Дыгын оонньууларын тыыннаах номоҕо, сэттэ төгүллээх чөмпүйүөнэ, Уус Алдан аныгы “майаҕаттата”, Уйбаан Белолюбскайы кытта кэпсэттибит. Кини быйыл XX Манчаары оонньууларыгар хапсаҕайга уонна мас тардыһыыга бастаан, уһулуччу спортсмен буоларын өссө төгүл дакаастаата. edersaas.ru
— Уйбаан, спорка бастакы хардыыларыҥ туһунан саныахха эрэ?
— Мин кыра эрдэхпиттэн хамсаныылаах, сүүрбүт-көппүт оҕо этим. Убайдарым, эдьиийдэрим бары спорт оскуолатыгар хайыһар дьарыгар сылдьаллар этэ. Ол иһин мин үһүс кылаастан хайыһарынан дьарыктаммытым. Григорий Константинович Дьячковскай ыаллыы олорор хайыһар тренерэ кыра эрдэхпиттэн спорка сыһыаннаахпын көрөн, дьарыктыыр этэ, күрэхтэһиилэринэн илдьэ сылдьара. Кини миигин спорка уһуйбута. Оскуолаҕа үөрэммитим тухары хайыһардаан баран, 1997 сыллаахха, 2 кууруска үөрэнэ сылдьан, мас тардыһыытыгар көспүтүм. Ол сыл бастакыбын Манчаары оонньууларыгар сахалыы многоборьеҕа СГУ чиэһин көмүскээбитим. Куоракка кэлэн баран Дыгын оонньууларыгар кыттыбытым уонна 4-с миэстэ буолбутум. Ол саҕана Дыгын оонньуулара ипподромҥа ыытыллар этэ. Мас тардыһыыга бастакы сүрэхтэниим Мэҥэ Хаҥалас Төҥүлү нэһилиэгэр Гаврил Десяткин бирииһигэр күрэхтэһиигэ буолбута. Ол күрэхтэһиигэ 68 киилэҕэ Сергей Кузьмиҥҥа 2:1 ахсаанынан кыайтарбытым. Хайыһартан мас тардыһыытыгар көһөн баран бастакы күрэхтэһиибэр саха чулуу мадьыныларын кытта киирсэн олус дуоһуйбутум уонна өссө күүскэ эрчиллэн саҕалаабытым. Дыгын оонньууларыгар кыттаары 20 сааспыттан утумнаахтык эрчиллэн киирэн барбытым уонна ол саҕаттан Дыгын оонньууларынан “ыалдьыбытым”.
Бүтэһик “Дыгыным”
— Быйылгы Дыгын оонньуулара эйиэхэ түмүктүүр күрэхтэһии буолла.
— Быйыл 20-с сылбын кытынным, үбүлүөйдээх сылым буолан, эрдэттэн кыттыахпын наада диэн сыал-сорук туруоруммутум. Сүүмэрдиир түһүмэххэ илиибэр эчэйиилээх сылдьан киирсибитим — төрдүс миэстэ буолбутум. Бу быраабы ылбыппыттан олус үөрбүтүм. Хас биирдии көрсүбүт дьонум бары “кытаат, үчүгэйдик киирис, ыалдьабыт”—диэннэр, мээнэ киирсии эрэ көрдөрбөккө, хайаан да ыалдьааччыларбын, сүгүрүйээччилэрбин үөрдүөхпүн наада диэн турукка киирбитим. Дыгын оонньууларын түһүлгэтигэр кытта сылдьан бэриниилээх ыалдьааччылардаахпыттан сөҕө махтайбытым. Дьиҥэр, тутум эргийиибэр биирдэ-иккитэ эргийэн баран сэниэбин харыстаан тохтоон хаалыахпын сөп этэ. Бу көрүҥҥэ 12-с миэстэ буоларым эрдэттэн биллэр этэ, эдэр уолаттар тутуму олох элбэхтэ эргийэллэр билигин. Ол эрэн, бу бүтэһик “дыгыммар” сүгүрүйээччилэрбэр туох баар кыахпын барытын көрдөрүөм диэн, бүтэһиккэ диэри барбытым. Ыстаныыбар уонна 400 миэтэрэҕэ сүүрүүгэ күүспүн-кыахпын ситэ туһамматым дии санаатым. Эбиитин ыйааһыным дэлби түһэн хапсаҕайга уонна мас тардыһыытыгар күүспүнэн сабырыйтаран иккиэннэригэр 4-с миэстэ буоллум. Таас көтөҕүүтүгэр туох баар кыахпынан 100 миэтэрэттэн таһаардым. Урут чөмпүйүөннүү сылдьар кэммэр 100 миэтэрэттэн таһаарбат этим. Ол эрэн, уопсай түмүккэ 10-с миэстэ буолбуппуттан олус үөрдүм. 12-с миэстэ буолбутум буоллар хомойуом этэ. Оттон 11-с уонна 10-с миэстэ диэн билиҥҥи турукпунан бэйэбэр сөп. Ол иһин быйылгы көрдөрүүбүттэн астынабын. Былырыын сүүмэрдэммэккэ быһа киирбиппин сорох дьон сөбүлээбэтэҕэ. Киирсэр буолан баран, тэҥҥэ ааһыахтаах дииллэрэ. Ол иһин быйыл сүүмэрдиир күрэхтэһиини ааһан, кыттар кыахтаахпын диэн дакаастаатым.
Николай Дьяконовтыын киирсии
— Дыгын оонньууларын алта төгүллээх чөмпүйүөнэ Николай Дьяконовтыын чаҕылхай киирсиилэргитин саха дьоно бары кэриэтэ кэтииллэрэ, кэтэһэллэрэ.
— Коля Дьяконов диэн сахаларга биир дэгиттэр сайдыылаах спортсмеммыт буолар. Кини 90-с сылларга Дыгын оонньууларыгар бастакытын кыттаат, кыайбыта. Кинини куоһарар киһи чугастыы көстүбэтэ тута биллибитэ. Бастаан кыттар сылларбар туох баар кыахпын, бэлэммин билэн туран, Николай Дьяконов кэнниттэн иккис миэстэ миэхэ сөп дии саныыр этим. Кини ыйааһына да улахан, күүһэ да таһыччы, түргэнник сүүрэр, ыстанар, тутум да эргийэр — бары өттүнэн барытынан сайдыылаах. Ол иһин кинини кыайар туһунан санаа да суоҕа. Бастакы кыайыыларбар сүгүрүйээччилэрим үтэн-анньан биэрбиттэрэ. “Хаһан кыайаҕын да, хаһан кыайаҕын” – диирэ көрсүбүт киһим барыта. Мин ити этиилэри олус чугастык ылыммытым. 2006 сыллаахха улахан массыына саахалыгар түбэһэн, Дыгын оонньууларыгар 4-с миэстэ буолбутум. Ол сыл күһүҥҥүтүттэн кыһыйан, абаран күүскэ эрчиллэн, 2007 сыллаахха Коляны кыайбытым уонна кыайыыларым саҕаламмыттара. Николай Дьяконовы миигин сайыннарбыт киһинэн ааҕабын, кини баар буолан, мин маннык ситиһиилэрдээхпин, кини баар буолан Дыгын оонньууларын 7 төгүл кыайыылааҕа буоллум, кини кыайыыларын холобур оҥостон эт-хаан, өй-санаа өттүнэн сайынным, кини баар буолан биһиги ааппыт ааттанна. Тус бэйэм Николай Дьяконовы олус убаастыыбын киһи да, спортсмен да быһыытынан.
Утум салҕанар
— Билигин номнуо бэйэлэрин ааттарын ааттаппыт уолаттары “Боотур” спортивнай кулуупка түмэн дьарыктыыгын. Бу туһунан кыратык сырдатыаҥ дуо?
