Уйулҕан: «Дьолуҥ — дьоҕус ытыскар»

08.10.2021
Бөлөххө киир:

Өссө 1996 сыллаахха “Эдэр саас” хаһыакка “Таҥара хадаҕалаабыт дэгиттэр талааннаах” диэн ааттаах ыстатыйа тахсыбыта. Оччолорго ыстатыйа дьоруойа Василий Гоголевы, билигин Уйулҕан диэн ааттаммыт суруйааччыны кытары бииргэ алтыһыам диэн санаан да көрбөт кэмнэрим этэ буоллаҕа.

Арай, биири эбэн этиэм этэ, суруналыыс ханна да сыыспатах, бэл, өтө көрбүт курдук: Василий Гоголев-Уйулҕан – уһуйааччы, илиитигэр талааннаах мас ууһа (бииргэ төрөөбүттэр бары), оһохчут, охчут, үҥкүүһүт, сценарист, режиссер, суруйааччы, хас да кинигэ ааптара, СӨ үөрэҕириитин уонна СӨ култууратын туйгуна.

— Василий Иннокентьевич, эйиэхэ маннык элбэх талаан, дьоҕур бэриллибитэ бука төрөппүттэргиттэн буолуо диэн саарбахтаабаппын. Кинилэргэ, төрөппүттэргэр, ытык иэспин толордум дии саныыгын дуо? Уопсайынан, ытык иэс диэн баар буолуохтаах дуо?

— Оҕо сааһым ойор-тэбэр күнэ Мэҥэ Хаҥалас Балыктаах эбэтин  үрдүк сыырдаах Сүрэх Тыа диэн эриэккэс ааттаах түөлбэтигэр ааспыта. Оҕо сылдьан ыарытыган буолан, хойутаан үөрэммитим.

Ийэлээх-аҕам элбэх оҕолонон, мин 8-с оҕонон күн сирин көрбүтүм. Ийэм «Дьоруой Ийэ» аатын ылбыта. Төрөппүттэрим сэрии иннигэр уонна сэрии кэмин ыар сылларыгар хара үлэҕэ туруу үлэһиттэр эбитэ үһү. Аҕам Лэгэнтэй сэриигэ үлэ фронугар, Иркутскай уобалаһыгар 20 депоҕа ат көрөөччүнэн сулууспалаабыт. Икки бииргэ төрөөбүт бырааттара арҕаа сэрии кыргыс толоонугар дьоруойдуу охтубуттар. Аҕабын кытары сэриигэ ыытыллыахтаах аттары айааһааччы, сэрии тыастарыгар, хамаандаҕа үөрэттээччинэн элбэх саха буолан сулууспалаабыттар. Туоһахтам аҕам илиитин сылааһын билэн сэриигэ аттаннаҕа. Онон, 2020 сыллаахха “Бичик” кинигэ кыһатыгар тахсыбыт “Туоһахта уонна Лэкиэс” диэн уус-уран сэһэним – аҕам уонна кини бииргэ төрөөбүт улахан быраата Арамаан Гоголев Москуба анныгар Белов генерал кавалерийскай корпуһугар разведчик-связиһынан сэриилэһэ сылдьан кыргыһыы толоонугар хорсуннук охтубутун үйэтитии курдук.

Аҕам мин кыра эрдэхпинэ ыалдьан, ийэбит чараас санныгар 10 төрөппүт уонна икки иитиэх оҕону хаалларан олохтон туораахтаабыта. Онон, ийэм Кэтириис барахсан холкуос ыарахан  үлэтигэр сыралаһа да сырыттар, барыбытын атахпытыгар туруортаабыта.

Кини оҕо сааһыгар бэрт сэдэх, ыарахан тургутуулары ааспытын туһунан Ийэм (ийэбэр сүгүрүйэн улахантан суруйабын) сырдык аатын үйэтитэн, «Хоһуун таас» диэн уус уран сэһэни суруйбутум. Ону таһынан 100 сааһыгар «Ийэкээм» диэн хоһооммор видео-клип таһаарбытым. Онон, төрөппүттэрбэр ытык иэспин хайдах сатыырбынан толоро сатаатым диэхпин сөп.

Хас биирдии киһи бу орто дойдуга суол-иис хааллараары кэлэр дии саныыбын. Хас биирдии киһиэхэ төрөппүттэригэр, төрөөбүт дойдутугар таптал баар буолуохтаах. Ийэм соҕотоҕун холкуос, сопхуос ыарахан үлэтигэр сырыттар да, биһигини тулаайахсыппатаҕа. Иистэнньэҥ буолан, элбэх оҕо таҥаһын барытын бэйэтэ тигэрэ. Аны бөһүөлэк дьахталлара этэрбэс тиктэринэн, сиигин киниэхэ аҕалан ыстаталлар эбит, ол курдук, кырдьыар диэри тииһэ барыта баара. Хатыҥ туоһунан ыас оҥорорун өйдүүбүн. Ийэм Балыктаахха ытыктанара, «Дьоруой Кэтириис» диэн ааттыыр этилэр.

Дьэ, ити «Ийэкээм» ырыаҕа хоһуйбут хоһоонум туһунан кэпсии түһүүм. Намнааҕы художественнай педучилищены бүтэрэн баран икки сыл учууталлаабытым. Ол кэмҥэ ийэм икки хараҕынан көрбөт буолбута, сааһа да ырааппыта.

Мин, эдэр учуутал, Хорообукка оскуолаҕа олус кыра хамнаска сылдьыбытым. Аркадий Новиков «Бэркэ үҥкүүлүүгүн, пантомималыыгын. Хабаровскайга култуура институтугар туттарыс», – диэн сүбэлээбитэ. Мин үөрэх дьылын түмүктээн баран ийэбэр: «Ийээ, Хабаровскай куоракка үөрэххэ барарга быһаарынным», – диэбитим. Онуоха ийэм саҥата суох, хомойбуттуу истэн кэбиһээхтээбитэ. Онтон киэһэ чэйдии олорон оргууй аҕай: «Баһылаай, дьэ, эн үөрэхтээххин, идэлээххин, сааһыҥ да ыраатта, 25 буолла,  кэргэннэниэҥ да этэ», – диэбитэ. Онно ийэм сөпкө да этэр эбит диэн өйбөр дьэ, оҕустарбытым. Ол иннинэ уол оҕо улдьаа сааһыгар тиҥилэҕим үрдүгэр үҥкүүлээн, олох ол туһунан санаа суоҕа. Үөрэхпэр атаарарыгар төбөбүттэн чэрдээх сылаас ытыһынан имэрийбитэ, сүүспүттэн сүр сымнаҕастык сахалыы сыллаан ылбыта уонна:
«Чэ, тоҕойуом, төрөөбүт алааскын, алаһа дьиэҕин, дойдугун умнумаар», – диэбитэ. Ийэм кэс тылын умнубаттык сүрэхпэр сөҥөрөн, дойдубуттан тус илин үөрэнэ, саҥа идэни баһылыы аттаммытым.

Хабаровскайга тиийэн олоҕум аргыһын Наташаны көрсөн ыал буолбуппут. Онон ийэбэр кийиит кыыс сиэтиилээх, сиэн көтөҕүүлээх, каникулбар тиийэн кэлэн, алгыстаах иһирэх санаатын толорбутум.

«Ийэкээм» ырыаны дойдуларыттан тэлэһийбит, эбэтэр олох дьайыҥар оҕустарбыт дьон ийэлэрин санаан харах уулаах истэрин туһунан Ютубка элбэхтик суруйаллар. Ютубка ол клиппын 400 тыһыынча кэриҥэ киһи көрбүт эбит. Онон ырыа матыыбын ааптарыгар Роман Степановка, ырыаны олус долгутуулаахтык  толорор Константин Степановка уонна Саха тыйаарын артыыската Елизавета Потаповаҕа Ийэ уобараһын иһирэхтик арыйбытын иһин махталым муҥура суох. Ити ырыанан Костя «Үрдэл» музыкальнай бириэмийэтин кыайыылааҕа буолбута. Ону таһынан «Саҥа ырыаҕа» эмиэ ситиһиилэммитэ. «Бастыҥ саҥа ырыа», «Көрөөччүлэр биһирэбиллэрин» ылбыта.

— Онтон уһанарыҥ кимтэн, ханнык сыдьааннаргыттан бэриллибитий?

— Биһиги дьиэ кэргэн аҕабыт уус бэрдэ этэ. Кини элбэх дьиэ кэргэн аһыырыгар анаан оҥорбут икки миэтэрэттэн лаппа тахса киил тиит остуола, уһун өйөнөрдөөх ыскамыайката күн бүгүҥҥэ диэри хамсаан көрбөккө тураллара ону туоһулуур. Уопсайынан, ийэлээх-аҕабыттан элбэх дьоҕуру иҥэриннэҕим буолуо дии саныыбын.

