УЛАХАН УОЛ

Ааптар: 
04.12.2017
Бөлөххө киир:

Төбөтө суох оҕо

Уол ийэтин батыһан эрбинньэхтэнэр. Ити үрүмэччини, бу тэмэлдьигэни саба охсон тутаары гынар да, сыыһа харбыыр. Оҕо-оҕо курдук. Арай, туспа дьоннор оҕолоруттан ордук өйдөөх, сытыы-хотуу, кэлбит-барбыт, хатан куоластаах, сытыы тыллаах, уот чаҕыл харахтаах. Ону ким да аахайбат.

Ийэтэ икки ыаҕаска уу баһан сыыры тахсан истэ. Уол кини кэннигэр иһэн тугу эрэ ыйытта. Ийэтэ кэннин хайыһан көрөөт, ыаҕастаах ууларын төлө тутан кэбистэ, ыаҕастар охтон аллара диэки төкүнүһэ турдулар. Хараҕа аар-маар барда. Иккиһин эргийэн көрдө: син биир уолун төбөтө суох. Ээ, тоҕо дьиктитэй, оҕо төбөтүн кыбынан иһэр эбит.

Ийээ, ийээ, куттаныма, — диир уол.

Ийэ эмискэ холкутуйбут курдук буолла түстэ.

Мин эйигин куттаабаппын, көннөрү оонньоон көрдөрөбүн. Төбөм бу баар ээ, — диэн баран кыбынан иһэр төбөтүн икки илиитинэн тутан оннугар ууран кэбистэ, күлэ-күлэ. — Куттаныма. Уубут тохтубутун иккистээн баһыахха ээ.

Итиннэ уол түөрт саастаах этэ. Ураты оҕо улаатан испитэ.

Атах эт

Ээ, алҕас, төбөм кытта уһуллан ыйанна дуу, — диэн баран ыалдьыт кирээккэҕэ ыйана түспүт төбөтүн тардан кэннин диэки чинэс гынна, төбөтө оннугар олоро түстэ. — Бэйи эрэ, тоҕо саҥарбаккыт, кэпсэтэн иһиэххитин. Хоноһо кэллим дии. Аһатан-сиэтэн, утутар инигит?

Утуйуоҥ, хата ол аһатар-сиэтэр суох, — дьиэлээх киһи түҥнэри хайыһан олорон киҥинэйдэ.

Ол эккит суох дуо? Ити мин сыарҕабар кунан буута сытар, киллэриҥ, сиэхпит, сороҕун илдьэ хаалан аһылык оҥостооруҥ, — дэлэгэй ыалдьыт түбэстэ.

Дьиэлээх киһи аһаары-сиэри хохтоох сонун кэтээт, таһырдьа сыарҕаттан туох да кэлгиэтэ суох, биир хаар сыстыбатах сүөһү буутун көтөҕөн киллэрэн эттээн-эллээн улахан чугуун күөһү толору буһаран ирэ-хоро аһаатылар. Хоноһо бастаан киирэригэр саҥаран-иҥэрэн быстыбатах дьоннор аһаан-сиэн, үлүмнэһэ-үлүмнэһэ кэпсэттилэр.

Хоноһо сарсыарда барда. Дьиэлээх киһи сырдык буолбутугар ампаарын көрбүтэ, били, бэйэтин кунанын буута баарын, көҥөннөр даҕаны, бэйэтэ бэйэтинэн көтөҕөн киллэрэн астаабыт-үөллээбит эбит.

Улахан Уол бэйэлээх кэлбитин эрдэ билбэккэ, көҥөнөн көрбүппүн бэйэм эппин киллэртэрэн сиэн барбыт, — диэн кэмсиннэ хаһаайын. — Бу саатын-суутун. Көҥөнөн көммүт, күннээбит-күөнэхтээбит суох дииллэрэ кырдьык эбит.

