Хаһыатчыт Уйбаан Ксенофонтов

01.07.2020
Бөлөххө киир:

“Ийэм почтальон буолан, 50-с сыллартан  5-6-лаах уолчаан, хаһыат тарҕатан улааппытым…”

                Автобиографиятыттан.

 

Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Национальнай бэчээт күнүн бэлиитибит. Бу дьоро-соргу күммүтүгэр саха бэчээтин саарына Иван Иванович Ксенофонтовтыын – Уйбаан Силигилиин сэһэргэһиибитин таһаарабыт.

Иван Иванович, эн икки үйэ кирбиитигэр, саха суруналыыстыкатын икки эпохатын – сэбиэскэй уонна билиҥҥи кэмнэрин ситимниир уустук кэмҥэ үлэлээн-айан кэлбит суруналыыскын. Эйиэхэ айар үлэҕэр ити кэмнэр, эпоха да диэххэ сөп, улахан уратылаахтар дуу, суох дуу?

— Судаарыстыба таһаарар хаһыатын үлэһитин быһыытынан, айан-тутан баччаҕа кэллим. Хайа да үйэҕэ, этэриҥ курдук эпоха да буоллун, судаарыстыба хаһыатын иннигэр биир уларыйбат сорук турар: «Хаһыат биллэриэхтээх туохтан эргэ олох уларыйарын, саҥа олох оҥоһулларын». 1907 cыллаахха, лоп курдук 110 сыл анараа өттүгэр, «Якутский край» — «Саха дойдута» бастакы икки тылынан тахсыбыт бэлитиичэскэй-уопсастыбаннай уонна литературнай хаһыаты төрүттээччилэр бэрт чуолкайдык, уу сахалыы ити курдук быһааран тураллар. Бүгүн, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Түмэнин Бэрэссэдээтэлэ Александр Жирков көҕүлээһининэн бу историческай даатаны бэлиэтиирбит үгэс тутуһулларын кэрэһилиир.

Кырдьык, тустаах кэмигэр, олох тутулугар эппиэттэһиннэрэн, хаһыат ити соругун толороругар анала, ньымата, бэлиитикэтэ уларыйар. Ол курдук сэбиэскэй кэмҥэ хаһыат агитатор, пропагандист, кэлэктиибинэй тэрийээччи буолар аналлааҕа. Хомуньуус баартыйа, дойду үрдүкү былааһын уорганнарын быһыытынан ахсаабат үлэни ыытара. 60-с сылларга сэбиэскэй дьон аны 20 сылынан хомуньууһумҥа олоруохпут дэһэрбит. 70-80-с сылларга сайдыылаах социализмы тутабыт диир буолбуппут.

Оччолорго сыал-сорук чуолкай, компартия сийиэһигэр, пленумугар туруоруллубут халбаҥнаабат соруктар булгуччулаахтык толоруллуохтаахтар, олоххо киллэриллиэхтээхтэр, хаһыат ону дьоҥҥо-норуокка тириэрдиэхтээх, өйдөтүөхтээх, көҕүлүөхтээх. Ити ыйыллыбыт суолтан ураты санаа, уҥа-хаҥас чорбоҥнооһун көҥүллэммэт, оройго бэриллиэххин сөп этэ.

Оччотооҕу суруналыыстар норуоту күргүөмнээх, охсуулаах үлэҕэ көҕүлүүргэ публицистика, очерк, аналитическай ыстатыйа, репортаж жанрдарын кыайа-хото тутталлара. Хаалыыны, итэҕэһи-быһаҕаһы, олох омсолоох көстүүлэрин уоттаах-төлөннөөх кириитикэнэн, фельетонунан, сатиранан саралыыллара. Дмитрий Николаев, Григорий Нынныров, Василий Ойуурускай, Дмитрий Кустуров, Прокопий Караканов, Егор Гаврильев, Николай Атласов, Василий Федоров-Сэмээр, Николай Ылахов, Милан Афанасьев, Михаил Слепцов, Федора Егорова, Тамара Корякина, кэлин “Саха сиригэр” Николай Крылов, Иван Федотов курдук, уо.д.а. сытыы бөрүөлээх хаһыатчыттар суруйууларын дьон-сэргэ мэлдьи кэтэһэрэ.

Үөһэ «оройго бэриллиэххин сөп» диэн мээнэҕэ эппэтэҕим. 80-с сылларга «Кыым» хаһыат Мирнэй оройуонугар бэйэтин кэрэспэдьиэнинэн Иван Семенович Бурцев бэрт ситиһиилээхтик үлэлээн испитэ. Оччоттон айылҕа харыстабылын боппуруоһун сытыытык туруоран, алмаасчыттар Бүлүү өрүһү, тулалыыр эйгэни киртитэллэрин, Мирнэй оройуонугар «Кратон» сир анныгар ядернай дэлби тэптэрии кутталлаах содулун туһунан кырдьыгы малтаччы этэн суруйууларын иһин, алмаасчыттар кыйаханан, «сахалар бырамыысыланнаска сыстар, үлэлиир төрүкү кыахтара, сатабыллара суох. Өссө кириитикэлээхтэр баҕастаахтар» диэн өһүргэнэн, обкуомтан кынчарыллан, үлэтиттэн ууратыллыбыта. Ити курдук, «Кыым» хаһыат компартия охсор илиитэ, тэбэр атаҕа этэ. Үөһэттэн сорудаҕынан кириитикэлэммит оройуон салайааччыта дуу, сопхуос дириэктэрэ дуу үлэтиттэн уһуллара. Хайҕаммыт – өрө таһаарыллара, наҕараадаланара.

«Кыымы» утумнааччы

Онтон, дьэ, 90-с сыллар үүнэллэр…

— Уодаһыннаах 90-с сыллартан коммунизммыт эрэ, социализммыт эрэ, барыта, ССРС-пыт да, ССКП-быт да үрэллэн, «хайдыбыт харыытабытын» кыбыммытынан, 70-ча сылы быһа үөҕэн кэлбит хапыталыыһыммытыгар – атын тутулга, укулаакка умса хоруйа түспүппүт. «Бэйэҥ бай уонна дойдугун байыт» диэн суолу тутуспуппут. Судаарыстыба хонтуруола, иитэр-өйдөтөр үлэ диэн суох, көҥүллүк, аһаҕастык этии-тыыныы, суверенитет, демократия диэн өйдөбүллэр саҥа олох, саҥа үйэ көстүүлэрэ буолан, биир кэм долгуннура эппэҥнии олорор олохтоммуппут. Көҥүл үйэ, кэм демократтыы тыыннаах суруналыыстыкатыгар, араас көрүүлээх, киириилээх-тахсыылаах, таптаабыттарынан туойбут, тыыммыт-саҥарбыт суруксуттарга “күөх уот” күлүм аллайа умайбыта…

1991 сылтан тахсан барбыт, “Кыым” хаһыат утумнааччытынан буолбут “Саха сирэ” хаһыат Саха Өрөспүүбүлүкэтин бырабыыталыстыбатын уорганын быһыытынан судаарыстыба ыытар бэлиитикэтин, интэриэһин хорсуннук, утумнаахтык сырдатыытын саҕалаабыта. Хаһыаппытын төрүттээбит бастакы кылаабынай эрэдээктэрбит Василий Кириллин салалтатынан былааһы уонна норуоту сомоҕолуур күүс буолар аналбытын үрдүк эппиэтинэстээхтик толорон, үлэлээн барбыппыт.

Бу сылларга, Наталья Харлампьева салайааччылаах «Саха сирэ» хаһыат төһүү, сис-моой үлэһиттэрин, бэйэлэрэ ураты суоллаах-иистээх, туһунан буочардаах биллиилээх хаһыатчыттарын судаарыстыбаннай толкуйдаах айымньылаах үлэлэрэ үрдүктүк сыаналаммыта – 7 киһи СӨ Суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреаттарынан буолаллар, кинилэр ааттара биһиги мусуойбутугар баар.

1993 сылтан «Эдэр саас» ыччакка аналлаах сыһыарыыны таһааран бар-быппыт. Аныгы үйэ ыччатын, «билиҥҥи кэм геройун» уобараһын ыччат бэйэтэ толкуйдаан, иитиэхтээн таһаарарыгар кыах үөскэтиллибитэ. Иван Ушницкай, Альберт Соров, Данил Макеев, Николай Никитин курдук суруксуттуур, тэрийэр, түмэр, көҕүлүүр талааннаах эрэдээктэрдэр ыччаты үөрэххэ, үлэҕэ, спорка, култуураҕа сыһыарарга, сэргэх, чөл олоххо тардарга эдэрдии эрчимнээхтик, уоттаахтык-күөстээхтик үлэлээбиттэрэ. Оттон Прокопий Бубякин салалтатынан саха ыччатын промышленноска тардыыга «Эдэр саас» «СЫП» бырайыага уонтан тахса сыл үлэлээн кэллэ.

