Уйаандьылар: «Маннык быһылааннарга биир санаалаах, сомоҕолоох эбиппит»

Ааптар: 
Бөлөххө киир:

Биһиги өрөспүүбүлүкэбит дойдуга саамай улахан ойуур фондалаах субъект буолар: ойуур фондатын сирин иэнэ 255 мөлүйүөн гектарга тайаан сытар итиэннэ өрөспүүбүлүкэ сирин 82,6 бырыһыанын ылар. Быйыл сайыммыт олус кураан, итии-куйаас буолан сирбит-уоппут дэлби кууран, куйаас күннэр үгэннээн турар кэмнэригэр бэс ыйын 22-тэн от ыйын 10 күнүгэр диэри Уйаандьыбыт тулатыгар баһаардар тураннар, улаханнык ыксаттылар уонна долгуттулар. Бу икки буолбут баһаардар Сордоҥноох күөлүн кытыытыгар уонна Таала күөлүн ойууругар буолуталаатылар.

Бу баһаардарга, ыксаллаах быһыы-майгы буолуталаан ааста. Уйаандьыбыт аҕыйах ахсааннаах дьоно-сэргэтэ бары өрө турунан, биир киһи курдук сомоҕолоһон бу буолбут иэдээҥҥэ, уоту кытары охсуһууга хорсуннук турунан утуйар ууларын умнан охсустулар. Сиргэ уот турбутун туһунан сураҕы истээт, харахтарынан бэлиэтии көрөөт олохтоохтук тэринэн, үс-түөрт күнү быһа, күүстээхтик мөхсөн, эрийсэн уоту тохтоттулар. Дьаныардаахтык туруулаһан сирбитин-уоппутун баһаартан быһаатылар.

Сайыҥҥы кэмҥэ бөһүөлэккэ киһи да аҕыйах хаалар, дьон үксэ сиргэ-уокка, ким эрэ оҕолорунаан уоппускаҕа соҕуруу көтөр, ол да буоллар хас киһи баарынан, ким туох техникалааҕынан бары саба түстүлэр. Мотуордар, «бурааннар» уонна трактор тыастара бөһүөлэги сэргэхситтилэр, баһаары умуруорар оборудованиелары, дьоннору тастылар. Уйаандьы сирэ-уота үтэҥки буолан, иһиттэн

умайан тахса турар буолан эрэйдээтэ, ол иһин сменанан дьуһуурустубалаан баһаардары кыайдылар-хоттулар. Бу баһаардар улаханнык тарҕамматылар, дьоммут сатабыллаах, былааннаах хамсаныыларынан, толкуйдарынан 3-4 күннээх мөхсүүлэринэн баһаардар умуруорулуннулар. Ким да эмсэҕэлээбэтэ, арай таҥас-сап сиэнилиннэ, күүс-уох баранан, сылайыы-элэйии буолла. Бөһүөлэккэ уот киирбэтэ.

Биир дойдулаахтарбыт, эркин курдук эрэнэр уолаттарбыт, ыал аҕалара, эһээлэрэ уол оҕолорунаан, Уйаандьыга сынньана, ыалдьыттыы кэлбит да дьон бука бары туруннулар, кыахтарынан көмөлөстүлэр. Биир санаанан, өрө турунан түүннэри-күнүстэри күүскэ таһаарыылаахтык үлэлээтилэр. Ыраах-чугас диэбэккэ биэдэрэлээх, күрдьэхтээх сатыы дьон баһаар буола турар сиригэр сырыстылар. Кырдьаҕас өттө сүбэ-ама буоллулар, дьахталлар барахсаттар уопсай тэрээһиҥҥэ, өйүө бэлэмигэр түбүгүрдүлэр. Маннык ыксаллаах быһыыга-майгыга өйүө ылар туһунан саныахтара дуо? Суох бөҕө буоллаҕа.

Дьэ, бу түгэнтэн бэлиэтиэҕи баҕарыллар, төрөөбүт дойдубут, тапталлаах Уйаандьыбыт туһугар оҕолуун-уруулуун, эдэрдиин-кырдьаҕастыын санаабыт-кыахпыт күүстээх эбит диэн. Маннык быһылааннарга биир санаалаах, сомоҕолоох эбиппит диэн…

Ханна даҕаны, ханнык баҕарар балаһыанньаҕа тµс-бас дьон баар буолааччылар, ол гынан баран бу ыстатыйаҕа кими да чорбоҥноппокко барыларын бэлиэтиир наада дии саныыбын: Виктор, Арсен, Дмитрий, Владислав Аммосовтар, Александр Андросов, Михаил Габышев, Александр, Виктор, Валерий, Гавриил, Иван, Владимир, Афанасий, Степан Голиковтар, Петр, Михаил Гороховтар, Иван, Ольга, Василий, Петр Колесовтар, Христофор, Мария Климовскайдар, Руслан Константинович, Петр, Дмитрий, Максим Лебедевтар, Павел Макаров, Станислав Попов, Артур, Евгений, Олег, Василий Рожиннар, Илья Иннокентьевич Старостин, Евгений Степанов, Валерий, Спиридон Алексеевич, Петр, Андрей, Январь Николаевич Слепцовтар, Максимилиан Чердонов, Анатолий Ко-Сен-Дин, Василий Ефимов, Акулина Суздалова, Елена Федорова уо.д.а.

Эркин курдук эрэнэр күүстээх-уохтаах дьоммут, эһиги баар буолаҥҥыт алдьархай ааҥнаабата, ойуурбут-тыабыт быыһанна. Куруутун хаһаастаах, хаһаайыстыбаннай дьонноох буоламмыт олус ыксаллаах, наадалаах чааһыгар кинилэртэн өйөбүл ылан бириэмэтигэр сэлээркэннэн, арыынан хааччынан техникалар дьоһуннук сүүрдүлэр.

Ааспыт 2017 сыллаахха өрөспүүбүлүкэҕэ уот көрдьүгэннээн биир мөлүйүөн алта сүүс тыһыынча гектаардаах ойуур умайбыта. Онон хас биирдии киһи тыаҕа тахсыан иннинэ, барытын толкуйдаан, чинчийэн баран уот оттуон наада. Биир өттүнэн, баһаар этиҥ уотуттан, өстүөкүлэттэн эмиэ барыан сөп. Онон тыаҕа сылдьар кэмҥитигэр бытыылкалары, өстүөкүлэ бааҥкалары мэнээх быраҕаттаамаҥ, барытын хомуйан, күн уота тиийбэт сиригэр кистээҥ, сиргэ көмөн кэбиһиҥ.

Н. ВАСИЛЬЕВА, Уйаандьы бөһүөлэк.

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0