Уйбаан Белолюбскай бирииһигэр ыытыллар «Чөмпүйүөн Куубагар» өрөспүүбүлүкэбит 37 спортсмена илин-кэлин түсүһэ сылдьар. Бу күрэхтэһии Дьокуускай куоракка олунньу 16-17 күннэригэр «Дохсун» спорт комплексыгар ыытылла турар.
Бастакы күҥҥэ үс көрүҥ түмүгүнэн миэстэлэр маннык буоллулар:
1. Николай Матаннанов, Таатта
2. Дьулустаан Ноговицын, Горнай
3. Егор Филиппов, Хаҥалас.
⠀
Оттон биирдиилээн көрүҥнэргэ:
«Үс төгүл үс» көрүҥҥэ:
1. Егор Филиппов, Хаҥалас (35,3)
2. Николай Матаннанов, Таатта (32,78)
3. Леонид Филиппов, Амма (32,48)
⠀
«Тутум эргиир»:
1. Алексей Уваровскай, Кэбээйи (67)
2. Айсен Ботуев, Чурапчы (61)
3. Леонид Филиппов, Амма (58)
⠀
«Мас тардыhыы»:
1. Дьулустаан Ноговицын, Горнай
2. Егор Филиппов, Хаҥалас
3. Владимир Федоров, Ньурба.
⠀
Сарсын оҕунан ытыы, 400 м.сүүрүү, хапсаҕаҋ, таас көтөҕүү түһүмэхтэрэ буолуохтара. ⠀
edersaas.ru,
хаартыска: @chip4chap
+1
+1
+1
+1
+1
+1
+1