Ульяна Ивановна Бурнашева-Уйана бэйиэт, очеркист, Арассыыйа Суруналыыстарын уонна СӨ Суруйааччыларын сойуустарын чилиэнэ, СӨ култууратын туйгуна, Уус Алдан улууһун Лөгөй нэһилиэгин бочуоттаах олохтооҕо.
Ульяна Ивановнаны төрөөбүт сиригэр-уотугар бэриниилээх тапталы, эр киһи уонна дьахтар олоххо оруолларын, дьиэ кэргэн сыаннастарын айар үлэтигэр хомоҕойдук хоһуйан, кэрэхсэбиллээхтик кэпсээн кэбиһэр айар киһи быһыытынан олус сэҥээрэбин уонна сыаналыыбын. Кини ону таһынан олоххо актыыбынай көрүүлээх, куруук олох оргуйар үөһүгэр сылдьар, ол быыһыгар улахан хаһаайыстыбалаах, элбэх оҕолоох ыал ийэтэ, эбээтэ буолар. Тыа сирин дьахтара бэйэтин нарын санныгар элбэҕи уйар, тулуйар кыахтааҕын аҥаардас Ульяна Бурнашева холобуругар көрүөххэ сөп курдук.
— Ульяна Ивановна, Чурапчы улууһун В.Яковлев-Далан аатынан Кытаанах орто оскуолатын бүтэрээт, олох киэҥ аартыгар үктэнэргэр ханнык идэни талбыккыный?
— Идэбинэн култуура үлэһитэбин. Дьокуускайдааҕы култуурунай-сырдатар училищеҕа Арассыыйа култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ Иван Иванович Бурцев, сахалартан киинэ бастакы артыыһа, СӨ үтүөлээх артыыһа Анатолий Иванович Васильев, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Антон Мансенович Тё курдук таһымнаах преподавателларга уһуйуллан, маассабай тэрээһиннэр режиссёрдарын бэлэмниир салааны бүтэрбитим. Арассыыйа култууратын үтүөлээх үлэһитэ Мотрена Степановна уонна СӨ норуодунай артыыһа Алексей Павлович Павловтары кытары бииргэ үөрэммитим. Салҕыы Илин-Сибиирдээҕи култуура судаарыстыбаннай институтун тыйаатыр кэлэктииптэрин режиссёрдарын бэлэмниир салааҕа Арассыыйа култууратын үтүөлээх диэйэтэлэ Алексей Бурков бөлөҕөр түбэһэн үөрэммитим. Онон кулуупка үлэлиир сылларбар дыраама кэлэктиибин үлэлэтэрбэр туһаммытым үгүс. Онуоха эбии Бурятия үтүөлээх артыыһа Санжи Ринчинович Ринчинов артыыстааһын маастарыстыбатыгар үчүгэй уһуйааччы этэ. Онон, Горнай улууһун Маҕарас бөһүөлэгин кулуубугар дириэктэринэн үлэбин саҕалыахпыттан 30 сыл устата биир сиргэ, Кэптэнибэр агитациялыыр-култуурунай биригээдэ ыстаарсай методиһынан, уус-уран салайааччынан үлэлээбитим.
— Онтон сурук-бичик үлэтигэр хаһан, хайдах сыстан барбыккыный?
— Айар үлэҕэ абылатыым оҕо сааспыттан. Хаһыаты ийэм Мария Егоровна Лобанова суруйтарара, элбэхтик ааҕара. Биллэн турар, ол сабыдыаллаах буолбута буолуо. » Мурзилка», «Бэлэм буол», «Огонёк», «Советская женщина», «Хотугу Сулус» сурунааллар күөҕүнэн сотуллубут кырааскалаах сокуруойкаҕа «Кыым», «Саҥа олох» хаһыаттары кытта кэккэлэһэ, бэрт модороон тоһоҕолорго ыйанар буолаллара. «Весёлые картинки» — оҕо сылдьан наһаа кэтэһэр сурунаалым. Почтаны таһааччы Василий Иванович Каженкин анал суумкаҕа сүгэн дьиэҕэ киллэрэрэ наһаа кэтэһиилээх буолара. Мин ону наардаан, тэһэн ыйыырбын сөбүлүүрүм. Дьиэ иһэ хаһыат сип-сибиэһэй сытынан тунуйара күндү да буолара.
«Хотугу сулус» сурунаалга Софрон Данилов «Киһи биирдэ олорор», Василий Яковлев-Далан «Дьикти саас» улахан айымньыларын, Иван Гоголев арамаанын дьэ, суорҕан иһигэр банаарынан түүннэри ааҕарым. Наталья Харлампьева, Иван Мигалкин, Вячеслав Хон поэзия хонуутугар саҥа тыллыбыт ньургуһуннар курдук этилэр, хоһоонноро бэчээттэммиттэрин сэргээбиттээҕим. Иван Мигалкин «Ньургуһуннаах сурук», «Сардааналаах кыысчаан» хоһоонноро кэрэни, дьиктини өйдөөн көрөргө, кыраҕа даҕаны аахайымтыа буоларга иитэр сырдык хоһооннорунан поэзията ураты курдуга. Итинтэн сиэттэрэн, хоһооҥҥо таптал мин сүрэхпэр уйаламмыта. Маны сэргэ оскуолаҕа, устудьуоннуур сылларбар сыанаттан Семён Данилов «Мин сахабын», Амма Аччыгыйа «Ийэбэр», Пётр Тобуруокап араас сатирическай, Савва Тарасов «Икки ийэ», Рафаэль Баҕатаайыскай «Чохулаах хомурдуос», Иван Мигалкин «Сахам хомуһа», Анатолий Старостин-Сиэн Кынат «Саха дьоло» хоһооннорун сөбүлээн ааҕарым.
Кыргыттар хоһоон, кэпсээн хонуутугар киирэн барбыттарын сэргээбитим. Саргылана Спиридонова-Кэрэмэс Кийиитэ хоһооннорун эккирэтиһэн ааҕартан саҕалаан, Саргылана Гольдерова, Сайа, Августина Хабарова дьүһүйүүлэрэ, сценкалара бэчээккэ тахсыылара сэҥээрдэн барбыта. Кэпсээҥҥэ Анна Неустроева, Анастасия Сыромятникова, Валентина Гаврильева кэннилэриттэн Галина Нельбисова ыарахан дьылҕалаах дьахталлар, ыаллар олохторун сырдык, ыраас ыратынан түмүктээбит үрүҥ кэпсээннэрин кинигэтэ кинигэм долбууругар кэчигирэһэн бардылар. Айысхаана «Сүлүһүннээх иннэтиттэн» саҕалаан арамаан суруйда. Надежда Егорова-Намылы кэпсээннэригэр куоракка буомустуу сылдьыбыт киһи саха дьахтарын көмөтүнэн көнө суолга үктэммитин долгуйа ааҕан, Сардаана Мигалкина-Даана Сард кэпсээннэрин кинигэлэрин эккирэтиһэн, Евдокия Иренцеева-Огдо, Айталина Никифорова, Наталья Михалева-Сайа кэпсээннэрин биһирээн аны кэпсээҥҥэ ылсыстым. Кырдьык, олоҕум түбүктээх даҕаны, хаһыаты, кинигэни кыбыммытынан сылдьар идэлээҕим айар үлэбэр көмөлөстөҕө.
«Иэйиилэрим имнэнэр күннэрэ — мин дьоллоох күннэрим»
— Хоһооннор суруйаргар иэйии хайдах, хантан кэлэрий?
— Иэйиилэрим имнэнэр күннэрэ — мин дьоллоох күннэрим. Онуоха эбии: «Хайа, хаһан аһатаҕын?», «Түүннэри уоттанан турда?» — диир кэргэннээҕим буоллар, маннык тахсыам суох эбит. Онон айар үлэм Аанньалынан ааттыыр, үлэһит үтүөтэ кэргэммэр Иннокентий Васильевичка махтанабын. Дьиэ кэргэн мин олохпор, мин олоҕум сыалыгар-соругар бастакынан турар. Хоһооннорбор хайаан да кэлэн холбоно түһэр мин эйэлээх холууптарым. Үс оҕону үөрэхтээн, үлэһит оҥорон билигин алта оҕолоох ыалбыт, сиэннэр сэлэлииллэр. Кийииппит саамай улахан кыыспыт курдук, туох баар кыһалҕабытын киин сир олохтооҕо быһаара олордоҕо. Күтүөттэрбит күүс көмө күндү дьоммут.
