Егор Старостин-Байаҕантай… Мин кини хоһоонун аан бастаан 1986 сыллаахха Кириэс Халдьаайы балыыһатыгар сытан «Хотугу сулус» сурунаалга аахпытым. «Лэкэ хайата» туһунан хоһоону. Байаҕантай уонна Лэкэ диэн ааттарга болҕомтобун уурбутум. Ити хайаны көрүөх баҕам өссө күүһүрбүтэ уонна Байаҕантай диэн сүдү ааты уйар бэйиэт мин харахпар, этэргэ дылы, олоҥхо бухатыыра буолан көстүбүтэ. Айылҕаттан айдарыылаах буолан, ити ааты уйар диэн ытыктыы санаабытым.
Мин оччолорго кинини тус бэйэтин билбэт этим. Көннөрү ааҕааччы быһыытынан бэчээккэ көрсөрүм. Кэнники, Кириэс Халдьаайыга көрсүһүүгэ, хаһааҥҥыттан эрэ, бэрт өрдөөҕүттэн билсэр дьоннуу көрсүбүппүт. Онно мин кинини ааҕааччы быһыытынан сыыспатахпын билбитим. Хайдах эрэ оҕолуу мичээрдээх уонна сиртэн күүстээх тирэхтээх дии санаабытым. Куолаһа сэмэйэ, ол гынан баран ылыннарыылаах куолас. Кинигэтин биһиэхэ анаан-минээн, ааттаан-суоллаан ыыталыыр этэ. Байаҕантай бииргэ үөрэммит доҕоро Гаврил Кирилловичтыын биир оскуолаҕа үлэлиир буоламмыт Байаҕантай хоһооннорун, кини туҺунан кэпсэтэр этибит. Балтым, Маргарита Иванова, «Сулустаах хоһоон суһума» бырайыагынан үс сылга биирдэ тэрээһин ыытарбыт. Иккис тэрээһиммитигэр олохтоох ааптардар хоһооннорунан барбыта. Бу киэһэ Гаврил Кириллович этэринии, Гоша, мин этэрбинии, Байаҕантай хоһооннорун эдэр учууталлар Маргарита Юрьевна Заболоцкая уонна Виктор Михайлович Охлопков олус иҺирэхтик аахпыттара. Кинилэргэ анаан, таптал туһунан хоһоонноруттан таҥан, тапталлаахтар кэпсэтиилэрин бэлэмнээбитим. Сорох эдэр ааҕааччылар өйдөөбөппүт диир түгэннэрин атын өттүнэн ааҕааччыларга арыйан бу киэһэ олус үөрбүппүт.
Байаҕантай хоһоонноро, хайдах эрэ, ис-иһиттэн сахалыы тыыннаах оһох умайар сылааһын биэрэр курдук бэйэтэ ураты матыыптаах, дорҕоонноох. Эбиитин хантан эрэ быдан ыраахтан иһиллэр күүстээх ырыа курдук.
Байаҕантайы көрдөхпүнэ ити барыны бары уйар кэтит түөһэ, дараҕар сарына бухатыыр курдук саар тэгил көстүүнү биэрэрэ, оттон хоһооннорун аахтахпына, ити түөс, кини хоһооннорун томторо дии саныырым.
Кэнники «Тутуу былдьаһан» диэн кинигэтэ кэлбитэ. Кистээбэккэ эттэхпинэ, мин кинигэ аатын тута сөбүлээбэтэҕим. Тоҕо, туохха тутуу былдьаста, бэлиэр дуо дии санаабытым, хоһоонноруттан олоххо ыксыыр, ыгылыйар сүүрээн иһиллэрэ…
Бу кинигэтин оскуолабытыгар бэйэтэ кэлбитигэр сүрэхтээбиппит. Бииргэ үөрэммит доҕотторо Гаврил Кириллович уонна Анна Николаевна били «Сулустаах хоһоон суһума» тэрээһин туһунан этэн туран, сүрдээх иэйиилээхтик, табыллан аахпыттара. Бу күн кинигэ туһунан элбэхтик кэпсэппиппит. Мин ырытарбар сөбүлээбит хоһооннорбуттан ааҕа-ааҕа эр киһи уйулҕатынан көрбүтүм. Байаҕантай наһаа сэҥээрэн истэ олорорун көрөн, тута кини бэйэтин хоһооннорун строкаларынан бу кинигэҕэ харда суруйан аахпытым. Ол хардам, санаабар, кини санаатын туоххаһыйыыттан диэххэ дуу, мунчаарыыттан диэххэ дуу, кинигэ аатын утарсан диэххэ дуу, хайдах эрэ сиэттэрэн тахсан испитэ. Билигин ону барытын өйдөөбөппүн, өйдүүрбүнэн бу маннык:
Хоһооҥҥо таптал күлүгүн
Дьэрэкээн ойуутун сандаартыҥ.
