Саха литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ Анемподист Иванович Софронов-Алампа төрөөбүтэ 133 сылыгар төрөөбүт-үөскээбит дойдутугар, ытык Тааттаҕа, тэрээһиннэр тиһиктээхтик ыытыллаллар.
Дойдулаахтара, дьохсоҕоттор, улуу Алампа айымньыларын улаханнык долгуйан, ис сүрэхтэриттэн иэйэн ааҕаллар.
“Алампа куолаһа” диэн эр дьон, уолаттар түмсүбүт бөлөхтөрө Алампа “Тоҕо миигин ыллаппаккын?”, “Ньургуһуннааҕар ньуолдьаҕай ньуурдаах” («Уйбааныс» оонньууттан) хоһооннорун ис сүрэхтэриттэн иэйиилээхтик ааҕалларын дьон-сэргэ олус сөбүлээн истэр. Манна даҕатан эттэххэ, «Алампа куолаһа» бөлөх 2015 сыллаахха Сунтаар улууһа литература сылыгар тэрийбит хоһоону ааҕааччыларга өрөспүүбүлүкэтээҕи күөн күрэһигэр кыттан бастаабыта.
Истиҥ, көрүҥ, сэргээҥ.
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1