Сэттэ ыалга

Баһылаай, кэпсээ эрэ. Хайдах олордугут? Ким кэллэ-барда? — Байбал хардары кэпсиирдээх буолан, астына-астына, суолга көрсүбүт ыалыттан ыйытта.

Дьэ, олоруу кэминэн, таҥара көмөтүнэн дьаҥ-дьаһах, тумуу суох, этэҥҥэбит. Хата, бөлүүн Улахан Уол хонон ас-үөл, сэһэн-сэппэн бөҕө буоллубут. Били кунаным буутун эттии охсон сиэттим, — Баһылай киэмсийэ соҕус кэпсээтэ.

Бай, доҕор, сымыйаҥ, — Байбал ыалыгар дьоҕойон барда. — Улахан Уол биһиэхэ хоммута. Тыйым түөһүн уурбут буоламмын быыһанным, илдьи эттээн аһаттым-сиэттим. Кэпсээн-ипсээн үтүө да киһи буоллаҕа.

Суох, доҕоор… Эн күлэн хаадьылыыгын. Улахан Уол, кырдьык, биһиэхэ хоммута, — Баһылай иннин биэриэ эрэ суох.

Хайа, бу ыалларым тугу күргүйдэһэн бардыгыт? — диэн Дьөгүөр ыйыппытыгар дьонноро көрбөккө туран соһуйдулар. Тоҕо мөккүспүттэрин кэпсээтилэр, хайа хайаларын сымыйатын була сатаатылар.

Бу дьоннор даҕаны… Хайаҕыт да кырдьыгы эппэт. Иккиэн сымыйалыыгыт, найааннаһа турдаххыт. Улахан Уол биһиэхэ хоммута. Хата, эт-ас бүтэ илик кыһын ортото буолан биэм холун эттээн үөрдэ-көтүтэ аһаттым. Махтанар быһыылаах. Куттанаммыт кыайан кэпсэтэр кэлиэ дуо? Бэйэтэ сонун бөҕөнү тардан кэбистэ, — Дьөгүөр дьонун алҕаһын булан, кырдьык, ытык ыалдьыттанан киэмсийэ тутунна.

Бары бэйэ-бэйэлэрин сирэй-сирэйдэрин көрсөн турдулар. Кинилэр бу күн алаастарын ыалын барытын кэрийдилэр. Бары үтүктүспүт курдук, Улахан Уолу хайдах аһатан-сиэтэн, сүдү хоноһо­ну урут эттэммит этинэн буолбакка, тобус-тоҥ атах эти киллэрэн саҥа алдьатан, алаадьы оҥорон чиэстээн-бочуоттаан атаарбыттарын туһунан сэһэргээтилэр.

Улахан Уол алаас сэттэ ыалыгар барытыгар биир түүн хонон аастаҕа ити. Оннооҕор кини сэттэ да буолбатар, хас да ыалга биир кэмҥэ кыырара.

Эмис тыһаҕас

Ини-бии Дьэрэс Ньукулай, Дьирэс Тирэнтэй кү­һүн куобахтаатылар. Бу уһун кулгаах аны сохсоҕо киирбэт, быһыкка иҥнибэт буолбут. Аҕыйаҕа да бэрт. Бүгүн биир эмэ куобах баарын да иһин, сир тоҥон, сытара да көстүбэт, олорон да биэрбэт. Бэрт ыраахтан тураат да, баалла сытар ыты ыыппыт курдук, хол-буут быстарынан ыстанар, ыттарбат. Кыстыыр алаастарыгар чугаһаан истэхтэринэ, биир эмис тыһаҕас утары сүүрэн кэллэ.

Доҕотторун сүтэрбит быһыылаах. Ыаллыы нэһилиэк дьоно сүөһүлэригэр от атыылаһан кыстатаары Өлүөнэ кытылыгар көһөр сурахтаахтара. Кинилэртэн быстан хааллаҕа. Тутуохха, — диэтэ убай киһи.

Ээ, хата, ынах оҥостуохпут, — Тирэнтэй үөрдэ.