Онон этиэххэ наада, хайа да үйэҕэ, тутулга судаарыстыба таһаарар хаһыатын суолтата, сыала-соруга уларыйбат: судаарыстыба ыытар бэлиитикэтин олоххо киллэриигэ дьону-норуоту өйдөтөр, түмэр, көҕүлүүр, тэрийэр, былааһы уонна норуоту ситимниир күүс буолар.

«Хаарыан дьоннор — хаһыатчыттар…»

— Иван Иванович, эн хаһыатчыт күннэтэ түбүктээх үлэтиттэн быыс бу-лан, айар үлэ абылаҥар ыллараргын билэбит. Ырыа да буолбут хоһооннордооххун. Оттон «Хаарыан дьоннор – хаһыатчыттар» хоһоонуҥ хайдах суруллубутай?

— Хаһыатчыты урут уруучука, блокнот тутуурдаах, кэлин киһи айаҕар ис-пиискэ хаатын саҕа диктофону үҥүлүтэр, ону-маны туоһулаһар «үрүҥ үлэһит» киһинэн ааҕаллара. Дьиҥинэн, хаһыатчыт шахтер кэнниттэн иккис кэккэҕэ турар ыарахан, улахан ноҕуруускалаах, доруобуйатыгар охсуулаах үлэлээх киһи буолар. Аны үөһэттэн айдарыылаах эрэ киһи хаһыатчыт буолар. Оннук киһи бу идэни тулуйар, өйүнэн-санаатынан, дууһатынан ылларар.Үөһээттэн айдарыылаах дьоннор, халлаан дьоно – хаһыатчыттар, суруксуттаабытынан суох буолар сурааһыннаах кэлэллэр. Барахсаттар, кэннилэригэр суоруллубат, сотуллубат суолу-ииһи хааллараллар. Төһөлөөх талааннаах, өссө да элбэҕи дьонноругар-норуоттарыгар туһалааҕы оҥоруох биир идэлээхтэрбит, доҕотторбут бу ойор күннээх Орто дойдуга «күлүм гынан» ааһаахтаатылар… Василий Кириллин, Прокопий Караканов, Михаил Слепцов, Андрей Аргунов, Иван Брызгалов, Степан Юмшанов, Николай Ылахов, Афанасий Дохунаев, Реворий Кривогорницын, Александр Архипов… киһи ааҕан сиппэт. Бииргэ айбыт-туппут, биир «өлүүгэ өлбүт» доҕотторбут барахсаттар. Хараастан, санаам оонньоон суруйбут хоһоонум ити…

— Аны 30-ча, оннооҕор 20-чэ сылынан саха тыла эстиэ диир дьон баар… Саха тылын араҥаччылыах аналлаах бүгүҥҥү сахалыы хаһыаттар, сахалыы интернет-саайтар тыллара-өстөрө астыннарар дуо, туох дии саныыгын?

— Астынар буоллахха — дуоһуйуу, муҥур уһукка тиийии диибин… Ол аата тохтоон хаалаҕын, сайдыбаккын. Оттон тыл тохтоло суох сайда, ырааһыра, байа туруохтаах. Кыахтаах суруксуттардаах хаһыат тылын ырааһырдар, байытар.

Билигин, сүрүннээн социальнай ситимнэргэ, батсаапка игин сурук-бичик таһыма, чуолаан хаһыаттарга үлэлиир эдэр суруналыыстар суруйууларыгар мөкүтүк дьайар кутталлаах. Олохпут араас эйгэлэригэр күннэтэ дьүккэтэ  суох өтөн киирэр омуктуу тиэриминнэри сахатытыыга судаарыстыбаннай таһымнаах дьаһаллар ылыллаллара, бэрээдэк, быраабыла олохтоноро наада. Хайа, өскүөрүтүн, наар «биенналелыы», «флэш- мобтуу», «сельфилии» сырыттахпытына, сахалыы буолбакка, омуктуу хаһыаты таһаарыахпыт дии…

Кумааҕы  хаһыат дуо?

