Билигин төһө даҕаны сөрүүн күннэр турбуттарын иһин, сотору сырылатан сылаас күннэр түһүөхтэрэ. Өбүгэлэрбит саҕаттан тиийэ кэлбит быырпахпытын оҥостон, улахан куйааска утаххытын ханнарыҥ.
Быырпах 1. (Тарбаахаптыы)
Ирдэниллэр: 1 лиитэрэ сылаас уу, 2 ост. ньуоска сгущеннай үүт, ыстакаан аҥаара быырпах, кыратык суорат.
Хайдах бэлэмниибит: Састааппытын барытын 3 лиитэрэлээх иһиккэ кутан күүгэн аллыар диэри булкуйан баран сылаас сиргэ уурабыт. Кэмиттэн-кэмигэр ылан буккуйабыт. Икки хас күнүнэн бэлэм буолар.
Быырпах 2.
Ирдэниллэр: 3 лиитэрэ уу, кыратык аһыйбыт суорат, 10 ост. ньуоска саахар.
Хайдах бэлэмниибит: Биэс лиитэрэлээх иһиккэ састааппытын барытын кутан күүгэн тахсыар диэри булкуйуллар. Хаппахтаан баран, 2-3 күн устата сахсыйан биэрэ-биэрэ туруорабыт. Сөп буолла диэтэхпитинэ ылан дэлби буккуйан баран иһиттэргэ кутан сөрүүн сиргэ уурабыт.
Быырпах 3.
Ирдэниллэр: 1 лиитэрэ уу, 0,5 ыстакаан сүөгэй эбэтэр ынах үүтэ, 1 кыра ньуоска суорат.
Хайдах бэлэмниибит: Оргуйбут ууга сүөгэйи, суораты кутан хабахтар тахсыахтарыгар диэри ытыйыллар. Уонча чаас устата сылаас сиргэ ыга хаппахтаан уурабыт. Көөнньүбүт быырпаҕы сойутуллар, иһиэх иннинэ булкуйуллар.
Быырпах 4.
Ирдэниллэр: Быһа холоон 1 лиитэрэ уу, уонча ост. ньуоска суорат, 2-3 остолобуой ньуоска сгущеннай үүт.
Хайдах бэлэмниибит: Сөрүүтүйбүт ууга суораппытын, сгущеннай үүппүтүн кутан дэлби ытыйабыт. Салгын киирбэт гына хаппахтаан баран 10-ча чаас сылаас сиргэ уурабыт. Кэмиттэн-кэмигэр арыйан ытыйабыт. Сүөгэй эбэн баран 2 чаас курдук сөрүүн сиргэ уурабыт. Таһааран ытыйа түһэн баран иһэбит.
Быырпах 5.
Ирдэниллэр: 5 лиитэрэ уу, 2 ыстакаан суорат, 1 баанка сгущенка, 200-300 кыраам саахар
Хайдах бэлэмниибит: Барытын улахан иһиккэ кутан баран ытыйабыт. 2 суукка устата сылаас сиргэ, тэпилииссэҕэ туруорабыт, кэмиттэн-кэмигэр булкуйабыт.
“Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru
Хаартыска: Бизнес инкубатор резиденэ.