Улахан көтөр аалларга хааччах киириитэ дьоҥҥо-сэргэҕэ охсуо суоҕа

Бөлөххө киир:

“Якутия” авиахампаанньа түөрт-биэс улахан сөмөлүөтүн сүтэриэн сөбүн, ол эрээри ити дьоҥҥо-сэргэҕэ улаханнык охсубатын туһунан сенатор Егор Борисов бүгүн пресс-конференция кэмигэр иһитиннэрдэ.

Санатан эттэххэ, бу күннэргэ арҕааҥҥы дойдулар улахан сөмөлүөттэргэ хааччах киллэриэхтэрин сөбүн туһунан киин бэчээт иһитиннэрбитэ.

– Билигин бу боппуруоска Росавиация уонна РФ тырааныспарын министиэристибэтэ үлэлэһэ сылдьаллар. Билигин Арассыыйаҕа баар авиахампаанньалар пааркалара сүрүннээн Америка уонна Франция дойдуларыттан кэлбит сөмөлүөттэр буолаллар. Улахан сөмөлүөттэр бары кэриэтэ лизинг нөҥүө, ол эбэтэр харчыга уларсык сылдьаллар. Билиҥҥитэ сөмөлүөттэри күн-сарсын төннөрүҥ диэн кытаанах этии суох. Ол эрээри сэрэтии быһыытынан дойдулар иһитиннэрдилэр. Саха сирин туһунан эттэххэ, манна биһиги бырабыыталыстыбабыт эмиэ үлэлэһэ сылдьар. Маннык балаһыанньа тахсар түгэнигэр “Якутия” авиахампаанньа түөрт-биэс сөмөлүөтүн сүтэриэн сөп. Ол эрээри дьону таһарын тохтотуо суоҕа, тоҕо диэтэргин, биһиги хампаанньабыт үгүс сөмөлүөтэ Арассыыйаҕа оҥоһуллубут көтөр ааллар буолаллар. Ону сэргэ тас дойдуларга көтүү хааччахтаммытынан сибээстээн авиахампаанньалар дойду иһигэр көтүүгэ үлэлэрин туһулуохтара дии саныыбын. Онон дьон-сэргэ улаханнык оҕустарыа суоҕа дии саныыбын, – диэн бэлиэтиир кини.

Аграфена КУЗЬМИНА

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0