— Уопсайынан эттэхпинэ, аҕыйах, биэс -алта сылынан кумааҕы хаһыат  диэн суох буолуоҕа, электроннай хаһыакка, интернеккэ бүтүннүү көһүөхпүт, мультимедийнэй бэчээт былааһы ылыаҕа, диэн этэр-тыынар буолбуттарын тириим таһынан ылынабын. Устуоруйа көлүөһэтэ эргийэр, тохтообот. Интернет, опто-волоконнай, сыыппаралаах технология сибээһэ, бассаап, социальнай ситимнэр харыыта суох өтөн киирэр кэмнэригэр олоробут. Медийнэй бэчээтинэн үлүһүйэбит. Ол иһин итинник тыллаһабыт. Оттон балысхан сайдыы ийэтэ-аҕата дойдулар бу «буму» ааспыттара ыраатта. Эмиэрикэҕэ, Японияҕа туох-баар сүрүн сонуннарын, дьаһалларын, бэлии-тикэлэрин хаһыаттан ылаллар, хаһыакка тирэҕирэллэр, хаһыатынан быһаараллар. Холобур, Эмиэрикэҕэ күн бүгүн «Нью-Йорк таймс» курдук 1 мөлүйүөнтэн тахса тиражтаах 20-чэ бөдөҥ хаһыат күн аайы тахсар. Итилэртэн 2-3 эрэ «желтай» хаһыат араас айдааннаах быһылааннары, өлөрсүүнү-күлүгээннээһини, хобу-сиби, сиэкистээһини сырдатар эбит. Уоннааҕылар бары наадалаах дьоһуннаах сонуннары, ыстатыйалары, дьаһаллары бэчээттииллэр. Дьоппуоннар «Асахи симбун» национальнай хаһыаттара сууккаҕа иккитэ, сарсыардааҥы хаһыат 6 мөлүйүөн, киэһээҥи хаһыат 4 мөлүйүөн ахсаанынан тахсар. Бу үлүгэрдээх тиражтарын 66 бырыһыана сурутууга тарҕанар.

Ити курдук. Биһиэхэ даҕаны кумааҕы хаһыат кэмэ эргиллиэҕэр саарбах-таабаппын. Судаарыстыба тутула баарын тухары эписсийээлинэй хаһыат оруола, суолтата сүппэт. Суруллубут – суоруллубат. «Сахабыт сирэ» кэнэҕэһин даҕаны, төрөөбүт Сахабыт сирин инникитин түстээн, норуоту уонна былааһы ситимниир күүс буолан сайдыы саҥа аартыктарыгар көҕүлүү, сирдии туруоҕа.

— Улахан махтал, Иван Иванович, кэпсээҥҥэр!

2017 сыл.

Татьяна Маркова.

Андрей Сорокин (СИА) хаартыскаҕа түһэриитэ.

 

СЭМСЭ ТЫЛ

Дмитрий Кустуров,

П.А. Ойуунускай аатынан судаарыстыбаннай бириэмийэ, Суруналыыстыкаҕа судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ:

— Уйбаан Уйбаанабыс хаһыакка 33 сааһыгар сиппит-хоппут киһи кэлбитэ, айар дьоҕурдааҕын тута көрдөрбүтэ. Оччотооҕу паартыйа этиитин мүччүргэнэ суох толорор көнө сүрүннээх салайааччы. Тэппит атаҕын кубулуппакка, хаһыат бары үрүҥ-хара үлэтин сүүс бырыһыан эҥкилэ суох толорон кэллэ. Кинини киһи быһыытынан судургутун, көнөтүн иһин ытыктыыбын.

ОЛОҔУН ОЛУКТАРА

Ксенофонтов Иван Иванович

1950 с. атырдьах ыйын 24 күнүгэр Мэҥэ — Хаҥалас улууһун Хаатылыма с. төрөөбүтэ.

1968 с. Майа орто оскуолатын бүтэрбитэ.

1969-1971 сс. Сэбиэскэй аармыйаҕа  сулууспалаабыта.

1971-1972сс. Ленин аатынан сопхуос оробуочайа, Ороссолуода кулуубун сэбиэдиссэйэ.

1974 с. Омскай к. авиазавод токара.

1976 с. СГУ байыаннай кафедратын лабораториятын сэбиэдиссэйэ.

1983 с.  СГУ саха салаатын бүтэрбитэ.

1984-1990 сс. “Кыым” хаһыат кэрэспэдьиэнэ, агропромышленнай, экэнэмиичэскэй, промышленность уонна сибээс отделларын сэбиэдиссэйэ.

1990-2015сс. “Саха сирэ” хаһыат кылаабынай эрэдээктэрин I солбуйааччы, эрэдээктэри солбуйааччы.

Судаарыстыбаннай бэчээт мусуойун сэбиэдиссэйин уонна кылаабынай эрэдээктэр сүбэһитин быһыытынан Иван Ксенофонтов билигин эрэдээксийэ ис үлэтигэр биллэр-көстөр кылаатын киллэрэр.

СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СӨ Бэчээтин туйгуна. Саха сирин Суруналыыстарын сойууһун “Суруналыыстыкаҕа кылаатын иһин” бэлиэтин хаһаайына. Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Ытык киһитэ. Хас да кинигэ уонна ырыа ааптара. Кэргэннээх, 2 оҕолоох, сиэннэрдээх.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0