Улахан кыыс

11.07.2018
Бөлөххө киир:

Бүгүн биһиги “Итии чэй” рубрикабыт күндү  ыалдьыта – Өксөкүлээх Өлөксөй улахан сиэнэ, Реас Кулаковскай улахан кыыһа, РФ уонна СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Раиса Реасовна Кулаковская.

edersaas.ru

Биир идэлээхпит

— Раиса Реасовна, эн өрөспүүбүлүкэ ыччатын “Эдэр коммунист” хаһыатыгар үлэлээбитиҥ. Хаһыатчыт идэтигэр кэ­лииҥ, бэйэтэ эмиэ, арааһа, уратылаах буолуо?

— Оннук буоллаҕа. Туокка, арыый ыраахтан соҕус саҕалыым… Мин 1959-60 сылларга Тааттаҕа, Чөркөөххө оскуоланы бүтэрээт, хомсомуол райкомугар үлэҕэ ылыллабын. Тоҕо диэтэххэ, улахан кылаастартан  райкомол пленумун чилиэнэбин, көхтөөх хомсомуолбун. Оччолорго, “Эдэр коммунист” эрэдээктэрэ Степан Охлопков командировкаҕа кэлэ сылдьар – Өксөкүлээх Өлөксөй сиэнэ литератураҕа, тылга-өскө сыһыаннаах буолуо диэтэҕэ – үлэҕэ ыҥырбыта. Кэлин киниэхэ кэргэн тахсыбытым. Эрэдээксийэбит мас дьиэтэ Киров-Орджоникидзе уулуссалар быһа охсуһууларыгар турара.

«Егор Борисовы үөрэппитим»

— Степан Гаврильевич эрэдээктэрдииригэр Михаил Ушницкай, Николай Сивцев, Еремей Порядин, Николай Дьяконов, о.д.а. суруналыыстар бааллара. Савва Тарасов отдел сэбиэдиссэйэ этэ, бэйиэт Роман (Семен) Данилов баара.  Лидия Лопатина, Степанида Аммосова, Мария Афанасьева  машинисткалар. Кэлин Степанида суруйааччы Иван Федосеев-Доосоҕо кэргэн тахсыбыта. Билигин санаатахпына, үгүспүт «Эдэр коммуниска» үлэлии сылдьан, тапталбытын көрсөн, дьоллоох ыал буолбут эбиппит. Бары талааннаах, бэртээхэй дьон этэ. Олус үчүгэйдик үлэлээбиппит. Оччолорго сахалыы аахпат буолуу кыһалҕата суоҕа. Ыччат хаһыатыгар үлэлээбит сылларым – олоҕум биир саамай интэриэһинэй кэрчигэ. Онтон, баартыйа ыҥырыытын өйөөн, кэргэним Степан Охлопков холкуоска салайар үлэҕэ ананан, тыа сиригэр көһөн барбыппыт. Мин кэлин саха тылын, литературатын учууталын идэтигэр үөрэнэммин, дипломнай үлэбин “Өксөкүлээх Өлөксөй Бүлүүтээҕи сыллара” тиэмэҕэ суруйбутум. Өр сыл учууталлаабытым. Чурапчыга үлэлиир кэммэр Саха сирин бастакы Ил Дарханын Егор Борисовы 4-5-с кылаастарга үөрэтэн турабын. Оҕо-оҕо курдук, сытыы-хотуу, үөрэххэ-билиигэ тардыһыылаах уолчаан этэ, оҕурдук улааттаҕа. Олус үлэһит киһи. Билигин, былаастан барда диэн,  сорохтор ону-маны туойалларын сөпсөөбөппүн. Уопсайынан, сахалар бэйэ-бэйэбитин өрүү харыстаһыах тустаахпыт.

Булумньу

— Эн Өксөкүлээх Өлөксөй — “Труды по якутскому языку” диэн соторутааҕыта тахсыбыт кинигэни тутан олороҕун…

— Мин бу кинигэни олус уйадыйа аахтым. Манна Людмила Реасовна эһээбит Сеймчааннааҕы күннүгүн архыыптан булан ылан, олус үчүгэйдик анаарар, ырытар. Олус долгутуулаах. Аҕабыт “Аҕам олоҕо” диэн арамааныгар бу Сеймчааннааҕы күннүк, биир кэмҥэ сүтэ сылдьыбыт буолан, киир­бэккэ ­хаалбытыттан олус хомойобут. Күннүк кэлин көстүбүтэ…  Эһээбит олус даҕаны ыарахан олоҕу олорбут эбит. Аһыыр аһа, таҥнар сылаас таҥаһа да суох буолуталаабыт. Дэлэҕэ, “Өстөөҕүм да маннык олорботун…” , — диэн суруйуо дуо?! Бу кинигэни олус сыаналыыбын. Балтым Людмила Реасовна матырыйаалын барытын хомуйан, бэлэмнээбитэ, хомойуох иһин, суох буолбутун кэннэ бэчээттэннэ. Бөдөҥ салайааччы Игорь Никитин спонсордаата, Мила кыыһа Анастасия көрөн-истэн, таһаартарда.

Сеймчааннааҕы күннүк

— Санаабын ситэри эттэхпинэ, эһээбит, Өймөкөөнтөн 700 км ыраах сытар Сеймчааҥҥа хайдах олорбута урут биллибэт этэ. Араас сымыйа сурах да тарҕанара – бандьыыттарга барбыта, агент буолбута, эҥин диэн… Ити 1923-24 сыллар кыһыҥҥы ыйдара. Оттон күннүккэ киһи кистиирэ ­туох даҕаны суох ээ! Ис хоһооно олус үчүгэй. Эһээбит күн аайы тугу суруйбутун, ханнык айымньыга тугу көннөрбүтүн бэлиэтиир. Транскрипцияҕа итиэннэ фольклорга күүскэ үлэлээбитэ көстөр. Онон, биһиги, сиэннэрэ, эһээбит Сеймчааҥҥа (билигин Магадан уобалаһыгар киирэр) бэйэтэ айар-суруйар, туохха да мэһэйдэппэккэ, үлэлиир эрэ бүччүм санаалаах барбыт эбит, диэн өйдөөтүбүт.  Кини: “Мин олоҕум атын дьоҥҥо, баҕар, интэриэһинэйэ суоҕа буолуо… Интэриэһинэй буолуо кэргэммэр, ыччаттарбар…”, — диэн суруйбутун ааҕан баран, ол аата эһээм Өксөкүлээх Өлөксөй Сеймчааннааҕы күннүгүн  биһиэхэ — сиэннэригэр-хос сиэннэригэр анаатаҕа диэн, бу 80 сааспынан сибээстээн, 100 ахсаанынан подарочнай экземплярынан  бэчээттэтэн эрэбин. Сотору тахсыахтаах.

Улахан оҕо –  улахан эппиэтинэс

— Бу, чахчы, олус интэриэһинэй эбит. Раиса Реасовна, мин санаабар, ыал улахан кыыһа буолуу диэн, олох судургута суох…

— Ыал улахан кыыһа, улахан оҕото буолуу диэн — эппиэтинэс.

Биһиги ийэлээх аҕабыт Реас Алексеевич уонна Татьяна Паповна 8 оҕолоруттан мин улаханнарабын. Саха ыалыгар, оттон, улахан кыыс диэн, бэйэҕит билэҕит, туох оруоллааҕын. Төрөппүттэригэр уҥа илиилэрэ буоллаҕа. Бары этэҥҥэ, дьон кэккэтинэн, улаатан таҕыстахпыт. Атос Реасович, Людмила Реасовна, Рива Реасовна, мин – дойдубут Ытык дьонун аатын сүгэбит, Ясон Реасович эдэригэр оһолго өлбүтэ, Лариса Реасовна, Алексей Реасович, Татьяна Реасовна – бука бары биллэр-көстөр, үтүө үлэһит дьон.

Аҕабыт өҥөтүнэн биһиги ыраах Чычымахха тиийэн, кимтэн да туора көрүллүбэккэ, дьоллоох оҕо сааспыт ааспыта. Бу кини олоҕун муудараһа эбит. Биһиэхэ суруйааччылар Амма Аччыгыйа, Суорун Омоллоон, Күннүк Уурастыырап, Семен, Софрон Даниловтар, Савва Тарасов, о.д.а., биллиилээх учуонайдар үгүстүк сылдьаллара. Учуонай Георгий Башарин кэллэҕинэ аҕабыт, “Эһээҕитин көмүскүүр киһи бу кэллэ” , — диэн олус долгуйа, үөрэ-көтө көрсөрө. Итинник эйгэҕэ улааппыппыт.

Тыл – омук тыына

— Суорун Омоллооннуун бииргэ үлэлээбит сылларгын хайдах саныыгын?