Суох, суох. Булан ылыахтара. Мэлийиэхпит. Эт тоҥор буолара чугаһаата. Өлөрөн сиэн кэбиһиэххэ. Бачча тухары ким да уорбалыы илик, — убай тойон Ньукулай быһаарда.

Инньэ гынан тыһаҕаһы, куобах сүгээри ылбыт ынахтарын быатынан тутан, дьиэлэрин диэки сиэтэн дьөгдьөрүтэ турдулар.

Өр-өтөр буолбатылар. Дьиэлэригэр тиийэ охсон, хотоннорун кэннинээҕи тыаҕа тохтотон, сүгэ аҕалан сүүскэ тыаһатан, астаан бүтэрдилэр. Күөстэрин өрүнэллэрин кытары хоноһо көтөн түстэ. Чуут аҕай хойутаан абыраата. Уоран, сүөһү өлөрөн, хаан-сиин буола-буола сүүрбүттэрин-көппүттэрин көрбөтө. Ол эрээри, эттэрэ буспутуттан сиэһэ олорор хоноһо сэһэннээх буолан биэрдэ:

Уоруйах уорбатаҕына сатаммат. Туох эмэ дуоннааҕы булбатаҕына, ойоҕун ытарҕатын бииргэ сытан устан ылар дииллэрэ. Эһиги эмиэ оннук үгэстэммит эбиккит. Бэйэҕит тыһаҕаскытын өлөрөн сиэн, ааранан миигин аһаттыгыт. Аны уораргытын тохтоторгут сөп буолла. Син биир бэйэҕит сүөһүгүтүн өлөрүөххүт. Ити бастаан мин эриэн тыһаҕас буолан эһиэхэ туттарбытым. Сүөһүлэргит аттыларынан ааһаргытыгар бэйэҕит саадьаҕай тыһаҕаскытын сиэттэрэн кэбиспитим. Эһиги көрүүгүтүгэр дьүһүнүн эрэ уларыппытым. Билсиэҕиҥ, мин Улахан Уолбун.

Уолаттар куттанан самнан-самнан остуол анныгар киириэх курдук бүк түстүлэр. Ээр-сэмээр тахсан өлөрбүт сүөһүлэрин тириитин көрбүттэрэ: били иитэн ынах оҥосторго сүбэлэспит саадьаҕай тыһаҕастарын тириитэ ыйанан турар. Бу сорун…

Ини-биилэр итинтэн ыла уорбатахтара.

Дьиэҕэ эһэ киирдэ

Улахан Уол үтүө майгыннааҕа, элбэх сэһэннээҕэ, эҥсилгэннээх куоластааҕа, сытыыта-хотуута. Ыалга кэлэн хонноҕуна, чэйдээн аастаҕына бэрт элбэх сонуну кэпсиирэ. Кими барытын кинини кытары тэҥ киһилии сэһэргэһиннэрэрэ, үөрдэрэ-көтүтэрэ, санааларын чэпчэтэрэ. Дьону быһа-хото саҥарбат, наар үөрэтэр, үчүгэйи эрэ баҕарар үгэстээҕэ. Киэһэ хоннорбут ыаллар кэпсээн, оонньоон көрдөр эрэ диэн көрдөһөллөрө. Сорохтор куттаммыттарын сонно тута билэрэ уонна: «Куттанымаҥ», — диэн эттэҕинэ киһи барыта холкутуйан хаалара. Улуу ойуун улахан, олус сүдү аптааҕынан туһанан сорох ыарыыны кэпсэтиинэн, киһи санаатын көтөҕүүнэн эмтиирэ.

Чэ, оонньуоҕуҥ даҕаны, — диэтэ биир ыалга элбэх киһи мустубутун көрөн. — Куттанымаҥ, — диэн хатылаан эттэ. Ити оһохпут уота тачыгыраччы умайа турар. Дьиэ хараҥа буолуоҕа.

