Уйаандьыга ойуур уота чугаһаата

Ааптар: 
10.08.2018
Бөлөххө киир:

Атырдьах ыйын 9 күнүгэр СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин бастакы солбуйааччы Алексей Колодезников Усуйаана Уйаандьы бөһүөлэгин таһыгар чугаһаабыт ойуур уотун туһунан мунньах ыытта.

edersaas.ru

Уйаандьы бөһүөлэк чугаһынан куруҥах от уонна талах күүскэ умайар. Дьон олорор дьиэлэригэр уонна социальнай эбийиэктэргэ чугаһыыр кутталлаах. Тыал уоту сэлиэнньэ диэки үүрэрэ уонна ардах түспэтэ балаһыанньаны уустугурдар.

Нэһилиэккэ 57 киһи баар. Оҕолор, инбэлииттэр уонна кырдьаҕастар уоттан ыраах сиргэ көһөрүллүбүттэр.

Уоту умулларыыга 28 олохтоох киһи үлэлии сылдьар. Икки тиэхиньикэ сири хаһар үлэни ыыта сылдьар.

Уйаандьыга мотопомпалары, шлангалары, эми, доруобуйаны харыстыыр тэриллэри, балааккалары, раскладушкалары уонна матараастары хомуйан ыытары мунньахха быһаардылар. Таһаҕас бүгүн сарсыарда Депутатскайга сөмөлүөтүнэн тиэрдиллибитин кэннэ Уйаандьыга илдьиэхтэрэ.

«Сүрүн сорукпутунан дьону харыстааһын буолар, ким да эмсэҕэлиэ суохтаах», — диэн Алексей Колодезников бэлиэтиир.

Николай Попов, «Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru

+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0
+1
0