— Олус истиҥник саныыбын. Олоҕум ­биир саамай үтүө, дьоллоох сыллара этилэр. Бу тиэмэни таарыйдахпытына, билигин миигин биир боппуруос долгутар: сахатын норуотугар 5 сүдү мусуойу бэлэхтээн хаалларбыт норуодунай суруйааччыбытыгар, соҕотох Социалистическай Үлэ Дьоруойугар – бэ­йэтигэр аналлаах мусуой аныаха диэри суох!

— Өксөкүлээх Өлөксөйгө аналлаах мусуой эмиэ суох дии…

— Суох. Мин мунчаарабын манныктан: барытын оҕолоро-уруулара бэйэлэрэ оҥоруохтаахтарын курдук сыһыан баар. Дьиҥэр, Суорун Омоллоон уонна Өксөкүлээх норуот туһугар олорбут-үлэлээбит, айбыт-туппут дьон буоллахтара! Чэ, ити кэпсэтэргэ бэйэтэ туспа атын тиэмэ…

— Мин эйигиттэн – Өксөкүлээх “Саха дьахталларын мэтириэттэрин” ааспыт үйэ 20-с сылларыгар суруйбута, оттон билигин эбитэ буоллар, аныгы саха дьахтарын хайдах ойуулуо эбитэй, диэн ыйытаары гыммытым, ону, “Сэмсэ тылга” Мария Поликарповна хата бэртээхэй хоруйу ­биэрбит…

Саха дьылҕата

— Раиса Реасовна, эн олоххо уопуккунан көрдөххүнэ, саха дьоно хайа суолу тутустахпытына, салгыы сайдар кэскиллээхпитий?

— Бастатан туран, тыа сиригэр хайыһыахха. Тыа хаһаайыстыбатынан дьарыктанар, сүөһүнү-сылгыны иитэр дьону өйүүр наада. Итиэннэ ийэлэргэ оҕо босуобуйатын үрдэтиэххэ. Сүөһүлээх киһи тыаҕа олорор, кини аһы-үөлү эрэ хааччыйар буолбатах. Тыа сиригэр дьон сахалыы тыллаах! Сахалыы култуураны, сиэри-туому тутуһар. Саха тыла, култуурата  баар  буоллаҕына – омук тыыннаах!

 

 Сэмсэ тыл

Мария БОЯРОВА, РФ үтүөлээх учуутала, Өймөкөөн Томторугар баар ГУЛАГ лааҕырын устуоруйатыгар аналлаах мусуой салайааччыта:

— Раиса Реасовна — чаҕылхай, дириҥ суолталаах олоҕу олорон иһэр Ытык киһибит буолар. Өксөкүлээх Өлөксөй улахан сиэнэ, Реас Алексеевич улахан кыыһа. Оҕо эрдэҕиттэн күндү дьонун ыарахан олохторун, кинилэр буруйа суох эрээри атаҕастаныыларын өйдөөбүт, өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥэриммит буолан, олох туспа көрүүлээх, ураты толкуйдаах киһи. Дириҥ билиилээх учуутал, бэйэтэ суол аһынан, Суорун Омоллооннуун Суотту мусуойун тэрийэн, Сахаларын сирин устуоруйатын үйэтитэллэр. Эһээтэ Өксөкүлээх, кинини сиппитин-хоппутун көрбүтэ эбитэ буоллар, дьиҥнээх саха дьахтарын талыы мэтириэтин суруйуо хаалбыт дии саныыбын.

Ыспыраапка

Кулаковская Раиса Реасовна

1938 сыллаахха тохсунньу 12 күнүгэр Таатта улууһун Сиэллээх (Чычымах – аапт.) нэһилиэгэр төрөөбүтэ.

Чөркөөх орто оскуолатын, 1964 с. СГУ саха салаатын үөрэнэн бүтэрбитэ.

Таатта, Чурапчы, Уус Алдан улуустарын оскуолаларыгар өр сыл саха тылын, литературатын учууталынан үлэлээбитэ.

1988 сылтан Суоттуга тэрийсибит “Доҕордоһуу” мусуой-комплексыгар дириэктэр, генеральнай дириэктэр, Бочуоттаах дириэктэр. Вениаминов уордьанын кавалера.

Быйыл үлэтин уопсай ыстааһа 60 сыл буолла.

4 оҕолоох, 14 сиэннээх, хос сиэннэрдээх.

Татьяна МАРКОВА, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0