Наталья Михалева-Сайа «Уйгур» диэн сэһэнин ааҕан баран, санааларбын сааһылыырга сананным. Бу айымньы маҥнайгы түһүмэҕин «Күрүлгэн» сурунаалга аахпытым уонна олус сэҥээрбитим. Сахаларга сэрииттэн күрэммит дэсэртиирдэр баалларын туһунан урут истибэтэҕим кэриэтэ эбит. Аны тапталтан сылтаан, дэсэртиир буолбут биир чулуу ыччат дьылҕатын туһунан ситэри ааҕар баҕа улахан этэ. Онтон дьэ бу кинигэ «Айар» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн, сэһэни биир тыынынан аахтым.
Таптал лиирикэтин толору баһылаабыт биир биһирэнэр суруйааччыбыт Сайа бу айымньытыгар да таптал абылаҥын, имэҥин, санаа күүрүүтүн, уйулҕа хамсааһынын дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэҕэ олоҕуран, олус долгутуулаахтык арыйбыт. Дьон сыһыаныгар үөскүүр үйэлээх мэҥэ мөккүөрү – сүрэх уонна өй мөккүөрүн, ол дьон дьылҕатыгар дьайыытын көрдөрдө. Уйгуру аһынан, дьылҕа хаан тыйыһыттан хараастан, истиҥ да тапталы төлө туппуттарыттан хомойон, хараҕым уута бычылыйан тахсыбытын бэйэм да өйдөөбөккө хааллым…
Үгүс уус-уран айымньыларга таптал урусхаллыыр да, киһини умса баттыыр да, өрө тардар да дьайыытын, айар-тутар күүһүн туһунан сурулунна ини, суруллубата ини. Ол эрээри, адьас аттыбытыгар олорон ааспыт дьоммут тапталларын дьылҕатын туһунан истэр бэрт умсугутуулаах.
Үгүс дьон өйдөрүнэн, толкуйдарынан дьылҕаларын холбоон, буруо таһаарынан олороллор, дьоллоохпут дэһэллэр. Тоҕо эрэ бу курдук холбоспут дьон олохторо бигэ, чиҥ буолар эрээри, дьоллоохторугар ардыгар киһи саарбахтыыр. Онтон сорохтор сүрэхтэрин эрэ иминэн сирдэтэн, иэйиилэригэр бэринэн истиҥ, ис дууһаттан саҕыллар иэйиигэ куустараллар. Бу маннык таптал ордук күүстээх эрээри, уйаҕас да буоллаҕа… Үгүс улуу суруйааччылар, бэйиэттэр, бөлүһүөктэр сууллар сулус курдук чаҕылхай, сүрэххэ умайар кутаа уоттаах таптал туһунан хоһуйаллар, ыра санаа оҥостоллор. Кырдьыга да, таптал чыпчаалын билэн, дьолтон дуоһуйуу туһугар үгүспүт бу чуҥкук олоҕун кэрэйиэ суох этэ буолуо.
Ол курдук, Уйгур уонна Иэйэ сырдык ыраас тапталллара кылгас да дьылҕаланнар, сүрэхтэригэр үйэ саас тухары иҥэн, дьоҥҥо өйдөбүлү хаалларан, долгутуулаах номох буоллаҕа. Ол эрээри, быстах түгэн, татым, кэрэгэй санаа бу тапталы тиэрэ иэҕитэн, кутурҕан суоллаатаҕа…
Ону тэҥэ бу сэрии алдьархайа, хас биирдии киһи дьылҕатыгар ыар дьайыыны оҥорбут содула сэһэҥҥэ эмиэ арыллар.
Киһи дьиҥ иһэ-таһа ыгым кэмҥэ ордук биллэр. Ону ааптар сэрии ыар кэмнэригэр буолбут быһыыга-майгыга, дьон санаата уларыйыытыгар, сыһыаныгар холбуу тутан ойуулуур. Ол курдук, Иэйэ дьону дьаһайа-модьуйа сылдьыбыт бэйэтэ тус бэйэтигэр тирээн кэлбит түгэҥҥэ халты үктэннэ, сыыһа быһыыланна, тапталлааҕын туора суолга үктэттэ, аатын-суолун буорга-сыыска тэбистэ, дьылҕаларыгар суурайыллыбат хара бээтинэни түһэрдэ: айманан, энэлийэн Уйбааны сэриигэ ыыппата, ытык иэһин төлүүр тоҕоостоох суолуттан туора салайда.
Ааҕа олорон «арай» диэн толкуйдуугун. Арай, Иэйэ тапталлаах Уйбаанын алҕаан, тапталынан тулааһыннаан сэриигэ атаарбыт буоллун? Уйбаан төннөн кэлэн, төһө эрэ дьоллоохтук олоруохтара хааллаҕа… Оччотугар, баҕар, кинилэр номоххо киирбит олохторо, бу сэһэн суох буолуо эбитэ дуу? Төһөлөөх дьон ол курдук атаарсан, күүтэн, талаһан, тапталлаахтарын кытары көрсүһэн, дьол амтанын билбиттэрэ буолуой? Сэрииттэн эргиллибэтэх тапталлаахтарын кэриэстээн төһөлөөх дьахтар сулумах кырдьыбыта буолуой? Ол барыта тапталтан буоллаҕа. Ол эрэн, Иэйэ уонна Уйбаан тапталларын дьылҕата туһугар ураты. Улахан таптал толуктаах, тургутуулаах буолар дииллэр. Ону таппыттар, уйбуттар, кырдьык, дьоллоохторо буолуо.
Иэйэ уонна Уйбаан оҕо саҕаттан тапталлара, уйан сыһыаннара олус да иһирэхтик ойууламмыт. Саха нарын кыыһа уонна саха уолана. Хара маҥнайгыттан Уйбааны киһи сэргии көрөр, кини дьоҥҥо-сэргэҕэ эйэҕэс, амарах сыһыаннаах күүстээх-уохтаах, киэҥ көҕүстээх, холку, толкуйдаах уол оҕото. Онтон Иэйэ тыллаах-өстөөх, сытыы-хотуу, киэмсийбит, бэйэмсэх да соҕус. Уол ийэтэ: «Бу кыыс уолбутун туохха эрэ тириэрдэрэ буолуо», – диэн эппитинии, оннук толкуй тутатына үөскүүр. Дьиҥэр, Уйбаан ис кыахтаах уол таптал кулута буолан, Иэйэтин тапталыгар толору суураллан, абылатан хараҕа баалынна, тус бэйэтин сүтэрдэ. «Икки киһи хардарыта тэҥ истиц сыһыаннаах буоллахтарына, үйэлээх таптал үөскүүр», – дииллэр. Ким да кимҥэ да бэриммэт, таҥара-кулут оҥостубат, ким да кимтэн да тутулуктаммат – тэҥ сыһыан.
Дьахтар аймах тустаах да дьон олоҕор, биирдиилээн ыал, норуот да дьылҕатыгар сүдү сабыдыаллааҕын бу сэһэҥҥэ эмиэ көрүөххэ сөп. Били французтар этэллэринии, «Шерше ля фам». Үгүс айдааны, мөккүөрү дьахтар үөскэтэр. Уйбаан дьылҕатын эмиэ таптыыр дьахтара суорума суоллаата. Арай, дьиҥ бэйэтин санаатын бүдүрүппэккэ, эр хаанын киллэрэн, Иэйэни саба да саҥарбыт буолбаат… Кини да, баҕар, кыайыы кынаттанан, килбиэннээх сырыыланан эргиллэн кэлиэ этэ… Ону баара Уйбаан хомойуох иһин, Иэйэтэ андаҕарын бэрт түргэнник умнан, нус-хас олоҕу батыһан, бэрт судургутук атыны аналым диэбит дии…
Бу да сырыыга Уйбаан барахсан таптыыр дьахтарыгар уордайбытын уҕарытан, Иэйэтэ оҕолорун сүтэрэн хайдахтаах курдук аймаммытын, тулаайахсыйбытын өйдүүр, бырастыы гынар. Тапталларын таҥнарбыт Иэйэтин эргитиэн баҕарар. Бу эмиэ кини тапталтан хараҕа бааллан. Ол ыар кэмҥэ Иэйэ эрэ сүтүктээх этэ дуо? Ыал ыалынан имири сүтэр, оҕолорун ытыс соттубут кэмнэригэр?!
Уйбаан оҕолонно-урууланна, дьахтар сылаас хоонньун биллэ эрээри — бу барыта кураанах баҕаттан, олох олоро сатыыр толкуйтан. Кини сүрэҕэ Иэйэтигэр эрэ талаһар, кинини эрэ саныыртан нүөлүйэ тэбэр.
Сэһэҥҥэ ыһыах сүдү күүһэ, суолтата арыллыбыт. Саха дьоно ыһыахха күрэхтэһэн, ким бэрдин быһаараллар, кыахтаахтарын биһирииллэр, сүгүрүйэллэр. Ыһыахха ил-эйэ олохтонор, алгыс түспүт түһүлгэтэ киһини ыраастыыр, харыстыыр. Ол да иһин, Уйбаан бүдүрүйэ сылдьар кэмигэр кинини быыһыыр күүһүнэн ыһыах буоларын билэр. Ыһыахха сылдьан күүлэйдээн, күрэхтэһэн илэ бодотун тардынар, дьиҥ бэйэтин чөлүгэр киирэр. Дьон да кини кимин-тугун умна быһыытыйан, кини күүһүгэр-уоҕугар сүгүрүйэллэр. Бу ыһыах Уйбааны ааспыт ол дьоллоох кэмнэригэр эргиттэҕэ.
Дьоно-сэргэтэ кини дьылҕатын билэр буолан аһыннахтара, хаарыан киһилэрэ бу курдук тэмтэрийэн сылдьарыттан хараасталлара үгүс этэ.
Уйбаан олоҕун устатын тухары маҥнайгы тапталын сүрэҕин түгэҕэр бигээн илдьэ сырытта.
Онтон Иэйэҕэ дьон-сэргэ тыла-өһө, абата-сатата тиийдэҕэ… Ол курдук, кини дьон дьылҕатынан оонньуу оҥостубутун содулугар сааһырар кэмигэр дьону утары көрбөт буола уларыйар, ыарыыга сиэтэр.
Сэһэни ааҕабын уонна В. Распутин «Живи и помни» сэһэнин дьоруойдарын дьылҕатын тэҥнии тутабын. Онно эмиэ дэсэртиир Андрей уонна кини кэргэнэ Настена олохторо көстөр. Сааты-сууту тулуйбакка, дьахтар бэйэтигэр тиийиммитэ дии, Андрей ол курдук тайҕаҕа сүппүтэ.
Уйбаан улахан тапталтан туймааран, таптыыр дьахтарын угаайытыгар киирэн биэрбитин билэр уонна урукку олоҕор үтүө-мааны быһыытын умнубатах буоланнар, кини дьонун-сэргэтин ортотугар олордоҕо.
Иэйэ уонна Уйбаан тапталлара – бу дьылҕа, дьол дуу, сор дуу буоллаҕа. Улуу бэйиэппит Семен Данилов эппитинии:
«Таламмын таптыам дии санаама:
Тапталы өйүнэн айбаттар.
Таптал диэн сүрэх күн талаана,
Сүрэхпит үөрүүлээх ыарыыта».
Сэһэн дьон сыһыанын, санаа күүрүүтүн хаарыйар буолан, билиҥҥи да кэмҥэ олус тоҕоостоох. Киһи олорорун тухары суол хайынар, быһаарыныы ылынар толкуйугар сылдьар. Ыарахаттартан толлубакка, самныбакка толору ис хоһоонноох олох олорон, ааттанан-суолланан барҕаран, Эр киһи Эр киһи дэттин, Киһи киһитэ буоллун. Дьахтар аймах иэримэ дьиэни көрөн, сылаас холумтаннанан, оҕону-аймаҕы тэнитэн, дьолу-соргуну түстээтин. Кинилэр сыһыаннара сырдыкка, үрдүккэ угуйар, айар-тутар сүдү күүстээх тапталынан тулааһыннаннын!
«Саха сирэ», edersaas.ru анаан Антонина УСКЕЕВА