«Ытыс тыаһа — сибэккилэр» диэн бастакы кинигэм 1993 сыллаахха саха норуодунай суруйааччыта Иван Васильевич Мигалкин киирии тыллаан, суруйааччы Иннокентий Сыроватскай эрэдээктэрдээн, «Мүрү саһарҕата» айар полиграфиздатка бэчээттэммитэ. Кинигэни ааҕан, саха норуодунай бэйиэтэ Семён Руфов Саха сирин суруйааччыларын ассоциациятыгар ылбыта. «Дьоҕур баар кыыһа» диэн «Сахаада» хаһыакка бэлиэтээн суруйбуттаах. Саха норуодунай бэйиэтэ Пётр Тобуруокап «Аҕалаах буоларбыт астыгыан» хоһооммун биһирээбитэ. Иван Мигалкин салайар литературнай түмсүүтүгэр дьарыктаммытым.
Арай биирдэ Бороҕоҥҥо Иван Мигалкин кинигэтин сүрэхтэниитигэр тиийдим, Рафаэль Баҕатаайыскай эмиэ баара. Мин Тобуруокап биир хоһоонун бэрт үөннээхтик ааҕан үөртүм, «Аҕалаах буоларбыт астыгыан» хоһооммун аахтым. Улахан суруйааччы ойон туран, күлэн илиитин уунна. Ол сылааһынан иэйии киирбит курдуга. Тэбиэһирэн салҕыы Рафаэль Баҕатаайыскайга үгэтин аахтым. Сэмэн Руфов «Өссө хаамса түһүөххэ» хоһоонун аахтым. Онон, норуодунайдар алгыстаабыт кыыстара буолан, учууталбар Уйбаан Мигалкиҥҥа махталым улахан.
Салҕыы «Бичик» кинигэ кыһатыгар уонна «Мүрү саһарҕата» полиграфиздакка тахсыбыт «Сырдык сүүрээн дьиримигэр», «Дьахтар тойуга», «Кустук өҥнөөх кулунчук» (оҕо олоҥхото) кинигэлэрбинэн ааҕааччыларым миигин хоһоонньут быһыытынан билбиттэрэ. Ону таһынан «Кыһыл бартыһаан — культармеец Д.А.Алексеев-Кымахы», «Бакаа Маайа», «Тыа сирин тренерин хайыһарын суола», «Үтүөлээх ыанньыксыт аата үйэлээх өйдөбүл» уо.д.а. өйдөбүнньүк кинигэлэрим тахсыбыттара.
Саамай үрдүк үөрүүбүнэн былырыын улууһум тапталлаах типографиятыгар ийэлээх-аҕабын үйэтитэр кинигэбин бэчээттэтиим буолла.
Хоһооннорум хоһооннор хомуурунньуктарыгар, кэпсээним «Үйэ», «Чолбон» уонна «Мүрү саһарҕата» таһаарбыт «Үктэл» хомуурунньугар киирбиттэрэ, өрөспүүбүлүкэ хаһыаттарыгар бэчээттэнэллэр.
