Кулун тутар 15 күнүнээҕи туругунан, өрөспүүбүлүкэҕэ 48 мэдиссиинэ тэрилтэтигэр коронавируһу утары быһыыны ылыахха сөп. Барыта 276 вакцинация пууна үлэлиир.
Бүгүҥҥү күҥҥэ быһыы бастакы укуолун улахан дьоҥҥо – 602 941 киһи ылбыт, иккис укуолун – 563 763 киһи. Ол иһигэр 60 саастарын ааспыт дьоҥҥо: бастакы укуолун – 122 899 киһи (86,7%), икки укуолун – 115 431 киһи ылбыт.
Оттон 12-17 саастаах оҕолорго 417 киһи ылбыт. Обургу оҕолорго быһыыны биэрэр пуун Дьокуускайга Петровскай уулуссатын 10/1 -гэр үлэлиир. Бастаан поликлиникаларга суруйтаран баран, ыҥырдахтарына, болдьоҕор тиийиллэр. 12-15 саастаах оҕолор төрөппүттэрин кытары, 15-17 саастаахтар докумуоннарын илдьэ бэйэлэрэ тиийиэхтэрин сөп.
148 391 киһи быһыыны (ревакцинация) хос ылбыт.
Онон, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн коронавируснай инфекцияны утары быһыыны улахан дьон 84%-на ылбыт диэн доруобуйа харыстабылын министиэристибэтэ иһитиннэрэр.
Ангелина Васильева, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru