Уйулҕаһыт Надежда ВАСИЛЬЕВА: “Эксээмэнинэн олох бүппэт”

Ааптар: 
16.05.2022
Бөлөххө киир:

Эксээмэн кэмэ чугаһаан, үөрэнээччилэр да, төрөппүттэр даҕаны мунаарар боппуруостара үгүс. Анал идэлээх уйулҕаһыт Надежда Васильева эксээмэннээх оҕолорго, төрөппүттэргэ анаан бэйэтин сүбэтин биэрэр, сүрүн ыйытыыларга хоруйдуур. 

edersaas.ru

 

Эксээмэннээх кылаастарга

– Надежда Юрьевна, эксээмэнинэн уйулҕа үлэһиттэригэр кыһалҕалаах кэлэр дьон төһө элбээтэ?

– Уопсайынан, тэйиччиттэн үөрэх саҕаламмытын кэннэ оҕолорго, учууталларга уустуктар үөскээтилэр. Оҕолор оскуолаҕа тиийэн, кылааска киирэн учууталы уун-утары көрөн олорон үөрэнэллэрэ судургу. Тэйиччиттэн үөрэҕи ордук кыра кылаастар уонна эксээмэннээх оҕолор ыарырҕаттылар.

Аны сорохтор дьаҥ кэмигэр дьиэттэн үөрэнэн баран, олоҕурбут көрүҥүнэн тахсан үөрэниэхтэрин баҕарбаттар. Бииргэ үөрэнэр оҕолорун, учууталлары кытта кыайан кэпсэппэттэр, уопсастыбаҕа сылдьыахтарын баҕарбаттар. Оскуолаҕа тахсан кыайан үөрэнимээри гыннылар диэн балачча элбэх төрөппүт оҕотун аҕала сылдьыбыта. Дьиэлэриттэн үөрэнэллэрин ордороллор, сотору-сотору ыалдьаллар, соччото суох туруктаахтар, уопсайынан, төрүөт элбэх.

Эксээмэн кэмигэр 9-11-с кылаастарга истириэс өссө үрдүүр. Кистэл буолбатах, учууталлар өттүттэн ыгыы, куттааһын эмиэ баар. Эксээмэммин кыайан туттарбатахпына, олоҕум онон бүтэр дии саныыллар.

Учууталлар тоҕо куттуулларый? Соруйан, куһаҕаны оҥороору буолбатах. Бэйэлэрэ эмиэ долгуйаллар. Үөрэтэр оҕолоро эксээмэни хайдах туттаралларыттан кинилэр үлэлэрин көрдөрүүтэ, рейтиннэрэ, хамнастара эмиэ тутулуктаах. Ол иһин оҕолортон элбэҕи ирдииллэр, оҕолор устунан куттанан бараллар. Оттон истириэскэ киирбит оҕо билэр даҕаны матырыйаалын, тиэмэтин ыгылыйан умнан кэбиһиэн сөп. Оннооҕор хааннарын баттааһына үрдүөн-намтыан, долгуйан урут өйдөрүн да сүтэрэр оҕолор бааллара, билигин даҕаны суох буолбатахтар.

 

Уустугу быһаарарга үөрэтиэххэ

– Оччотугар хайдах гынабыт, тугу дьаһанабыт?

– Учууталлары, үөрэх систиэмэтин уларытар табыллыбат, син биир эксээмэнтэн ханна да куотар кыаллыбат. Уйулҕа үлэһиттэрэ оҕо истириэһи кытта охсуһа үөрэнэрин туһугар эрдэттэн сэрэтэр үлэни (профилактика) ыыталлара туһалаах, көдьүүстээх буолуох этэ. Тоҕо диэтэххэ, истириэс эксээмэнинэн эрэ бүтэн хаалбат. Эксээмэн – олоххо көрсөр бастакы улахан долгуйуу. Ону таһынан, сорохтор үлэҕэ кии­рэллэригэр, кэргэн тахсан оҕо төрөтөллөрүгэр, о.д.а. түгэннэртэн истириэстииллэр. Дьон олоҕун тухары араас уустуктары, ыарахаттары көрсөр, манта суох олох суох. Ол иһин оҕону кыратыттан уустуктары көрүстэҕинэ хайдах гынан мүччү көтөргө, уоскутунарга бэлэмниир ордук.

Биһиги сороҕор оҕолорбутун харыстаан, кыраларыттан ыарахантан куоттара сатыыбыт, кинилэр оннуларыгар бэйэбит оҥоробут, сынньана түстүн диибит. Инньэ гынан, төттөрүтүн олох уустуктарыгар бэлэмэ суох, иннилэрин кыайан көрүммэт, кыраттан даҕаны улаханнык уолуйар оҕолору иитэн таһаарабыт. Оннооҕор ким эрэ, хайдах эрэ көрдө диэн санаалара түһэр, онтон сылтаан үөрэниэхтэрин баҕарбат оҕолор бааллар.