Чурапчы улууһун кытыы учаастагар күн сирин көрбүтүм. Ийэм Мария Егоровна өрүү айаҥҥа атаарар суоппар аҕабытын биир күн олох эргиллибэттии атаарбыт ыарахан күнүттэн ыла соҕотоҕун түөрт уолу кытары миигин ыал дьон оҥортообутун ийэ киһи улахан дьоруойдуу быһыытынан ааҕабын. Онон бары оҕо сааспытыттан ийэбит тула эйэлээхтик үлэни таптыы улааппыппыт. Билигин ыал эбээлэрэ, эһээлэрэ сыл ахсын түмсэр үгэстээхпит. Ол түмээччилэрбитинэн үчүгэйкээн саҥаһым, кийииттэрим буолаллар. Ийэбин суохтаппат дьонум — Арыылаахха ыалларым Егор Сыромятников, Анна Николай Захаровтар, Мария, Алексей Варламовтар олус көрдөөх, уус-уран тыллаах, сүөһү ыарахан үлэтигэр эриллэ сылдьар дьонтон уран тылга да уһуйулуннаҕым. Аҕабынан эдьиийим Акулина Тихоновна Захарова «Саха фольклора» саха бастакы улахан кинигэтигэр «Тураах кэлэн Тааттаҕа киһиргэммит ырыата» үгэтэ, «Хаартыһыт ырыата» хоһооно бэчээттэммиттэр. Аҕам убайа Иван Иванович сэрии бэтэрээнэ, бастакы учуутал, фольклорист этэ. Эдьиийэ Мария Ивановна Амма Чурапчы хаһыаттарыгар бэл, эрэдээктэрдии сылдьыбыт. Мария Ивановна Попова Бүлүүтээҕи педучилищеҕа саха тылын уонна литэрэтиирэтин преподавателынан үлэлээбитэ. Онон тылга дьоҕур син удьуорбуттан бэрилиннэҕэ.
Онуоха эбии Бурунаһыаптар диэн халыҥ, айар талааннаах аймахха кийииттээтэҕим.
«Ийэ сир — ийэ, Эр киһи халлаан»
— Хоһоонноруҥ үксүгэр дьахтар аймах, дьиэ кэргэн сыаннастарыгар, тапталга ананалларынан уратылаахтар. Ити барыта баар иэйииттэн тахсар дуо? Ол эбэтэр эн Музаҥ кимий? Эр киһини өрө тутуу хоһоонноро эйиэхэ элбэхтэр.
— Эр киһи — киһини айааччы, хаһан баҕарар кини үрдүктүк ааттанар, өрө тутуллар. Ийэ сир — ийэ, эр киһи — халлаан. Халлаан арыт чаҕылҕанныа, этиҥниэ, былытынан бүрүллүө. Сир барахсан ону барытын уйан, куурдан, тулуйан сибэккитин, отун маһын чэлгитэн сытарыныы, дьахтар эр киһи уолҕамдьы, быһымах да быһыыларын уйан, олоҕу, дьиэ кэргэни ыспат аналлаах буолуохтаах.
Ийэм суоппар аҕабар эт сыалааҕын уурара, миини улахан тэриэлкэҕэ кутан аан бастакынан уурара. «Аҕабыт кэллэҕинэ аһыахпыт, аҕаҕытыгар этиэм», — диэн өрө тутуу хаачыстыбатын көрдөрөрө — улахан үөрэх. Эр киһи үлэтэ ыарахан. Кини — булааччы-талааччы, дьиэҕэ киллэрээччи, дьэ, ону дьахтар сатабыллаах салайыыта, дьаһайыыта быһаарар. Эр киһини куруук өйдүөххэ наада.
— Эн билигин улууһуҥ хаһыатыгар уопсастыбаннай кэрэспэдьиэҥҥин, бастыҥ уопсастыбанньыккын, өссө улахан хаһаайыстыбалааххыт. Итини барытын ситиһии кистэлэҥэ туохханый?
— 1993 сыл биир бастакынан дьиэ кэргэн бааһынай хаһаайыстыбатын тэриммиппит. Ынах-сүөһү иитиитинэн дьарыктанан, дохуоттаах, дьарыктаах ыал буолбуппут. Улаатан эрэр оҕолорбутун сахалыы тыыҥҥа, үгэскэ, үлэҕэ иитиигэ норуот педагогиката буоллаҕа. Билигин аны сиэннэр солбуйаллар. Бука бары окко, күһүн идэһэ туттуутугар, муус ылыытыгар түмсэрбит бырааһынньык курдук буолааччы.
Ханнык баҕарар киһи бүппэт түбүгүнэн олорор, оччоҕо олох бэйэтэ киэркэйэ арыллар. Маны барытын аттаран, толкуйдаан үлэлиир буоллаҕыҥ дии.
