“Улуу киһилиин алтыспыт дьоллоохпун…”

19.10.2021
Бөлөххө киир:

1944 сыллаахха сут дьыл, аччыктааһын, хоргуйан өлүү өссө да уурайа илигэ. Хонон турдахха, “тыыннаах эбиппин” диэн үөрүү буолара, кии дуу, киһи дуу буолар күчүмэҕэйдээх күннэр этилэр… Төрөппүккэ хам аччык оҕолор ааттаспыт харахтарын, күн-түүн чүмэчи курдук ууллан иһэллэрин көрөртөн ордук ыар туох баар буолуой?

Дьэ, оннук кэмҥэ 5 оҕолоох ыал ийэтэ ыарахан буолбутун билэр. Аҕыста оҕоломмутуттан, үс оҕолоруттан илии соттубут сүтүктээхтэр. Аҕалара икки хараҕа суох буолан, сэриигэ барбатаҕа, күүстээх-уохтаах эрээри, толору үлэлээн-хамсаан, бултаан-балыктаан аһаталыыр кыаҕа суоҕа. Оттон ийэлэрэ ыарытыйар, кини суһуоҕуттан туһах хатан, куруппааскыга туһахтаан, дьон куйуурдаан баран хаалларбыт бытархай мунду тобоҕунан аһаан, инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан олороллоро. Өссө биир айах эбилиннэҕинэ, хайдах буолуохтарай?

Бу курдук мунчааран, ийэлэрэ таайыгар, ойуун киһиэхэ сүбэ-соргу көрдүү барбыт. Онуоха: “Бу оҕо төрөөн, эһиги олоххутун быыһыыр киһи буолсу. Устар ууну сомоҕолуур уус тыллаах бэрдэ, кыыс оҕо кылааннааҕа, элбэх оҕо-уруу төрдө буолуо” диэн көрүүлэммит.

Чахчы, элбэх оҕолоох ыалларга көмөлөһөр туһунан ССРС Үрдүкү Сэбиэтин ыйааҕа 1944 сыллаахха тахсар. Сэрии кэмигэр төрөөбүт оҕолоох ыалларга 20-лии миэтэрэ маҕан өҥнөөх, “быттаах бээс” (бязь с катышками) биэртэлээбиттэр. Онон оҕолуун-кырдьаҕастыын бары маҕан таҥаһы туруору таҥнан туналыһыы буолбут. Ону тэҥэ, оҕо 5 сааһын туолуор диэри 80 солкуобай төлөнөр буолбута.

Дьэ, бу курдук 1945 сыл кулун тутар ыйыгар биһиги дьоруойбут күн сирин көрбүтэ. Ол саҕана Сунтаартан биир көстөөх Ново-Александровка диэн татаардар дэриэбинэлэригэр олороллоро. Сэрии бүтэн, олох сыыйа көнөн барбыта. Ол да буоллар, Рита элбэх оҕолоох ыалга кырыымчык олох диэни этинэн-хаанынан билэн, оскуолаттан эрдэ уурайарга күһэллибитэ. Киэһээҥҥи оскуоланы үлэлии-үлэлии бүтэрбитэ.

16 сааһыттан Сунтаардааҕы промкомбинакка үлэлээбитэ. Ол саҕана маһынан арыы дьааһыгын оҥороллоро. Пилорамаҕа баран, мас булан, эрбэтэн бэлэмнииллэрэ. Сарсыныгар онтуларын саайаллара. 3 симиэнэнэн үлэлииллэрэ, киэһээ алта чаастан түүн 2-гэ диэри үлэ буолара. Сайынын кирпииччэ үктээн, күһүн дьиэ өрөмүөннээн, сытыы-хотуу кыысчаан эр дьону кытары тэҥҥэ үлэлиирэ.

Эдэр саас таптала

1962 сыллаахха норуодунай тыйаатыр тэриллэн, талааннаах ыччаты ыҥырбыттара. Кыыс ымсыырдар да, түүннэри-күнүстэри үлэлии сылдьан, артыыстыыр солото суоҕа. Дьэ, ол да буоллар, баҕата батарбакка, эһиилигэр “Күкүр Уус” пьесаҕа сүрүн оруолу – Күннэйи оонньуур буолбута. Оттон эр дьоҥҥо сүрүн – Дьуур оруолун кулууп худуоһунньуга уол Тихон оонньуура.

