Улуу Кыайыы: Аҕабын 49 сыл кэтэспитим

Ааптар: 
28.02.2020
Бөлөххө киир:

Мин аҕам Николай Семенович Иванов Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 1942 с. балаҕан ыйын 29 күнүгэр Чурапчы улууһун Соловьев нэһилиэгиттэн ыҥырыллан барбыта.

edersaas.ru

Аҕам төрүт-уус Хатылы киһитэ этэ. 1942 сыллаах сайын кураан буолан, Соловьев нэһилиэгэр оттуу көһөн тахсан, Уҥунуох диэн сайылыкка олордохпутуна, бэбиэскэ кэлбитэ. Оччолорго ийэм Александра Яковлевна үһүс оҕотун «ыарахана», мин сэттэ, бы­раатым Сеня биэс саастаах этибит. Биһигини кытта аҕам төрөппүттэрэ — икки хараҕа суох эһэбит уонна аҥаар көрөрдөөх эбээбит бааллара.

Ыарахан атаарыы

Аҕабын сэриигэ атаарбыт киэһэбитин бу баардыы өйдүүбүн, хараҕым уутун кыаммаппын. Ол киэһэ дьонум алаадьы астаабыттара уонна хантан булаахтаабыттара буолла, эт буһарбыт этилэр. Бары да олус хараастыбыппыт, ытаспыппыт-соҥоспуппут. Биһигини кыһын ханна олордоллорун, ханнык ыалга сыһыаралларын сүбэлэспиттэрин үдүк-бадык өйдүүбүн. Киэһэ утуйаары бырааппын кытары сыҥаһа ороҥҥо сыттахпытына, аҕабыт кэлэн иккиэммитин кууһан ылан, сыллыы-сыллыы: «Хойут улаатан, үчүгэй дьон буолаарыҥ», — диэн баран куолаһа “кэбирээбитэ”. Сарсыныгар аҕам атынан уонтан тахса көстөөх оройуон киинигэр киирбитэ, ийэм (алта ыйдаах ыарахан дьахтар) кинини атаараары барсыбыта. Дьонум барахсаттар төһөлөөх айманан-долгуйан айаннаабыттарын Туолума үрэх киэҥ сыһыыта билэн турдаҕа….
Аҕам аармыйаҕа барарыгар кэпсэппитин курдук, биһиги ити кыһын Сыырдаах алааска, аҕам эдьиийэ (аҕатын кытары бииргэ төрөөбүт киһи кыыһа) Өкүлүүн, күтүөтэ Ньукулай Сибиряковтарга олорон кыстаабыппыт, эһиилигэр сүөһүбүтүн илдьэ дойдубутугар Хатылыга көспүппүт. 1942 с. ахсынньыга быраатым Коля төрөөбүтэ. 1943 сыл сааһыгар аҕам сураҕа суох сүппүтүн туһунан биллэрии кэлбитэ. Ийэм 1944 с. өлөн, үс оҕо тулаайах хаалбыппыт. Хата, эбээбит Варвара Семеновна төһө да нэһиилэ борутан сырыттар, көрөн-истэн итиэннэ интэринээт уонна оҕо дьиэтэ абырааннар, киһи-хара буолбуппут.

Сир астаан, кэһиибин уурарым

Дьон-сэргэ аҕабын сүрдээх үчүгэйдик саныыра, кыайыылаах үлэһит, булчут бэрдэ этэ диэн ахталлара. Оскуола паартатыгар биир күн олорбокко, бэйэтин баҕатынан ааҕарга-суруйарга үөрэммит. Тыллаах-өстөөх, дьаһаллаах буолан, холкуоска биригэдьиирдээбит, нэһилиэк сэбиэтигэр бэрэссэдээтэллээбит, кэлин нолуок иниспиэксийэтигэр ааҕынынан үлэлээбит.  Аҕабын кэлиэ диэн мин мэлдьи кэтэһэрим. Сайын сир астаан кэһии уурарым. Дьоллоохтор сэрииттэн кэлитэлээн испиттэрэ. Ол аайы эрэйдэнним да этэ! Бырааттарбын кытта айан суолун кэтээн, саллаат таҥастаах киһи иһэрин көрдөрбүт эрэ утары сүүрэн иһэн, атыҥыраан, хомойон куустуһан туран ытаһарбыт… Биир оннук сырыыга Иван Дмитриевич Листиков төбөбүтүттэн сыллаталаан ылан баран:
— Һыллыйдар, эһиги аҕаҕыт эмиэ кэлиэҕэ, — диэн уоскуппута.