Киһи үбүнэн-харчынан, аһынан-таҥаһынан эрэ баай буолбакка, духуобунай өртүнэн эмиэ баай буолуохтаах.
— Ульяна Ивановна, ааттыын да Уйана буолаҥҥын, олус нарын-намчы, сэмэй киһигин билэбин. Ол да буоллар, үбүлүөйдээх да күҥҥэр сөп түбэһиннэрэн, ситиһиилэргин кэчигэрэтэн сэһэргии түһүөх эрэ.
— Ийэбинэн эдьиийим, норуокка биллэринэн Бакаа Маайа, өйтөн чабырҕаҕы тута хоһуйан ааҕара. Мария Иустиноваттан саҕыллан, мин бу көрүҥҥэ өрөспүүбүлүкэ ыччаттарын уонна устудьуоннарын 1978 сыллааҕы лауреатабын, дьүөгэм Мотя Каженкиналыын оройуон оҕолорго бэстибээлин лауреатабыт. 1975 сыллаахха «Бэлэм буол» хаһыакка ааҕа турарбыт тахсыбыттааҕа. Кэлин улахан ситиһиибинэн Чурапчыга ыытыллыбыт Олоҥхо ыһыаҕын Чыпчаал бирииһин «Айар уус» үрүҥ көмүс илин кэбиһэрин аатырбыт чабырҕахсыт Мария Герасимова илиититтэн кэтиим буолар. Ону таһынан, Польшаҕа ыытыллыбыт норуоттар икки ардыларынааҕы бэстибээл лауреатабын. Ааспыт дьай аргыстаах сыл да буоллар, кэрэ-бэлиэ түгэннэри бэлэхтээтэ. Улууспар «Сыл бастыҥ суруналыыһа-2021», «Куорсун» күрэҕэр кэпсээн кыайыылааҕа буоллум, кэпсээним кинигэтэ күн сирин көрөр. «Далбар Хотун» өрөспүүбүлүкэтээҕи куонкуруска тыа сирин үлэһит дьахталларын күрэҕэр 1 вице аатын ылбытым. Үүнэр көлүөнэ тыйаатырыгар «Дьахтар тойуга» айар киэһэбин тэрийбитим. Улуустааҕы култуура үлэһиттэрин күрэҕэр үһүс үрдэли ылан, күөх кырсанан наҕараадаланыы, салҕыы өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэххэ кыттан, «Уран тыл маастара» анал ааты ылыым барыта элбэх үлэттэн, түбүктэн тахсар. 2008 сыллаахха «Аман өс» диэн улахан дьоҥҥо араатардар күрэхтэригэр кытынным. Сылгы иитиитин сайыннарыы тиэмэтинэн кыайыылааҕынан тахсыбытым.
Бөһүөлэгим иһигэр 2 сыл таксистаабытым. Хаалыктаах хаамыынан дьарыктаммытым — сэттис сыла. Күн аайы 5 килэмиэтири хаамабын. Билигин хаһаайыстыбабытын аччатан, ол эрэн, сылгы иитиитин кэҥэтэн, үлэ элбэх.
Айанныырбын сөбүлүүбүн. Европа, Орто Азия, Кавказ, Арассыыйа куораттарынан, муоранан сырыым киэҥ. «Сахам сирэ барыларыттан байылыаттык, көҥүллүк, бары бырагырааммалары киһи туһугар тутуһан олорор» диэн ытык өйдөбүллээхпин. Билигин нэһилиэкпэр бэтэрээннэр сүбэлэрин, «Үһүс саас оскуолаты» салайан үлэлэтэбин.
Дьэ ити курдук, Ульяна Бурнашева-Уйана — ис сүрэҕиттэн кэрэхсиир, биһириир идэтин таба сайыннаран, үлэни, дьиэ кэргэни сатабыллаахтык дьүөрэлээн, дьоллоох дьиэ кэргэн Далбар хотуна буола сылдьар үтүө-мааны саха дьахталларыттан биирдэстэрэ.
Надежда ЕГОРОВА, «Саха сирэ», edersaas.ru