Оһох уотун сырдыга ырыых-ыраах тунааран эрэ көстөр, дьиэ иһэ хараҥа буола түстэ.

Билигин сырдыаҕа, — диирин кытта оһох уота салгыы умайан сырдыы турда.

Таһырдьа — тоҥуу хаар, тымныы, кыһыҥҥы кэм. Оннук дии. Биһиэхэ сайын ортото, ардах түһүөҕэ, — диэбитигэр дьиэ ил гына түстэ. Кыра сиккиэр тыалланна. Халыҥнык сыбаммыт даҥа, хам тоҥмут туруору балаҕан үрдэ көстүбэт буолла. Сайыҥҥы кэм кэллэ. Ардах таммалаамахтаан иһэн күүскэ түһэн барда. Оҕолор ытыстарын тоһуйан сирэйдэрин сууннулар. Эмискэ балаҕан иһэ көстө түстэ, арай, ардах эрэ суох.

Сайын ходуһабар бугул ойоҕоһугар олордохпуна ардах түһэн оппун сытытаары гынна диэн кыыһыран эрдэхпинэ ардах уурайда. Дьиэм иһигэр баарбын дьэ өйдөөтүм, — диэн дьиэлээх тойон сөхтө.

Аны сааскы кэм кэллэ. Сир көҕөрөн эрэр. Үрэх кытыытыгар олоробут. Уу хаайтаран баран, төлө көтөн, эмискэ ол иһэр. Атаххытын, атаххытын сиигир­димэҥ, — ити икки ардыгар ким барыта үрэх кытыытыгар олорордуу сананна. Уу бу күрүлээн-харылаан кэллэ. Дьоннор халаан уутуттан көмүскэнэн атахтарын өрө көтөхтүлэр.

Онтон өйдөнөн көрбүттэрэ, эмиэ дьиэҕэ баар эбиттэр. Киһи барыта атаҕын үөһэ ороҥҥо, олоппоско уурбут.

Дьэ, маладьыастаргыт, куттаммаккыт. Билигин дьиэҕэ тыатааҕы киириэҕэ, — сэрэтэр Улахан Уол.

Ыарахан, олус иҥнэри буолан, таһырдьаттан киирэн иһэр киһини дьиэ ортотугар диэри умса анньар халыҥ халҕан аргыый аһылынна. Тымныы салгын хоп-хойуу туманы оргутан киирдэ, ону кытары тэҥҥэ улахан күтүр — тыатааҕы кып-кыһыл айаҕын субу аппаччы аппытынан үллэһийэн кэлэн тула ороҥҥо кэккэлэспит, олоппоско олорбут дьону кэрийдэ, төбөтүн ньолотон сыт ыларга дылы гынна уонна сабыылаах аан диэки эргиллэн эрэрэ да, тахсыбыта көстүбэккэ сүтэн хаалла.

Өссө сэрэниҥ, бөрө обургу хотоҥҥо киирбит, оһох кэннинэн тахсыаҕа. Хамсаамаҥ, — диэтэ хоноһо.

Икки күөх уот хараҕа чаҕылыҥнаан, уһун сыҥаахтаах мунна чолоҥноон, икки адьыр аһыыта ырдьайан тоҕо эрэ тиэтэйбит курдук туттан, бөрө эргийбэхтээн иһэн мэлис гынна.

Чэ, бэркэ оонньоотубут. Ити хаҥас диэки олорор оҕо урут соһуйар, куттанар эбит. Аны ол дьаллыга тэйиэҕэ, — Ити курдук Улахан Уол оонньуурун быыһыгар ким туох ыарыылааҕын билэрэ, эмтиирэ, көмөлөһөрө.

М.Баишев.

Уруһуй: интэриниэттэн

* * *

Үһүйээн «Иччитэх өтөххө кииримэ» кинигэттэн ылылынна. Кинигэ «Бичик» кинигэ кыһатын маҕаһыыннарыгар атыыланар. 

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0