Долгутуулаах сурук

Улаатан баран аҕам ханна хараллан сытарын булар санаанан соҕуруу араас байыаннай архыыптарга элбэхтэ суруйбутум. Барыта ууга тааһы бырахпыт курдук сүтэрэ. Кэмниэ кэнэҕэс 1991 сыл күһүнүгэр Украина Харьков куоратыттан маннык ис хоһоонноох сурук кэлбитэ:
«Ытыктабыллаах табаарыс Мотрена Николаевна Иванова-Адамова!
Эһигини алтынньы 11-12 күннэригэр кэлэргитигэр ыҥырабыт. 1943 сыллаахха кулун тутар 12-13 күннэригэр Харьков куорат иһин кыргыһыыга өлбүт буойуттар кырамталарын, ол иһигэр эһиги аҕаҕытын, буламмыт, 1990 сыллаахха Ново-Алексеевскай кылабыыһаҕа көмпүппүт.
Истиҥ эҕэрдэни кытары Виктор Сергеевич Старченко».
Оо, онно хайдахтаах үөрбүппүн тылбынан сатаан кэпсээбэппин. Кэргэммин, Петр Егорович Адамовы, кытары сүбэлэһэн, улуус байаҥкамаатынан кэпсэтиннэрэн, көстүбүт байыас аатын-суолун, хаһан уонна хантан ыҥырыллыбытын ыйыттарбыппыт. Онно хардаран Старченко чахчы Чурапчы Хатылытыттан ыҥырыллыбыт Николай Семенович Иванов кырамтата көстүбүтүн туоһулуур тэлэгирээмэни ыыппыта. Инньэ гынан, үс бииргэ төрөөбүт (мин, Сэмэн уонна били ийэ иһигэр хаалбыт Коля) тэринэн-оҥостон, Москваҕа көппүппүт, салгыы Харьковка тиийбиппит. Ити 1991 сыл алтынньы 8 күнүгэр этэ.

Харковька – пааматынньык

Виктор Старченко барахсан төрүт хаан-уруу аймахтарын курдук, ытыһын үрдүгэр түһэрэн көрсүбүтэ. “Турист” гостиницаҕа олохтообута. Батыһыннара сылдьан, Байыаннай мусуойу көрдөрбүтэ, сэриигэ өлбүт байыастар көмүллүбүт сирдэрин хаһан, хантан уонна хайдах булбуттарын кэпсээбитэ.
1943 с. кулун тутар 12-13 күннэригэр Харьков куораты көмүскүүр кыргыһыыга өлбүт 117 сэбиэскэй саллааты ньиэмэстэр биир ииҥҥэ бульдозерынан астаран баран, үрдүлэринэн буор куппуттар. Кыайыы кэнниттэн хас да сыл буолан баран, 1948 сыллаахха, куорат олохтоохторо онно эргиир оҥорбуттар. Ол кэлин сиҥнибитин иһин, Виктор Старченко сала­йар «Тропинка» көрдүүр этэрээтин байыастара 1990 с. саллааттар кырамталарын хостоон, куорат 9 №-дээх “Ново-Алексеевскай” диэн ааттанар кылабыыһатыгар көмпүттэр.
Кимнээх кырамталара көстүбүтүн ботуруоҥҥа угуллубут кумааҕылартан билбиттэр. Биир оннук ботуруон иһигэр мин аҕам аата-суола, аармыйаҕа хаһан, хантан ыҥырыллыбыта, дойдутугар хаалбыт дьонун, биһиги ааппыт сурулла сылдьар эбит. «Тропинкалар» онон көрөн биллэрии ыыппыттарыгар, Сэбиэскэй сойуус араас өрөспүүбүлүкэлэриттэн өлбүт саллааттар аймахтара уон сэттэ ыал бэрэстэбиитэллэрэ кэлэн чиэстээн көмүүгэ кыттыбыттар. Оттон мин аадырыспын Виктор Сергеевич Подольскайдааҕы байыаннай архыыпка ыыппыт сурукпуттан кэлин булан, хойутаан ыҥырбыт эбит.
Ново-Алексеевскай кылабыыһаҕа пааматынньык туруорбуттар, өлбүт буойуттар сытар буордарын үрдүгэр араас сиэдэрэй сибэккилэри олордубуттар, ааттарын-суолларын көмүс буукубаларынан суруйбуттар. Кинилэр кэккэлэригэр биэс саха киһитэ баар. Мин аҕам Николай Семенович Иванов аата ортоку стелаҕа суруллубут. Ити курдук, балаҕанын аанын сабан тахсыбыта лоп курдук 49 сыл буолан баран, аҕам көмүс уҥуоҕа көстүбүтэ!
Аҕам 19-с стрелковай дивизия 32-с стрелковай полкатын ахсыс ротатын байыаһа эбит, Харьковы көмүскүүр кыырыктаах кыргыһыыга олоҕун толук уурбут. Кини полкатын байыастара Павловка сэлиэнньэтин дьоруойдуу көмүскээбиттэрин туһунан 1943 сыллаахха «Харьковские огни» хаһыат суруйбут. Ол куоппуйатын уонна уопсай иинтэн көстүбүт аҕам курун, бүк тутуллар быһаҕын итиэннэ көрдүүр этэрээт байыастара Ново-Алексеевскай кылабыыһаҕа уҥуох тута сылдьар хаартыскаларын аҕалан, Хатылытааҕы Албан аат мусуойугар бэлэхтээбитим.

Түмүк оннугар

Сэбиэскэй былаас саҕана Украина Арассыыйаны кытары биир судаарыстыба буолан олорбуттара. Омугуттан тутулуга суох бары биир сомоҕо сэбиэскэй норуот этибит. Ол да иһин Украина дьоно ыраах Саха сиригэр олорор үөрэҕэ суох эмээхсини, миигин, ыҥыран аҕам көмүс уҥуоҕар сырытыннардахтара. Эһиилигэр Сойууспут эстэн, кинилэр туспа дойду буолбуттара. Ол эрээри, оо, аны биирдэ Харьковка тиийэн, аҕам көмүс ­уҥуоҕар сүгүрүйэн кэллэрбин!

Матрена Адамова, Чурапчы, Дириҥ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0