Улаатан эрэ оҕо наркотигы туттарын хайдах бэлиэтии көрүөххэ сөбүй? Бу туһунан Наркология өрөспүүбүлүкэтээҕи диспансерын психолога Виталий Долгунов кэпсээтэ.
edersaas.ru
— Оҕо урукку доҕотторуттан тэйэр, кимниин билсэрин, ханна сылдьарын кистиир, чугас дьонун кытта аһаҕастык кэпсэппэт, куотунар буолар.
-Оскуолаҕа сылдьар интэриэһэ сүтэр, урукку сөбүлүүр дьарыктарын быраҕар, үөрэҕэр кыһаммат буолар.
-Дьиэ кэргэнигэр сыһыана мөлтүүр, майгыта уларыйар, кыраттан кыыһырар-тымтар, сымыйалыан сөп.
-Эрэсиимэ кэһиллэр, күнүс утуйар, түүн күүлэйдиир, сүтэр, барар-кэлэр. Ханна сылдьарын, тугу гынарын кэпсээбэт буолар.
-Сороҕор саҥарара, хамсанара түргэтиир эбэтэр бытаарар.
-Бэрээдэгэ суох аһаа да аһаа буолар, уойар эбэтэр, төттөрү, аанньа аһаабакка ыран барар. Дьиэттэн харчы, сыаналаах мал-сал сүтүөн сөп.
-Дьиэҕэ испириис, иннэ, фольга лоскуйдара, эбэтэр бакыаттаах хатарыллыбыт от, үрүҥ өҥнөөх бороһуок баар буолан хаалыахтарын сөп.
-Оҕо тас көрүҥэ эмиэ уларыйар: хараҕын мээнэнэн көрөр, дөйбүт курдук туруктанар, хараҕын харата кыччаан эбэтэр кэҥээн хаалыан сөп, сырдык уокка хараҕын харата бытааннык кыарыыр (аккомодацията кэhиллэр) буолуон сөп. Сирэйэ кубарыйар, сороҕор тииһин туруга мөлтүүр, кирдээх, саһархай өҥнөнөр.
-Таҥнар таҥаһын көрүммэт, ордук уhун сиэхтээх таҥаһы кэтэр буолар.
Күндү төрөппүттэр, улаатан эрэр оҕоҕо болҕомтолоох буолуу, истиҥ аhаҕас кэпсэтии, эйэҕэс сыhыан улахан суолталаахтарын умнумуоҕуҥ.
Итэҕэл төлөпүөнэ: 32-44-16.
Надежда ЕГОРОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru