Уйулҕа үлэһитэ Арина

Ааптар: 
23.11.2016
Бөлөххө киир:

Олимпийскай эрэллэр училищеларын иитэр үлэҕэ методиһа, идэтинэн педагог-психолог Арина Федорованы эдэр ыспарсымыаннар олус ытыктыыллар. Киниэхэ дьарыктаналларын, көннөрү да сэһэргэһэллэрин сүрдээҕин сыаналыыллар. Бүгүн кини биһиги балаһабытыгар ыалдьыттыыр.
— Арина Андреевна, баһаалыста эт эрэ, тыа сириттэн кэлбит ыччат куорат сиргэ ордук тугу ыарырҕатарый?
— Итиннэ харда быһыытынан тыаттан кэлэр ыччат барытын туһунан буолбакка, бэйэм үчүгэйдик билэр эйгэбин сырдатыым. Олимпийскай эрэллэр училищеларыгар мин 1999 сыллаахтан үлэлиибин, маҥнай иитээччи этим. Манна өрөспүүбүлүкэ араас улуустарыттан мустубут ыспарсымыаннар толору хааччыллыылаах уопсайга олорон, оскуолаҕа үөрэнэллэр, спорт үрдүкү маастарыстыбатыгар уһуйуллаллар. Бастаан үлэлии киирээт, ордук саҥа кэлбит оҕолор үөрэх уонна дьарык кэнниттэн төрүт уоскуйан биэрбэттэрин, онон сатаан утуйбаттарын бэлиэтээбитим. Иитээччи оҕолорбун барыларын утутан эрэ баран дьиэлиэхтээх буоллаҕым. Дьэ ол иһин, бу оҕолору хайдах гынан уоскутабыный, тыҥааһыннарын холкутатабыный, өһүлэбиний диэн ыйытыыны туруоруммутум.
Туох барыта төрүөттээх-төбөлөөх. Дойдутугар, ийэтин-аҕатын, чугас дьонун, кыра сааһыттан бииргэ үөскээбит доҕотторун кытары холкутук сылдьыбыт оҕо куоракка кэлэн, таас дьиэ түөрт эркинигэр хаайтаран, бастакы охсуутун ылар. Тыа оскуолатыгар нэдиэлэҕэ аҕыйахта сиэксийэлэммит киһи манна үөрэх кэнниттэн күнү быһа ыытыллар күүстээх дьарыкка түбэһэн саллар. Аны били дойдутугар бастыҥ ахсааныгар сылдьыбыта тохтоон, бэйэтинээҕэр лаппа кыахтаах, өрөспүүбүлүкэ уонна Арассыыйа таһымнаах күрэхтэһиилэргэ хоппут, миэстэлэспит ыспарсымыаннар ортолоругар түбэһэн чаҕыйар, санаата түһэр. Түмүгэ – стресс, депрессия. Күнү быһа наһаа күүрэн-күүркэйэн, кыайан уоскуйбат, киэһэ сатаан утуйбат, сарсыарда уутун хаммакка турар. Ол барыта үөрэҕэр, дьарыгар охсор, уйулҕатын уопсай туруга мөлтөөн-ахсаан киирэн барар.

— Дьэ ону уоскутар ньыманы хантан буллуҥ?
— Психолог Тятьяна Полуяхтова айбыт фрактальнай диагностикатын ньыматыгар тирэҕирэн, уруһуй көмөтүнэн үлэлээбитим. Биллэрин курдук, киһи уруһуйунан бэйэтин ис туругун, үөрүүтүн, хомолтотун, долгуйуутун, кыһалҕатын тиэрдэр. Ити иһин психологтар тугу уонна хайдах уруһуйдуурунан көрөннөр оҕо уйулҕатын туругун быһаараллар уонна наада буолар көмөнү онон салайтаран оҥороллор.
— Фрактальнай диагностика диэн тугун быһаара түһүөх эрэ.

— Ким баҕарар туһанар-туттар ньымата. Улахан тэрээһини, элбэх үбү-харчыны эрэйбэт, арай, уруучука, ыраас илиис уонна элбэх өҥнөөх харандаас эрэ наада.
Илииһи ылан иннибитигэр уурабыт. Харахпытын симэн уруучуканан таптаабыт сирбитигэр туочука туруоран, онтон саҕалаан 45 сөкүүндэ устата араас төгүрүк, ньолбуһах, үс муннуктуу быһыылаах уонна уһаты-туора сурааһыннары оҥоробут. Онтукабыт онон-манан быһыта охсуһар, хайдах эрэ илим хараҕын санатар ойуу буолан тахсар. Салгыы эмиэ харахпытын симэн баран өҥнөөх харандаас ыла-ыла (хайдах өҥнөөҕү ыларбытын көрүө суохтаахпыт), биирдии килиэккэлэринэн кырааскалыыбыт. Онуоха биир дьүһүнү кэккэлэһэ түһэриэ суохтаахпыт, оттон хас да сиргэ туттар көҥүллэнэр. Түмүккэ араас өҥнөрүнэн таҥыллан ойууламмыт хартыына үөскүүр. Мин иитиллээччилэрбин маннык уруһуйдатан, дьарык кэнниттэн сылааларын таһааралларын, ньиэрбэлэрин уоскуталларын ситиспитим. Уруһуйдуулларын сүрдээҕин сөбүлээбиттэрэ, дьарык быыһыгар кытары киирэн дьарыктанар идэлэммиттэрэ. Үөрэхтэрин бүтэрбиттэр да сибээһи быспаттар, атын куораттарга устудьуоннуур ыччаттар уруһуйдарын бэл, Москваттан батсаабынан ыытан, сүбэлэтэллэр.
Бу ньыма оҕолору кэриэксийэлиир-сайыннарар үлэҕэ, кэллэктиип иһинээҕи сыһыаны үөрэтэргэ, оскуола үөрэнээччилэрин идэҕэ туһаайарга, ким ханнык эйгэҕэ ордук дьоҕурдааҕын быһаарарга уо.д.а. көдьүүстээхтик туһаныллар. Киһи бэйэтэ да сынньанаары гыннаҕына дьиэтигэр оҥоруон сөп.

— Дьикти эбит!
— Сахаҕа сүрдээх чугас. Өҥҥө-дьүһүҥҥэ болҕомтону ууруу биһиги хааммытыгар баар. Холобур, “аламай маҥан күн”, “араҕас илгэ”, “сирэм күөх сир”, “күөх мэҥэ халлаан” диэн саха киһитэ тылы киэргэтиигэ эрэ эппэт, итинэн кини Ийэ сирин, тулалыыр эйгэтин, олоҕу муҥура суох таптыырын, күндүтүк саныырын биллэрэр.
Киһи араас өҥнөртөн турар, сардаҥаларынан тыга, сыдьаайа сылдьар. Ити илим курдук сурааһыннар истэриттэн тахсар өҥнөр биһиги хас биирдии уоргаммытыгар, уйулҕабыт туругар эппиэттиллэр, күүстээх эниэргийэни биэрэллэр. Ол иһин Полуяхтова: ”Өҥнөөх харандаас баар буоллаҕына, эйиэхэ ханнык да эмп-томп наадата суох”, — диир. Тоҕо быыкайкаан, иккилээх оҕо уруһуйдуон баҕарарый? Наадыйар энергиятын итинтэн ыларын иһин.
Биһиги училищебыт шефтэһии бэрээдэгинэн Нам улууһун Партизан орто оскуолатын кытары бииргэ үлэлиир. Ааспыт нэдиэлэҕэ онно ыыппыт семинарбытын учууталлар сүрдээҕин сэҥээрдилэр, анаан-минээн кэлэн дьарыктыырга көрдөстүлэр.
— Психологтар үлэҕитин сүрүннүүр туох эмит түмсүүлээххит дуо?
— Куоракка Юлия Николаева салайар ”Сандаар” диэн түмсүүлээхпит. Уопут атастаһар, саҥа ньымалары үөрэтэр уонна саха омук уйулҕа үөрэҕэр төрүт үгэстэрин сөргүтэр сыаллаах үлэлиибит. Өбүгэлэрбит уйулҕа үөрэҕин былыргыттан билэллэрэ. Туохха эмит ыгылыннахтарына, долгуйдахтарына Айыы намыһын кырдьаҕастарга тиийэн саппаҕырбыт санааларын сайгыыллара. Айыы намыһын кырдьаҕастара, билиҥҥинэн норуот психологтара, дьон уйулҕатын ыраастыыр, сааһылыыр, бөҕөргөтөр элбэх ньымалардаах эбиттэр. Ол эрээри, ити туспа кэпсээн.

Сэмсэ тыл
Любовь Тимофеевна Егорова, РФ үтүөлээх учуутала, “Бочуот знага” уордьан кавалера:
— Мин Арина Андреевнаны идэтин дэгиттэр баһылаабыт, оҕолорго сүрдээҕин сөбүлэтэр, кинилэр итэҕэллэрин ылар, дьиҥнээх психолог-педагог быһыытынан үрдүктүк сыаналыыбын. Кини курдук айылҕаттан айлдарыылаах уйулҕа уустара хас оскуола ахсын баар буолуохтарыгар баҕарабын.

Олоҕун олуктара 

1967 с. Орто Халыма улууһун Эбээх нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
1999 сылтан – Олимпийскай эрэллэр училищеларыгар үлэлиир.
2005 с. — “Опыт применения фрактальной диагностики в Училище олимпийского резерва” диэн кинигэни таһаарбыта.
2016 с. — “Арт-терапия в психолого-педагогическом сопровождении юных спортсменов” диэн кинигэни В.В.Находкины кытары кыттыһан таһаарбыта.

Раиса СИБИРЯКОВА.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0