Саха дьоно бары олус дьоҕурдаахтар, ону сайыннарыахха эрэ наада. Ол сиэринэн үс дипломнаахпын. Бары тус-туспа хайысхалаахтар: Намнааҕы педучилищеҕа художественнайы, Хабаровскайдааҕы култуура институтугар хореограбы уонна бу кэлин 60 сааспын ааһан баран ХИФУ-га филологическай факультет магистратуратын бүтэрбитим. Ити үөрэхтэрим, дипломнарым айар үлэбэр бары туһалаатылар.

Ол курдук, күн бүгүҥҥэ диэри үүнэр көлүөнэни ускуустуба кэрэ эйгэтигэр уһуйабын. Билигин куорат 33 нүөмэрдээх оскуолатыгар технология учууталынан үлэлиибин. Оттон култуурам үөрэҕэ киинэ сценарийын суруйарга, режиссердаан Үөһээ Бүлүүгэ «Суор тиһэх кыланыыта» диэн видео-детективы («Хотун Бүлүү» телевидениетын  кытары), «Ийэкээм» видеоклиппын устарбар туһалаабыта саарбаҕа суох. Оттон магистратураҕа үөрэнэрбэр Варвара Борисовна Окорокова, Зоя Константиновна Башарина, Валентина Григорьевна Семенова уо.д.а. курдук ХИФУ бастыҥ преподавателлара суруйааччы буоларбар улахан олук буолбуттарыгар махталым маанытын аныыбын.

Биир дьарыгым диэн оһохчуппун. Улуу Кыайыы 75 сыллаах үбүлүөйүгэр анаан суруйбут сэһэним сиэрин ситэрэн, «Кыайыы балаҕанын» күтүөтүм Максимы, сиэннэрбин Васялаах, Дайаананы кытары туттубутум. Көмүлүөк оһоҕун эмиэ бэйэм оҥорбутум. Үөһээ Бүлүүгэ элбэх ыалга оһох тутар этим. Оттон куоракка көһөн кэлэн баран уопускам кэмигэр элбэх оһоҕу, камииннары, көмүлүөктэри тутар этим. Ол үлэлии сылдьан бэйэм балаҕаннаныахпын, көмүлүөк оҥостуохпун куруук баҕара санаабыпын дьэ, толорбутум.

— Куорат оскуолатыгар оҕолору үлэҕэ хайдах уһуйаҕын?

— Уол оҕо илиинэн үлэлиирин олус сөбүлүүр. Уолаттар улахан дуоһуйууну ылаллар. Куорат оҕолорун, ордук кыһыҥҥы кэмҥэ таас дьиэ истиэнэтигэр хаайтаран олороллорун олус аһынабын. Оттон уруокпар кэлэн, хааннарыгар баар айылҕаттан уһанар баҕалара күүркэйэн кэлэр.
Оскуолабар саха ох саатын былыргылыы оҥорон сөргүтүүгэ уолаттары «Инникигэ хардыы» НПК кытыннаран, өрөспүүбүлэкэҕэ элбэхтэ бастыҥнар ахсааннарыгар киирбиппит. Арассыыйа НПК кыттан Санкт Петербурга иккис миэстэни ылбыппыт. Ол ох саабынан Бүлүүгэ буолбут «Олоҥхо ыһыаҕар» 23 ох сааттан ырааҕы ытыыга үһүс миэстэни ылбытым.

— Уһанар уонна суруйар идэ иккиэн айар үлэ кэриэтэлэр. Бириэмэҕин хайдах аттараҕын?

— Айар үлэ элбэх бириэмэни ылар. Учуутал үлэтэ түбүгэ элбэх. Ол да буоллар, быыс-арыт булан суруйар үлэнэн дьарыктана сатыыбын. Мин айымньыларым үксэ историческэй хабааннаахтар. Онон уустуга элбэх. Элбэҕи билиэххэ, ааҕыахха наада. Биир эмэ түгэни сыыһа суруйдаххына, үлэҥ халтай хаалыан сөп. Өссө араастаан сууттаһыахтарын да сөп. Ол иһин, уус-уран айымньы быһыытынан  суруйа сатыыбын. Сороҕор омсолоох персонажтар ааттарын уларыталыыбын. Хата, билигин Интэриниэт баар буолан уонна архыыптарга урукку бобуулаах чахчылар, докумуоннар тимир күлүүстэрэ арыллан, ахтыыларга олоҕуран суруйабын.