Оччотооҕу ыччаттар талбыт уоллаах кыыстарын анаан билиһиннэртиир идэлээхтэр эбит. Биирдэ Ританы дьүөгэтэ ыҥыран, биэчэргэ кучуйан илдьибит, кими эрэ кытта билиһиннэрбит. Оттон Тихоны атын кыыска сыыттыы сатаабыттар. Ол эрээри, уол көрдө көрөөт, эдэркээн Ританы сөбүлээн кэбиспит. Бу кэнниттэн пьесаҕа бииргэ оонньоон, чугасыһан барбыттар. Эчи, иккиэн да кыраһыабайдара, талааннаахтара бэрдэ!.. Ырыаһыт-үҥкүүһүт, дэгиттэр спортсмен, уран уус этилэр.

1963 сыллаахха ыал буолбуттара. Урутаан эттэххэ, 5 үчүгэйкээн оҕону төрөтөн, бэрт айымньылаахтык үлэлээн-хамсаан иһэн, Тихон 38 эрэ сааһыгар сүрэҕинэн соһуччу суох буолбута. Кини эдэр эрдэҕиттэн ыарытыйара. Маргарита Николаевна оҕолорун соҕотоҕун атахтарыгар туруортаабыта. 80-с сыллардааҕы уларыта тутуу, 90-с кырыымчык сылларга туох кыһалҕаны көрсүбүтүн бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ…

Кыыл Уолун ансаамбылыгар

Ааспыт үйэ 50-с сылларыгар Сергей Зверев-Кыыл Уола талааннаах ыччаттары түмэн, саха фольклорун, үҥкүүтүн сөргүтэр үлэтин саҕалаабыта. Ансаамбыл тэрийэн, анаан эрчийэн, 30-тан тахса үҥкүүнү туруоран, Сэбиэскэй Сойуус үрдүнэн аатырбыттара, Москваҕа хаста да баран кэлбиттэрэ.

Тихон Сергей Афанасьевиһы кытары ыкса билсэрэ, чугас доҕордуулар этэ. Ансаамбылга үҥкүүлүүрэ, көстүүмнэрин эскизтэрин оҥороро. Бу эскизтэринэн иистэнньэҥ тигэн, өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска кыттан, кыайбыттара, 800 солкуобайынан бириэмийэлэммиттэрэ. Ол туоһу суруга баар.

Оттон кэргэнэ оҕолоох, атын үлэлээх буолан, ымсыырдар да, кыттыһар кыаҕа суоҕа. Ансаамбылга олох оргуйан олороро. Бэлэмнэнии, кэлии-барыы, гостуруоллар…

— Чиэһинэйдик этэбин, миигин Сергей Афанасьевич талбатаҕа. Ол эрээри, оччоттон баччаҕа диэри солбук диэн баар. Ким эмит ыарыйдаҕына, кэлэн-баран хааллаҕына, солбуйар киһи баар буолуохтаах. Миигин солбугунан ылбыттарыгар, үөрүүнэн киирдэҕим дии. Кэргэммин кытары бииргэ үҥкүүлүүр, гостуруоллуур буолбуппут. Кэрэ да кэмнэр этилэр!. Күлсүү-салсыы, көр-нар уҕараабат этэ. Быыс эрэ булларбыт, тойук да туойарбыт, ыллыырбыт, үҥкүүлүүрбүт.

Ньурбаҕа баран, биир ыйы быһа бэлэмнэммиппит. Москваҕа Аан дойдутааҕы ыччат бэстибээлигэр кытта барыахтаах этибит. “Хотой үҥкүүтүн”, “Дружба”, “Оһуор” үҥкүүлэри туруорбуппут.

Кэргэннээх кыргыттар, сэрэниҥ, хат буоллугут да, хаалаҕыт” диэн Кыыл Уола сэрэтэр этэ. Дьылҕам ыйааҕа буоллаҕа, мин ыарахан буолан, Москваҕа барбатаҕым. Оҕо диэн Үрдүкү Айыылар бэлэхтэрэ, улуукан дьол буоллаҕа, онон кэмсиммэппин. Эдэр сааспар талааннаах, үтүөкэн дьону, улуу Киһини кытары ыкса алтыспыппынан дьоллоохпун.

Сергей Афанасьевиһы “кытаанах” дииллэрэ буолан баран, мин оннугун көрбөтөҕүм. Биһиэхэ төрөппүт оҕолорун курдук сыһыаннаһара. Хаһан да мөхпөт, куһаҕаннык саҥарбат этэ. Кини итэҕэлин ылан, үрдүк эппиэтинэһи өйдөөн, кыахпыт баарынан кыһалларбыт, — диэн Маргарита Николаевна ахтар.

