хоһоонугар.

— Ити Булчут уобараһа – чопчу киһи мөссүөнэ дуо?

— Өймөкөөн эр дьонун хомуйуллубут мэтириэтэ диэхпин сөп. Чопчу биир киһини ойуулааһын буолбатах.

— Төһө улахан пааматынньыгый?

— Саха орто эр киһитин үрдүгүн саҕа. Ол булчут төҥүргэскэ олорорун ойуулаан көр. Оннук көстүүлээх.

Аймаҕынан – үтүө дьыала

— Быйылгы сыл бары өттүнэн суолталаах бэлиэ сыл. Кырдьык да, үөһэттэн ыйыллыбыт курдук…

— Быйыл Өймөкөөн улууһа төрүттэммитэ 100 сыла. Улуустааҕы култуура управлениета бу суолталаах үбүлүөйүнэн сибээстээн, улуус олохтоохторугар уонна тэрилтэлэргэ туһаайан  «Өймөкөөн улууһа 100 сылыгар – 100 үтүө дьыаланы!» диэн ыҥырыы таһаарбыта. Быйыл Улуу Кыайыы 75 сыла. Аны Ийэ дойдуга бэриниилээх буолуу сыла диэн бэртээхэй бэлиэ сыл. Онон бу суолталаах бэлиэ сыллары холбуу тутан чиэстээн, аймахтарбын түмэн төрөөбүт дойдубутугар үйэлээх үтүө дьыаланы оҥордубут.

— Аймаҕынан диигин. Урууларыҥ тугунан көмөлөстүлэр?

— Бары харчы кыттыһан, пааматынньык матырыйаалын куораттан ылларбыппыт. Онно сиэмэн, тимир иһэрдэр тэрил, кырааска уо.д.а. тутуу матырыйаалын атыылаһан аҕалбыттара. Онон үлэбин биир ый иһигэр бүтэрбитим.

Тимир уус сыдьаана

— Эн бары өттүнэн айар куттааххын. Айылҕаттан бэриллибит бөлүһүөк толкуйуҥ хас хардыыгын батыһа сылдьан, «үйэлээҕи оҥорон, айан хааллар» диэбит курдук…

— Төрдүбүтүгэр тимир уустара бааллар. Аҕам маһынан уһанар этэ. Ол иһин киниттэн уһуйуллан, маһынан эмиэ уһанабын. Тимиринэн уһанарга аҕам Исай диэн быраата уһуйбута. Дьиҥ илиибинэн оҥорон таһаарбыт бу иккис пааматынньыгым. Биирим Алексей Кулаковскайга – Өксөкүлээх Өлөксөйгө анаммыта.  Ол Үрэх Төрдүгэр киирии айан суол кытыытыгар турар. Өксөкүлээх 1924 сыллаахха ытык түбэ дьонугар анаан сахалыы  ыһыах ыспыт. Өймөкөөҥҥө аан бастаан ыһыах ыһыллыбыта уонна улуу киһи бэйэтинэн тутан-хабан сэргэни туруорбут бэлиэтигэр бу Мэҥэ пааматынньыгы оҥорбутум.

… Сатабыллаах Өймөкөөн Сэмэнэ билигин айар үлэтин саамай үгэнигэр сылдьар. Кини өссө төрөөбүт Өймөкөөнүн хаартыскаҕа түһэрэн үйэтитэн, хоһоон айан, араас эсселэри суруйан биир дойдулаахтарын биһирэбилин, махталын ылар. Быһата, айар куттаах киһи барытыгар талааннаах. 

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0