Сураҕа суох сүппэттэр

Ааптар: 
23.01.2020
Бөлөххө киир:

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ сахалар хорсуннук сэриилэспиттэрэ. Кинилэр төһө да сэриилэһэ үөрүйэхтэрэ, анал бэлэмнэниилэрэ суоҕун, үгүстэрэ нууччалыы да билбэтэхтэрин иннигэр, атын омуктартан итэҕэһэ суох, сороҕор өссө ордук сэриилэспиттэрэ. Саха саллаата бэргэнник ытарынан эрэ буолбакка, тулуурунан, булугас өйүнэн, сатабылынан чорбойоро. Ону Саха сириттэн ыҥырыллыбыт байыастартан 27 биир дойдулаахпыт Сэбиэскэй Сойуус Дьоруойун үрдүк аатын ылбыта да туоһулуур.

Хаардаах, тыйыс, хотугу дойду оҕолоро аатырбыт Ильмень күөлгэ суорума суолламмыт 19-с хайыһар туспа биригээдэтигэр элбэх этилэр. Бу биригээдэ састаабыгар 1712 нуучча, 597 саха, 253 украинец уонна 360 атын омук бэрэстэбиитэллэрэ бааллара биллэр. 19-с хайыһар туспа биригээдэтэ 1943 сыл олунньу 23 күнүгэр уҥуоргу кытылга тахсан, өстөөх бөҕөргөтүнэн сытар Ретле дэриэбинэтин ыларга сорудах туппута. Түүҥҥү хараҥанан саптан, Ильмень күөлү ортотунан туораан испиттэрэ. Кинилэр 40 кыраадыс тымныыга күөрэ-лаҥкы тоҥмут муус устун үс көһү барыахтаахтара. Хайыһардьыттар халлаан сырдыар диэри кыайан туораабакка, өстөөх авиациятын, артиллериятын күргүөмнээх уотун анныгар түбэспиттэрэ. Утары кытылтан эмиэ күүскэ ытыалыыллара. Биригээдэ улахан сүтүктэммитэ. Күөл ньуура хаанынан халыйбыта. Бу кыргыһыыга 374 киһи сырдык тыына быстыбыта, 916 киһи бааһырбыта.

Интэриниэккэ тахсыбыт иһитиннэрии

Старай Русса куоракка «Долина» ирдиир-көрдүүр этэрээт 1988 с. тэриллибит. Этэрээт байыастара бу кэм устатыгар 117 тыһыынча саллаат көмүс уҥуоҕун булан хос көмүүнү оҥорбуттар, олортон 22 тыһыынча киһи аатын-суолун быһаарбыттар. Былырыын саас, муус устарга, кинилэр интэриниэккэ маннык ис хоһоонноох биллэриини таһаарбыттара:
«Наш поисковый отряд поднял останки 39 бойцов, предположительно все 23 гвардейской стрелковой дивизии по боям февраля 1943 года, д. Котецко Старорусского района Новгородской области. Найдены именные подписные вещи: медаль «За отвагу», медальон (на экспертизе), ложка с надписью “А.И. Евсеев”, гвардейский значок.
Разыскиваем родных Евсеева Афанасия Ивановича, 1920 г.р., из Якутии, Сунтарский район, деревня Шея».

Бу ахтыллар Афанасий Иванович Евсеев биһиги эһээбит Никита Иванович Евсеев бииргэ төрөөбүт убайа буолар. Бу биллэрии тахсыбытын истэн бараммыт, чахчытын билээри, биһиги “Долинаҕа” суруйбуппут, онно хардаран этэрээт хамандыыра Игорь Голоснов суруйбута уонна “В контакте” диэн көрдөөччүлэр бөлөхтөрүгэр киллэрбитэ. Афанасий Евсеев сэриигэ 22 саастаах эдэр киһи, 1942 с. от ыйын 16 күнүгэр ыҥырыллыбыт, сэттэ кылаас үөрэхтээх, «Хомсомуол 15 сыла» холкуос чилиэнэ эбит. Дьонугар сураҕа суох сүппүтүн туһунан “хара сурук” эрэ кэлбит. Онон, Ийэ дойду көмүскэлигэр олоҕун толук уурбут буойун абаҕабыт көмүс уҥуоҕа сэттэ уонтан тахса сыл буолан баран, ирдиир-көрдүүр этэрээт көмөтүнэн көһүннэ!

“Истэр күннээх эбиппин…”

Биһиги эһээбит Никита Иванович сааһын тухары холкуоска, сопхуоска оробуочайынан үлэлээн бочуоттаах сынньалаҥҥа тахсыбыта. Кэргэнэ Любовь Егоровналыын уон оҕону төрөтөн, олох киэҥ аартыгар үктэннэрбитэ. Үҥкүү тылын таһаарар идэлээх этэ, Сергей Зверев үбүлүөйүгэр анаммыт улуус ыһыаҕар оһуокайга бастакы миэстэ буолан турардаах. Билигин 88 саастаах ытык кырдьаҕас, икки хараҕынан көрбөт буолан, Сиэйэҕэ кыыһыгар Галинаҕа олорор. «Долина» ирдиир-көрдүүр этэрээт хамандыырын Игорь Голоснов суругун муус устар 28 күнүгэр батсаап ситиминэн соһуччу туппуппут. Ол киэһэ аймахтыылар бары түмсэммит, алаадьы астаан, ис миинэ буһаран эһээбитин аһата олорон, сэмээр бииргэ төрөөбүттэрин туһунан ыйыталаспыппыт уонна уруккуну-хойуккуну кэпсэтэн, сыыйа убайа Аппанаас көмүс кырамтата көстүбүтүн туһунан эппиппит. Эһээбит барахсан соһу­йан, долгуйан олорон, икки көрбөт хараҕын уута аргыый сүүрэн түспүтүн түргэн үлүгэрдик соттумахтаат, маннык кэпсээбитэ:

— Истэр күннээх эбиппин… Убайым Аппанаас сураҕа суох сүппүтүн сүрэҕим түгэҕэр кистээн, күүтэн-кэтэһэн бачча сааспар кэллим… Убайым миигин көрө-истэ сылдьара, кустуу барарыгар илдьэ барара. Саанан үчүгэйдик ытара. Киэһэ ороҥҥо атахтаһа сытан, элбэҕи кэпсиир, үөрэтэр-сүбэлиир буолара. Бу санаатахпына, оччотооҕу кэминэн балачча үөрэхтээх киһи буолан, билэрэ-көрөрө элбэх эбит. Сэрии саҕаланарыгар мин оҕус сиэтэр тоҕус саастаах оҕо этим, онон убайбын атаара баран эрэрбин бу баардыы өйдүүбүн. Биир ынахтаахпытын дьонум айаныгар диэн биэрэн ыыппыттара, аҕыйах хонон баран төннөн кэлбитэ, ону Аппанаас эргиллибэт бэлиэтэ буолуо диэн кэлин саныырым. Биир да суругу туппатахпыт… Урут сураҕа суох сүппүттэри аанньа ахтыбаттарыттан олус хомойорум. Быдан хойут, Кыайыы 35 сылыгар, ийэбитигэр Сүөкүлэҕэ былаат биэрбиттэрин өйдүүбүн. Билигин көстүбүт сураҕын истэммин, үөрэбин, киэн туттабын.

Өлбөөдүйбэт өйдөбүл

Былырыын саас, ыам ыйыгар, сиэн аймахтар — Зоя Никитична Бессонова, кини уола Георгий уонна мин ийэм Наталья Николаевна Максимова Сиэйэ нэһилиэгин баһылыга Алексей Обоюковтыын төрдүө буолан, ыҥырыллан тиийэн абаҕабыт көмүс уҥуоҕун көтөҕөн, төрөөбүт алааһыттан ытыс буору илдьэн кутан кэлбиттэрэ. Кинилэр Старай Руссаҕа тиийэн билбиттэринэн, ити хааннаах кыргыһыы икки күн иннинэ батальон хамыһаара Афанасий Евсеев разведчиктар бөлөхтөрүн салайан Ильмень күөлү туораппыт. Ол бөлөх олунньу 24 күнүгэр уҥуоргу кытылга тахсыбыт хайыһардьыттар биригээдэлэригэр холбоһон, өстөөхтөн хас да нэһилиэнньэлээх пууннары босхолообут. Убайбыт, абаҕабыт Афанасий кырыктаах кыргыһыыга сылдьан, Котецко диэн дэриэбинэ таһыгар сырдык тыына быстыбыт…

—Бачча ыраах сиртэн кэлэҥҥит, абаҕаҕытын кэриэстээн кэлэн бардыгыт, — диэн ирдиир-көрдүүр этэрээт байыастара, патриотическай кулууп салайааччылара истиҥник махтаммыттар. Чиэстээн-бочуоттаан, элбэх сиргэ босхо дьаарбаппыттар, итиэннэ интэриниэккэ бэйэлэрин саайтарыгар маннык суруйбуттара:

«Благодарные потомки воина-гвардейца вместе с главой сельской администрации лично прибыли из далекой Якутии в Старую Руссу на церемонию захоронения найденного бойца Евсеева А.И. P.S. С книгой, подаренной якутами, знакомимся в порядке живой очереди.

Отряд «Долина», Старая Русса. 8 мая 2019 года».

Түгэнинэн туһанан, дьоммут айаннарын ороскуотун уйуммут улууспут дьаһалтатын баһылыга Анатолий Григорьевка, социальнай бэлиитикэ управлениетын салайааччытар Гаврил Еремеевкэ, үөрэх управлениетын идэлээх сойуустарын салайааччыта Валерий Егоровка, нэһилиэкпит баһылыгар Алексей Обоюковка, Сиэйэ оскуолатын дириэктэрэ Гаврил Михайловка, таайбытыгар Анатолий Степановка махталбыт муҥура суох.

Биһиги дьоллоох олохпут иһин сырдык тыынын биэрбит Афанасий Иванович Евсеев киһилии хараллан, төрөөбүт буорун сыттанан сытыа, оттон биһиги 75 сыл кэнниттэн кини аатынан киэн туттар кыахтанныбыт.

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

Николина Максимова, Сунтаар улууһун Сиэйэ орто оскуолатын 9 кылааһын үөрэнээччитэ,

Анатолий Степанов, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх учуутала.

«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0