Көмүс, мас уустара

Кэргэнэ кулууптан уурайан баран, олох-дьаһах кэмбинээтигэр үлэлии киирбитэ. Тимофеевтар Сунтаарга аан бастаан кэмбинээт иһинэн көмүһүнэн уһанар ювелирнэй сыаҕы арыйбыттара.

Тихон Данилович дэгиттэр талааннаах, айылҕаттан айдарыылаах мас, муос, көмүс ууһа, худуоһунньук этэ. Сунтаарга баар хас да пааматынньык эскиһин оҥорбута. Модельер быһыытынан мааны таҥас эскизтэрин уруһуйдуура. Оччотооҕу кэмҥэ ураты киэргэллэри оҥороро. Холобур, хартыына курдук ис хоһоонноох “Байанай” диэн ытарҕа баар: дьүкээбил, харыйа, кырынаас, үс булчут…

Маргарита кэргэнигэр көмөлөһөн, хара үлэтин оҥорон биэрэрэ. Төһөлөөх киэргэллэри, чорооннору, значоктары, быһахтары оҥорбуттара буолуой? Кинилэр үлэлэрэ аан дойдутааҕы быыстапкаларга туруоруллубуттара, Сунтаар уустарын ааттаппыттара, билигин киин куораттар, омук мусуойдарыгар бааллар.

Маргарита Николаевна кэлин 10 үрүҥ көмүс ньуосканы атыылаһан, илин кэбиһэри оҥорбута. Ол Москваҕа быыстапкаҕа барбыта, онтон Н.Крупская аатынан мусуой атыылаһан ылбыта, билигин онно көрдөрүүгэ турар. Арааһа, элбэҕэ суох харчы быһыылааҕа да, 5 оҕону соҕотоҕун иитэр киһиэхэ көмө буоллаҕа.

Тамада быһыытынан эбии харчылаһара, 300-тэн тахса ыалы түстээбитэ. Ырыаһыт, тойуксут, тыллаах-өстөөх буолан, ыҥырыыга сылдьара, сороҕор биир күн икки сыбаайбаны ыытан кэлэрэ.

Сардаана Тимофеева моделлара.

Оҕолорун үөрэттэрээри Дьокуускайга көһөн кэлбиттэрэ. ЯГИТИ-га муоста сууйан, гардеробка, баахтаҕа үлэлээн, онно уопсайга хос ылан, олорбуттара. Баахтаҕа олорон, баайыынан үлүһүйбүтэ. Сүрүннээн кыра кыыһыгар баайара да, оччотооҕу муоданан үлүһүйэр кыыс аахайбат этэ. Биирдэ Европа дойдуларынан автотурга сырыттахтарына, Франция куоратыгар бэрт мааны дьон төгүрүйэн кэбиспиттэрэ. Кыыс кэтэ сылдьар дьууппатын сөхпүттэрэ-махтайбыттара. Ол кэнниттэн кыысчаан ийэтэ баайар таҥаһын киэн тутта кэтэр буолбута.

Кэлин оҕолоро “Маргарита” диэн сурунаалы таһаара сылдьыбыттара. Манна ийэлэрэ баайбыт ураты таҥастарын үйэтиппиттэрэ. Маргарита Николаевна билигин да баайар, буолаары буолан, улахан үлэлэри – түннүк сабыыларын, көбүөрдэри, ону тэҥэ, макраменан үлүһүйэр. Кини билигин кыра кыыһыгар Москваҕа олорор.

 

Тимофеевтар оҕолоро, сиэннэрэ бары тарбахтарыгар талааннаах, айар куттаах дьон. Улахан кыыстара Сардаана Тихоновна уран иистэнньэҥ, “Саһарҕа-94” күрэскэ сиэл, туос киэргэл, таҥас коллекциятынан кыттыбыта. Күннэй Тихоновна куукулалары оҥорор, иистэнэр. Соторутааҕыта Кыыл Уолун ансаамбылын кыттааччыларын куукула оҥорон, киэҥ сэҥээриини ыллылар. Күннэй Тихоновна Сунтаарга олорор маастардары салайбыта, ийэтин мөссүөнүн куукула оҥорон үйэтиппитэ. Оттон сиэннэр эмиэ айар куттаахтар: мультигы уруһуйдууллар, хаартыскаҕа түһэрэллэр, киэргэл оҥороллор, о.д.а.

Онон икки талааннаах, үтүөкэн дьон тапталларыттан саҕыллыбыт дьол кыыма үйэлэргэ салҕанар.

Ангелина Васильева, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска: Тимофеевтар дьиэтээҕи архыыптарыттан.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0