Бигэ туруктаах оҕо биллэн турар, долгуйабын, куттанабын, баҕар, сатаныа суоҕа дии саныыбын эрээри, син биир оҥорбутум курдук оҥоробун, төһө кыалларынан, тугу сатыырбынан харса суох киирсэн иһэбин, кыайабын диэн ханнык даҕаны уустугу ааһарга бэлэм буолар. Билигин ити курдук санаалаах оҕо аҕыйах. Аныгы оҕолору төрөппүт аһары хонтуруоллуур, бэйэлэрин ыытыахтарын куттаналлар, хайдах саныылларынан көҥүл сылдьыбаттар, оонньооботтор, ол түмүгэр инфантилизм үгүстүк көстөр. Кинилэр төрөппүттэрэ – биһиги көлүөнэ таһырдьаттан киирбэт, көҥүл сылдьар, ирдэнэр буоллаҕына этиһэр, охсуһар, киирэр-тахсар этибит. Төрөппүттэрбит хонтуруоллуулларын өйдөөбөппүт, барытын бэйэбит көрүнэрбит, бэринэрбит диир төрөппүттэр кэлэллэр. Ол курдук улааппыт дьон оҕолорун олус харыстаан, сиэри таһынан бэрийэн, илин-кэлин түһэн улаатыннараллар. Бэйэлэрин оҕо саастарыгар суоҕу, тиийбэтэҕи ылан биэрэ, оҥоро, баар гына сатыыллар. Мантан сиэттэрэн оҕо бэйэтин-бэйэтэ көрүммэт буолар, истириэһи кытта кыайан охсуспат, уустугу аһарыммат.

Истириэс баар, ону аһарыахтаахпын диэн оҕону эрдэттэн бэлэмнэниллиэхтээх. Ол гынан баран, оскуолаҕа уйулҕа үлэһиттэрэ хас биирдии оҕону кытта дьарыктаналларыгар бириэмэлэрэ тиийбэт. Эксээмэҥҥэ эмоциональнай-психологическай өттүнэн бэлэмнээһин биирдиилээн оскуолаларга баара буолуо эрээри, элбэх үөрэнээччилээх оскуолаларга ол толору кыаллыбат.

Эксээмэн иннинэ

– Быйыл, дьаҥынан сибээстээн 9-с кылаас эксээмэнин туттарбатах, былааҥка хайдах толорулларын билбэт, металлоискатель нөҥүө ааспатах оҕолор биир кэлим эксээмэни туттараллар. Кинилэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Оҕо үлэлиир, сынньанар эрэсиимэ хайаан даҕаны тутуһуллуохтаах. Күн аайы сарсыардаттан киэһээҥҥэ диэри үөрэннэҕинэ, дьарыктаннаҕына эксээмэнин саҕана эстэн тиийэр. Төһө даҕаны кылгас кэм хаалбытын иһин оҕо сынньанар кэмигэр сынньаныахтаах, аралдьыйыахтаах, күүлэйдиэхтээх, доҕотторун кытта көрсүөхтээх. Өйүн-санаатын сынньатан кэлэн саҥаттан күүс ылан салгыы бэлэмнэнэр.

Сынньалаҥы билбэккэ үөрэхтэн, дьарыктан быыс булбат оҕолор ньиэрбэлэрэ мөлтөх буолар. Сорохтор үрдүк үөрэххэ ситиһиилээхтик туттарсан киирэн баран, кыайан үөрэммэттэр. Ол оскуоланы бүтэриилэригэр эстэн, сылайан тиийиини кытта эмиэ сибээстээх.

Оҕо эрэсиими тутуһуохтаах, уутун хана утуйуохтаах, үчүгэйдик аһыахтаах уонна булгуччу хамсаныахтаах. Олус уһуннук олорортон эт-сиин эмиэ истириэстиир, кыайан утуйбат буолан хаалаллар. Оттон уутун хана утуйбат оҕо сынньаммат, истириэһэ мунньуллан-мунньуллан депрессияҕа тиийиэн, ньиэрбэлэрэ тулуйумуон сөп.

Аны сорох оҕо көмпүүтэргэ оонньоон сынньанар. Ону эксээмэниҥ чугаһаата, бэлэмнэн диэн баран көмпүүтэрин олоччу бобон кэбиһэр табыллыбат, бириэмэтин көрөн көҥүллүүр ордук. Эбэтэр сорохтор оҕом эксээмэннээх буолан иһит сууйартан, дьиэ үлэтиттэн босхолоотум дииллэр. Эксээмэн сэрии буолбатах, туох даҕаны киһи куттанара суох.

Сарсын – эксээмэн

– Чэ, холобур, сарсын дуу, өйүүн дуу эксээмэн буолаары турар. Оҕо хайдах дьаһанара ордугуй?

– Эксээмэн иннинээҕи күн букатын бэлэмнэнимэҥ диэн этэллэр. Оҕо сыл устата дьарыктанан, консультацияҕа сылдьан номнуо иҥэриммит билиилээх. Онон бүтэһик күн аралдьыйан, күүлэйдээн, киинэҕэ сылдьан, успуордунан дьарыктанан, ыллаан, үҥкүүлээн өйүн-санаатын сынньатара, күүс эбинэрэ, сааһыланара ордук. Хайаан даҕаны оҕо эксээмэҥҥэ уутун ханан тии­йиэхтээх, сарсыарда аһыыра ордук.

– Сорохтор сакалаат толкуйдуурга көмөлөһөр дииллэр, ким эрэ браслет кэтэн, булавка иилинэн барар. Ити төһө көмөлөөҕүй?

– Оҕо бэйэтэ итэҕэйэр буоллаҕына, чахчы көмөлөһөр. Холобур, урут биһиги тилэхпитигэр 5 кэппиэйкэни уктан киирэрбит. Ким эрэ билиибин сайҕаан кэбиһиэм диэн баттаҕын сууммат. Ити курдук оҕо, устудьуон итэҕэйэр бэлиэтэ элбэх. Өскөтүн оҕо итэҕэйэр, маны толордохпуна мин чахчы кыайан туттарабын диир саныыр буоллаҕына, көмөлөһөр, күүс биэрэр, бэйэтигэр эрэллээх буолар. Оҕоҕутун истэ үөрэниҥ, хааччахтаамаҥ.

 

Төрөппүккэ сүбэ

– Оттон төрөппүттэргэ тугу сүбэлиэҥ этэй?

– Төһө даҕаны эксээмэни оҕо туттардар, төрөппүттэн улахан тутулуктаах. Эксээмэммин кыайан туттарбатахпына, ханна даҕаны киирбэтэхпинэ олоҕум сарбыллар, хайдах олоробун, ханна үлэлиибин диэн толкуйдуур оҕо элбэх.  “Эксээмэҥҥин кыайан туттарбатаххына, кыра баалы ыллаххына даҕаны, мин эйигин син биир таптыыбын”, “син биир туох эрэ атын барыйааны тобулуохпут” диэн уоскутуохтаах. Инньэ диэтэхпитинэ оҕом ыһыктынан кэбиһиэ, бэлэмнэниэ суоҕа диэн төрөппүттэр хааччынан оҕолорун уоскутарга тиэтэйбэттэр. Төрөппүттэриттэн өйөбүллээх, тапталы билбит оҕо күүстээх санаалаах, бэйэтигэр эрэллээх, киэҥ билиилээх буолар. Онон быһааран биэрэр хайаан даҕаны ирдэнэр. Оттон өрүү модьуйан туран тылларын иһитиннэрэр төрөппүт оҕолоро бэйэлэригэр эрэллэрэ намыһах, барыттан бары куттана сылдьаллар, олор ордук истириэстииллэр.

Билигин орто үөрэх арааһа баар, онно биир кэлим эксээмэн ирдэммэт, аттестатынан эрэ киирэллэр. Олус үчүгэй, туһалаах, хамнастаах идэҕэ таба тайаныахтарын сөп. Төрөппүттэр оҕо хайаан даҕаны үрдүк үөрэх дьупулуомун ылыахтаах диэн толкуйдууллар. Дьиҥэр, оннук буолбатах, аныгы олоххо ирдэнэр орто үөрэхтэр элбэхтэр.

 

Оҕо эксээмэҥҥэ бэлэмнэммэт буоллаҕына…

– Хас биирдии оскуоланы бүтэрэр оҕо син биир эксээмэни туттарар, онтон ханна даҕаны куоппат. Өскөтүн эксээмэнигэр букатын бэлэмнэммэт түгэнигэр төрөппүт тугу дьаһаныан сөбүй?

– Өскөтүн оҕо эксээмэнигэр бэлэмнэммэт буоллаҕына, булгуччу төрүөтүн быһаарыллыахтаах. Баҕар, сөбүлээбэт биридимиэтин талбыта, баҕар, учууталы кытта сөпсөспөтө, баҕар ким эрэ, туох эрэ диэбитэ буолуо… Төрүөтүн чопчулаан баран кыһалҕаны төһөнөн эрдэттэн быһаарыллар, соччонон үчүгэй. Төрөппүт оҕотун кэтээн көрөн, кыаллар буоллаҕына репетитордарга дьарыктаан, сүбэлээн-амалаан кыратык даҕаны өрө анньан биэрдэҕинэ оҕо көнөн барар. Кыратык көмөлөһөн эрэ биэрэр ирдэнэр.

Сорох төрөппүттэр оҕобут улаатта, бэйэтэ быһаарыннын диэн кыһамматтар, дьаалатынан ыытан кэбиһэллэр. Эбэтэр сиэри таһынан сынньаппакка дьарыктыыр, үөрэттэрэр дьон эмиэ бааллар. Ол – сыыһа. Биир уһуктан иккискэ барбакка, орто сүнньүн көрөр, оҕону кытта наллаан кэпсэтэр ордук. Ирдэнэр буоллаҕына репетитордарга дьарыктааҥ, уйулҕа үлэһиттэрин сүбэлэрин туһаныҥ.

Людмила ПОПОВА, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0