Ордук киэһэ чуумпуга, эбэтэр сарсыарда эрдэ туран суруйааччыбын. Үлэм таһынан айар үлэнэн дьарыктанарбар кэргэним, маҥнайгы кириитикэһитим Наталья Михайловна күүс, өйөбүл буолар. Онон, кэргэним айар үлэбэр куорсун анньааччым, үлэттэн сылайан кэллэххэ өрүү сылаас тылларынан уоскутар. Сорох ардыгар сүрэҕэлдьээри гыннахха, санатан, көҕүлээн биэрэр. Оҕолорум улахаттар, туспа ыаллар, үлэлээхтэр. Онон аҕыс сиэннээх баай дьоммут.

— Эн санааҕар аныгы проза төһө сөптөөх суолунан баран иһэрий?

— Мин санаабар, прозаҕа, билиҥҥи литератураҕа судургутук суруйар буоллулар. Ону: «Ааҕааччыны сылаппат туһуттан. Аныгы ааҕааччы олох тэтимигэр, түгэн былдьаһыгар олус уһуннук ойуулаан суруйууну сөбүлээбэт буолла», – дииллэр. Биир ситим нөҥүө билсибит суруйааччым Сунтаартан кинигэтин ыыппыта. Олус баай тыллаах, устар ууну сомоҕолуур киһи. Ааптар туох баар айылҕаны, оту-маһы ойуулааһына элбэҕэ сөхтөрбүтэ. Ону, холобур, манныкка холуохха сөп: асчыт олус үчүгэй аһы астыырыгар туох баары барытын кутан, тумалаан кэбиһэр. Сыаны дэлби арыыга саарылаабыт курдук. Онон, кэпсээн, сэһэн дьиҥнээх сүрүнүттэн ааҕааччыны ыраах халытан кэбиһиэн сөп курдук. Бэйэм да сороҕор аһара бараары гынабын быһыылаах. Айымньы ис хоһоонуттан көрөн, холобур, сэрии туһунан буоллаҕына аһара уустаан-ураннаан ойуулаабаккын. Ону сорох дьон сымсахтык суруйбуккун диэн сөп. Ааҕааччы араас буолар, ол иһин орто сүрүнүн булан суруйарга кыһалла сатыахха наада. Дьон хоһоонун соччо аахпат буола сатыыбын. Тоҕо диэтэххэ, бэйэҥ да билбэккинэн ол аахпытыҥ ханан эрэ эргийэн эн айымньыгар киирэн хаалыан сөп диэн «көҥөнөбүн» быһыылаах. Саха литературатыгар дьоҕурдаах эдэр суруйааччылар бааллар бөҕө буоллаҕа. Кинилэргэ Далан «Тулаайах оҕо», Кындыл «Хара кыталык», Амма Аччыгыйа «Алдьархай», Василий Яковлев «Кытта кырдьыбыт тэҥкэ тиитим», Василий Титов «Уоттаах чыычаахтар» уо.д.а. айымньыларга уобарастаан этиилэри ааҕан көрүөхтэрин баҕарабын.
Леонардо да Винчи: «Киһи үйэтин тухары үөрэнэр» диэн этэн турар. Онон, эдэр да, эмэн да дьон сүрэххит тугу сөбүлүүрүнэн үөрэниҥ диибин.

— Киһи сааһыттан тутулуга суох биир сиргэ туруо суохтаах дииллэр. Инники былааннарыҥ?

— Өссө биир эмиэ уустук үлэҕэ ылсан үлэлэһэ сылдьабын. Эмиэ түҥ былыргыттан саҕаланар историческай сэһэн. Уустук, ол гынан баран, ылсыбыппын ситэрэ сатыырга холонуом.

— Тус санааларгын ааҕааччыларгын кытары үллэстибиккэр махтал. Сүрэҕиҥ тугу сөбүлүүрүнэн инниҥ диэки айаннаан иһэргэр баҕарабыт.

Надежда ЕГОРОВА-НАМЫЛЫ, “Саха сирэ”, edersaas.ru cайт

Хаартыскалар: дьоруой архыыбыттан

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0