Уйбаан гостиницатыгар туристар уочараттыыллар

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Өймөкөөҥҥө кэлиҥҥи кэмҥэ туристары кытта олохтоохтор ыкса үлэлэһэр буоллулар.

edersaas.ru

Үгүстэр олорор дьиэлэригэр кыһыҥҥы туризм бэстибээлин кэмигэр ыалдьыттары түһэрэллэр. Оттон Томтор ыччата Анатолий Заболоцкай  2004 сыллаахтан саҕалаан, 2017 с.  бэйэтин тус үбүнэн сэттэ сыл устата тутан, 11 миэстэлээх толору хааччыллыылаах гостиницаны үлэҕэ киллэрбитэ. Онно эбии 10 миэстэлээх  гараас туппута.

Гостиницабын үлэҕэ киллэриэхпиттэн ыла 300 турист кэлэн түстэ. Францияттан, Кытайтан, Японияттан, Нидерландыттан, Молдавияттан, Канадаттан, Кытайтан уо. д. а. дойдулартан хас да ый инниттэн сакаастаан, суруттаран кэлэн түһэллэр. Туристар толору хааччыллыылаах гостиница буоларын истэн-билэн, бэйэлэрэ сибээскэ тахсаллар. Онон, мин гостиницабын 20 миэстэлээх гынаары, эбии тутууну былаанныыбын. Маны таһынан, туристарбар анаан саха аһын амсатар дьоҕус этническэй оҥоһуулаах эрэстэрээн тутуом. Оччотугар, нууччалыы эттэххэ, “гостиничнай комплекс” буола түһүө этэ, — диэн Иван Заболоцкай Ил Дархан Айсен Николаев кыттыылаах  Өймөкөөҥҥө буолбут Предпринимательство министиэристибэтэ туризм сайдыытыгар туһуламмыт көһө сылдьар мунньаҕар  санаатын үллэстибитэ.

Мунньах кэнниттэн мин эдэр киһини кытта анаан көрсөн кэпсэппитим.  Иван Заболоцкай кэлиҥҥи сылларга бэйэтэ иитиэхтии сылдьар бэрт кэскиллээх санаатын кытта үллэстибитэ:

Өймөкөөҥҥө кэлэр туристар араас сирдэринэн тилийэ айаннаабыт, бэрт таһымнаах, үрдүк култууралаах, билиилээх-көрүүлээх дьон. Кинилэри кытта уһун кыһыҥҥы киэһэлэргэ чэйдии олорон кэпсэтэн, бэрт үгүһү биллим, санааларын иһиттим, сүбэлэрин ылынным. Дьиктитэ баар, биһиги Лабыҥкырбыт уонна Алыһардаахпыт туһунан билэллэрэ үгүһэ сөхтөрдө. “Бачча чугаһаан баран, Лабыҥкыры көрбөккө бардыбыт”, — диэн хомойор киһи үгүс. ГУЛАГ историятын олус интэриэһиргииллэр эбит. РФ үтүөлээх учуутала Мария Боярова салайар ГУЛАГ репрессиялаахтарыгар анаммыт кыраайы үөрэтэр мусуойуттан олох сирэйдиин-харахтыын уларыйан кэлэллэр. Учууталбыт Мария Поликарповна туристар дууһаларын оннук уһугуннарар, өрүкүтэр күүстээх айылгылаах киһи. Кини үөрэтэр оҕолорун кытта хомуйбут мусуойун экспонаттарын киһи уйулҕатын хамсатар гына кэпсиирин үгүс турист умнубаттык сүрэҕэр иҥэрэр. Мин төрөөбүт Томторбуттан 70 км тэйиччи сиргэ ГУЛАГ саҕана дьахталлар сыппыт “Надежда” лааҕырдара баар. Онно туристары илдьэн көрдөрөр туристическай маршрут аһыахпын баҕарабын. Ону тэҥэ Лабыҥкырга уонна Алыһардаахха туристары илдьэн сырытыннарар маршруту эмиэ аһыахпын былаанныыбын. Онно тиийэргэ, биллэн турар, нууччалыы эттэххэ, “вездеход” көлө наада. Бу туһунан мин предпринимательство уонна туризм миниистиригэр мунньахха анаан эттим. Онно кини: “Лизининэн улахан кыамталаах көлөнү аҕаларга кэпсэтиһэ сылдьабыт. Эн этиигин болҕомтоҕо ыллыбыт”, — диэтэ. Онон баҕа санаабын олоххо киллэрэргэ эрэл кыыма баар.

Иван Заболоцкай бэйэтэ бэлиэтээбитин курдук, кини толору хааччыллыылаах гостиницатыгар билигин туристар эрдэттэн суруттаран кэлэн түһэллэр. Онон хас да ый инниттэн уочараттыыллар диэххэ сөп. Быйыл  Молдоваттан аатырбыт ультрамарафонец Дмитрий Волошин Томторго предприниматель Иван  Заболоцкай гостиницатыгар тохтоон, -60 кыраадыс тымныыга сүүрэн, Арассыыйа рекордун олохтоон турар. Экстремал-спортсмен Иван Заболоцкай туһунан олус бэркэ ахтан суруйбута бу күннэргэ бэйэтин саайтыгар таҕыста.

Тус  кыаҕынан бары санаатын олоххо киллэрэр эдэр предприниматель сарсыҥҥыта — кэскиллээх. Онон улууһугар туризмы сайыннарыыга дьоһуннаах кылаатын киллэрсэ сылдьар  Иван Заболоцкай сотору кэминэн дьоҕус этно-эрэстэрээн туттан, улахан кыамталаах көлөнү атыылаһан,  өссө кыаҕыран иһэригэр эрэл улахан.

Елена ПОТОЦКАЯ, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

Хаартыска — интернеттэн.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0