— Мин Баһылай Манчаары аатынан спорт киинигэр многоборьеҕа уонна мас тардыһыытыгар тренеринэн үлэлиибин. Саха боотурдара дьарыктанар түмсүүлэрэ диэнинэн сиэттэрэн, “Боотур” диэн ааттаммыппыт. Бөлөхпөр 50-тан тахса оҕо дьарыктанар. Маны таһынан, 2015 сыллаахтан бэйэм анаан дьарыктаабыт талааннаах уолаттардаахпын. Ол курдук, Дыгын Оонньуутун икки төгүллээх кыайыылааҕа Егор Филиппов, Олоҥхо ыһыаҕын 4 төгүллээх кыайыылааҕа, быйылгы Ыччат ыһыаҕын “Эр Бэрдэ” күрэхтэһии муҥутуур кыайыылааҕа — Рустам Ксенофонтов, Дыгын оонньууларын икки төгүллээх кыттыылааҕа, быйылгы Баһылай Манчаары оонньууларын саха многоборьетын чөмпүйүөнэ — Николай Матаннанов, мас тардыһыытыгар аан дойду Кубогын бастакы түһүмэҕин кыайыылааҕа, Дыгын оонньууларын таас көтөҕүүтүгэр рекордсмена — Дьулустаан Ноговицын, саҥа тахсан эрэр, быйылгы Дыгын оонньууларын кыттыылааҕа, эрэнэр уолбут Өлүөхүмэ улууһуттан төрүттээх Иннокентий Миронов уонна Дыгын оонньууларын үс төгүллээх призера – Алексей Козлов буолаллар. Уонна биһиги түмсүүбүтүттэн элбэх эдэр уол Манчаары оонньууларыгар улуустарын чиэһин көмүскээтилэр, хас да уол бэйэлэрин ыһыахтарын многоборье күрэхтэһиитигэр кыайдылар. Многоборье көрүҥэ олус сайдан эрэр, дьарыктаныан баҕалаах ыччат күнтэн күн элбээн иһэр. Спорка тренер быһыытынан син биир сылдьыам. Мантан ыла бэйэм күрэхтэспэтэрбин даҕаны, бу түмсүүбүн сайыннаран , эдэр уолаттары таһаарыахпын баҕарабын.
Манчаары түһүлгэтэ тосхойдо
— XX Манчаары оонньууларыгар мас тардыһыытыгар уонна хапсаҕайга кыайыылаах буолбутуҥ туһунан сырдат эрэ.
— 2011 сыллаахха Тааттаҕа мас тардыһыытыгар өрөспүүбүлүкэ чөмпүйүөнэ буолан баран, аҕыйах хонугунан куоракка ыытыллыбыт Петр Алексеев аатынан хапсаҕайга өрөспүүбүлүкэ чөмпүйэнээтигэр 90 киилэҕэ кыайыылаах буолбутум. Кэлин маннык ситиһиини сатаан хатылыам дуу дии санааччыбын. Быйыл Манчаары оонньууларыгар дойдум Уус Алдан хапсаҕайга федерациятын салалтата, хапсаҕайга хайаан да кытын диэннэр, боруобалаан көрөргө санаммытым. Оттон мас тардыһыытыгар кыттыахтаахпын кытынным. Анаан дьарыктанар көрүҥүм буоллаҕа дии. Дыгын оонньууларын кэнниттэн киһи олус сылайар, илистэр. Сарсыҥҥытыгар оронтон турар да уустук буолааччы. Маннык күрэхтэһии кэнниттэн Манчаары оонньууларыгар кыттар сүрдээх ыарахан. Кыайан эккин-хааҥҥын чөлүгэр түһэрбэтэххинэ, туохха даҕаны тиксибэккэ хаалыаххын сөп. Быйыл Дыгын оонньууларын кэнниттэн Манчаары оонньууларыгар диэри 12 күн баара. Син этим-хааным чөлүгэр түспүтэ. Ол эрэн, син биир быччыннарым күүрбүттэрэ биллэр этэ. Мас тардыһыытыгар бэйэм эт саастыы Валерий Саввиновы сүрүн утарсааччынан көрбүтүм. Кинини 2:0 ахсаанынан кыайбытым. Сарсыҥҥы күнүгэр биирдэ киирсибитим уонна кыайан маҥнайгы үктэлгэ тахсыбытым. Мас тардыһа сылдьан хапсаҕайга ыйааһыннана барбытым. Тиийбитим бүтэһик хаалбыт этим. Сэрэбиэйгэ 13-с нүөмэри тардыбытым уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин чулуу хапсаҕайдьытыгар Александр Румиҥҥа бастакы эргииргэ түбэспитим. Балаһыанньам ыараабыта. Туруоруммут соругум туолбат буолла быһыылаах дии санаабытым. Киирсэ сылдьан бэйэбин турукка киллэрбитим. Улаханнык долгуйбатаҕым. Киирсэ сылдьан умса тардыбыппар утарсааччым сиргэ тайана түспүтүгэр олус соһуйбутум, үөрбүтүм. Иккис эргииргэ Станислав Афанасьевка киирэрбэр олус долгуйбутум, эппиэтинэс үрдээбит курдук буолбута, финал чугаһаабытыттан сылтаан буолуо. Станислав Афанасьевы этэҥҥэ кыайбытым. Финал аҥаарыгар киирэн Бүлүү бөҕөһө Филипп Алексеевы кыайан финалга мас тардыһыытыгар спорт маастара, однокурснигым, доҕорум Василий Ефремовка тахсыбытым. Дьэ, финалга киирээри туран Илья Скрябин Манчаары оонньууларыгар анаан “Дьулус. Тулуй. Кыай” диэн оҥорбут халандаарын санаан кэллим. Дьулустум, тулуйдум уонна, дьэ, кыайарым эрэ хаалла дии санаатым, күүспүн-уохпун түмтүм, өйбүн-санаабын сааһыланным. Туста киириэхпэр диэри “Дьулус. Тулуй. Кыай” диэн хатылыы-хатылыы сырыттым. Финалга утарсааччыбын атахха киирэн охторбутум. Кыайыы өрөгөйүн билэн баран толкуйдаан көрдөхпүнэ, киирсибит утарсааччыларбын хайдах кыайталаабыппын олох өйдөөбөт эбиппин. Хаҥас илиититтэн тардан атахха киирбитим дии санаабытым, уҥа илиититтэн тардыбыт эбиппин, санныттан умса тардыбытым дии санаабытым сүнньүттэн тардыбыт буолан хааллым. Ону олус дьиктиргээтим. Ол аата Үөһээ Бүлүү түһүлгэтэ миэхэ тосхойбут. Түһүлгэ тосхойуута диэн туспа өйдөбүл, кимиэхэ эрэ бэрсэр, кимиэхэ эрэ бэрсибэт. Ол иһин спортсмен киһи итэҕэллээх буолуохтаах.
Ыалдьааччыларбар махтанабын
— Оҕолоруҥ спортка төһө сыстаҕастарый?