Сүһүөх уйарын тухары,
Айанныырыҥ тухары
Умна сатаама Тапталгын.
Эн эрэ сүрэҕиҥ сойботун.
………
Ытыс эрэ саҕа кинигэ. Мыыныма.
Көрдөөмө эйигин харыҺыйар күүҺү.
Аттыгар баар эбээт, эйигин
Арчылыыр күүс: Тапталыҥ
Уонна Төрөөбүт дойдуҥ.
……….
Сииккэ сиэлбэккин. Кураанаҕы кууспаккын.
Эрэн. Чөмчүүк таастар — эн хоһоонноруҥ,
Өйөбүллэриҥ — эн ааҕааччыларыҥ.
Бэрсэриҥ кыра буолбатах.
Си-дьүгээр сытан биэримэ,
Күөдьүт кулуһуҥҥун!
Эдэр уонна эмэх эҥэрдэһэр олоххо,
Оннук буоллун! Баар буоллун!
…………
Кэрэ баарыгар итэҕэйэҕин,
Куккар-сургэр суураллан хаалбатын.
Арый тууҥ сүрэҕин,
Хаайыма Тапталгын!
Күөдьүт кулуҺуҥҥун!
Оннук буоллун! Баар буоллун!
Бу харда хоһооммун ааҕарбар кини сэргээбит харахтарыттан тэбиэҺирэн туран иһитиннэрбитим.
Барыта бүппүтүн кэнниттэн, бастакы этээскэ турдахпына Байаҕантай кэлэн, наһаа үчүгэйдик тэрийбиккит диэн махтаммыта уонна олус долгуйбут куолаһынан: «СоҺуттуҥ, үөртүҥ, Ира,» — диэн эмиэ оҕолуу үөрбүт харахтарынан наҺаа да сымнаҕастык көрбүтэ. Ол түгэҥҥэ кини хараҕар олоҕу таптыыра, туохтан эрэ уйадыйыы көстөрө. Ону мин сэрэйбитим, бэйэм эмиэ ол уйадыйыы долгунун билэн, түргэнник бакааласпытым. Ытыктыыр уонна ис сүрэхпинэн ылынар бэйиэппин Байаҕантайы үөрдүбүппутүттэн бары да сүргэбит көтөҕүллүбүтэ.
Байаҕантай бу кинигэтигэр олоххо махталын этиитэ миэхэ быраhаайдаhыы курдук иhиллэр:
«Ааспыт кэммэр махтанабын.
Өбүгэлэрим түстээбиттэрин
толоостук туора хаhыйбатахпын.
Суолум сүнньүн сүтэрбэтэхпин».
Салгыы муммакка-тэммэккэ алтыспыт үтүө дьонугар, ааҕааччыларыгар баҕа санаатын этэр:
«Көмүс күhүн, кырыа кыhын
этҥҥэ буоллуннар чугас дьонум.
Кинилэргэ сурэҕим сылааhын
аныыбын—ол буолар мин дьолум.»
Саныыбын ээ, кини курдук тапталыгар бэриниилээх эр киһи олохпутун сүрүннүүр эбит. Кини дьахтарга таптала уонна төрөөбүт алааһыгар, олоххо таптала бииргэ силлиҺэн сылдьар. Байаҕантай хоһоонун төһөнөн ааҕабын да, соччонон мунаарар түгэннэрбэр, кэмнэрбэр, олоҕу көрүүгэ харданы син-биир булабын. Байаҕантай үөрунньэҥ хараҕа, бухатыыр кэриэтэ харыстыыр көрүҥэ ааҕааччыттан сүтүө суоҕа.
Сэгэлдьийэ Чээлэй.
Хаартыска — архыыптан.