Космонавтика күнүнэн сибээстээн, ийэм быраатын, таайым Василий Семёнов туһунан кэпсиэхпин баҕардым. Кини 1944 с. Ньурба оройуонун Малдьаҕар нэһилиэгэр Нөөлбүктэ диэн кэрэ айылҕалаах сиргэ холкуостаах дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Кыра эрдэҕиттэн авиатор, онтон кэлин космонавт буолар баҕа санаатын олоҕун суолдьут сулуһа оҥостубута.
Маалыкай орто оскуолатын бүтэрэн баран, Ийэ дойдутугар ытык иэһин толорон, армияҕа сулууспалаабыта.
Сулууспалаан кэлэн баран, Маалыкай бөһүөлэгин уотунан хааччыйар Степан Васильев аатынан сопхуос электростанциятыгар дизелиистээбитэ.
Онно үлэлиир кэмигэр авиационнай институкка туттарсан киирэргэ бэлэмнэнэн, алгебраны, тригонометрияны, высшай математиканы кичэйэн үөрэппитэ.
Сороҕор, үлэтин сменатын кэмигэр, түүн ортото учууталыгар Николай Никифоровичка тиийэн, тоҥсуйан уһугуннаран баран, ыарырҕаппыт тиэмэтин быһааран биэрэригэр көрдөһөрө. Учуутала Иванов Н. Н. лоп-бааччы быһааран биэрэрэ. Иһигэр үөрэнээччитэ институт бастакы кууруһун бырагырааматын бэйэтэ үөрэтэн ыраатыннарбытын сөҕө саныыра.
1968 сыл сайыныгар Василий Семёнов Москубаҕа авиационнай институкка туттарсыбыта. Эксээмэн тутар хамыыһыйа чилиэттэрэ дойду улаҕатыттан, ыраах Саха сириттэн кэлбит абитуриент чиҥ билиитин сөхпүттэрэ. Уол үрдүк куонкуруһу ааһан, устудьуон буолбута.
Биирдэ сайын дойдутугар Малдьаҕарга сынньана, ахтылҕанын таһаара кэлбитэ.
Биир киэһэ таайбын кытта үлэ, үөрэх туһунан кэпсэппиппит. Миэхэ, сэттиһи тахсыбыт уолга, бэркэ кичэйэн иллэҥ кэмин туһата суох атаарар, таансыны, көрү-нары батыһар киһи ыраах ыырдамматын, ол оннугар элбэҕи ааҕар, бэйэтэ сайдарын туһугар кыһаллан, ахсаабакка дьарыктанар киһи туруоруммут сыалын ситиһэрин быһаарбыта.
Баһылай эһэбэр Хабаанньа Баһылайга космонавт буолар баҕалааҕын кэпсээбитэ. Эһэбит ону букатын утарбыта, “куттала бэрт” диэбитэ.
Василий Васильевич космонавт буолуон сөп этэ. Онно эппиэттиир таһымнаах бэлэмнээх, үөрэхтээх. Хараҕынан, миопиялаах диэн, сыыйыллыбыта. Институту бүтэрэн инженер-механик идэтин ылбыта.
Дьоҕурдаах эдэр киһини үөрэҕин кэнниттэн Москваҕа үөрэммит институтугар ракета двигателин кафедратыгар хаалларбыттара.
Семенов В. В. итинтэн ыла модун кыахтаах ракета двигателин үлэтин тупсарыыга олоҕун анаабыта.
Сыралаах чинчийэр үлэтин түмүгэр бастаан техническэй билим хандьыдаата, онтон дуоктара буолбута. 2001 сыллаахха докторскай диссертациятыгар ракета двигателин үлэтин лаппа тупсарар ньыманы айбытын дакаастаабыта.
МАИ сүрүн научнай сотруднига, профессор Семенов Василий Васильевич аан дойдутааҕы научнай конференцияларга, конгресстарга кыттан, Европа элитнэй университеттарыгар ыҥырыллан лекция ааҕан, дойдубутугар наука сайда турарын, российскай космонавтика кэнэҕэс да кэрэ кэскиллээҕин көрдөрөр, бэйэтин дириҥ билиититтэн, уопутуттан кэллиэгэлэрин кытта үллэстэр.
Элбэх саҥаны арыйан, айан, отучча авторскай сибидиэтэлистибэни, патены ылбытын түмүгэр В. В. Семёнов «Изобретатель СССР» бэлиэнэн наҕараадаламмыта. Ол саҥаны айбытыттан биэһэ производстоҕа бигэтик киирэн туттулла сылдьаллар.
Василий Васильевич – сытыы бөрүөлээх суруналыыс, мындыр фотограф. Суруналыыстар сойуустарын чилиэнэ. Суруйар ыстатыйалара ааҕааччы болҕомтотун куруук тардаллар.
Дойдубут тэбэр сүрэҕэр – Москуба куоракка — ыытыллар култуурунай, спортивнай тэрээһиннэргэ сылдьан саха биллиилээх ырыаһыттарын, артыыстарын, суруйааччыларын, спортсменнарын, ол иһигэр олимпийскай чөмпүйүөннэрбитин, призёр тустууктарбытын хаартыскаҕа устан, бэсиэдэлэһэн, бэртээхэй ыстатыйалары, интервьюлары, репортажтары бэлэмнээн өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар бэчээттэтэн, саха суруналыыстыкатын сайдыытыгар дьоһун кылааты киллэрдэ.
Учуонай, саҥаны айааччы, суруналыыс, фотограф Семёнов В. В. бэйэтин төрөөбүт өрөспүүбүлүкэтин, сахатын норуотун албан аатырдар дойдунаат дьоннортон биирдэстэрэ буоларынан киэн туттабыт.
Максим Ксенофонтов
Хаартысканы: М.Ксенофонтов тиксэрдэ