— Икки уоллаахпын. Улахан уолум Уйбаан диэн. Кини билигин Екатеринбург куоракка Ураллааҕы юридическай академияҕа Прокуратура институтугар үөрэнэр. Спордунан оскуолаҕа дьарыктаммыта. Чурапчыга ыытыллыбыт Манчаары оонньууларыгар сүүмэрдиир түһүмэҕи ааһан кыттыбыта. Устудьуоннуу киирэн баран тохтоото. Бастатан туран, киһи үөрэхтээх буолуохтаах дии саныыбын. Кыра уолум Айаал диэн ааттаах. Олимпийскай эрэл училищетыгар 11-с кылааска үөрэнэр. Бастакы кылаастан тустуунан дьарыктанар. Боотурдар оонньууларын хас да төгүллээх кыайыылааҕа буолбута, Афанасий Заболоцкай күрэхтэһиитин быйылгы кыайыылааҕа, бастыҥ бөҕөс аатын сүкпүтэ, Пермь куоракка ыытыллыбыт Арассыыйа чөмпүйэнээтигэр үһүс миэстэ буолан турардаах уонна элбэх кэккэ ситиһиилээх. Аҕыйах хонуктааҕыта Краснодарскай кыраайга баран оскуола оҕолорун спартакиадатыгар 50 киилэҕэ үһүс миэстэ буолла. Улаханнык саҥарбаппыт, сэмээр өссө үрдүк ситиһиилэри кэтэһэбит. Түгэнинэн туһанан, дьоммор-сэргэбэр, өр сылларга сүгүрүйэн кэлбит ыалдьааччыларбар махтанабын, иллээх, эйэлээх, түмсүүлээх, дьоллоох буолуҥ. Спортсмен ситиһиилэрэ, спорка уһун үйэлэнэрэ ыалдьааччыларыгар тирэҕирэр.
Олоҕун олуктара:
Уйбаан Белолюбскай
1977 с. бэс ыйын 22 күнүгэр Уус Алдан улууһун Бороҕон нэһилиэгэр төрөөбүт.
1998 с. М.К. Аммосов аатынан Саха Судаарыстыбыннай Үнүбүрсүтүөтүн Педагогическай институтун физкультура салаатын бүтэрбит.
1999-2000 сс. – Саха-Бельгийскэй гимназияҕа физкультура учуутала.
2000-2001 сс. – Лөгөй нэһилиэгэр спорт саалатын дириэктэрэ.
2001-2003 сс. – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наркотигы утары охсуһар управленияҕа эти-хааны сайыннарар исписэлииһэ.
2003-2011 сс. – Саха Өрөспүүбүлүкэтин Наркотигы утары охсуһар управление спецнааһын оперативнига.
2011-2013 сс. – Баһылай Манчаары аатынан “Модун” спорт киинигэр мас тардыһыыга тренер.
2013 сс. — Баһылай Манчаары аатынан “Модун” спорт киинигэр мас тардыһыытын сайыннарар отдел салайааччыта.
ИДьМ бэтэрээнэ.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин Физкультура уонна спорт бочуоттаах үлэһитэ, Уус Алдан бочуоттаах олохтооҕо, Саха спорт төрүт көрүҥнэригэр бочуоттаах спорт маастара, хайыһарга, мас тардыһыыга, хапсаҕайга уонна саха многоборьетыгар спорт маастара, Дыгын оонньуутун 7 төгүллээх кыайыылааҕа, мас тардыһыыга Арассыыйа (2012), Европа (2011) чөмпүйүөнэ, Аан дойду кубогын призера (2013).
Сэмсэ тыл:
Николай Бястинов, спортивнай суруналыыс:
— Уйбаан Белолюбскай чахчы урааҥхай саха чулуу боотура. Кини курдук дэгиттэр талааннаах, кыайыыга дьулуурдаах, кытаанах санаалаах дьон биһиэхэ тарбахха баттанар. Араас спорт көрүҥүн маастара. Хайыһарга, мас тардыһыытыгар, хапсаҕайга, многоборьеҕа туруоруммут сыалын толору ситиспитэ. Билигин да 40 сааһыгар 20-чэлээх уолаттары кытта тэбис тэҥҥэ киирсэ сылдьар. Тренер да быһыытынан бэйэтин үчүгэйдик көрдөрөн эрэр. Эдэр ыччакка холобур буолар.
Николай Попов кэпсэттэ, “Саха сирэ” хаһыат, edersaas.ru